Методкопилкв
Предварительный просмотр:
Пластилинынан үлэ
Темата: «Сылгы»
оскуолаҕа иннинэҕи бэлэмнэнии бөлөх.
Сыала ,соруга: Билэр ньымаларын туhанан пластилинтан сылгы оҥоруу.Ньалҕаарытыы, киэргэтии .Сылгы чаастара сөп түбэhиитин бэлиэтээhин.Сылгы туhунан билиилэрин хаҥатыы.
Тыл саппааhын байытыы: Сиэллээх, туйахтаах.
Көрдөрүллэр материал: слайда ,схема, мас оонньуур.
Түҥэтиллэр материал: пластилин, дуоска, стека ,салфетка, испиискэ ата5а,картон поставка.
Дьарыктаныы барыыта: Слайда керуу.
Сахам сылгылара.
Хабырыттар хабараан тымныыга
Халыҥ хаары хаhан,
Хардан сэтиэнэҕи хадьырыйан,
Сахам тымныы кыhынын туоруур
Сахам сылгылара барахсаттар!
…Хатан дьыбардарга дьагдайа,
Кылыс тыалларга курдары о5устара,
Тыыҥҥыт бурҕалдьыйа,
Таныыгыт дьаҥхара,
Ханна эрэ-
Халыҥ хаардаах маардарга
Хаhан аhыы турдаххыт.
Мас ат көруу: Ат оонньууру ырытыы (төбөтө ,моонньо ,сиhэ, иhэ,4 атаҕа,чороҕор кулгааҕа, сиэлэ, кутуруга , туйаҕа.
Бугун биhиги пластилинтан сылгы оҥоруохпут. (схема туҥэтии)
Схеманы быhаарыы:1)Чааска араарыы (улахан, кыра..)
2)Туохтан саҕалааhына
3)Холбооhун.
Бэйэлэрэ үлэлииллэригэр бириэмэ биэрии. (биирдиилээн оҕоҕо быhаарыы)
Тумук.Үөр сылгы.
Хабырыттар хабараан тымныыга
Халыҥ хаары хаhан,
Хардан сэтиэнэҕи хадьырыйан,
Сахам тымныы кыhынын туоруур
Сахам сылгылара барахсаттар!
Аhа5ас дьарыгы ыытыы барыла .
Темата:Ат
Бэлэмнэнии белех.
Иитээччи: Захарова Н.К.
Амма 2017с.