Вложение | Размер |
---|---|
proekt_seni.doc | 43.5 КБ |
И.И.Константинов-Дэлэгээт Уйбаан аатынан Сулҕаччы орто уопсай үөрэхтээһин оскуолата
Проект темата:
Күөх халлааҥҥа кыырайа
көтөр самолеттар
Үлэни толордо:
3-с кылаас үөрэнээччитэ
Еримеев Сеня
Салайааччы: Еримеева С.Г.
Сулҕаччы, 2016 сыл
Быһаарыы сурук.
Мин самолеттары интэриэһиргээммин бу проегы суруйарга сананным.
Проегым темата: Күөх халлааҥҥа кыырайа көтөр самолет.
Үлэм сыала: Самолету араас матырыйаалтан оҥоруу.
Соруктарым:
Проекпын суруйуом иннинэ элбэх араас кинигэлэри, матырыйааллары үөрэттим, аахтым. Ол курдук самолет историятын кытта билистим, тутулун үөрэттим уонна араас матырыйаалтан самолеттары оҥордум.
Киһи былыр-былыргыттан көтөр баҕата араас буолар эбит. Биһигини тулалыыр эйгэҕэ чыычаах, элиэ, нэтээги көтөр, оннооҕор сорох үүнээйилэр эмиэ көтөллөр эбит.
Онон киһи көтөр баҕата баһыйан, былыргы Греция номохторугар, үһүйээннэригэр Икар уонна Дедал көтөн турардаахтар. Крит арыыттан суостаах Миностан быыһанаары Дедал уолугар уонна бэйэтигэр кынат оҥостубут. Ол кынатын восканан туттарбыт эбит. Уолугар эппит:"Наһаа үөһээ тахсымаар, күн уотугар воскан ууллан хаалыа. Наһаа алларанан көтүмэ, кынатын инчэйиэ" диэн. Көтөн иһэн Икар аҕата эппит тылларын умнан кэбиспит. Күҥҥэ наһаа чугаһаабыт уонна воската ууллан, ууга түһэн, тимирэн хаалбыт.
Кытайдар көтөр змейдэри көтүтэллэр эбит. Биһиги оскуолабытыгар Республикабыт күнүгэр көтөр змейдэри оҥорон көтүпүппүт. 1490 сыллаахха Леонардо да Винчи прапланер айбыт, ол гынан баран бу планер эскиз эрэ эбит. Россияҕа бастакы самолету 1883 сыллаахха Александр Федорович Можайский оҥорбут. Бастакы көппүт самолет “Флайер”: 1903 сыллаахха убаайдыы-бырааттыы Райттар бэйэлэрэ айбыт самолеттарын көтүппүттэрэ.
Самолет тутула: самолекка хвост, кабина, нос, крыло, шасси, салон, двигатель, иллюминатор баар.
Мин бэйэм 4 араас матырыйаалтан самолет оҥорон холоннум. Аан бастаан боростуой соҕустук кумааҕыттан оҥордум. Онтон гравюра техникатын туһанан самолет уруһуйдаан таһаардым. Робототехника дьарыгар сылдьан лего-конструктортан мотордаах самолету оҥорон көрдүм. Бу самолетум анал программанан хамсыыр. Бүтэһик самолеппун пластмасс матырыйаалтан оҥордум. Бу самолету аҕабынаан иккиэн оҥордубут. Самолету араас матырыйаалтан оҥоруохха сөп эбит дии санаатым. Өссө инникитин араас атын матырыйааллары туһанан оҥоруом.
Бу сыл ыам ыйын 9 күнүгэр Москва куоракка Кыайыы парада буолбута, онно мин самолеттар парадтарын интэриэһиргээн, сэргии көрдүм.
Түмүк:
Туһаныллыбыт литература:
1. Журнал "Мир техники для детей", №1, 2016.
2. Журнал "Мир техники для детей", №4, 2016.
3. Журнал "Школа и производство", №1, 2009.
4. Большая энциклопедия техники
5. Самая первая энциклопедия "Самолеты и вертолеты"
Человек несгибаем. В.А. Сухомлинский
Фокус-покус! Раз, два,три!
Рисуем крокусы акварелью
Плавает ли канцелярская скрепка?
Спасибо тебе, дедушка!