Главные вкладки
Библиотечные уроки
Сценарии открытых библиотечных уроков
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
stsenariy_uroka.pdf | 308.64 КБ |
stsenariy_otkrytogo_uroka_k_125_letiyu_sanovgorodova.pdf | 341.53 КБ |
2.35 МБ | |
bibliotechnyy_urok_4_kl.docx | 18.76 КБ |
sayyn_syta.docx | 25.09 КБ |
Предварительный просмотр:
Предварительный просмотр:
Предварительный просмотр:
Предварительный просмотр:
Библиотечный урок 4 кл.
Кинигэ киhи -аймах билиитэ керуутэ.
Тиибэ: Айар уруок.
Сыала: О5о кинигэни туhана уерэнэригэр уерэтии .Барбыты хатылааhын.
Соруктара:
- Уерэтэр: айымнньыга тирэ5ирэн теманы арыйыы, ейдетуу;
- Сайыннарыы: кинигэнэн туhанан толкуйдуур, санарар, ырытар, айарга холонор сатабылларын сайыннарыы;
- Иитэр: кинигэ5э харыстабыллаах сыhыаны олохсутуу, бэйэ эппиэтинэhин урдэтии.
Туттуллар матырыйаал: ыраас кумаа5ылар, еннеех харандаас, презентация.
Уруок хаамыыта:
1 Тэрээhин.
Утуе кунунэн ! Бугунну библиотечнай уруокпут уратылаах. Ол курдук эhиги иннигитигэр кистэлэн бакыат сытар. Билигин сорудахтар кемелеруэн бакыат иhигэ туох баарын таайыахпыт.
1 сорудах: Ес хоhоону таай
Эhиги иннигитигэр буккуллубут тыллар сыталлар . Тыллары сааhылаан ес хоhоону таайын.(Уерэ5э суох киhи хара5а суох киhи кэриэтэ.) Маладьыастар. Онтон биhиги уерэнэрбитигэр, билиини ыларбытыгар туох кемелеhеруй? (кинигэ)
Мин кинигэни аа5арбын
Олус да5аны себулуубун,
Иллэнсийэ эрэ тустэрбин
Илиибэр кинигэни ылабын.
Кинигэм саарыстыбатыгар
Умнабын тулалыыр эйгэни,
Кый ыраах сирдэргэ тиийэбин.
Эриэккэс кэрэни керебун.
2 сорудах: Кистэлэннээх хоhоон
Кыдрыс хэруе ниэк эликсэк,
Анас эгиник налуоб,
Уб ратыс рэгитибинни
Ыччылыра наллыhа.
Ло сумек курук ни5эруе
Уролот тиблит, тыпхаа
Са5айас, нусрох нодь алуоб
Игиhиб тыпхыатаалу.
Иники эхиэhиб ро5оло:
Мик лачуутал, мик йануочу,
Мик ренежни а5уолуоб…
Бу ханнык тылынан суруллубут хоhоонуй? Хоhоон аатын толкуйдаан. Ааптара кимий?(«Сана кинигэ» Илья Ча5ылхан)
3 сорудах: Этиилэри сал5аа.
Кун сири сырдатар,….. ( Уерэх – киhини)
Кинигэ – киhи аймах уйэлэр тухары муспут … (билиитэ-керуутэ, муудараhа)
Кинигэ –киhи … (ейдеех субэhитэ)
4 сорудах: Остуоруйа эйгэтэ.
О5онньор уеттурэ5ин илиитигэр тутан, хампы охсор санаанан тыаhа суох иhэрин кырынаас обургу, сэргэхтэн сэргэх, билэ охсон куотан истэ5инэ, хаhыыра туhэн баран сырбаппытын, аhаран биэрэн, кутуругун тебетун таптаран эрэ хаалар…(«Кырынаас кутуругун тебете хара буолбута» саха остуоруйата)
… Табаларын баайан, тордоххо киирэн кердеебу. Иhити-хомуоhу, тирии танас туутун сааhын, орон мастарын бутуннуу кербут – кыысчаан хана да суох! (Кыыс уонна ый» чукча остуоруйата)
…Булчуттар сылайан, аччыктаан отууларыгар теннубуттэр. Кутааларын оттон баран, бултарын хайдах уллэстэр туhунан тебелерун сыспыттар. Бултара биир эрэ этэ, оттон кинилэр уhуелэр,хайдах да тэн гына уллэрбэккин.(«Ким туулэ ордуга» казах остуоруйата»)
5 сорудах: Маны таай.
Айымнньы аата | Сэhэн | Остуоруйа | Номох | Кэпсээн |
Омо5ой баай, Эллэй Боотур | + | - | - | - |
Майа5атта бэрт хара | - | - | + | - |
Манчаары Хаппар уолугар аат биэрбитэ | - | - | - | + |
Уустук уллэрии | - | + | - | - |
Дьэ эрэ о5олоор бакыаппыт кистэлэнин арыйдыгыт дуо? Сеп бугунну уруокпут хатылааhын. Ол курдук литература уруогун барытын ейдеебуккут. Ити курдук аахпыккытын ейдуур, элбэх кинигэги аа5ын.
уерэ5э суох киhи хара5а суох киhи кэриэтэ
Предварительный просмотр:
Библиотечнай урок.
Темата «Сайын сыта»
Тиибэ: Айар уруок.
Сыала: О5о кинигэни туhана уерэнэригэр уерэтии.
Соруктара:
- Уерэтэр: айымнньыга тирэ5ирэн теманы арыйыы, ейдетуу;
- Сайыннарыы: кинигэнэн туhанан толкуйдуур, санарар, ырытар, айарга холонор сатабылларын сайыннарыы;
- Иитэр: айыл5а5а харыстабыллаах сыhыаны олохсутуу, бэйэ эппиэтинэhин урдэтии.
Туттуллар матырыйаал: кинигэлэр, ыраас кумаа5ылар, еннеех харандаас, презентация.
Уруок хаамыыта:
1 Тэрээhин.
Мин кинигэни аа5арбын
Олус да5аны себулуубун,
Иллэнсийэ эрэ тустэрбин
Илиибэр кинигэни ылабын.
Кинигэм саарыстыбатыгар
Умнабын тулалыыр эйгэни,
Кый ыраах сирдэргэ тиийэбин.
Эриэккэс кэрэни керебун.
Утуе кунунэн ! Бугунну библиотечнай уруокпут уратылаах. Ол курдук эhиги иннигитигэр кинигэлэр сыталлар. Билигин ус хамаанда5а хайдыhан кинигэ кеметунэн сорудахтары толоруохпут.
1 сорудах « Миигин таай »
1 хамаанда «Сырдык уруйэчээн» кинигэ 5 сраницатыттан «Дьэдьэн сыта» хоhоон бастакы куппулуетун аах. Туох туhунан этиллэрин быhаар.
2 хамаанда «Сайылыгым барахсан» 7 страницатын» Дьэрэкээн кебуер» хоhоонун аах. Дьыл ханнык кэмэ хоhулларый?
3 хамаанда «Буетур Тобуруокап» 48 страницатыттан «Мутукчам сыта» хоhоон бастакы куппулуетун болхойон аах. Туох туhунан этиллэрий?
Маладьыастар бугунну уруокпут аата «Сайын сыта».
Нарын да, намчы да керуннээх
Танара кийиитэ сибэкким,
Эн кемус о5уруо силбиктээх
Сыhыыттан манна кэлбиккин.
Дьэ эрэ о5олор саамай куутуулээх, кэтэhиилээх кэммит сайыммыт туох сыттаах буоларын бугун эhиги хоhооннортон билиэххит. Ону билэргэ биhиэхэ туох кемелеhер эбитий? ( Кинигэ)
Дорообо, табаарыс сайын!
Дорообо, До5орум сайын!...
Эн куе5ун – долгуйар солко,
Куннуктээн ол солко окко
Ыл, оонньот мэниктэт эрэ!
2 сорудах «Оонньуо5ун»( хамаандалар аахпыт строкаларыын хардары тары уруhуйдаан кердеруехтээхтэр)
1 хамаанда «Ебугэм сирэ» кинигэ 49 страница «Кун» хоhоонун 13, 14 строкатын дор5оонноохтук аах .(кун) (2 хамаанда уруhуйдуур)
2 хамаанда «Суостаах сатира суустаах ьыллара» 34 страница 19 туерт страканы дор5оонноохтук аах. (Кэ5э) (3 хамаанда уруhуйдуур)
3 хамаанда «Тиэрт сырдык кыымнын» 15, 16 страница «Куерэгэй» хоhоон бутэhик куппулуетун дор5оонноохтук аах .(Куерэгэй) (1 хамаанда уруhуйдуур)
Маладьыастар 2 соруда5ы толордугут. Аны билигин 3 сорудахха киирэбит.
3 сорудах « Таайыа5ын» (Кеппут тыллары туруоран биэр)
1 хамаанда ____________ уен эрэйдээх (Оо5уй)
Уй курдук истээх,
Итиннэ –манна дьэргэтэн
Илим баайар угэстээх.
2 хамаанда Теп –текунун чээчик,
Текунуйбэт мээчик,
___________ уйата чахчы (Тигээйи)
Тэйгэйэн турааччы.
3 хамаанда сарсыарда эрдэттэн
Салгынна уйдаран
___________ ыллыыр,(Куерэгэй)
Куеххэ керулуур.
4 сорудах «Бу ханнык кыылларый, кетердеруй?»
1 хамаанда Кураанна ардахтаан
Кулуннуу кистээччи,
Кердуурун ыраахтан
Керееччу-истээччи (Элиэ)
2 хамаанда Хатаннык чоргуйар
Хаhыыта доргуйар.
Хойутаан хаалыа диэн
Кимиэхэ долгуйар (бетуук)
3 хамаанда Улэhиттэрэ диибин диэн!
Учугэйиэн керуеххэ.
Кыймалаhан элбэхтэрин.
Улуhуйэн тураннар
Улэлээн эрдэхтэрин (Кымырда5астар)
5 сорудах «Дор5оонноохтук аах». Билигин хоhоон аа5ар кэмнэ бары харахпытын симэбит. Ейбутугэр ойуулаан керебут.
Дьэдьэн
Солооhунна тахсаммыт
Сибэккини аа5абыт,
Дьэдьэннэри кердуубут,
Буhар кэмин куутэбит.
Дыргыл сыттаах дьэдьэни
Хоиуйуохпут биhиги,
Кытыйа5а кутуохпут,
Суегэйдээммит баhыахпыт.
( «Сарданалаах ырыа» кинигэ стр 29)
Дьэрэкээн кебуер
Урэхпит кырдалыгар,
Сайылык сыhыытыгар
Сурэхпитин уердэ
Дьэрэкээн кебурбут
Сибэкки тэлгэммит.
Кырдьыга манна баар№
Ньээм от эгэлгэтэ,
Танара кийиитэ,
Алтан от арааhа,
Сылгы ньургуhуна…
(«Сайылыгым барахсан» 7 стр)
Урумэччи
Урдук-урдук кырдалынан,
Урэх-урэх кытылынан
Уерэ-кете тэлимнээтэ
Урун-урун урумэччи
Кете –дайа иэбин,
Кенул баран эрэбин.
Суурук-суурук о5олортон
Сутэн- саhан куотаммын,
Тарбахтарын быыhыттан
Тырыбынаан тахсаммын,
Кетен дайан иhэбин
Кенул баран эрэбин.
Атастарым эhиги,
Анны туппат инигит!
«Кэскил » стр 41 «Урумэччи»
Маладьыастар. Харахпытын астыбыт . Ким, тугу керде бу хооhооннору истэн. (О5олор эппиттэрэ)
Кинигэлэрбитигэр махтаныа5ын. Бугун биhигини кинилэр киhи аймах саамай кэтэhиилээх кэмигэр ыалдьыттаппыттарыгар. Кинигэни аа5ын . Кинигэттэн билиэххит элбэ5и, сылдьыаххыт киhи сылдьыбатах сирдэригэр.
1 сорудах « Миигин таай »
1 хамаанда «Сырдык уруйэчээн» кинигэ 5 сраницатыттан «Дьэдьэн сыта» хоhоон бастакы куппулуетун аах. Туох туhунан этиллэрин быhаар.
1 сорудах « Миигин таай »
2 хамаанда «Сайылыгым барахсан» 7 страницатын» Дьэрэкээн кебуер» хоhоонун аах. Дьыл ханнык кэмэ хоhулларый?
1 сорудах « Миигин таай »
3 хамаанда «Буетур Тобуруокап» 48 страницатыттан «Мутукчам сыта» хоhоон бастакы куппулуетун болхойон аах. Туох туhунан этиллэрий?
2 сорудах «Оонньуо5ун»
1 хамаанда «Ебугэм сирэ» кинигэ 49 страница «Кун» хоhоонун 13, 14 строкатын дор5оонноохтук аах
2 сорудах «Оонньуо5ун»
2 хамаанда «Суостаах сатира суустаах ьыллара» 34 страница 19 туерт страканы дор5оонноохтук аах.
2 сорудах «Оонньуо5ун»
3 хамаанда «Тиэрт сырдык кыымнын» 15, 16 страница «Куерэгэй» хоhоон бутэhик куппулуетун дор5оонноохтук аах.
3 сорудах « Таайыа5ын» (Кеппут тыллары туруоран биэр)
1 хамаанда ____________ уен эрэйдээх
Уй курдук истээх,
Итиннэ –манна дьэргэтэн
Илим баайар угэстээх.
3 сорудах « Таайыа5ын»
2 хамаанда Теп –текунун чээчик,
Текунуйбэт мээчик,
___________ уйата чахчы
Тэйгэйэн турааччы.
3 сорудах « Таайыа5ын»
3 хамаанда сарсыарда эрдэттэн
Салгынна уйдаран
___________ ыллыыр,
Куеххэ керулуур.
5 сорудах «Дор5оонноохтук аах».
«Сарданалаах ырыа» кинигэ стр 29 « Дьэдьэн»
5 сорудах «Дор5оонноохтук аах».
«Сайылыгым барахсан» 7 стр «Дьэрэкээн кебуер»
5 сорудах «Дор5оонноохтук аах».
«Кэскил » стр 41 «Урумэччи»