Мои постановки
Предварительный просмотр:
Куттас кулугуттэн да куттанар
(нуучча остуоруйата)
Арай биирдэ биир дэриэбинэ са5атыгар кып-кыра дьиэ5э кырдьа5ас эмээхсин, кини сиэнэ кыыс Кунду Кулуук Кээчэ, копсоркой кутуруктаах Куута диэн ааттаах кууруссалара уонна кинилэр Хороонньут диэн кутуйахтара буолан олорбуттар.
Кун аайы эмээхсин сиэнэ кыыс Кунду Кулуук Кээчэлиин дьиэлэриин иьигэр, Кууталара оьох кэннигэр, Хороонньут бэйэтин уйатыгар тубугурэн тахсаллар эбит.
Кинилэр кунун аайы солуурдарын тутан уу баьа бараллар эбит. Эмээхсин солуура арыый улахан, Кунду Кулуук Кээчэ солуура арыый кыра, Куута солуурча5а кыракый оттон Хороонньут киэнэ кыып-кыра эбиттэр.
Эбээлэрэ ууну холуодьастан баьар эбит. Сиэнэ кыыс Кунду Кулуук Кээчэ хоруудаттан баьар эбит. Кууталара чалбахтан, оттон Хороонньут сибиинньэ о5отун туйа5ын суолуттан баьаллар эбит.
Ууларын баьан тонноллоругэр эмээхсин солууруттан уута палк-палк гынан урэх буолан субуруйан тохтор эбит. Кунду Кулуук Кээчэ солууруттан уута эмиэ палк-палк гынан суурук буолан субуруйар эбит. Кууталарын солууруттан уута палк-палк гынан сап са5а буолан субуруйан хаалар эбит. Оттон Хороонньут солуурча5ыттан кап-кап гынан хааппылалар тохтоллор эбит.
Арай биир эмиэ кинилэр уу баьа барбыттар. Ууларын баьаннар дьиэлэрин диэки баран испиттэр. Бастаан эбээлэрэ, онтон Кунду Кулуук Кээчэ. Кини кэннэ Куута уонна саамай бутэьик Хороонньут суурэн испит.
Ити кэмнэ о5уруот таьыгар яблоня тордугэр Куттас Куобах утуктуу сыппыт. Оттон урдугэр яблоня кылгас угар яблоко ыйанан турбут. Ыйанан турбуут-турбут, еер да ер турбут. Тура сатаан баран яблоко токкуйдаабыт: «Уу, айа да айа. Ким эмит кэлэн саатар маьы хамсатара буоллаар, оччо5о миэхэ уктан текюнюйэн туьэрбэр кемелеьуо этэээ...».
Ити киэмнэ мэник тыал туспут, яблоняны хамсаппыт да, яблоко нуктуу сыппыт куобах тебетюгэр кэлэн туспут. Куобах кутталыттан уьукта туспут да, тугу да кербекке суурэ турбут:
- Оой-оой-ой! Булчуттар! Булчуттар ытыалыыллар! Куотуоххаааа….
Арай кини утары эмээхсин, сиэнинээн Кунду Кулуук Кээчэлиин, Кууталарынаан, Хороонньуттарыннаан ууларын туппутунан хааман испиттэр. Куттас Куобах кутталыттан кинилэри кербекке сууллартаан ааспыт. Бары ууларын то5о туьэн тыас-уус баьаам буолбут. Бары кутталларыттан дьиэлэрин диэкки суурбуттэр. Дьиэлэригэр суурэн киирэннэр эбээлэрэ оронугар суор5анын саптан сыппыт, Кунду Кулуук Кээчэ эбэтин кэннигэр саспыт. Кууталара оьох кэннигэр букпут, Хорооонньут уйатыгар киирэн салыбырыы сыппыт.
Эмээхсин кутталыттан тугу да токкуйдаабат буолбут: «Кун туллара, куьэнэ быстара кэллэ. Туох-туох кыылга тубэьэ сырыттым? Улахана сурдээх! Арааьа эьэ быьыылаах! Хайдах мин киниттэн куотан тыыннаах хаалбытым буолла?» Кэннигэр Кунду Кулуук Кээчэ сиэнэ ытыыр: «Эбээ, мин урдубэр улахан ба5айы боро ыстанна! Харахтарааа манныктар! Тиистэрин килэннэтэр, ессее кутуругун керуон этээ! Кини миигин сиэн эрэ дии санаан ыллым!»
Оттон оьох кэннигэр саьан сытан Куута саныыр эбит: «Куут-кут-кут. Уйабар уу киирдэ. Улахан да саьылга тубэьэ сырыттым! Иэдээн! Миигин тутан сии сыста дии! Хата хайдах киниттэн куоппуппун ейдеебекке да хааллым!». Хороонньут кутуйах хороонугар сытан токкуйдуур: «Уааай, туох улахан куоскатааай! Уйэбэр инник улахан куосканы кере иликпин. Иэдээн! Эчи харахтара улаханын, эчи илиилэрэ улаханын. Ити айылаах баппа5айынан миигин харбаан ыла сыста дии. Миигин сиэтэ дии санаабытым! Хайдах итинник улахан куоскаттан куоппуппун ейдеебеппун да5аны!»
Ити кэмнэ куттас куобах ойуур устун суурэн тиийэн талах анныгар саьан сытан токкуйдуур: «Ьуу, сурэ5им айахпынан тахсаары гынна! Ити булчуттар тутан сии сыстахтарын! Эчи элбэхтэрин, бары саалаахтар энин. Миигин дьолутэ ыта сыстылар дии. Хата тугум да эчэйбэтэх быьылаах. Хайдах кинилэртэн эчэйбэккэ куоппутум буолла!»
Куттас кулугуттэн да куттанар
(«У страха глаза велики» нуучча остуоруйатыгар оло5уран)
1 костуу
Декорацията: детсад иьэ, о5олор оонньуу сылдьаллар
Кэпсээнньит: О5олоор, остуоруйа истиэххитин ба5ара5ыт да? (Эппиэттииллэр) Эьиги туохтан эмит куттана5ыт да?(эппиэттииллэр) Чэ мин билигин эьиэхэ «Куттас кулугуттэн куттанар» диэн остуоруйаны кэпсиэм.
Декорацията: Дьиэ таьа костер
Кэпсээнньит са5алыыр: Арай биирдэ биир дэриэбинэ са5атыгар кып-кыра дьиэ5э кырдьа5ас эмээхсин, кини сиэнэ кыыс Кунду Кулуук Кээчэ, копсоркой кутуруктаах Куута диэн ааттаах кууруссалара уонна кинилэр Хороонньут диэн кутуйахтара буолан олорбуттар.
2 костуу.
Декорацията: Дьиэ иьэ
Кэпсээнньит: Кун аайы эмээхсин сиэнэ кыыс Кунду Кулуук Кээчэлиин дьиэлэриин иьигэр, Кууталара оьох кэннигэр тубугурэн тахсаллар эбит.
Действиета: 1. Эмээхсин ас астыыр, сиэнэ кыыс ыллыы-ыллыы («Эбэм-эбэм барахсан») дьиэ харбыыр. Кууталара оьох кэннин хомуйар.
Эмээхсин: Кээчээ, уьааппыт тугэ5ин корон эрэ, сотору уубутун баьа барыахпыт.
Кыыс: Соп, эбээ.
3 костуу
Декорацията: Кутуйах хорооно
Хороонньут бэйэтин уйатыгар (ыллыыр)
4 костуу
До5уьуола: тургэн музыка
Декорация: Нууччалыы дьиэ таьа.
Действиета: Музыканан кун аайы солуурдарын тутан уу баьа бараллара, кэлэллэрэ кестер. (иккитэ-устэ костор)
Солуурдарыттан уулара капайдыыра кестер. Палк-палк(тургэн), палк-палк(арыый тургэн), палк-палк(бытаан), кап-кап…
5 костуу
«Кап-кап». Ункуу.
6 костуу. Сана бытаан музыка са5аланар
Декорацията: Нууччалыы дьиэ таьа. Дьиэлэриттэн тахсан уу баьа бараллар.
7 костуу
Декорация: холуодьас таь, уу баьа кэлэллэр.
Эмээхсин: Чэ, то5ойдоруом, бугун ба5ас иккитэ-устэ сылдьар инибит.
Бары: Ээ, оннук буолла5а дии. Оннук-оннук.
Куута: 4-5-тэ да сылдьыахпыт
Кутуйах: 6-7-тэ да сылдьыахпыт.
Холуодьастан, ууларын баьан теннен иьэллэр.
8 костуу
Декорация: о5уруот таьа, яблоня уунэн турар, кыьыл яблоколаах.
Действиета: Ити кэмнэ о5уруот таьыгар яблоня тордугэр Куттас Куобах утуктуу сыппыт.
Куобах: Дьэ ити то5о миигин кутас куобах дииллэрэ буолла. Бары куттас куобах да куттас куобах дииллэр. Ийэбин кутас куобах дииллэрэ, а5абын кутас куобах дииллэрэ, эдьиийбин кутас куобах дииллэрэ. Аны миигин эмиэ инньэ дииллэр. Дьэ суох! Мин кутас куобах буотахпын. Мин куттаммат куобахпын.
Оттон урдугэр яблоня кылгас угар яблоко ыйанан турбут. Ыйанан турбуут-турбут, еер да ер турбут.
Эмискэччи мэник тыал кэлэн маьы хамсаппытыгар яблоко куобах урдугэр туспут.
Куобах кутталыттан уьукта туспут да, тугу да кербекке суурэ турбут:
9 костуу
Декорация: Холуодьас.
Действиета: уу баьан иьэллэр, уочаратынан хаамаллар.
Солуурдарын туппутунан хааман истэхтэринэ, эмискэ куобах куотан кинилэри кербекке туннэри кетен ааьар. Бары ууларын то5о туьэн тыас-уус баьаам буолбут. Бары кутталларыттан дьиэлэрин диэкки суурбуттэр.
10 костуу
Декорацията: Дьиэлэрин таьа.
Действиета: дьиэлэригэр куотан киирэллэр.
11 костуу
Декорацията: Дьиэлэрин иьэ
Действиета: Дьиэлэригэр суурэн киирэннэр эбээлэрэ оронугар суор5анын саптан сыппыт, Кунду Кулуук Кээчэ эбэтин кэннигэр саспыт. Кууталара оьох кэннигэр букпут, Хорооонньут уйатыгар киирэн салыбырыы сыппыт.
Эмээхсин кутталыттан тугу да токкуйдаабат буолбут: «Оо, иэдээн! Айыы Танараа! Туох-туох кыылга тубэьэ сырыттым? Улахана сурдээх! Арааьа эьэ быьыылаах! (толкуйдуур) Хайдах мин киниттэн куотан тыыннаах хаалбытым буолла?»
Эмээхсин толкуйа:
Декорацията: охтубут сирдэрэ
Действиета: Эмээхсиннэ эьэ саба туьэр
Эьэ: Хата бугун аьыыр буоллум ээ. Сиэн кэбиьиэм!
12 костуу
Декорация: Дьиэ иьэ
Действиета: Кунду Кулуук Кээчэ сиэнэ ытыыр: «Эбээ, мин урдубэр улахан ба5айы боро ыстанна! Харахтарааа манныктар! Тиистэрин килэннэтэр, ессее кутуругун керуон этээ! (толкуйдуур) Кини миигин сиэн эрэр дии санаатым!»
Сиэнин толкуйа:
Декорацията: охтубут сирдэрэ
Действиета: Кыыска бере саба туьэр
Боро: Хата бэлэм ас бу баар эбит!
13 костуу
Декорация: дьиэ иьэ
Действиета: Оттон оьох кэннигэр саьан сытан Куута саныыр эбит: «Куут-кут-кут. Уйабар уу киирдэ. Улахан да саьылга тубэьэ сырыттым! Иэдээн! Миигин тутан сии сыста дии! (толкуйдуур) Хата хайдах киниттэн куоппуппун ейдеебекке да хааллым!».
Куута толкуйа:
Декорацията: охтубут сирдэрэ
Действиета: Куута5а саьыл саба туьэр
Саьыл: Ньаам-ньаам, собулуур булуудэм бу турар эбит!
14 костуу
Декорация: Кутуйах хорооно
Действиета: Хороонньут кутуйах хороонугар сытан токкуйдуур: «Уааай, туох улахан куоскатааай! Уйэбэр инник улахан куосканы кере иликпин. Иэдээн! Эчи харахтара улаханын, эчи илиилэрэ улаханын. Ити айылаах баппа5айынан миигин харбаан ыла сыста дии. Миигин сиэтэ дии санаабытым! (токкуйдуур) Хайдах итинник улахан куоскаттан куоппуппун ейдеебеппун да5аны!»
Кутуйах толкуйа:
Декорацията: охтубут сирдэрэ
Действиета: Кутуйахха куоска саба туьэр
Куоска: ха-ха-ха, бу дьолу! Минньигэс да кутуйах. Хас кун соьо сылдьан сиирим буолла!
15 костуу
Декорация: ойуур
Действиета: куобах кутталыттан суурэн тиийэн талах анныгар саьан сытар. «Ьуу, сурэ5им айахпынан тахсаары гынна! Ити булчуттар тутан сии сыстахтарын! Эчи элбэхтэрин, бары саалаахтар энин. Миигин дьолутэ ыта сыстылар дии. Хата тугум да эчэйбэтэх быьылаах. (токкуйдуур) Хайдах кинилэртэн эчэйбэккэ куоппутум буолла!»
Куобах толкуйа:
Декорация: Яблоня таьыгар
Действиета: куобах сыламныы сытта5ына булчуттар сырсаллар
Булчуттар: Оо, бу сытар, ыт-ыт!
Декорацията: охтубут сирдэрэ
Действиета: Куобах куотан иьэн булчуттарга кэтиллэ туьэр. Ытыалыыллар.
Булчуттар: бу кэллэ! Миэнэ! Миэнэ!
16 костуу
Кэпсээнньит: О5олоор, куттас киьи кулугуттэн куттанар диэн манныгы этэллэр. Онон, онорон корон куттаммат буолун!
Предварительный просмотр:
Орто дойдуну ойуулааьын
Былыргы дьыллар
Быралыйбыт быьылааннаах мындааларыгар,
Урукку хонуктар
Уларыйбыт ороскуоттаах уор5аларыгар,
Эргэтээ5и дьыллар
Илбистээх иэрээннээх энээрдэригэр,
Субу турар
А5ыс иилээх –са5алаах,
Атааннаах-монуеннээх
Ала5ай-мала5ай
Алгыстаах аан ийэ дойду
Аан бастаан аьыллыытыгар,
Симэхтээх сир иьит
Сиксигин са5а эрдэ5иттэн
Тэлгэнэн-тэрээдийэн,
Томтойон-туоллан уескууругэр
Тул5атыйыа диэн
Со5уруу оттунэн,
Тунал5аннаах добун муора тулааьыннанан,
Айгырыа диэн ар5аа оттунэн
Арат таас хайа дьайыннанан,
Холборуйуо диэн
Хотугу оттунэн
Будул5аннаах муус муора модьо5олонон,
Иэгэйиэ диэн илин оттунэн
Имэннээх итии бай5ал энээрдэнэн….
Кур муус тугэхтэнэн,
Сымара таас сыттыктанан
Хайыр таас хаппахтанан,
Хаардаах былыт хал5аьаланан,
Муустаах былыт долгуннанан,
Итии былыт иэннэнэн,
Саллар ча5ыл5ан дапсыырданан,
Онурук куйаас ере5еленен,
Ойон тахсар уоттаах куннэнэн
Ойо5олоон суурэр тэбиэн ыйданан,
Орто туру дьа5ыл дойду диэн
Айыллан, уоскээн турда5а.
Дыгын оло5о
А5ыс иилээх-са5алаах
Атааннаах-монуоннээх
Алгыстаах силиктээх
Аан ийэ дойду саргылаах таьаатыгар
Дьоллоох дьуойатыгар
Кэскиллээх киэн киэлитигэр
Хайдах быьыылаах сир-дойду
Силигилээн уоскээбитэй эбитэй диэн
Уоннаах харчы са5а уу харах
Ылыытын-коруутун унуоргу оттунэн
Одуулаан, корон турдахха:
Бу орто дойду
Дьогдьойор саалыгар, урдук ар5аьыгар,
Киэн таьаатыгар,
Кэтит мындаатыгар,
Килбэлдьийбит киинигэр
Хабыллар хаба ортотугар
Ула5ата биллибэт,
Унуоргута костубэт
Ортотуттан кун тахсар
Тунал5аннаах толуу манан
Толоон туолан уоскээн турар эбит.
Бу толоон томтор5олоох ньууругар,
Килбиэннээх киинигэр
Кырааскалаах курдук
Кынтаайка манан кырдалын
Кырыыланар дьирбиитигэр
Устата отут костоох, туората уон костоох
Киэнэ биллибэт, кэрдиитэ костубэт
Ко5урээбэт котордоох,
Куох тыа куруолээх
Быстыбат быйаннаах
Туймаада улуу хочотугар,
Сыьыыга баппатах
Сыспай сиэллээ5и,
Сылгы суоьуну.
Миинэр минэни
Дэри-дэлэгэй тэнитэн,
Улаан ураьа дьиэлэнэн,
Айыы айма5ын тэнитэн
Кун улууьун ууьатан
Ус саханы уоскэтэн,
Туерт саханы толколоон,
Мо5ул биистэн силистэнэн
Туур омуктан торуттэнэн
Дыгын эьэбит о5онньор
Оннук улуу дойдуланан
Олоорто эбитэ уьу.
Эмньик кулун аттаах Эрчимнээх Эчик Дыгын кыыьын курэтэн барыыта
Биир сарсыарда,
Тын хатыыта.
Буор сир бур5айа тустэ,
Улахан тиити
Тергуу мутугунан
Тебелере кестер боотурдар
Аар тойон а5аларын
Аатын ааттаан
Амалыйа турбуттар:
Айан тороппут
Аар тойон а5аккаам,
Аан дархан ааккар
Айхал буоллун.
Уьун улуу сураххар
Уруй буоллун!
Кердер харахпыт дьуккэтин,
Кетурдэр тииспит миилэтин
Комус чыычаахпытын
Куерэгэй Куону
Эмньик кулун аттаах
Эрчимнээх Эчик обургу
Уоран талаан барда.
Кыргыьыыга туттар
Кыырыктаах сэптэрбитин
Кырыытынан кыстат,
Урун комус аалыытын курдук
Уетуулээх ус хос куйа5ы
Дыгдалдьытан таьааран кэтэттэр.
Эмньик кулун аттаах
Эрчимнээх Эчик обургуну
Ир суолун ирдиэхпит,
Тон суолун тордуохпут.
Онуоха Дыгын о5онньор
Уйан сирин таарыйтаран
Уйатыгар уу киирэн
Ойо5ос еттуттэн
Уордаах санаата киирбит:
Буор сир уйбат буйаката буолла!
Эмньик кулун аттаах
Эрчимнээх Эчик обургу
Кердер харахпыт дьуккэтин,
Кетурдэр тииспит миилэтин
Комус чыычаахпытын
Куерэгэй Куону
Кесте кетутэн,
Кере мэлитэн.
Уоран-талаан барбыккын,
Умса баттаан ыламмын
Уодьуганнын татта5ым буоллун!
Чэйин, нохолоор!
Хааным хамсаата,
Сурэ5им ме5устэ.
Кини обургуну,
Барыах-кэлиэх сирин булларбакка
Тугэн биэрбэккэ
Тыйыс теьуулээн
Тутан а5алын!
Дьэ сити кэмнэ,
Эмньик кулун аттаах
Эрчимнээх Эчик обургу
Аар саарга аатырбыт
А5а баьылык Дыгын о5онньор
Аччыгый кыыьын,
Танас бутэй этэ кестубут
Эт бутэй бултэьэ кестубут
Бултэс бутэй силиитэ кестубут
Куерэгэй Куону
Куоттаран,
Кыьыны кырыатынан,
Куьуну ексуенунэн билэн,
Сир сир бе5етун сыымайдаан,
Алаас алаас бе5етун талан,
А5ыс уон а5ыс хайа
Алтыьар ар5аьыгар,
То5ус уон то5ус урэх
До5ордоьор туймуутугар,
Ынахсыт алааьар кэлэннэр
Айыы айма5ын,
Кун улууьун тэнитэн
Ханаластар дэтэннэр
Хара тыаттан хардан эьэлээн
Булун сиртэн буур тайахтаан
Бастар бараммат баайдаммыттар.
Тохтор хороммот тоттоммуттар.
Олонхотун олонхо,
Ол олордохторуна, арай,
Дыгын о5онньор
Эмньик кулун аттаах
Эрчимнээх Эчиги
Эккирэтэ ыыппыт
Эр боотурдара
Хонугунан тиийэн
Хотуттан ыйыппыттар,
Атахтарынан баран
Ар5ааттан ыйыппыттар,
Сурах о5устаран,
Со5уруу кердеебуттэр,
Илдьит ыытан
Илин ирдээбиттэр.
Абааьы уола боотурдары кытта кыргыьыыта
Елуу болдьохтоох,
Улугэр быалаах,
Оруобуна сити кэмнэ
То5ус томтордоох
Туой курун булгунньа5ын
Аллараа еттунэн
Ааьа баран эрдэхтэринэ
А5ыс салаалаах
Аал луук мас
Хачыгырыы тустэ,
Хатырыга алдьанна,
Хайыта ыстанна.
То5ус дохсун холорук
То5о ытыллан тустэ,
Дэриэспэ таас
Дэлбэритэ барбытын курдук
Туорт суллэр этин
Толутэ барда.
Адьарай айма5а
Абааьы уола
Ардай Аьыы
Алараа дойдуттан
Ойон тахсан
Орто туруу бараан дойду
Боотурдарын кытары
Хабырына-хабырына
Хапсыьан барда.
Хаьынырыы-хаьынырыы
Хатыйсан барда.
Биьи бухатыырдарбыт
Быстыбат тыыннара
Быста-быста сал5анна,
Елбет тыыннара
Еле-еле тилиннэ.
Адьарай айма5а
Абааьы уола
Ардай Аьыы
Табылынна5ын аайы
Омуннаахтык уьуутаата,
Хатаннык хаьыытаата.
Ол эрэн,
Сытан-охтон биэрбэтэ,
Тууьугуран туран
Туруулаьан барда.
Иннигэр кербутун
Ибили кырбаата,
Туора кербутун
То5ута сыста.
Хайа-хайалара да5аны
Холлорун этэ
Холуотуйуор дылы,
Туестэрин этэ
Тунэтийиэр диэри
Кыргыьа да сатаатылар,
Кыдыйса да сатаатылар.
Анардастыы хотуспатылар,
Елер уестэрин булсуспатылар.
Ойуур тыаны
урусхаллаан кээстилэр
Суорба таас хайаны
Субуулаах от курдук
То5о кээстилэр.
Бутуех буппэккэ
Дьуьун-бодо буоланнар
Дьаабылана сылдьаннар
Эмньик кулун аттаах
Эрчимнээх Эчик обургу
Эргэнэ тыатыгар,
Алаьа дьиэтигэр
Тиийэн кээлтэрин
Ейдеебекке да хааллылар.
Боотурдар Эрчимнээх Эчиктэн кердеьуулэрэ
Кун туллара
Куьэнэ быстара буолла.
Елуу беге утуруйдэ,
Алдьархай беге ааннаата.
Абааьы уола
Ардай аьыы
Аан дойдуну барытын
Алыс аймаата,
Аймаьытта.
Хара тыыммытын
Харыйдаан хаххалаа,
Урун тыыммытын
Еруьуйэн еллейдее!
Эрчимнээх Эчик абааьын уолун кыайыыта
Адьарай айма5а абааьы уола
Ардай аьыы сырсан кэлэн ыллыыр:
Урдук сололоохтор,
Утуе сурахтаахтар!
Уу нуурал олоххутун
Уу курдук кэьэр
Уол о5о мин- тереетум!
Идэмэрдээх илиэьэй биьиин ууьун
Иннэри хаамыам, имири быьыам,
Алаьа дьиэлэри, аал уоттары
Атахпынан кэьиэм, аамайдыы оонньуом!
Кун ууьун, айыы айма5ын
Куллэри таптайыам, кудэннэ кетутуем…
Кэриэс тылгытын кэпсээн,
Тонуктаах эрдэххитинэ
Дойдугутун кытта бырастыылаьын!
Онуоха биьи киьибит
Кэннибинэн кэхтиэм суога,
Иннибинэн чугуруйуом суо5а!
Диэн уогулуу туьэн баран
Абааьы уола Ардай аьыыга
Алтан сада5а мо5ойунан
Аалыммахтаан ылла5а.
Адьарай атамаан
Абааьы уола
Ардай аьыы
Холоруктаах кута уотунан
Ере уьуутаан ерукутэн кэбистэ.
Хайа хайа5а туспутун курдук
Хап-кип гына саайсан кэбистилэр.
Аллараа алдьархайдаах дойду
Атыйата айманан дьалкыйда,
Уеьээ дойдуга
Уегуулэрэ иьилиннэ,
Орто дойдуга
Охсуьуулара билиннэ.
Уоттаах холорук
Умса ытыллан тустэ,
Буор оргуйар
Буур5ата буолла.
Адьарай икки, айыы икки
Албан сурахтаахтара,
Орулуур отут хонугу мэлдьи
Уегулэьэ-уегулэьэ
Еттуктэьэн киирдилэр.
Абааьы уола
Ардай аьыы
Кыайтараары ыксаан
Атахха биллэрэн эрдэ5инэ,
Эмньик кулун аттаах
Эрчимнээх Эчик
Суос-со5отохто кэлэн
Суодас гына тустэ,
Адьарай атамаанын
Уьун сула батаьынан
Тордох туос курдук
Тобулу анньан таьаарда.
Абааьы уола
Уеьун таттаран
Уегулээн барда,
Ерутэ мэнийбэхтээн
Елеен барда5а.
Дыгын уолаттара Эрчимнээх Эчиктиин эйэлэьиилэрэ
Орто дойду боотурдара
Ону эрэ кэтэспиттии
Эмньик кулун аттаах
Эрчимнээх Эчиккэ
Суьуехтэригэр сугуруйбуттэр,
Хоолдьуктарыгар хонкуйбуттар:
Уостубат урэх кураанна.
Учугэй до5ор алдьархайга
Биллэр диэн маны эттэхтэрэ.
Албан ааккыт туругурдун,
Суон сураххыт дуораьыйдын!
Оччолоо5у истэн
Эмньик кулун аттаах
Эрчимнээх Эчик,
Аар саарга аатырбыт
А5а баьылык
Дыгын о5онньорго
Илдьитин ыыппыт:
Иьирэх илдьиппин
Истэ сэргэ5элээн,
Этэр тылбын
Э5илдьитимэн.
А5а баьылык
Дыгын эьэбит
Аан дархан аатыгар
Айхал буоллун,
Уьун улуу сура5ар
Уруй буоллун!
Кыыьырбытын кыраайга кыйдаатын
Уордайбытын омукка уьуутаатын.
Киэн нэлэмэн сыьыылардаах,
Уолбут уулаах куоллэрдээх,
Охтон бараммат мастардаах
Ынахсыт алааьар
Айыы айма5ын,
Кун улууьун тэнитэн
Ханаластар дэтэммит
Туерэхпитин уурдубут.
Бу утуекэн дойду
Кунду туулээ5иттэн
Илии тутуурданын,
Еттук хараланын!
Саалаахтан самныман,
Охтоохтон охтуман!
Дьээ ситигирдик,
Били боотурдарбыт
Аар саарга аатырбыт а5аларыгар
Дыгын о5онньорго тиийэннэр,
Туох буолбутун
Эриэнэ- э5илдьитэ суох
Энчирэппэккэ кэпсээбиттэр.
Оччолоо5у истэн
Дохсунунан аатырбыт
Дьиппиэнинэн сура5ырбыт
Дархан Дыгын о5онньор
Санаата сымнаабыт,
Сурэ5э уулбут,
Суостаах санаатын
Туора кыйдаабыт.
Дыгын алгыьа
Аал уотум иччитэ,
Хатан тэмиэрийэ!
Эн иннигэр
Сеьургэстээн олорон,
Хоммут уоспун хоннорон,
Ереебут уоспун еьулэн,
Алгыс утуетун ал5аан,
Тыл утуетун этэн,
Кэлэр кэскилбин,
Кэнчээри ыччаппын
Алгаатага буоллум!
Татаар тыллаах таба эппэтин,
Уон тарбахтаах олус уумматын,
Уу харахтаах утары кербетун!
Охтоохтон охтуман,
Саалаахтан саллыман!
Ерегейгут улааттын,
Саргыгыт салалыннын!
Быстыбат быйаннаах,
Сыа сыьыылардаах,
Хоргун хонуулардаах,
Кыыллыыр тыалаах,
Охтон бараммат мастардаах,
Уолан быстыбат куеллэрдээх
Ынахсыт алааьар олохсуйан,
Айыы аймахтарын, Кун улуустарын
Ханыл Ханаластары тэнитэн
Эчик Ханаластара дэтэн
Уйэлэртэн уйэлэргэ
Албан ааккыт туругурдун,
Суон сураххыт дуораьыйдын!
Доом! Доом! Доом!