Доклады учащихся

 Ираида Михайловна Герасимова

Моя работа состоит из

Скачать:

ВложениеРазмер
Microsoft Office document icon elya_doklad.doc89.5 КБ

Предварительный просмотр:

                         Саха Республикатын Үөрэђириитин Министерствота

Сунтаар улууhун үөрэђириитин управленията

А.А.Иванов – Күндэ аатынан Кутана орто оскуолата

улуустаађы «Бастакы хардыылар» научнай-практическай конференция

                                                       

                                                Дакылаат

Өбүгэлэрбит суhуохтарын  көрөр-харайар кистэлэңнэрэ

Суруйда А.К.Акимов аатынан

Күүкэй орто оскуолатын

2-с кылааhын үөрэнээччитэ

Попова Элеонора Викторовна

салайааччы  үрдүк категориялаах

алын кылаас учуутала

Герасимова Ираида Михайловна

ИhИНЭЭђИТЭ:

1-кы баhа. Уhун суhуох уонна солох.

1.1.Саха кыыhын суhуођун суолтата.

1.2.Солох диэн тугуй?

1.3.Солођунан баттађы суунуу-хараныы.

II-c баhа. Чинчийэр үлэ түмүктэрэ.

2.1. Саастыылаахтарым баттахтарын туруга. Бастакы этап.  

2.2. Эбэлэрбит  кыыс сылдьан баттахтарын туруга. Иккис этап.

2.3. Кистэлэңи арыйыы.

Түмүк

Литература

                                              Киириитэ

       Биhиги өбүгэлэрбит бары хойуу, доруобай уhун суhуохтаах буолаллар эбит. Билиңңи кэмңэ уhун суhуохтаныы дэңңэ көстөр буолан эрэр. Уhун суhуох суhуох төhө доруобайыттан тутулуктаах. Хоhођолоох, түhэр батах аанньа үүммэт. Суhуођу көрүүгэ-харайыыга сүрүннээн сөптөөхтүк суунуу-тарааныы буолар дэhэбит. Билиңңи үйэђэ бу дьарык шампуна суох сатаммат курдук. Ол эрээри дьон бары шампунь баттах хойдоругар, түспэккэ бөђө буоларыгар, хоhођо үөскээбэт буоларыгар дьайбат дэhэллэр. Тођо диэтэххэ шампунь  сыала-соруга баттађы киртэн, быылтан, сыаттан харыстааhын буолар. Ол иhин дьон баттах бөђө буоларыгар, хоhођоломмотугар атын средстволары тутталлар. Биhиги өбүгэлэрбит манна солођу бэркэ туhана сылдьыбыт кистэлэңнэрин биллим. Маны чинчийии мин үлэм актуальнай боппуруоhунан буолла.    

    Чинчийии сыала – өбүгэлэрбит суhуођу көрөр-харайар үгэстэрин чинчийэн аныгы кэмңэ туhаныы.

     Соруктара – бэйэм  үөрэтэн, ыйыталаhан эбэлэрбит солох оргутар, туhанар кистэлэңнэрин билии,  түмүктэри ылыы

     Сылыктааhын – ханнык ба5арар кыыс о5о баттађын сөптөөхтүк хараннађына, өбүгэлэр үгэстэрин тутустађына, уhун, доруобай, хойуу суhуохтаах буолуо этэ.

    Чинчийии ньымалара - литератураны булан аађыы, уhун суhуохтаахтары билии, ыйытынньык толорторуу, солођу туттуу, түмүктэри ылыы.

     Үлэ сонуна –  былыргы саха кыргыттара уhун суhуохтанар кистэлэңнэрин арыйан, билиңңи кэмңэ туhаныы.  

I-кы баhа. Уhун суhуох уонна солох.

1.1.Саха кыыhын суhуођун суолтата.

      Суhуох былыр-былыргыттан кыыс ођо киэргэлэ буоларын таhынан өйү-санааны ситимниир, үргүөрү киллэрбэт чааhа буолар. Доруобай, хоп-хойуу уhун суhуохтаах кыргыттар тустарынан хоhоон, ырыа бөђөтө баар.  Былыр саха кыргыттара ыспакка биир гына өрүнэн суhуохтарын харыстаан, харайан илдьэ сылдьаллара эбитэ үhү. Кинилэр өйдөбүллэринэн, суhуох олођу, сири кытары ситимниир күүс буолар. Ол аата уhун хойуу суhуохтаах киhи доруобай, өйдөөх,  дьоллоох буолара үhү. Ол иhин «дьол сарбыллар» диэн суhуохтарын кырыйтарбаттара үhү. Итиэннэ туора киhи харађа хатамматын диэн куруук былаатынан баана сылдьаллар эбит. Сууналларыгар, тарааналларыгар дьон көрбөтүгэр, үксүн киэhэ дьарык гыналлар эбит.

       Бу маннык айылђа биэрбит мааны баайын көрөргө-харайарга, үүннэрэргэ өбүгэлэрбит араас кистэлэңнээхтэр эбит. Бу кистэлэңнэри билигин уhун суhуохха суолта биэрбэт  кэмңэ билиэх, туhаныах тустаахпыт. Саамай боростуой кистэлэңинэн солођу оргутан баттађы суунарга туhаныы буолар.

1.2.Солох диэн тугуй?

        Солођу маhы уматан күлтэн ылаллар. Күл уруккуттан үүнээйини олордууга уођурдуу быhыытынан биллэр. Тођо диэтэххэ, киниэхэ калий, кальций, фосфор диэн туhалаах веществолар бааллар. Үүнээйини күлүнэн аhатарга силиhи быhа сиэбэтин диэн булгуччу ууга суурайан куталлар.

        Солођу оргутарга   300 г.күлгэ оргуйбут уу кутан өссө 20-30 мүнүүтэ оргутан ылаллар. Сөпкө оргуйбут күл иhит алларатыгар сөңөр, онтон үрдүгэр дьэңкир уута хаалар. Ол солох диэн буолар.

        Солох былыргы ыраастыыр средство быhыытынан ааттанар. Ол курдук солођунан олус киртийбит иhити, көмүhү ыраастыахха, онноођор таңас сууйар ууга кутан сууйуохха сөп. Маны  таhынан солођу баттађы суунууга туттуллар.

1.3.Солођунан баттађы суунуу-хараныы.

      Солођунан баттађы суунарга дэлби сиидэлэнэр, суунар ууга кыратык кутан суунуллар. Суунан баран баттађы үчүгэйдик сайђаныллыахтаах. Ситэ сайђамматахха баттах кылбачыйбат, куйаханы быhа сиир буолар. Солођунан суунуллар баттах  түспэт буола бөђөргүүр, хоhођоломмот, хойдор уонна үүнэрэ түргэтиир эбит. Биhиги эбэлэрбит  бары «солођунан суунар буолан доруобай, бөђө, уhун суhуохтаах этибит» диэн кэпсииллэр.

II-c баhа. Чинчийэр үлэ түмүктэрэ.

2.1. Саастыылаахтарым баттахтарын туруга. Бастакы этап.  

      Мин билиңңи кэмңэ саастыылаахтарым баттахтарын хайдах көрөн-харайан сылдьалларын чинчийдим. Биhиэхэ 1,2,3,4 кылаастарга  12 кыыс үөрэнэр.

Кылааhа

Кыыс ахсаана

   Уhун суhуохтаађа

Ханнык шампуну туттара

Түмүгэ

1-кы

1

-

Детскэй «Чебурашка»

Уhуура бытаан

2-с

4

3

Араас («Принцесса», «Маленькая фея», «Дракон», «Зеленые травы»)

1-гэ хоhођолоох, 1-гэ уhуура бытаан

3-с

4

2

Детскэй

1-гэ хоhођолоох, 2-тэ уhуура бытаан

4-с

3

2

Шамту, Шалма, Пшеничный

1-гэ хоhођолоох, 1-рэ уhуура бытаан

       Мантан көстөрүнэн кыргыттар баттахтара барыта уhун буолбатах эбит. Уонна хоhођолонор, түhэр эбиттэр. Бу барыта билиңңи шампуннар араастык дьайаллара буолар. Шампуннарга араас химическэй булкадыhыктары, буортуйбатын диэн консерваннары куталлара баттах доруобуйатыгар дьайара биллэр суол. Маны барытын литератураттан көрөн биллим. Ол иhин чинчийиибин салгыы ыыттым.

2.2. Эбэлэрбит  кыыс сылдьан баттахтарын туруга. Иккис этап.

      Биhиги эбэлэрбит кыыс сылдьан хайдах туруктаах баттахтаахтарын билээри 5 кырдьађастан ыйыталастым. Онно бастаан  маннык ыйытыктары биэрдим:

  1. Баттађың уhун этэ дуо?
  2. Баттађың түhэр этэ дуо?
  3. Баттађың  хоhођолоох  этэ дуо?

Дьиктиргиэм иhин  ыйыталаспыт эбээлэрим уhун суhуохтаах, баттахтара түспэт, хоhођоломмот эбиттэр. Ол иhин чинчийиибин салгыы ыытаары тугунан сууналларын ыйыталастым.

2.3. Кистэлэңи арыйыы.

       Кырдьађастар бары урут баттахтарын солођунан сууналларын кэпсээтилэр. Бэйэм эбэм Матрена Ивановна «баттађы солођунан сууннахха түспэт, хойуу, килбэчигэс, уhуура түргэтиир уонна отой хоhођоломмот, сыаламмат»-диэн эттэ.

        Солођу интэриэhиргээммин күлү оргутан көрөргө сананныбыт. Бары быраабыланы тутуhан оңордубут. Ууну кытары тэңнээн көрдөххө быдан сымнађас, киhи илиитигэр хаалар курдук эбит. Уонна өссө быhа сиир курдук эбит. Ол иhин ууга суурайбакка бэйэтинэн туттуллубат диэн түмүккэ кэллим.

       Бу үлэм түмүгэр «Солох туhалаах ду, суох ду?» диэн ыйыталаспыппын маннык көрдөрдүм:

         Дьон үксэ (57%) туhалаах диэтэ

Түмүк

       Маннык интэриэhинэй үлэни оңорон мин маннык түмүктэри ыллым:

1.Өбүгэлэрбит суhуођу көрөр-харайар үгэстэрин чинчийэн аныгы кэмңэ туhанным.;

2.Бэйэм  үөрэтэн, ыйыталаhан эбэлэрбит солох оргутар, туhанар кистэлэңнэрин биллим;

3.Кыыс о5о баттађын сөптөөхтүк хараннађына, өбүгэлэр үгэстэрин тутустађына, уhун, доруобай, хойуу суhуохтаах буолуођун би ллим.

4.Солох айылђа матырыйаала буолан буортута суођун биллим.

         Үйэттэн үйэђэ солох абыраллаах өрүттэрин арыйдым:

  1. Солох хоруорбут, дьэстийбит  иhити  сууйууга бастың матырыйаал;
  2. Олус киртийбит таңаhы  ырааhырдар;
  3. Көмүс оңоhуктары сууйууга олус үчүгэй;
  4. Баттађы ырааhырдар, хойуннарар, ыарыппат, үүнэригэр дьайар.

      Мин бэйэм санаабар солох биир итэђэстээх курдук. Ол кини шампунь курдук сыта суођа буолар.  Ону биhиги аныгы үйэ дьоно солохтоох ууга кыратык шампунь ду, мыыла эбэн сыт тупсарыахпытын сөп эбит диэн санаатым.

       Онон, солох курдук кыыс суhуођун доруобай, кэрэ көстүүлээх гынар матырыйаал суох. Солођу туhаның, туттуң.

Литература

1.Каженкин И.И. Киhи быhыыта. Дь., 2005

2.Гросстет Шарлота. Красота. М., 2008

3.Протопопова Н.И. Олох эргиирэ. 2009

4.Константинов А.В. Парихмахерское дело. М.,1987

5.Сэhэн Боло.Лиэнэђэ нуучча кэлиэн иннинээђи саха олођо.Дь., 1994.

                         Саха Республикатын Үөрэђириитин Министерствота

Сунтаар улууhун үөрэђириитин управленията

А.А.Иванов – Күндэ аатынан Кутана орто оскуолата

улуустаађы «Бастакы хардыылар» научнай-практическай конференция

                                                       

                                                Тезис

Өбүгэлэрбит суhуохтарын  көрөр-харайар кистэлэңнэрэ

Суруйда А.К.Акимов аатынан

Күүкэй орто оскуолатын

2-с кылааhын үөрэнээччитэ

Попова Элеонора Викторовна

салайааччы  үрдүк категориялаах

алын кылаас учуутала

Герасимова Ираида Михайловна

       Үтүө күнүнэн, убаастабыллаах  дьүүллүүр сүбэ, кыттааччылар!

       Мин аатым Попова Элеонора. Күүкэй оскуолатын 2-с кылааhын үөрэнээччитэбин. Үлэм аата «Өбүгэлэрбит суhуохтарын көрөр-харайар кистэлэңнэрэ» диэн.

       Үлэм сыала - өбүгэлэрбит суhуођу көрөр-харайар үгэстэрин чинчийэн аныгы кэмңэ туhаныы. Мин соруктарым - бэйэм  үөрэтэн, ыйыталаhан эбэлэрбит солох оргутар, туhанар кистэлэңнэрин билии,  түмүктэри ылыы.

        Былыр саха кыргыттара  ыспакка биир гына өрүнэн суhуохтарын харыстаан, харайан илдьэ сылдьаллара эбитэ үhү. Кинилэр өйдөбүллэринэн, суhуох олођу, сири кытары ситимниир күүс буолар. Ол аата уhун хойуу суhуохтаах киhи доруобай, өйдөөх,  дьоллоох буолара үhү. Бу маннык айылђа биэрбит мааны баайын көрөргө-харайарга, үүннэрэргэ өбүгэлэрбит араас кистэлэңнээхтэр эбит. Саамай боростуой кистэлэңинэн солођу оргутан баттађы суунарга туhаныы буолар. Солођу маhы уматан күлтэн ылаллар.

        Солођу оргутарга   300 г.күлгэ оргуйбут уу кутан өссө 20-30 мүнүүтэ оргутан ылаллар. Сөпкө оргуйбут күл иhит алларатыгар сөңөр, онтон үрдүгэр дьэңкир уута хаалар. Ол солох диэн буолар.

        Солођунан баттађы суунарга дэлби сиидэлэнэр, суунар ууга кыратык кутан суунуллар. Суунан баран баттађы үчүгэйдик сайђаныллыахтаах. Ситэ сайђамматахха баттах кылбачыйбат, куйаханы быhа сиир буолар. Солођунан суунуллар баттах  түспэт буола бөђөргүүр, хоhођоломмот, хойдор уонна үүнэрэ түргэтиир эбит. Биhиги эбэлэрбит  бары «солођунан суунар буолан доруобай, бөђө, уhун суhуохтаах этибит» диэн кэпсииллэр.

         Чинчийиибин кыра кылаас кыргыттарыттан сађалаатым. кыргыттар баттахтара барыта уhун буолбатах эбит. Уонна хоhођолонор, түhэр эбиттэр. Бу барыта билиңңи шампуннар араастык дьайаллара буолар. Шампуннарга араас химическэй булкадыhыктары, буортуйбатын диэн консерваннары куталлара баттах доруобуйатыгар дьайара биллэр суол. Маны барытын литератураттан көрөн биллим. Ол иhин чинчийиибин салгыы ыыттым.

      Биhиги эбэлэрбит кыыс сылдьан хайдах туруктаах баттахтаахтарын билээри 5 кырдьађастан ыйыталастым. Дьиктиргиэм иhин  ыйыталаспыт эбээлэрим уhун суhуохтаах, баттахтара түспэт, хоhођоломмот эбиттэр. Ол иhин чинчийиибин салгыы ыытаары тугунан сууналларын ыйыталастым.

       Кырдьађастар бары урут баттахтарын солођунан сууналларын кэпсээтилэр. Бэйэм эбэм Матрена Ивановна «баттађы солођунан сууннахха түспэт, хойуу, килбэчигэс, уhуура түргэтиир уонна отой хоhођоломмот, сыаламмат»-диэн эттэ.

        Солођу интэриэhиргээммин күлү оргутан көрөргө сананныбыт. Бары быраабыланы тутуhан оңордубут. Ууну кытары тэңнээн көрдөххө быдан сымнађас, киhи илиитигэр хаалар курдук эбит. Уонна өссө быhа сиир курдук эбит. Ол иhин ууга суурайбакка бэйэтинэн туттуллубат диэн түмүккэ кэллим.

       Бу үлэм түмүгэр «Солох туhалаах ду, суох ду?» диэн ыйыталаспыппын дьон үксэ туhалаах диэтэ.

               Маннык интэриэhинэй үлэни оңорон мин маннык түмүктэри ыллым:

1.Өбүгэлэрбит суhуођу көрөр-харайар үгэстэрин чинчийэн туhанным.;

2.Бэйэм  үөрэтэн, ыйыталаhан эбэлэрбит солох оргутар, туhанар кистэлэңнэрин биллим;

3.Кыыс о5о баттађын сөптөөхтүк хараннађына, өбүгэлэр үгэстэрин тутустађына, уhун, доруобай, хойуу суhуохтаах буолуођун би ллим.

4.Солох айылђа матырыйаала буолан буортута суођун биллим.

Бэйэм санаабар биhиги аныгы үйэ дьоно солохтоох ууга кыратык шампунь ду, мыыла эбэн сыт тупсарыахпытын сөп эбит диэн санаатым.

       Онон, солох курдук кыыс суhуођун доруобай, кэрэ көстүүлээх гынар матырыйаал суох.  Солођу туhаның, туттуң.