Методкопилкв

Захарова Надежда Кирилловна
Сахалыы конспект

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл otkrytoe_zanyatie_znk_0.docx19.74 КБ

Предварительный просмотр:

                                                 «Мин харахтарым»

улахан бөлөх ођолоругар тулалыыр эйгэни билиһиннэрии былаана

Үерэх уобалаһа: Билии – көрүү (тулалыыр эйгэни кытта билиһиннэрии)

ОО алтыһыыта: «Доруобуйа», «Сэрэхтээх буолуу», «Эти-хааны сайыннарыы», «Бодоруһуу», «Кэрэ эйгэтэ», «Уус-уран айымньы»

Тиэмэтэ: Мин харахтарым

Сыала:

Соруктара:

1. Ођону бэйэтин доруобуйатыгар харысхаллаах сыһыаңңа иитии

2. Ођо толкуйдуур, анаарар, быһаарар дьођурун салгыы сайыннарыы

3. Харах туһунан билиилэрин хаңатыы, харађы харыстааһын уонна эрчийии туһунан өйдөбүлү биэрии,  

Туттуллар тэрил: презентация «Харах тутула. Харах уратыта», лупалар, сиэркилэлэр

1. Иит.: Үтүө күнүнэн! Мин аатым Надежда Кирилловна. Эһигини кытта кэпсэтэ – оонньуу кэллим.

(Кот Базилио киирэн кэлэр, ачыкылаах, торуоскалаах. Суолун торуоскатынан бигээн хаамар)

Иит.: Дорообо, Базилио! Хайа ханна бардың?

Базилио: Мин Лиса Алисаны көрдүү сылдьабын.

Иит.:  Лиса Алиса манна баар дуо, ођолоор? (Суох)

           - Суох, Базилио, эн бэйэң көрбөккүн дуо?

Базилио: Суох, үчүгэйдик көрбөппүн ээ. Ханна бардађай?.. (тахсан барар)

2. Иит.: Ођолоор, тођо Базилио көрбөтүй? (ођолор эппиэттэрэ)

              Харах туохха нааданый? (ођолор эппиэттэрэ)

              Биһиги харахпытынан көрөн элбэђи билэбит, быһаарабыт.

(оонньуу)

3. Иит.: Өссө туох харахтаађый? Хамсыыр – харамай, кыыл – сүөл бары харахтаахтар. Саамай сытыы, кырађы харахтаах – хотой эбит. Онтон бађа хамсыыры эрэ көрөр, хамсаабат үөнү – көрбөт. Куурусса, холууп, күлгэри – сырдыкка эрэ көрөллөр, хараңађа көрбөттөр. Тигээйи бииригэр - 5 харахтаах. Тэмэлдьигэн (стрекоза) – харађын үөһэ өттө өңү быһаарбат. Арай биһиэхэ, ођолор, харахпыт өңү – дьүһүнү, улаханы – кыраны, ыраађы – чугаһы барытын арааран көрөр.

Бэйэ – бэйэђит харахтаргытын көрүң эрэ. Харахтарбыт хайдах эбиттэрий? (ођолор эппиэттэрэ)

(презентация)

Харахтарбыт төгүрүктэр, яблокођа майгынныылларын иһин, харах яблоколара дэнэллэр. Харах уңа – хаңас, үөһэ- аллараа, төгүрүччү хамсыыр. Дьон харађа араас өңнөөх буолуон сөп.  Харах ортотугар баар хара төгүрүк – зрачок дэнэр.

Тођо харахпыт тулатыгар кыламан, хаас баарый? ђолор эппиэттэрэ)

Хаас, кыламан, халтаһа харађы харыстыыллар. Кыламаннар быылтан, сырдык уоттан көмүскүүллэр. Халтаһа сабыллан харађы көмүскүүр. Хаас көлөһүн, ардах харахха киирбэтин тутар.

4. хамсаныылаах оонньуу «Харах симсии»

5. Харахпытын хайдах харыстыыбытый? (ођолор эппиэттэрэ)

Көнөтүк олор!

Телевизор, компьютер иннигэр өр олорума.

Сытыы малтан, сырдык уоттан сэрэн.

Сытан эрэ аађыма.

Хараңа уокка уруһуйдаама. Остуолга үлэлииргэр уот хаңас өттүттэн түһүөхтээх.

Харах эрчиллиилэрин оңор.

Битэмииннээх аһы (моркуобу, петрушканы, луугу, кыһыл биэрэһи) кыайа – хото аһаа.

6. «Уруһуйу ситэр»

7. Түмүк.