Кылынан-сиэлинэн оноьук онорорго уьуйуу
Кылынан-сиэлинэн оҥоһук оҥорорго уһуйуу
Сыала: Төрүт удьуорбут сатабылын оҕоҕо оскуолаҕа киириэн инниттэн иҥэрии.
Соруктар: Судургу ньыманан кылы таҥастааһын, үс утумунан өрүүгэ үөрэтии. Айар-тутар дьоҕуру сайыннарыы. Оҕо иллэҥ кэмин туһалаахтык аттарарга иитии.
Кылынан-сиэлинэн оҥоһуктар олоххо эмп-томп, киэргэл быһыытынан киирдилэр. Ол курдук оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастарыттан оҕону төрүт үгэспитигэр уһуйбут киһи диэн баҕа санаалаахпын. Норуот маастардарын үлэлэрин оҕоҕо кыратыттан иҥэрдэхпитинэ баҕар биир эмит туйах хатарааччы тахсаарай.
Иитиллээччибит Алина Корякина алта саастаах. Кини эбээтэ Варвара Дмитриевна Николаева Чурапчы Мындаҕаайытыгар олорор. Кылынан-сиэлинэн өрүүгэ биллэр норуот маастара. Кыра суумкалартан саҕалаан сэлээппэ арааһын, улахан көбүөргэ тиийэ өрөр. Элбэх оҥоһуктарынан араас таһымнаах быыстапкаларга кыттар. Кини өрбүт кыл кепкатын Иосиф Кобзоҥҥа, Юрий Лужковка Саха сирин делегациялара бэлэх ууммуттара. Бэйэбит биллэр көстөр дьоммут Клавдия, Герман Хатылаевтар, Павел Пинигин онтон да атыттар кэтэллэр.
Алинабыт кэпсээниттэн, эбээтиттэн тугу өйдөөн көрбүтүн кылы таҥастааһын технологиятын түһүмэхтэргэ араардыбыт.
Бастакы түһүмэх – мыылалаах уунан хос-хос элбэхтик сууйааһын.
Иккис түһүмэх – куурдуу.
Үһүс түһүмэх – дьүһүннэринэн, уһуннарынан талан наардааһын.
Төрдүс түһүмэх – үс утахтан суһуохтуу өрүү.
Бэһис түһүмэх – түөскэ кэтиллэр харысхал шаблонун төгүрүк быһыылаан кырыйыы, сукуна материалга икки тэҥи түһэрэн кырыйыы (күн).
Алтыс түһүмэх – өрүллүбүт ситиини күҥҥэ чаһы хаамыытынан, эбэтэр күн эргииринэн хам тигии.
Сэттис түһүмэх – харысхалы оҕуруонан, стразынан киэргэтии.
Ахсыс түһүмэх – моойго кэтиллэр быаны тигии.
Тохсус түһүмэх – харысхалы иккис төгүрүгүнэн нөҥүө өттүттэн тигии.
Кылтан харысхал бэлэм.
Дьарыкпыт саҕаланна да Алина аан бастаан бөлүүһэҕэ сөрүүн уу ылар. Эбээ куруук маннык ылар. Арааһа арбайбадын диэн илитэрэ буолуо диэн сабаҕалыыбыт. Өрөн саҕалаатахха сиэл сиигирэн хомуллар эбит.
Муус устар ыйга норуот маастардарын күнүн көрсө эбээбит Варвара Дмитриевна уһуйааммытыгар кэлэн күндү ыалдьыт буолла. Алина кэпсээниттэн кыл өрүүтүн түөрт түһүмэххэ араардыбыт диэн кэпсээбиппитигэр, соһуйда даҕаны, долгуйда даҕаны. “Мин Алинаны мэһэйдэһиэ диэммин чугаһаппаппын. Оҕом барытын көрө сылдьан төбөтүгэр хатыы сылдьар эбит,” – диэн долгуйан, уйадыйан ылла. “Эйиэхэ ким көмөлөһөрүн кытта билэбит, эбээ Таанньа”, - диибит. “Ээ, ол ыалым Татыйаас киирдэҕинэ көмөлөһүннэрэбин. Сатана кыыһа дьолоҕойугар барытын хатаан сөпкө оҥорбуккут,” – диэн хайҕанныбыт.
Билигин Алинабыт музыка үрдүкү оскуолатыгар фортепиано кылааһыгар бастакы кылааска ситиһиилээхтик үөрэнэр.
Түмүк оннугар. Уһуйаан оҕолорун кыралар диэн чугас дьонноро, төрөппүттэрэ аанньа ахтыбат түгэннэрэ син баар суол. Оҕону, төрөппүттэри кытта ыкса үлэлэһэн чоппуускаттан кыл-сиэл таҥастыырга үөрэннэхпит. Сааскы киэһэлэргэ дьарык оҥостон кыра да буоллар инникилээҕи ситистэхпит.
Семенова Марианна Александровна,
Дьокуускай куорат 91№дээх уһуйаан иитээччитэ.