Разработки

Владимирова Евдокия Николаевна

Олоҥхону үөрэтиигэ аналлаах хомуурунньуктар

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл 11.razrabotka_i_vnedr.avtorskih_programmmetod.posobiy.docx15.09 КБ

Предварительный просмотр:

 11. Разработка и внедрение авторских программ, методических пособий, цифровых образовательных ресурсов по музыкальному воспитанию

Олоҥхону үөрэтиигэ аналлаах хомуурунньуктар.

  •  “Оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолорго аналлаах олоҥхо сценарийдара” 2011с.

   Биһиги уһуйааммытыгар национальнай концепция киириэҕиттэн олоҥхону оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолорго билиһиннэрэбит.Саха оҕото бэйэтин олоҥхо дойдутун оҕотобун диэн киэн тутта ааттыы улаатарын туһуттан оҕону чөмчүүк сааһыттан төрөөбүт тылын сүмэтигэр олоҥхо нөҥүө үөрэтиини саҕалыыбыт. Уһуйаан оҕотугар сөптөөх олоҥхо сценарийа суоҕун иһин бэйэм олоҥхолору сүрүн тутулун кэспэккэ, олук тылларын туһанан  сценарий оҥорон хас да олоҥхону турурорбуппут, ол курдук 1992 сылга С. Васильев “Үөлэн Хардааччы”, 1993, 2002 сылларга П.А. Ойуунускай “Туналҕаннаах ньуурдаах Туйаарыма Куо”, 2007, 2008 сылларга Р. Кулаковскай “Орто дойду олохтооҕо Ордьоот оҕонньор” олоҥхолору туруорбуппут. Бу туруорбут олоҥхолорум сценарийдарын холбоон кыракый хомуурунньук оҥорбутум. Бу хомуурунньук иитээччилэргэ, музыкальнай салайааччыларга, фольклор куруһуогун суалайааччыларыгар ананар.

  • “Чөмчүүк саастаах оҕолорго- олоҥхо ырыалара- тойуктара, олоҥхолоро” 2018с

                   Онтон бу кэнники оҥорбут хомуурунньукпар олоҥхону араас көрүҥүнэн үөрэтиигэ оҥорбут сценарийдарым киирбиттэрэ, ол курдук сыанаҕа оонньуурга А.С.Федоров ”Тимир куйахтаах Дьурантай бухатыыр” олоҥхотун, бөлөҕүнэн толорууга Күннүк Уурастыырап “Тойон Дьаҕарыма” олоҥхотун, биирдиилээн оҕо олоҕурбут ньыманан толоруутугар анаан кылгатыллан оҥоһуллубут А.С. Федоров “Лөҥкөлөй бухатыыр”, М.Обутова-Эверстова “Үрүлү Бэргэн” олоҥхолорун сценарийдарын, ону кытта олоҥхо геройдарын ырыаларын- тойуктарын мунньан хомуурунньук оҥордум. Манна олоҥхоһут, тойуксут  У.Нохсоороп тойуктарыттан П.А.Ойуунускай “Ньургун Боотур”олоҥхотуттан  Айыы Умсуур удаҕан, Сорук-Боллур уол ырыата, улууска биллэр Бөтүҥнээҕи“Оллоон” фольклорнай бөлөх таһаарбыт диискэтиттэн С.Васильев”Үөлэн Хардааччы”олоҥхотуттан Элэмэс атыыр ырыата, С.Васильев “Эрчимэн Бэргэн” олоҥхотуттан Кыталык ырыата киирдилэр. Итини таһынан Күннүк  Уурастыырап “Тойон Дьаҕарыма” олоҥхотуттан Дьилбэктэй удаҕан, Күн Чөллөрүүн Куо уонна Дьэргэлгэн Элэмэс ат ырыаларын кылгатан суруйбуппун киллэрдим. Бу олоҥхолору, ырыалары- тойуктары биһиги уһуйааммыт оҕолоро ыллаан- туойан, олоҥхолоон араас күрэхтэргэ кыттыбыттара. Бу хомуурунньук уһуйаан иитээччилэригэр, музыкальнай салайааччыларыгар көмө буолуо диэн оҥоһулунна. Оҕону олоҥхо оһуор тылыгар, кылыһахтаах ырыатыгар – тойугар үөрэтиигэ күүс- көмө буолуоҕа диэн эрэнэбин.

            Икки хомуурунньук иккиэн улуустааҕы экспертнэй сэбиэти ааспыттара.