Классный час на тему: «Моя малая Родина» Класс: 4б Классный руководитель: Семенова С.В, 2014
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
stsenariy_ko_dnyu_materi.docx | 17.94 КБ |
Предварительный просмотр:
«Мин уонна мин ийэм» крэхтэьии хаамыыта
Ууммут утуо кунунэн, кэлбит кэрэ кэминэн убаастабыллаах учууталлар, ынырыылаах ыалдьыттар, кунду уорэнээччилэр! Истин, иьирэх ийэлэрбитин кэлэн иьэр саамай сырдык бырааьынньыгынан Ийэлэр куннэринэн итиитик- истинник э5эрдэлиибит! Аан дойдутаа5ы кэрэ анардар куннэриттэн уратыта диэн бу кун Ийэ урдук аатын сугэр дьоьун дьоммутугар э5эрдэ истиннин аныыбыт.
Кун сирин кордорбут
Куох окко уктэппит
Кундуттэн кундубут
Кун кубэй ийэбит.
Истин махталбытын,
Иьирэх тылбытын
Аныыбыт эйиэхэ
Сырдык санаалаах,
Кэрэттэн кэрэ
Киьибитигэр-ийэбитигэр!
Диэн туран бугунну «Мин уонна мин ийэм» диэн курэхтэьиибитин са5алыырбытын конуллээн!
Сыана5а дохсун ытыс тыаьынан корсуо5ун бугунну курэхпит кыттыылаахтарын
(кыттааччылары кытта билиьиннэрии уонна жеребьевка)
Кунду корооччулэр, кыттааччылар бугунну курэхпит дьуллуур субэтин кытта билсиэ5ин.
(дьууллуур субэни билиьиннэрии)
1 туьумэх
Хас биирдии киьиэхэ ийэтэ сырдыктан сырдык, ураты кэрэ, саамай чугас киьитэ буолар. Ал5астарбытын коннорор, корор-истэр, буобэйдиир истин, иьирэх сыьыаннаах ийэни ылба5ай ырыа5а ыпсарбыттара, хомо5ой хоьооно холбообуттара. Курэхпит 1-кы туьумэ5э «Мин ийэм саамай бастын» диэн ааттаах. Кыттаачы о5олорбут тахсан сахабыт тылын сумэтин-суогэйин туттан кунду киьилэрин ийэлэрин хай5аан, таптаан хоьуйуохтаахтар. Дьэ эрэ са5алыа5ын!
2 туьумэх
Бары билэрбит курдук, ийэ уонна о5о костубэт, быстыбат ыкса ситимнээхтэр. Ийэ о5о туругун, ис санаатын сурэ5э сипсийэринэн ото коро-истэ, билэ сылдьар. Курэхпит 2-с туьумэ5э «Ойдоо миигин» диэн ааттаах. Билигин ийэлэрбит о5олоругар саната-инэтэ суох хамсанан кордорон дьиэ-уот улэтигэр комолоьуннэриэхтэрэ, ону- манны онотторуохтара. О5олор ону эьиги ийэлэргитин ойдоон тугу этэллэрин таайа сатыахтааххыт.
3-с туьумэх
Ийэ астаабыт аьыгар ханнык да сыаналаах ресторан аьа тэннэспэт. Ийэ барахсан аьа туохтаа5ар да инэмтэлээх, сыттыын-сымардыын атын, ураты буолар. Бугун биьиги кыттааччыларбыт иккиэн дьиэлэригэр ас бастынын астаан а5албыттарын билиьиннэриэхтэрэ.
4-с туьумэх
Бу курэхпит эмиэ ийэ уонна о5о ситимигэр ананар. Ол курдук 3-с туьумэхпит «Дьиэ кэргэн торуччутэ» диэн ааттаах. Билигин о5о тахсан бу шкатулкаттан боппуруос таьааран миэхэ биэрэр. Мин ону аа5ан иьитиннэрэбин, эппиэти кумаа5ыга бастаан ийэ суруйар. Суруйан баран миэхэ биэрэр. Ол кэннэ о5о субу ыйытыкка микрофонна хоруйдуур. Ийэлээх о5о эппиэттэрин ол кэннэ тэннээн коробут.
5 туьумэх
Курэхтэьиибит бутэьик 5-с туьумэ5э тиийэн кэллэ. Хас биирдии киьи туох эрэ сатабыллаах, талааннаах буолар. Билигин биьиги ийэлэрбит о5олорун кытта талба талааннарын кордорор ураты тугэннэрэ ууннэ! Корсуо5ун…..
Курэхтэьиибит туьумэхтэрэ манан тумуктэннилэр. Кыттааччыларбытыгар ураты тугэни бэлэхтээбиккитигэр махтанабыт. Билигин дьууллуур субэ тумугу таьаарыар диэри_________
Тыл бэриллэр дьууллуур субэ бэрэсэдээтэлигэр Эверстова А.Е.
Тумук
Хомолтобутун, уоруубутун
Тэннэ уллэстэр,
Оруутун ойдуур, ойуур
Куьа5антан араначчылыыр,
Харанаттан харыстыыр
Сырдык аанньалбыт Ийэбит!
Кырдьык, ийэ диэн тылга олохпут суолтата, сумэтэ кистэнэ сылдьар . Ийэ баар буолан олох, утум сал5анар. Саамай чугас, саамай таптыыр киьи хара онорбут кундуттэн кунду киьибит Ийэбит буорар. Оло5у бэлэхтээбит, куннэ коордорбут ийэлэрбитин оссо тогул иэйэн туран Ийэлэр куннэринэн э5эрдэлиибит! Барыгытыгар сирдээ5и дьолу, кытаанах доруобуйаны, угус утумэн уорууну, бары кэрэни ба5арабыт. Корсуоххэ диэри!