Саха сиригэр аҕа сылынан, дьиэ кэргэҥҥэ, аҕаҕа сыһыаннаах хоһоон
Вложение | Размер |
---|---|
айар үлэ | 11.95 КБ |
Аҕа- дьиэ кэргэн тирэҕэ
Өйдүүбүн урут мин оҕо сааспар
Кини куруутун баара аттыбар.
Билигин да таптала сылытар,
Мин төбөбүн имэрийэн ылар.
Өйдүүбүн мин биир дьикти киэһэҕэ
Хомолтолоох, курус кү кэлбитэ.
Онно кини илиибин сиэппитэ,
“Мин баарбын,”-диэн тыллары эппитэ.
Өйдүүбүн хас биирдии ситиһиибин
Кини киэн туттан эҕэрдэлиирин,
Сүүспүн намыыннык сыллыыр эбиитин
Өйдөөн көрөр-истэр иэйиибин...
“Аҕа-кини таҥара бэлэҕэ...”
Диэн санаа миэхэ эмискэ кэллэ.
Кини истиҥтэн истиҥ бу сиргэ
Өйдөөтүм, Аҕа-дьиэ кэргэн тирэҕэ!
Кыыс Кынат
Олунньу ый, 2024 сыл
Новогодние гирлянды
Юрий Визбор. Милая моя
Денис-изобретатель (отрывок)
Хрюк на ёлке
Лесная сказка о том, как согреться холодной осенью