публикации учащихся
Вложение | Размер |
---|---|
publikatsii.docx | 260.29 КБ |
СЧАСТЛИВОЕ ДЕТСТВО ( публикации учащихся 4 кл.)
ДАКЫЛААТТАР
Федорова Сулустаана «Кыыл Уолун оьуордара»
дакылаатыттан
Төрүттэри, аймахтары билии, кини историятын харыстыы улаатыы, бэйэбит нэһилиэкпитигэр олорон ааспыт дьон тустарынан билии-биhиги ытык иэспит буолар.
Олоңхоҕо этиллэринэн, айыы дьоно орто дойдуга сайдан-чэчирээн олороллоругар Үрдук айыылар, бар дьон, айылҕа көметө сүдү күүстээх. Онон «кырдьа5аьы хааьахха укта сылдьан субэлэт» диэн өс хоьооно элбэђи этэр.
Аймахтарбыт олохтообут укулааттара сүрүн идеята норуот фольклорун муудараhыгар олоҕуруон сөп диэн көрөбүт. Ол иһин хас биирдии саха ыала, ођо төрүттэрин олохторун ырытан, үөрэтэн көрөрө наада.
Биһиги өбүгэлэрбит кыраларыттан уус-уран тылга сыстан, ыллаан-туойан орто дойду дьонун үтүө майгытын-сигилитин иңэринэн сөптөөх эйгэни олохтообуттар.
Сергей Афанасьевич Зверев «Оһуор үңкүүтэ» үңкүүтүн көрөн,сөђөн, манна кыттыыны ылбыт биир дойдулаахтарбын биллим. Ол историятын чинчийэн аймађым, эдьийим Федорова Варвара Павловна кыттыбытын биллим, киэн тутуннум. Чинчийиибэр мин маннык үлэлэри ыыттым:
1.Варвара Павловна туһунан чахчылары хомуйдум.
2.Варвара Павловнаттан ахтыы ыллым.
3. 1957 сыллаа5ы чахчылары энциклопедияттан буллум.
4. «Күннээх Күүкэй» кинигэни туһанным.
5. Сергей Зверев айар үлэтин билистим.
Онон мин үлэм актуальноhынан аймахтарым олохторун чинчийии буолар.
Үлэм темата: Оhуортан олуктанан
Чинчийии сыала: Сергей Зверев ансамблын кыттыылаађын олођун чинчийии.
Чинчийии соруктара:
1.1957 сыллаахха Москвађа Саха сирин күннэрин туһунан аађан билии.
2. Докумуоннары,ахтыылары аађыы.
3. «Оһуор үңкүүтүгэр» көстөр оһуордары үөрэтии, уруһуйга көрдөрүү.
Сылыктааhын: Аймах олођун историятын үөрэтии, чинчийии угэскэ кубулуйуу буолуохтаађын дакаастааһын.
Үлэ сонуна: «Оһуор үңкүүтүгэр» көстөр оһуордары чороон оhуоругар көрдөрүү.
1.Эдьийим «Оhуор» ансамбль кыттыылаађа. Мин эдьийим Сергей Афанасьевич Зверев-Кыыл Уолун ансамблын кыттыылаађа Федорова Варвара Павловна күн сөтүөлээн тахсар күндү Күүкэй Эбэ Хотун хоннођор Улардыыр уола Сүөдэрэп Байбал, Мотуруона Ыстаппаанабына дьиэ кэргэнигэр 3-с ођонон күн сирин көрбүтэ.
Эбэ кыламаныгар тиийэ үүммут кылбаа маңан сотолоох кыыс кэрэ хатыңнардаах, үөмэхтэһэн үүммут лаглађар үөттэрдээх, сиэдэрэй кэрэ өңнөөх, кынаттарыгар эгэлгэ дьэрэкээн ойуулаах, кыра, бөдөң лыахтары сырсан атах сыгынньах дьиэрэнкэйдээн, налыы күөх кырдалыгар ойор-тэбэр оңоойуктаах ођо сааһа элэс гынан ааспыта.
Ађата Байбал Сүөдэрэбис көрдөөх-нардаах, ырыалаах-тойуктаах, кытыгырас киһи эбит. Кыанарын уонна кытыгыраһын иһин Кыырай Байбал диэн хос ааттаабыттар. Хойукка диэри ат баайар, сүүрдэр идэлээђин билигин дьон уос номођо гынан кэпсииллэр.
Балбаара төрөппүт ийэтэ эрдэ өлөн, маачаха ийэ тоңуй илиитигэр улааппытым, сэрии аччык сылларын эппинэн-хаммынан билбитим диэн кэпсиир.
Бииргэ төрөөбүттэр үс ийэттэн уон эбиттэр. Бары үөрэхтэнэн, ыал буолан олороллор. Улахан эдьийдэрэ Дария Павловна, кини кыыһа Александра Артемьевна күүстээх кылыһахтаах тойуксут, үңкүү тылын этээччи буолалларынан дьонно билэллэр.
Варвараны эдьийэ Даарыйа кыратыттан тойукка үөрэтэн, 3-с кылааска үөрэнэ сылдьан Сунтаарга пионерскай слекка Сергей Зверев «Улуу Ленини уруйдуубун» диэн тойугун толорон, аан бастаан ситиһиилэммит, 20 солкуобай бириэмийэлэммит. Онтон ыла ыллыыр-туойар буолбут эбит.
1957 сылаахха Сергей Зверев талааннаах ођолору хомуйан «Оһуор үңкүүтүн» туруорар буолбут. Бу кэмнэ Варвара от үлэтигэр сылдьар эбит. Онтон иңнибэккэ Зверев ансамблыгар киирбит. «Сергей Афанасьевич оччолорго сааһырбыт киһи, бэйэтин харыстаммакка сарсыарда тођустан киэһэ хойукка диэри эрчийэр этэ,музыкаммыт Егор Егорович Сергей Афанасьевич үңкүүтүн хамсаныытын көрдөрөн биэрэн истэђин аайы сөптөөх матыып айан оонньоон биэрэн иһэрэ»-диэн кэпсиир.
Ити курдук Сергей Зверев ансамблыгар киирэн 1957 сыллаахха Ийэ дойду тэбэр сурэ5эр Москва куоратыгар ыытыллыбыт Аан дойду ыччатын VI-c фестивалыгар барсыахтаађын ыалдьан барбакка хаалбыт. Онтон бу сылга эмиэ Москвађа буолбут Саха сирин күннэригэр «Оhуор үңкүүтүн» үңкүүлээн кэлбит. Бу күннэргэ Саха сириттэн 50-ча киhилээх делегация баран кыттыыны ылбыт. Сценађа тахсан үңкүүлүүллэригэр Сергей Афанасьевич бэйэтэ кулиса кэтэђэр көрөн турарыттан ордук эппиэтинэстээх буоллаллар эбит. «Оhуор үңкүүтэ» үрдүктүк сыаналанан, бэйэтэ туойан доллоһутан, сүргэтэ көтөђүллэн кэлбит. Сергей Афанасьевич улаханнык хайђаммыт, бочуоттаммыт. Кэлбиттэрин кэннэ ансамбль кыттыылаахтарын «Зверевтэр» диэн киэн тутта ааттыыллар эбит.
1958 сыллаахха норуот номођор олођуран «Суоһалдьыйа Толбонноох» диэн ырыалаах, тойуктаах опера-балет туруоран Дьокуускайга ыччат фестивалыгар кыттыбыттар. Онно Варвара Пахомов Серафим Васильевичтыын булчут тоңус уоллаах кыыһын оруолугар оонньоон туойбуттар, үңкүүлээбиттэр. Көстүүмнэрин Зверев Сунтаарга олохтоох үчүгэй иистэнньэңңэ сакаастаан тиктэрэр эбит. Бу көстүүмнэр билигин дађаны Ыгыатта5а Зверев музейыгар туралларын көрөн оччотоођу ансаамбл кыттыылаахтара олус долгуйаллар.
1963 сыллаахха Сунтаар, Ньурба оройуоннара холбоһон Ленинскэй оройуон диэн буолбут. Сергей Зверев икки оройуонтан норуот ырыаһыттарын сүүмэрдээн, концерт туруоран Республика киин оройуоннарыгар саха тойугун, дэгэрэң ырыатын пропагандалыыр сыаллаах гастроллаабыттар. Икки оройуон талааннаахтарын кытта биир бириэмэ5э бииргэ сылдьыбыттарынан Варвара Павловна кырдьан олорон киэн туттан кэпсиир.
«Сергей Зверев биһиги аймахтарбытыгар улаханнык ытыктанар киһи»- диэн кэпсиир Варвара Павловна. Эдьийэ Дария Павловна Зверев концертарыгар туойан, чабырђахтаан кыттар эбит. Кыыһа Александра Ивановна Зверев суруйбут «Хара саһыл» диэн пьесатыгар туойан- ыллаан сүрүн оруолу оонньообут. Европа алта государствотыгар делегациянан тахсан туойан кэлбит.
Варвара Павловна билигин Элгээйигэ олорор. Санаата батарбакка, Элгээйитээ5и Валентина Демьяновна тэрийбит «Алаас» ансамблыгар кыттар, ођолорго, ыччаттарга саха ырыатын-тойугун иhитиннэрэн, Сергей Зверев курдук улуу киhи үөрэнээччитэ буоларын быhыытынан кини туhунан кэпсии-ипсии сылдьар. Кэргэнинээн Ким Платоновичтыын икки уоллаахтар, сиэннэрдээхтэр.
Элгээйим эдэр ыччата
Эрчимнээх эдэр санаалаах,
Эйэђэс майгылаах,
Үлэлээх-хамнастаах
Үрдүккэ, үөрэххэ тардыһың!
Ырыа куттаах
Ыччат дьонум,
Ырыађыт ырааттын,
Ыыргыт кэңээтин! ( Федорова Варвара Павловна)
2. Оһуордар кэпсииллэр.
Эдьийим Варвара Павловна учуутала С.А.Зверев дорҕоон тойуксут, түһүлгэлээн үҥкүүһүт быһыытынан дьонугар-сэргэтигэр, дойдутугар, Yc Бүлүүгэ киэҥник сураҕырбыта. Кини норуот түҥ былыргы үҥкүүлэрин араас дьикти хамсаныыларын эмиэ ди- риҥник билэрин “Оһуор үҥкүүтэ” диэн туруоруутугар дьэҥкэтик көрдөрбүтэ.
“1948 сыл сайына этэ. С.А.Зверев ити саас кэлин сиппит-хоппут, киэҥник биллибит “Ohyop үҥкүүтүн” сценаҕа туруорууну саҕалаабыта. Оройуон киинин сүүрбэччэ ыччаттарын сүүмэрдээн Сергей Афанасьевичка туттарбыттара. Итинник үлэлээн үҥкүүбүт оройуон киинин ыһыаҕар сценаҕа туруоруох курдук буола сырыттахпытына, колхозтар ыһыахтара буолуталаан баартара. Биир күн туран оҕонньорбут арай Бордоҥ ыһыаҕар барбыт үhү диэн буолла. Оройуоммут киинин ыһыаҕap даҕаны кэлбэтэ. Кэлин үhү-бадах кэпсээннэриттэн истибиппит, оройуон салайааччыларын кытта оҕонньорбут туохха эрэ тыл тылларыгар киирсибэтэхтэр үhү диэн буолбута”. (С.А.Зверевы кытары икки түгэн. “Сунтаар сонуннара", 30.07.92.).
Онтон кэлин 1957 сыллаахха С.А.Зверев ыччат фестивалыгар “Ohyop үҥкүүтүн” чөлүгэр түһэрэн туруорбута. “Ohyop үҥкүүтэ” саха норуота айбыт, дириҥ ис xohooннoox суос coҕoтox үҥкүүтэ буолар. Бу үҥкүүнү былыр XIX үйэ саҥатыгар ыал саамай тапталлаах кыыстара сүктэр күнүгэр кэргэннэнэ илик оҕолорунан үҥкүүлэтэллэрэ үһү. Онтон икки киһитэ үлэ-хамнас дьоно, үhүc киһитэ эдэр ыччаты айхаллыыр, алгыыр Айыы удаҕана үҥкүүлүүллэрэ үhү. Ол үҥкүү ис xohooно эргэ тахсыбыт кыыс сүктэр күнүгэр уһун үйэлээх, элбэх ыччаттаах буоларын, киэҥ тиэргэннээх, байан-тайан олорорун алгыыра.
Оччотооҕу үҥкүү билиҥҥи ырыата-тойуга суох аҥардас туттуунан-хаптыынан үҥкүүлэнэрэ. Ол хамсааһыннарыгар уонна туттунууларыгар-хаптыныыларыгар үҥкүүһүттэр аан дойдуга баар көтөр кынаттаахтан күндүтүн, сүүрэр атахтаахтан кытыгыраһын, үөнтэн-күрдьэҕэттэн ытык-мааны дьоннору, уустары, оһуордьуттары кытыннараллара эбитэ үhү. Кэлин иһит-хомуос оһуорун, ойуутун батыһыннаран үҥкүүлүүр буолбуттар. Ол иһин “Ohyop үҥкүүтэ” ааттаммыт.
«Оhуор үңкүүтүгэр» саха норуотун олођо үлэтэ-хамнаһа үөрүүтэ барыта түмүллэн көстөр.
Бу улуу айымньыны билигин хас ыhыах аайы үңкүүлүүллэр, ођолорго үөрэтэллэр. Үңкүүгэ көстөр тођус хамнаныыны Алгыстаах хамсаныылар диэн үрдүккэ көтүттүлэр.
3. Тођус оhуору чорооңңо түһэрии.
Мин “Оhуор үңкүүтүн” көрөн баран саха ытык иhитигэр чорооңңо то5ус оhуору түhэрэн уруһуйдаатым.
1.Таңалай ойуу. Былыргыттан туттуллар. Үңкүүһүттэр битийэн Айыыларга ыттар суолларын көрдөрөр.
2.Дьураалыы ойуу. Олох быстыбат ситимин көрдөрөр. “Оhуор үңкүүтүгэр”икки быстыбат ситими көрдөрдүм.
3.Дьураалыы ойууну бэйэм дођордоhуу бэлиэтэ диэн ааттаатым.
4.Көђүөр ойуу. Манна киhи үс кута көстөр. Иэйэхсит бэлиэтэ диэн буолар.
Үүнүү- сайдыы бэлиэтэ.
5.Сүрэх ойуу – айар кут бэлиэтэ.
6.Көђүөр ойуу сүөһүгэ, сылгыга сыhыаннаађын эмиэ оңордум.
7.Таңалай ойуу.Үңкүүһүттэр битийэн үрдүккэ дьулуhалларын көрдөрөр.
8.Күрүөлэнии – харысхал бэлиэтэ.
9.Халлаан ойуу – Айыылары кытары ситим.
Түмүк
Сергей Афанасьевич Зверев «Оһуор үңкүүтэ» үңкүүтүн көрөн,сөђөн, манна кыттыыны ылбыт биир дойдулаахтарбын биллим. Ол историятын чинчийэн аймађым, эдьийим Федорова Варвара Павловна кыттыбытын биллим, киэн тутуннум.
Бу үлэни толорон баран маннык түмүктэри ыллым:
Прокопьева Дарина «Баайыы-туьалаах дьарык»
дакылаатыттан тезис
Биһиги ийэлэрбит,эдьийдэрбит, эбэлэрбит иллэң кэмнэригэр баайыынан дьарыктаналларын сөбүлүүллэр.Ођолоругар, чугас дьонноругар күннээђи олоххо наадалаах үтүлүктэри, наскылары, салфеткалары, ыскаатардары, сабыылары баайаллар. Баайыы сурунаалларыттан көрөн, эбэтэр бэйэлэрэ өйдөрүттэн айан куопталары, бэргэһэлэри, шарфиктары баайаллар.Билиңңи кэмңэ таңас, матырыйаал сыаната ыарахан, онон баайа үөрэннэххэ араас бэйэ кэтэригэр наадалаах таңастары баайан кэтиэххэ сөп.
Үлэм сыала. Дьиэ кэргэнинэн баайыы туhалаах дьарык буоларын сырдатыы.
Соруктара.
-баайыы туhунан литератураны аађыы;
-баайыынан дьарыктаныыны сађалааhын;
-дьиэ кэргэнинэн дьарыкпыт баайыы буоларын сырдатыы;
Чинчийии объега. Дьиэ кэргэн дьарыга
Чинчийии предмета. Дьиэ кэргэнинэн баайыы
Сабађалааһын. Баайыынан дьарыктаныы олоххо туhалаах дьарык буоларын дакаастааhын.
Баайыы историятыттан. Аан дойдуга баайыы былыр былыргыттан баар эбит. Урут спица, крючок суох эрдэђинэ дьоннор тарбахтарынан баайаллар эбит. Аан бастаан баайыынан эр дьоннор дьарыктаналлар эбит. Онтон кэлин үксүн дьахталлар дьарыктанар буолбуттар.
16-с үйэђэ Уильям Ли диэн киhи бастакы баайар массыына айбыт. Кини аан бастаан баайар мастарыскыай арыйбыт киhи эбит. Ол гынан баран бастакы массыына баайыылара олус куруубай буолар эбиттэр, ол иhин дьон илиинэн спицанан, куручуегунэн баайыылары ордороллор эбит.
Баайыы ньымалара. Баайар кэмңэ сап киртийбэтин, сиргэ төкүнүйэ сылдьыбатын диэн пакекка, эбэтэр корзинађа, коробкађа угуохха сөп. Баайыах иннинэ бастаан сөптөөх күрүчүөгү эбэтэр испииссэни талабыт. Күрүчүөктэр, испииссэлэр араастаахтар. Мас, тимир, пластмасса, муос күрүчүөктэр бааллар. Бастаан петляны таларга үөрэниэххэ наада.
Дьиэ кэргэнинэн баайыы. Биhиги дьиэ кэргэммитигэр ађыспыт. Алта ођоттон биэс кыыспыт. Маамабыт Любовь Эдуардовна олус үчүгэй баайыы таңастары баайан биhигини кырабытыттан таңыннарааччы. Ол иhин эдьийдэрим бары киниттэн үөрэнэн баайар буолбуттара. Эдьийим Марианна кыратыттан баайар. Билигин кини бэйэтэ ыал ийэтэ, ођолордоох, ођолоругар бэргэhэ, шарфик, куопта, ыстаан, үтүлүк баайан кэтэрдэр. Оскуолађа үөрэнэр эдьийдэрим эмиэ бары баайаллар, бэйэлэригэр барсар таңастары баайан кэтэллэр.
Мин баайыынан дьарыктаныыны быйылгыттан сађалаатым. «Тарбахчааннар» диэн куруhуокка сылдьабын. Биhигини баайарга Розалия Дмитрьевна үөрэтэр. Аан бастаан күрүчүөгүнэн баайарга үөрэммиппит, куукулаңа танас баайбыппыт. Онтон билигин спицанан баайарга үөрэнэ сылдьабыт.
Баайыы туhата. Баайыы олус туhалаах дьарык эбит. Баайар киhи уоскуйар, харахтара, сүhүөхтэрэ эрчиллэр. Тарбахтарга баар точка баттанан киhи толкуйдуура эмиэ сайдар, өй үлэтэ тупсар диэн суруйаллар. Онтон дьиэ кэргэнинэн баайыы иллээх, эйэлээх оңорор. Билигин сыана үрдүк кэмигэр баайан таңнар киhи ороскуотурбат, онон дьиэ кэргэн экономикатыгар охсууну оңорбот эбит.
Түмүк. Биhиги оскуолабытыгар баайыынан кыргыттар бары дьарыктаналлар. Үксүн технология уруоктарыгар уонна Розалия Дмитрьевна ыытар куруhуогар баайаллар. Бииргэ үөрэнэр кыыhым Сулустаана эмиэ ийэтин кытары баайар. Биhиги быйыл Сана Дьылга кылааhынан Розалия Дмитрьевна көмөтүнэн эбисийээнэђэ күрүчүөгүнэн таңас баайбыппыт, сирэйин баайбыппыт. Баайыы туhунан үлэни оңорон баран мин маннык түмүктэргэ кэллим:
1.Дьиэ кэргэнинэн баайар наhаа интэриэhинэй дьарык эбит.
2. Баайан хайдах бађар таңастары таңнан кэтиэххэ сөп эбит.
3.Баайыы киhи доруобуйатыгар туhалаах дьарык. Баайар киhи харађа тупсар, сүhүөђэ эрчиллэр, толкуйа, өйө сайдар.
4.Кыыс кыратыттан баайа үөрэннэђинэ кэлин бэйэтигэр туhалаах буолар.
Мин бу дьарыкпын бырахпакка өссө сайыннаран иhиэм дии саныыбын.
Попов Рудик «Куукэй сирин теруттэниитэ»
дакылаатыттан тезис
Ааспыт олох историятын үөрэтии,өбүгэлэр үгэстэрин билии, биһиги билиңңи олохпутугар туһалаах. Биһиги билбэппит олус элбэх эбит. Ол иһин мин бэйэм төрөөбүт нэһилиэгим Күүкэй туһунан билээри үһүйээннэри, номохтору,кэпсээннэри аахтым, интэриэһинэйи бэйэбэр арыйдым.
Гипотеза. Ођо бэйэтин төрөөбүт дойдутун историятын биллэђинэ кинини ытыктыыр,сүгүрүйэр санаата эрдэттэн уһуктар.
Үлэм сыала. Төрөөбүт дойду историятын, кимтэн кииннээх, хантан хааннаах омук буоларын үөрэтии, үһүйээннэри, номохтору, кэпсээннэри чинчийии.
Соруктара:
-аналлаах литератураны аађыы,үөрэтии,билии;
-олорор сирим историятын үөрэтии,билии.
-чинчийиигэ ахтыылары ылыы,анкета ыытыы.
Чинчийии объега. Күүкэй сирэ.
Чинчийии предмета. Күүкэй туһунан үһүйээннэр,номохтор.
Номох- норуокка тарђаммыт,буолбута-буолбатађа биллибэт чахчылар тустарынан кэпсээн.
Үһүйээн – легенда,ханнык эмэ былыр баар буола сылдьыбыт түгэн эбэтэр киһи туһунан норуот кэпсээнэ.
Бастакы номох. Күүкэй диэн тыл эбээн тыла. Сахалыы өйдөбүлэ «Кэйиик таба» диэн буолар.Ол иһин Күүкэй диэн тылтан былыр биһиги дойдубутугар эбээннэр олоро сылдьыбыт буолуохтарын сөп диибит. «Саха былыргы сэһэннэрэ» диэн кинигэђэ маннык суруйбуттар: Күүкэй күөлэ сытар сиригэр туматтар диэн тоң биис уустара олорор кэмнэригэр сахалар кэлэн ох саанан ытыалаабыттарыгар табалар үргэн, күөлү харбаан ыһыллыбыттар, бэйэлэрэ куотан Саһар үрэђэр баран саспыттар. Сахалар бастаан Кумалааннаах тумулугар түспүттэр. Онтон Харыйа Маарга тахсыбыттар. Бу сирдэр билигин да бааллар. Онтон Эбэ биир тумсун Таба Харбаабыт диэн ааттыыллар.
Иккис номох. 1947 сыллаахха тахсыбыт «Сунтаар» диэн кинигэђэ Георгий Николаев диэн киһи кэпсээбитинэн Күүкэй күөлэ былыр мара эбит. Манна Күүкэй диэн тумат уонна Кус Тойоно диэн саха олорбуттар. Кус тойоно сүрдээх сүүрүк уонна бэргэн ытааччы эбит.Көтөн иһэр куһу сыыспакка өлөрөр эбит. Күүкэй эмиэ булчут эбит. Биирдэ кинилэр мөккүспүттэр уонна көтөн иһэр чыычаађы ыппыттар. Кус Тойоно таппыт. Онтон кыһыйан Күүкэй мара дулђатын уоттаан кэбиспит. Улахан уот мараны,ойууру барытын сиир,ол оннугар улахан күөл үөскээбит. Ол иһин Күүкэй күөлэ диэн ааттанар эбит.
Үһүс номох.Былыр Муочааны диэн аатырбыт күүстээх,хорсун киһи Тыгын сэриититтэн куотан бу диэки кэлэр. Ол кэлэн Мэтэкээх диэн эбэңкини көрсөр. Олохсуйар сири ыйан биэрэригэр көрдөһөр. Онуоха Мэтэкээх «Миигин манна ким да сирдээбэтэ5э,бэйэн бул» диир. Онуоха Муочааны дэлби кыһыйан батыйанан үлтү таһыйан биэрэр.Мэтэкээх ыксаан Күүкэй сирин ыйан биэрэр. Күүкэйгэ үгүс табалаах туматтар олороллор эбит. Муочааны онно ох саатынан ытар. Туматтар сэрии кэллэ диэн сол күн Саһар үрэђинэн куотан хаалаллар. Ити курдук Муочааны Күүкэй бастакы саха олохтоођо буолар.
Төрдүс номох кэпсииринэн Күүкэй былыр Ођо Мэңэтэ диэн эбит. Мэңэ диэн эбэңки тылынан куукула диэн эбит. Ол аата сахалартан куотан туматтар туох баар малларын ыһан барбыттар, ођо мэңэтэ элбэх буоллађына ол аата үгүс ођолоох биистэр эбит диэххэ сөп.
Номохтортон түмүк. Бу номохтору аађан, билэн баран былыр Күүкэйгэ туматтар диэн биистэр олорбуттар диэн түмүккэ кэллим. Туматтар- эбээннэр,эбэңкилэр төрүттэрэ. Кинилэр үгүс табалаахтар уонна булдунан аһаан олорор көс биистэр буолалар. Былыргы сэһэннэр этэллэринэн маңан тыкаары бэргэһэлээх уонна кыһыл таңастаах буолаллар эбит. Билигин Күүкэйгэ эбээн,эбэңки тылыгар майгынныыр сирдэр ааттара элбэхтэр: холобур Мэлдьэкэ,Чээккэ,Нэлэкэ,Күүлэт,Адар5ана,Быкынаан.
Дьиңнээх чахчы. Серошевскай «Сахалар» диэн кинигэтигэр суруйбутунан Күүкэй нэһилиэгэ 1830-1835 сылларга үөскээбит. Күүкэй эргин 708 киһи олорбут. Революция буолуор диэри нэьилиэк ађа баьылыгынан Никита Афанасьевич Самсонов олорбут.
Практическай чааhа (ахтыы,анкета түмүктэрэ)
Түмүк. Төрөөбүт дойдум историятын үөрэтиини быйылгыттан саңа сађалаатым. Салгыы Күүкэй революция иннинээђи, гражданскай сэрии сађанаађы, Ађа дойду улуу сэриитин сађана олођун истоиятын үөрэтиэм диэн былаанныыбын. Номоххо, үһүйээннэ олођуран төрөөбүт сирбитин,итэђэлбитин,культурабытын үөрэттэхпитинэ салгыы сайда туруо этибит дии саныыбын.
Федоров Ермак «Чипсы буортута» дакылаатыттан
Чипсы диэн ођо барыта таптаан сиир аһылыга.Ыһаарыламмыт хаппыт хортуоска диибит. Чипсыны ханна бађар сиибит: киинэ көрө олорон,айылђађа сылдьан. Кини амтана минньигэс, туох да буортута суох курдук. Ол эрээри мин ийэм этэринэн, чипсыга араас буортулаах консерваннары куталлар эбит. Ол иһин мин чипсы туһалаах ду буортулаах ду буоларын билээри бу чинчийиини оңордум.
Үлэм сыала. Чипсы туох састааптаах ас буоларын билии,туһалаах ду буортулаах ду диэн түмүгү ылыы.
Соруктара.
-чипсы диэн тугун, хайдах оңороллорун билии;
-чипсы туох буортулаађын билии;
-ођолортон, дьонтон чипсы туһунан ыйыталаһыы.
Чинчийии объега. Күүкэй нэһилиэгин мађаһыыннарыгар атыыланар чипсы.
Чинчийии предмета. Чипсы састааба.
Сабађалааһын. Чипсы минньигэс,туһалаах аһылык диирбит буортулаах буолуон сөп.
Чипсы диэн синньигэс гына быһыллыбыт уонна арыыга ыһаарыланан баран хатарыллыбыт хортуоска буолар.
1853 сыллаахха Америка биир рестораныгар биир киһи ыһаарыламмыт хортуосканы наһаа халың диэн сиэбэккэ төттөрү биэрбит. Онтон повар ону ылан кумаађы эрэ халыңын сађа быспыт уонна ыһаарылаан биэрбит. Киһи ону наһаа сөбүлээбит. Сотору кэминэн маннык астаммыт хортуоска чипсы диэн ааттаммыт уонна бу ресторан бастың аһынан буолбут. Бу кэнниттэн повар бэйэтэ туспа ресторан аспыт, онтон сотору чипсы оңорор фабрика арыйбыт. 1932 сыллаахтан чипсы Лейс диэн марката дойду үрдүнэн тарђанан барбыт.
Биһиги дойдубутугар чипсыны оңоруу 1963 сыллаахтан сађаламмыт. Маны Москвађа эрэ оңороллор эбит уонна «Московский хрустящий картофель» диэн ааттаабыттар. Оччолорго чипсыны арыыга ыһаарылыыллар уонна хатараллар эрэ эбит. Туустан атын тугу да куппаттар эбит, ол иһин наһаа минньигэс буолар эбит.
Онтон Россияђа Америкаттан чипсы ађалан барбыттара.Бу чипсылар тургэнник аатыран, тарђанан барбыттара.
Чипсы састааба.
Билигин чипсы оңорор компаниялар чипсыны урукку курдук хортуоскаттан буолбакка бурдуктан бэлэмнииллэр. Соевай крахмал диэни туттар буолбуттар. Бу крахмал испитигэр киирдэђинэ саахарга кубулуйан хаалар эбит. Уонна быарбытыгар мустар эбит. Ол иһин чипсыны аһара сиир киһи уойан киирэн барар. Мађаьыыңңа атыыланар чипсылар састааптарыгар араас эбииликтэр бары бааллар эбит:
1.Глутамат натрия (Е621), атыннык китайскай туус дииллэр. Манна киһи түргэнник ылларар эбит.
2.Фосфат натрия. Бу вещество ођо улаатарын уонна уңуођа сайдарын тохтотор эбит. Ол иһин ођолорго улахан буортулаах эбит.
Чипсыны пакетын көрдөххө срок хранения наһаа уһун буолар. Төһөнөн уһун дађаны соччонон буортулаах эбииликтэрдээх буолар диэн суруйаллар. Чипсыны куруутун сиир буоллахха ыарыыны кытары охсуһар иммунитет мөлтүүр,сүрэх ыарыыта, уойуу сайдан киирэн бараллар.
Чинчийии
Биһиги Күүкэйбитигэр «Татыйыына», «У Клары» диэн кыра мађаьыыннар бааллар. Бу мађаьыыннарга «Лейс», «Зяки-зяки», «Лейс Макс» атыыланаллар.Атыыһыттар этэллэринэн күңңэ 10-20 пачканы атыылаһаллар эбит. Атыылаһааччылар үксүн ођолор буоллаллар диэтилэр. Саамай элбэхтик «Лейс», «Лейс Макс» чипсыны ылаллар эбит. Бу чипсылар ордук минньигэстэр, тођо диэтэххэ кинилэр дьиңнээх хортуоскаттан луук, чеснок эбииликтээх оңоьуллаллар. Ол да буоллар глутомат натрия син биир эбэллэр.
Бингрэ компания онорор «Зяки-зяки» чипсытын чипсы да диэн ааттыахха сатаммат. Тођо диэтэххэ кинини бурдук быылыттан араас буортулаах консерваннары кутан оңороллор эбит. Онон аһара чипсы сиэн бађарар киһи «Лейс» чипсыны ылан сиэхтээх.
Статистика көрдөрөрүнэн Россия киһитэ сылга 1 кг., европеец 5 кг, американец 10 кг. сииллэр эбит.
Чипсыны оңоруу.
Дьиэбитигэр чипсыны эмиэ оңостуохпутун сөп. Хортуосканы сип-синньигэс гына быһабыт уонна арыыга ыһаарылыыбыт. Туус, приправа кутан биэрэбит. Манна биири билиэххэ наада: хаһан дађаны туттуллубут арыыга ыһаарыламмат! Оччођуна акриламид диэн быары алдьатар дьааттаах консервант үөскүүр.
Опыттар.
1 опыт. Бэйэ оңорбут чипсыта уонна мађаһыын чипсыта өр сылдьарын билээри оңордубут. Икки нэдиэлэнэн бэйэбит оңорбуппут түүнүк буолла,оттон мађаһыын киэнэ туох да буолбата. Ол аата мађаһыын чипсытыгар буортуйбатын диэн консерваннары куталлар эбит.
2 опыт. Биир улахан чипсыны ылан салфеткађа сытыаран ортотунан сэрэнэн аңаардыыбыт. Онтон ылан көрбүппүт чипсы сыппыт сиригэр салфеткађа арыы суола хаалан хаалбыт. Ол аата чипсы элбэх арыылаах эбит.
3 опыт. Ыстакааңңа уу кутабыт. 4 чипсыны илдьиритэбит.Булкуйабыт уонна 2-3 хааппыла йод кутабыт. Уубут хараңа халлаан күөх өңнөнөр. Ол аата чипсы элбэх крахмаллаах эбит.
Дьикти опыт. Америкађа биир опыты оңорбуттар. 12 крысаны ыйы супту сорохторун аңардас чипсынан, сорохторун аңардас сухаригынан аһаппыттар. Ый буолан баран чипсынан аһаабыт крысалар дэлби уойан баран өлбүттэр эбит.
Түмүк. Бу үлэни оңорон баран маннык түмүктэри ыллым:
Чипсы диэн туһата суох, киһи друобуйатыгар кутталлаах ас эбит. Тођо диэтэххэ киниэхэ глутомат натрия, фосфат натрия диэн буортулаах, киһи улаатарын тохтотор, уотар, быарын алдьатар, сүрэх, рак ыарыыларга тиэрдэр консерваннары куталлар эбит. Оттон аһара сиэххитин бађарар буоллаххытына дьиэђитигэр бэйэђит оңосторгут ордук эбит. Маны тутустаххытына доруобай буолуоххут, ыарыыларга ылларыаххыт суођа.
РЕФЕРАТТАР
«Саха суруйааччыта – Н.Якутскай»
Саха республикатын народнай суруйааччыта Николай Гаврилович Золотарев – Николай Якутскай 1908 с. сэтинньи 22 күнүгэр Үѳһээ – Бүлүү улууһун Харбалаах нэһилиэгэр дьадаӊы дьиэ кэргэӊӊэ тѳрѳѳбүтэ.
1924 с. Үѳһээ – Бүлүү куоратын 2-с сүһүѳх оскуолатыгар үѳрэммитэ. 1927 с. Владивостокка барбыта уонна онно 1930 с. ортоку команднай састаап байыаннай оскуолатын ситиһиилээхтик бүтэрбитэ, 1938 с. диэри кыраныыссаны маныыр сэриилэргэ сулууспалаабыта.
Үс сыл Молдавияҕа партийнай аппаракка пропагандиһынан, лекторынан үлэлээн баран, 1941 с. Саха сиригэр кэлэн, ССКП Саха сиринээҕи обкомун аппаратыгар 1948 с. диэри үлэлээбитэ. 1948 – 53 уонна 1958-61 с.с. – Саха сирин Суруйааччыларын Союһун бырыбылыанньатын председателэ, ити быыһыгар Москватааҕы А.М.Горькай аатынан Литературнай институт икки сыллаах Үрдүкү литературнай курсун бүтэрбитэ. Кэлин «Хотугу сулус» уонна «Полярная звезда» сурунааллар кылаабынай редакторынан үлэлээн баран, 1970-с сыллар саҕаланыытыгар, пенсияҕа тахсан, кэргэнин дойдутугар Молдавияҕа баран олохсуйбута.
Николай Якутскай, дойдутуттан тѳһѳ да ыраах олордор, элбэх кэпсээни, сэһэни, романы суруйбута, олор ортолоругар «Илин уонна арҕаа», «Адаҕа», «Куорсуннаах сурук», «Сэмэн Чакыырап» уо.д.а.
Кини ааҕааччылар киэӊ биһирэбиллэрин ылбыт бастакы бастакы бѳдѳӊ айымньыларынан «Тѳлкѳ» роман, «Кѳмүстээх үрүйэ» сэһэн буолаллар. Суруйааччы «Тѳлкѳ» эпопея геройдарынан саха норуотун дьылҕатын, оттон «Кѳмүстээх үрүйэ», «Алмааһы кѳрдѳѳччүлэр», «Алмаас уонна таптал», «Бастакы хамнас» сэһэннэригэр Саха сиригэр кѳмүс уонна алмаас хостонуутун чаҕылхайдык ойуулаабыта.
Норуот таптааллаах суруйааччыта 1995 с. Ахсынньы 11 күнүгэр Приднестровскай Республикаҕа Тирасполь куоракка 88 сааһыгар ѳлбүтэ.
Саха суруйааччыта Кулаковскай Алексей Елисеевич (1877-1926)
Ѳксѳкүлээх Ѳлѳксѳй дьон – сэргэ, ѳйүн – санаатын, сиэрин – туомун тутуспутю, нус бааччы олохтоох, сүрдээх эйэлээх, дьоһун дьонтон Елисей Васильевич уонна Анастасия Николаевна Кулаковскайдар аймах оччотооҕу кэм инники кирбиитигэр сылдьар ѳйдѳѳхтѳрүн – санаалаахтарын, Ѳлѳксѳй хос эһэтэ Бүѳтүр, эһэтэ Баһылай уонна аҕата Дэлиһиэй архыыпка харалла сытар тус докумуоннара туоһулууллар. Чурапчы оскуолатын туйгуннук бүтэрбит, ол кэннэ реальнай училищеҕа үѳрэммит.
Үѳрэҕин бүтэрэн баран Европа литературатын, ордук нуучча поэзиятын, наука ситиһиилэрин дьаныһан туран үѳрэппит. Саха тылын дириӊник үѳрэтээри, билээри 16 туур тыллаах норуот тылларын үѳрэтиэн баҕалааҕын эппитэ. Ханнык хайысханан саха тыла сайдыан сѳбүн тобулаары эксперантоны, саха алфавитын айаары стенографияны баһылаабыта. А.Е.Кулаковскай кырдьаҕастан сүбэтин, эдэртэн эйэтин ылбыт, биир тыллаах, кѳнѳ сүрүннээх, бар дьонугар туһалаах киһи этэ. Ѳлѳксѳй дэгиттэр талааннаах сахаттан маӊнайгы артыыс, сѳӊ куоластаах ырыаһыт, убаастабыллаах учуутал, күүстэ – уохтаах, кытыгырас, саахыматчыт, дуобатчыт, мас, муос, тимир ууһа.
А.Е.Кулаковскай – саха литературатын тѳрүттээбит улуу поэт, наука араас кѳрүӊнэригэр маӊнайгы оӊкулу охсубут чинчийээччи, гуманист – философ. Кини олорон ааспыт олоҕун, үлэлээн хаалларбыт үлэлэрин айан хаалларбыт айымньыларын сүрүн тына – үтүѳнү, саӊаны оӊоруу, айар – тутар дьоҕуру кѳҕүлээһин, эйэ дэмнээхтик олох үрдүк кэрдиистэрин ситиһии буолар. А.Е.Кулаковскай саха инники сайдыытын, кэлэр кэскилин үѳрэх – билии киэӊник тэнийэрин кытта сибээстиирэ. Ѳксѳкүлээх Ѳлѳксѳй уус – уран тылбаас тѳрүттээччитинэн буолбута, тылбаас методологиятын уонна принциптэрин олохтообута.
Кини айымньылара аӊардас саха олоҕунан муӊурдаммакка, общество бүтүннүүтүн сайдыытын күттүѳннээх боппуруостарын, норуоттар бэйэ-бэйэлэрин икки ардыларынааҕы сыһыаннаһыыларын, улахан норуоту кытта кыра омук алтыһыытын, бэйэтин норуотун уруккутун, билиӊӊи олоҕун – дьаһаҕын уонна кэлэр кэскилин, киһи аймах сыаннастарын (кырдьык, суобас, киһини ытыгылааһын, амарах, ыраас сүрэх) критерий туттан кѳрдѳрѳллѳр. Сүүсчэкэ сыл анараа ѳттүгэр «Ойуун түүлүгэр», «Интеллигенцияҕа суругар» эппит, сэрэппит уонна ону кыайар баар эрэ күүһүнэн киһи аймах барҕаны барҕалыыр ѳйѳ – тѳйѳ, үѳрэҕэ – культурата буолар диэн тоһоҕолоон кэбиспит эбит биһиги улуу Ѳксѳкүлээхпит, Ѳксѳкүлээх Ѳлѳксѳйү норуота харыстаан, бэйэтин духовнай сирдьитин курдук тутан баччааӊӊа диэри кэллэ.
Биһиги литературабытын, наукабытын, философиябытын тѳрүттээбит Ѳксѳкүлээхпит ѳйүн – санаатын ырытан киэӊ эйгэҕэ таһаардахпына, кини ситиһиилэригэр тирэҕирэн үлэлээтэхпитинэ – хамнаатахпытына бэрт далааһыннаахтык инникибит диэки дьулуруйар кыахтаахпыт.
«Саха Республикатын народнай поэта Моисей Дмитриевич Ефимов»
Саха Республикатын народнай поэта Моисей Дмитриевич Ефимов 1927 сыллаахха атырдьах ыйын 4 күнүгэр Верхоянскай оройуонун Дулҕалаах нэһилиэгэр тѳрѳѳбүтэ.
1955 сыллаахха Якутскайдааҕы пединституту бүтэрэн оскуолаҕа учууталлаабыта. Кэлин «Эдэр коммунист» онтон «Кыым» хаһыаттарга үлэлээбитэ. Моисей Ефимов поэт быһыытынан 1948 сыллаахтан билиэн барбыта. Кини бастакы кинигэтин мээнэҕэ «Киирбэт күннээх дойдуга» диэн ааттаабатаҕа.
Манна кини сүрүннээн Дьааӊы кэрэ айылҕатын, үлэһит дьонуӊ кэлэр кэрэ кэскилин туойар.
Поэт айар үлэтин биир бѳдѳӊ ситиһиитэ – оҕолорго аналлаах айымньылара. Ордук чуолаан «Куобах кутуруга уолчаан» (1957с.) «Сэргэхчэй, Бүргэнчэй» (1969 с.) «Сэмэнчик Мюнхаузен» (1969 с.) диэн кинигэлэргэ биллэллэр.
Кэнники кэмӊэ «Нѳрүѳн - Нѳргүй» диэн хоһоон хомуурунньугар саха норуотун историческай дьылҕатын киэӊник хабан кѳрдѳрбүтэ. Манна кини поэтическай фантазия күүһүнэн норуот былыргы историятын бэлиэ кэмнэрин ааҕааччыга тиэрдэр кыахтааҕа кѳстѳр.
Поэт народ кэпсээннэригэр, былыргы номохторго, үһүйээннэргэ олоҕуран суруйбут хоһоонноро уус – ураннык чочуллубуттар, дириӊ иэйиилээхтэр, киэӊ хабааһыннаахтар.
Ордук кэрэхсэбиллээҕэ поэт былыргы быһылааннаах дьыллары, билиӊӊи олоҕу кытта табан ситимниир, билиӊӊи ѳйүнэн – санаанан сырдатар,- диэн Василий Сивцев «Хотугу Сулуска» суруйбута.
Моисей Ефимов суруйбут хоһоонноро «Сахалар иһэллэр», «Эллэй ыһыаҕа», «Батас Мѳндүкээн», «Боотураат ѳлүүтэ», «Семен Данилов», «Манчаары ырыата».
Петр Тобуруокап – оҕо суруйааччыта.
Петр Николаевич Тобуруокап – саха народнай суруйааччыта. Аан маӊнайгы хоһооно 1934 сыллаахха бэчээттэммитэ. Оччотооҕуга кини уон сэттэ саастааҕа. Бүлүү педагогическай училищетыгар үѳрэнэрэ. Кини улууһугар учууталлаабыта. Аҕа дойду сэриитигэр кыттыбыта, ытык иэһин чиэстээхтик толорбута.
Кини оҕолорго анаан элбэх хоһооннору – кэпсээннэри суруйбута. Оҕо аймах аныгы олоҕун Петр Тобуруокап хоһоонунан айымньылара уустаан – ураннаан хоһуйаллар. Манна тѳрѳѳбүт дойдуга таптал, үлэһит киһинэн, сиэрдээх ѳйүнэн – санаанан киэн туттуу, ыраас – чэбдик буоларга дьулуһуу, билиилээх – кѳрүүлээх дьон буола улаатар сыал – сорук сүрүн тема, идея быһыытынан арыллаллар. Кини хоһооннорунан ырыа айан ыллыыллар. Бу айымньылар баай тыллара-ѳстѳрѳ, тэтимнээхтик сайдар, сонунтан сонун буолан иһэр сюжеттара, чопчу түһүмэхтэргэ араарыллар, тутуллара – барыта оҕо сѳбүлээн ааҕар тэттик хоһоонноругар, аныгы чабырҕахтарыгар эбэтэр биир ситимнээх хоһооннор бѳлѳхтѳрүгэр, сиэдэрэй остуоруйаларыгар табыгастаахтык наарданаллар.
Поэт иитэр – үѳрэтэр суолталаах санааны кытта тѳрѳѳбүт норуот культуратын, былыргы – аныгы историятын табыгастаахтык дьүѳрэлээн, чахылхай уус – уран уобарастарга түмэр. Петр Тобуруокап оҕолорго анаан суруйбут айымньылара элбэхтэр. Ону библиотекаттан уларсан ааҕыӊ, элбэҕи билиэххит.
«Саха иһиттэрэ»
Саха иһиттэрэ, уһанар тэриллэрэ, бултуур маллара үксүн туойунан, туоһунан уонна маһынан оӊостоллоро. Мас иһити ордук хатыӊтан оӊороллор, онно араас интсруменнары тутталлар: арбыйа, адалҕа, күѳбүл, чүүччү, иэт, быһах, сүгэ.
Хатыӊтан араас кѳрүӊнээх, формалаах хамыйах оӊороллор. Үрүӊ аһы сахалар мас эбэтэр муос ытыгынан, кымыс хамнатарынан ытыйаллар, булкуйаллар.
Мас иһити оӊорор араас ньыма /технология/ баара. Сорох дьон туос хастаан ылбыт хатыӊнарын туһаналлара. Туох иһити оӊороллорун кѳрѳн бысталаан баран, улахан иһиккэ оргуталлар. Хатыӊ бэйэтигэр баар уута оргуйдаҕына суох буолар, оччоӊуна оӊоһук хайыта барбат.
Туос, мас иһити кырааскалыырга ѳссѳ хатыӊ, тиит тэллэйин /ыт мунна/, хатыӊ үѳһүн оргутан тутталлар. Ол кѳстүүтүнэн ордук үчүгэй буолар. Оту оргутан мутукча күѳҕүн, оһох курунньугун сиэмэ арыытын кытта холбоон хара дьүһүнү ылаллар эбит.
Нарын киэргэтиилээх, тупсаҕай быһыылаах саха иһитэ былыргы үйэҕэ олорон ааспыт ѳбүгэлэрбит туһунан үтһѳ ѳйдѳбүлү үѳскэтэр, кинилэр ойуулуур, киэргэтэр ураты культураларын туоһулууллар. Национальнай концепция киириэҕиттэн ыла культураларын туоһулууллар. Национальнай концепция киириэҕиттэн ыла республика оскуолаларыгар ойуулуур – дьүһүннүүр искусствоны тѳрдүттэн уларытан туран, оҕолорго элбэх билиини биэрэр буоллулар.
Хардаӊ эһэ тас кѳрүӊэ.
Саха сиригэр баар хардаӊ эһэ саамай ытыктаныллар, сүгүрүйүллэр кыыл. Кинини саха итэҕэлин быһыытынан эһэ диэн малтаччы ааттааһын кѳӊүллэммэт. Харыстаан тыатааҕы, кырдьаҕас диэн хаӊарытан ааттанар.
Эһэ бѳдѳӊ кѳрүӊнээх, толору эттээх – сииннээх, хойуу түүлээх кыыл. Түүтүн ѳӊѳ хардантан саҕалаан чох хараҕа тиийэ араастаах. Түүтүн ѳӊѳ үѳскүүр – тѳрүүр айылҕатыыттан быһаччы сибээстээх. Баһа улахан, кулгааҕа кыра, мунна уһун синньигэс. Харахтара кыралар эрээри сытыылар, хараӊаҕа кѳрдѳххѳ күѳх уотунан умайаллар. Эһэ 180 см уһуннаах буолар. Ыйааһына 150 – 300 кг.
Эһэ майгыта – сигилитэ.
Эһэ биир сиргэ олохсуйан олорорунан уратылаах. Суон мастарга тыӊыраҕын суола кѳстѳр гына бэлиэ охсон хаалларар. Ол аата «Бу мин сирим, мантан бар» диэн буолар.
Эһэ сыты ыраахтан билэр, кѳрдѳххѳ мѳдѳѳӊ курдук да, олус сымса, үчүгэй ууһут. Эһэлэр баалларын хаһан да биллэрбэттэр. Сатаан саһаллар, киһини кытары кѳрсѳ сатаабаттар. Торҕооннообут эһэ туохха барытыгар кутталланар. Уордайбыт, кииннэммит эһэни атаҕын суолуттан быһаарыахха сѳп. Ол курдук кыыһырбыт эһэ тыӊыраҕын суола буорга, муохха кѳстѳр гына олорон хаалар.
Эһэ аһылыга
Эһэ аһылыгар талымаһа суох. Сүрүн аһылыга үүнээйи. Сугуну, отону, тэллэйи, эриэхэни барытын сиир. Балыксытынан да аатырар. Кымырдаҕастаан да сиирин умнубат. Тайаҕы, табаны, куобаҕы оннооҕор тэллэйи бултаһар. Кырдьаҕас бултаабыт булдун сиэн баран, ордубутун атын сиргэ кѳмѳн кэбиһэр. Онугар хас эмэ хонон баран эргиллэн кэлэн эмиэ сиир. Сайын мэччирэӊӊэ сылдьар сүѳһүгэ сылгыга кутталлаах буолуон сѳп. Бу барыта кини хаһаас сыатын мунньунуута буолар. Күһүѳрү олус уойар, сыатын ыйааһынын 20 бырыһыаныгар тиэрдэр.
Арҕахха киирии, тахсыы.
Сайыны быһа тото – хана аһаан баран, эһэ балаҕан ыйын бүтүүтэ, алтынньыга арҕаҕар киирэр. Уһун кыһыны быһа баппаҕайын эмэ – эмэ утуйар. Муус устар бүтэһигэр, ыам ыйыгар арҕаҕыттан тахсар. Арҕаҕын ойуур илин ѳттүгэр, уу чугаһыгар оӊостор.
Дириӊэ 3 км. киирэр аана 60-70 см буолар. Арбаҕын сылаас буоллун диэн кураанах отунан, муоҕунан толорор. Арҕаҕар киирэр суолун араастаан бутуйар.
Үүнээйи үүммэтэх сут – кураан сылларыгар, сайын сатаан сыатын кыайан мунньумматах эһэлэр дэлби ыран тахсаллар. Кинилэр олус кутталлаахтар.
Эһэ оҕолоро.
Эһэ 3-4 сааһыгар ситэн, тѳрүүр – ууһугар кыахтанар. Оҕолоро нарынча диэн ааттаналлар. Эһэ сэттэ ыйынан тѳрүүр, оҕото икки буолар. Эһэ оҕото 30-32 хонон баран хараҕа аһыллар. Арҕахтан тахсалларыгар 3-4 кг буолаллар, балаҕан ыйыгар ыт саҕа буолаллар. Ийэлэрэ алта ыйыгар дылы эмийдиир, ол эрээри бу кэмӊэ эбии күѳх үүнээйини сугуну, отону сииллэр. Күһүн ийэлэрин кытта арҕахха киирэн бииргэ утуйаллар. Кыраларыгар ыт оҕотугар маарынныыллар, сүрдээх мэниктэр, киһиттэн куттамматтар. Эһэ үйэтин уһуна 30-40 сыл.
Эһэ туһата.
Эһэ тириитин, этин, үѳһүн иһин бултууллар. Эһэ тириитэ былыр тымныыны киллэрбэт сылаас тэллэх буолара, онтон билигин киэргэл быһыытынан туттуллар. Эһэ этэ, сыата киһи этигэр – хааныгар иӊэмтиэлээхтэр, араас ыарыыны эмтиир дьайыылаахтар. Эһэ үѳһүн сыаната 500 долларга тиийдэ, баппаҕайа 100 доллар буолла. Тыыннаах эһэ 2000-3000 доллар.
Эһэ сыатын үлүйүүгэ, итиигэ буһууга, тирии ыарыытыгар туттуллар. Эһэни сүлэргэ сыатын тириитигэр ыыппат курдук сүлүллэр, онтон иһин хайытан баран ис сыатын ылыллар уонна кыра гынан кырбаан баран оргуйа турар уулаах иһиккэ сыаны кыра иһиккэ уган баран ууллуор диэри оргутуллар.
Эһэ үѳһүн куртах, оһоҕос, быар, үѳс ыарыыларыгар туттуллар. Сүһүѳх араас ыарыыларын эмиэ үѳс кѳмѳтүнэн эмтиэххэ сѳп.
Аҕа дойду сэриитин геройа
Аан дойдуну аймаабыт Аҕа дойду сэриитэ 1941 сыллаахха бэс ыйын 21 күнүгэр саҕаламмыта. Тѳрѳѳбүт дойду кѳмүскэлигэр кыанар дьон бары саа-саадах тутан туруммуттара. Сахабыт сириттэн эмиэ элбэх киһи сэрии толоонугар хаалбыттара.
Биһиги Күүкэйбитититтэн 109 киһи дойдутун, дьонун кѳмүскүү аттаммыта. Олортон бүгүн кэпсиэхпин баҕарар геройум – Мелетий Аввакумович Васильев.
Мелетий Аввакумович 1916 сыллаахха тохсунньу 6 күнүгэр Күүкэйгэ дьадаӊы дьиэ кэргэӊӊэ тѳрѳѳбүт. Армияҕа 1940 сылга балаҕан ыйыгар ыӊырыллыбыт. Онно сэрии саҕаламмытын поска туран радионан истибит.
1942 сыллаахха олунньуга Иркутскайга байыаннай-политическай училищеҕа үѳрэххэ ыыппыттара, үѳрэҕин бүтэрэн баран ыам ыйыгар младшай политрук аатын ылбыта.
Сэриигэ киирэригэр автоматчиктар роталарын комиссара эбит. Мелетий Аввакумович сэриилэһэ сылдьан араас түгэӊӊэ түбэһэ сылдьыбыттаах эбит. Олортон саамай сүрүнэ Сталинград куорат кыргыһыытыгар аатырбыт немец фельдмаршала Фридрих Паулюһу билиэн ылыыга кыттааһына буолар. Бу фашисткай Германия бѳдѳӊ генерала Советскай Союзка саба түһүү былаанын - «План Барбаросса» оӊорсубут эбит. Мелетий Аввакумович ахтыытын сиһилии аахтахха кыргыһыы бириэмэтигэр хорсунун, хоодуотун сѳҕүѳххэ сѳп. Ол да иһин кини Кыһыл Сулус орденынан, «Сталинград оборонатын иһин» мэтээлинэн наҕараадаламмыта. Сэрии кэнниттэн партийнай үлэлэргэ үлэлээбитэ. Сэриигэ ылбыт баастарыттан сылтаан 1993 сыллаахха ѳлбүт.
Мин санаабар Мелетий Аввакумов курдук Аҕа дойду сэриитин геройдара аҕыйахтара суоҕа буолуо. Биһиги эйэлээхтик, дьоллоохтук олорорбут туһугар кыргыспыт дьоӊӊо махтаныах, сүгүрүйүѳх тустаахпыт.
Буойун учууталлар.
Учуутал мэлдьи учуутал. Туохха барытыгар инники кэккэҕэ сылдьар эрэллээх киһи буолар. Аҕа дойду улуу сэриитигэр учууталлар бэйэлэрин ааттарын түһэн биэрбэтэхтэрин биһиги араас кинигэлэртэн, учууталбыт кэпсиириттэн билэбит. Сунтаар улууһуттан сэриигэ барбыт 118 учууталлартан 50 киһи тѳрѳѳбүт – үѳскээбит дойдуларыгар эргиллэн кэлбэтэхтэр, сэрии толоонугар хаалбыттар. Уоттаах сэриигэ хорсун быһыыларын кѳрдѳрѳн 23 учуутал бойобуой орденнарынан уонна мэтээллэринэн наараадаламмыттар.
Биһиги Күүкэйбитититтэн 6 учуутал сэрии кыттыылааҕа эбиттэр. Тыа сириттэн бастакынан үѳрэхтэммит эдэр учууталлар дойдуларын, дьоннорун кѳмүскүү бастакынан сэриигэ барбыттар эбит. Кинилэр тустарынан нэһилиэк музейыттан маннык дааннайдары ыллым:
1.Егоров Павел Максимович 1913 сыллаах тѳрүѳх, 1941 сыллаахха Ленинград аннынааҕы кыргыыһыыга охтубут.
2.Иванов Василий Наумович 1919 сыллаах тѳрүѳх, Арҕаа фроӊӊа сулууспалаабыт, 1942 сыллаахха кыргыыһыыга охтубут. Кини суруйааччы буолар чинчилээх эбит.
3.Кириллин Алексей Семенович 1918 сыллаах тѳрүѳх, Арҕаа фроӊӊа сулууспалаабыт, 1945 сыллаахха охтубут.
4.Кривошапкин Григорий Андреевич, 1907 сыллаах тѳрүѳх, 1941 сыллаахха ѳлбүт. Кини академик Вадим Кривошапкин аҕата эбит.
5.Максимов Андрей Осипович, 1922 сыллаах тѳрүѳх, 1942-45 сылларга сэриигэ сылдьыбыт. Эргиллэн кэлэн салгыы Күүкэйгэ учууталлаабыт.
6.Саввинов Клим Григорьевич 1920 сыллаах тѳрүѳх, 1942-45 сылларга связиһынан сулууспалаабыт. Эргиллэн кэлэн салгыы Күүкэйгэ учууталлаабыт.
Кѳстѳрүн курдук бу учууталлартан 2 эрэ киһи тѳрѳѳбүт дойдутугар эргиллэн кэлбит. Андрей Осипович, Клим Григорьевич сэрии кэнниттэн учууталлыылларын таһынан араас комсомольскай, партийнай үлэлэргэ үлэлээбиттэрин ахталлар. Андрей Осипович үѳрэҕирии туйгуна буолбут, онтон Клим Григорьевич сэриигэ ылбыт баастарыттан эрдэ ѳлбүт.
Бу дьонтон сэттэтэ учууталлар эбит. Тыа сирин үѳрэхтээх дьонноро сэриигэ баҕа ѳттүлэринэн барбыттар. Олортон биирдэстэрэ Василий Наумович Иванов.
Аҕа дойду сэриитигэр геройдуу охтубут биир дойдулааҕым Василий Иванов олоҕун үѳрэтиини бэйэм ытык иэспинэн санаатым. Тоҕо бу теманы таллыӊ диэтэргит кини туһунан суруйуулар суохтар уонна анаан ким да үѳрэппэт.
Василий Иванов 1923 сыллаахха Күүкэйгэ дьадаӊы дьиэ кэргэӊӊэ тѳрѳѳбүт. 1934 сыллаахха Күүкэй начальнай оскуолатын бүтэрэн, салгыы Эльгээйигэ үѳрэнэр. Манна үѳрэнэ сылдьан талаана арыллан «Иӊсэ иэдээнэ» диэн бастакы пьесатын суруйар.
Быйылгы 2010 сыл – Учуутал сыла уонна Кыайыы 65 сылын бэлиэтии сылбыт буолар. Биһиги кэлэр кѳлүѳнэ оҕолоро тѳрѳѳбүт дойдубутугар үлэлээбит учууталлары, кинилэр олохторун историятын билэр – кѳрѳр эбээһинэстээхпит. Оттон биһиги олохпут иһин сэрии толоонугар тыыннарын толук уурбут учууталларга сүгүрүйэр, кэриэстиир ытык иэстээхпит.
1937 сыллаахха бастакы хоһоонноро бэчээттэнэн тахсаллар. Ѳссѳ нуучча суруйааччыларын айымньыларын тылбаастаан хаһыакка таһаартарар эбит.
Учуутал идэтигэр үѳрэнэ сылдьан Василий Иванов Саха суруйааччылара Иван Арбиталыын, Софрон Даниловтыын, Леонид Поповтуун, Күннүк Урастыыраптыын доҕордоһор эбит.
1942 сыллаахха Күндэйэҕэ учууталлыы сылдьан сэриигэ ыӊырыллар. Онно сылдьан доҕотторугар хоһоон суруйан ыыталыыр эбит. Холобур суруйааччы Николай Габышевка маннык диэн ыыппыт:
Ѳллѳхпүнэ миигин
Ким саныай, ким ахтыай
Сырдык ыраас ааппын
Ким ааттаан арбыай?
1943 сыллаахха госпитальга ыараханнык бааһыран киирэр. Онно сытан үгүс патриотическай тыыннаах хоһооннорун «Кыым» хаһыакка бэчээттэтэ ыытар. Холобур, «Ийэбэр», «Мин ырыам».
1944 сыллаахха Василий Иванов 23 сааһыгар ѳстѳѳх буулдьатыттан ѳлѳр. Ити курдук кини Кыайыы буоларын туһугар тыынын толук уурбута.
КУННЭЭХ КУУКЭЙ
Мин тѳрѳѳбүт дойдум – Күүкэй
Мин тѳрѳѳбүт дойдум, Күүкэйим, наһаа таптыыбын. Биһиги Күүкэйбит салгына ырааһа, айылҕата кэрэтэ ханнык да сиргэ тэӊнэспэт. Кэлиӊӊи сылларга Күүкэйбит наһаа улаатта, киэргэйдэ. Элбэх араас тутуулар баар буоллулар. Эдэр ыаллар аныгылыы дьиэ туттан киирдилэр. Мин тѳрѳѳбүт дойдубун туохха да биэрбэппин. Күүкэйбит ѳссѳ да үүнэ – сайда туруоҕа!
Мин Күүкэйбин кимиэхэ да биэрбэппин
Мин тѳрѳѳбүт дойдум.
Мин тѳрѳѳбүт дойдум Күүкэй. Күүкэй мин санаабар наһаа кэрэтийэн, киэргэйэн иһэр. Күүкэйтэн элбэх оҕо оскуоланы бүтэрэн үрдүк үѳрэххэ киирэн, үлэһит буолбуттара. Мин тѳрѳѳбүт дойдум айылҕата наһаа үчүгэй, улахан күѳллээх арыылаах. Тула ойуур хатыӊа наһаа элбэҕэ суох, күѳл кытыытыгар үѳттэр кѳстѳллѳр. Сайын ходуһата киэнинэн, ото – маһа элбэҕинэн, кѳтѳрѳ – сүүрэрэ ѳлгѳнүнэн биллэр. Арыыга дьэдьэн, хаптаҕас, отон ѳүнэр. Саас балыга собото элбиир. Кыһын тула маӊан хаарынан бүрүллэр.
Мин дойдубар саӊа тутуу сыл аайы эбиллэр. Саӊа таас оскуолалаахпыт, ичигэс детсадтаахпыт, маҕаһыыннар бааллар, клубка дьон бѳҕѳ тоҕуоруһар. Мин дойдубун Сунтаарга сырыттахпына наһаа ахтабын. Мин Күүкэйи таптыыбын!
«Күүкэйим киэӊ туттар киһитэ»
Күүкэйим киэӊ туттар киһитинэн мин ааҕабын – Александр Константинович Акимовы. Кини 1954 сыллаахха сэтинньи 10 күнүгэр Сунтаар улууһугар Күүкэй нэһилиэгэр тѳрѳѳбүтэ.
1971 сыллаахха Иркутскайдааҕы норуот хаһаайыстыбатын Институтугар туттарсан киирбитэ. Экономист үѳрэҕин бүтэрэн тѳрѳѳбүт оройуонугар кэлбитэ. Эрчимнээх, кэлиилээх – барыылаах, билииллэх – кѳрүүлээх эдэр үлэһит кылгас кэм иһигэр тэрийээччи уонна ыччат лидиэрэ буолар үтүѳ хаачыстыбалары кѳрдѳрбүтэ.
2007 сыллаахтан СР бастайааннай бэрэстэбиитэлинэн анаммыта.
Александр Акимов тѳрѳѳбүт дойдутугар саӊа оскуоланы, детсаады, «Самсоновтар музейдарын» ѳйѳѳн, кѳмѳлѳһѳн үлэҕэ киллэттэрдэ.
Александр Константинович Акимовка СР н/х үтҕѳлээх үлэһит аата иӊэриллибитэ.
Сунтаар улууһун, Күүкэй уонна Кутана нэһилиэктэрин бочуоттаах гражданинын аата иӊэриллибитэ.
Күүкэй ытык сирдэрэ
Күүкэй Сунтаар улууһун биир ытык-мааны нэһилиэгэ. Күн түһэн сѳтүѳлүүр Күүкэй – диэн норуот уос номоҕор баар. Былыр 1832 с. Хаӊалас нэһилиэгиттэн араҕан Күүкэй туспа нэһилиэк буолбута. Старостанан Самсонов Никита Афанасьевич буолбута. Күүкэйгэ 1892 с. биэрэпис түмүгүнэн 2219 киһи баар эбит. Күүкэй дьоно-сэргэтэ былыргы быраман дьыллартан сэбиэскэй былаас буолуор диэри аал уоту оттон, алаһа дьиэни тэринэн, сүѳһү-ас тэнитэн, бултаан-алтаан, уруу-хаан тардыһан, тѳрүт үгэстэрин тутуһан, сиэр быһыытынан олорбуттара.
Былыр былыргыттан Күүкэй сирэ амтаннаах оттоох дэлэй киэӊ ходуһалардаах, бултуурга-алтыырга ананан айыллыбыт баай хара тыалардаах, хас да үрэх тардыылаах, үс кѳстѳн ордук эргимтэлээх Эбэлээх. Мин тѳрѳѳбүт дойдум, нэһилиэгим Күүкэйим бэйэтэ ураты дьикти, кэрэ сир буолар.
- Эбэҕэ киирэргин кытта ыраах хайалар кѳҕѳрѳн кѳстѳллѳр. Ол хайалар тэллэхтэригэр тимир олгуй сири кѳӊү түһэн сытарын туһунан үһүйээн баар. 5 хайа баар: Батас хайата, Чогдор хайата, Чээккэ хайата, Курдуу хайа, Оноку хайа. Ол хайалар утааларыгар Тээти хайатын анныттан Хоро оскуолатын үѳрэнээччилэрэ динозавр уӊуоҕун булбуттара. Ол уӊуох сорҕото миэхэ баар. Убайым Радик доклад ааҕарыгар Хоро оҕолоруттан ылбыта.
- Кэлтэгэй арыыга аата ааттаммат улуу кырдьаҕаспыт кѳмүс уӊуоҕа кистэнэ сытар. Күүкэй күѳлүн тула Аргыдал, Арбаӊда, Чогдор, Бакаанча, Бааһагыра, Бокоодьой диэн сураҕырбыт аптаах-хомуһуннаах ойууттар бэйэлэрин бириэмэлэригэр аатыран олорбуттара кэпсэлгэ сылдьар. Олохтоох Майака удаҕан, Күүкэйгэ киһи-сүѳһү олохсуйуоҕун, үѳһэнэн ооҕуй оҕус ситимэ тардыллыаҕын, тимир оҕустар кэлэннэр сири-уоту сүргүйүѳхтэрин туһунан тѳлкѳлѳѳн эппитэ билигин олоххо киирдэ.
- Кумалааннаахха, үһүйээӊӊэ этэллэринэн, Күүкэй былыргы тѳрүт олохтоохторо –туматтар туруорбут икки салаалаах сэргэлэрэ бэйэтин тѳрдүттэн дьиктитик үүнэн тахсыбыт модьу харыйаҕа ѳйѳнѳн турар. Бу ытык сэргэ хас да үйэлэри уӊуордаан турдаҕа.
- Күүкэй күѳлүн тула Ойоос диэн арыы тумул баар. Аарыма тииттэр былыргы дьыллар мындааларын саӊата суох туоһулара буолан, үйэлэргэ турар. Былыргы быыра охтор батарыта түспүт суоллара, охторун тѳбѳтѳ сааллан туралларын дэӊӊэ да буоллар булаллара.
- «Балык Хатарбыт» Күүкэй күѳлүн илин ѳттүгэр баар. «Коммунар» колхоз киинэ. Былыр киьи – сүѳһү олохсуйбут сирэ.
Нэһилиэк ѳйдѳбүнньүктэрэ:
1. Сынньалаӊ пааркатыгар Кыайыы 45 сылыгар аналлаах пааматынньык 1990 с. автор Федоров А.И.
2. Сынньалаӊ пааркатыгар Кыайыы 50 сылын кѳрсѳ мемориал. 1995 с. автор Федоров А.И.
3. Мэлдьэкэҕэ «Коммунар» колхозтан сэриигэ барбыттарга аналлаах мемориал. 1997 с. автор Федоров А.И.
4. Арыыга Н.Д.Гурьев – сэрии ветерана, райком 1 секретара 75 сааһа туоларыгар аналлаах мемориал, автор Федоров А.И.
5. Бүѳр кѳлүйэҕэ С.И.Ивановка (Олуппуон) аналлаах обелиск. 1990 с. автор Федоров А.И.
6. Никита Афанасьевич Самсоновка аналлаах обелиск.
Билигин Күүкэй нэһилиэгэ сылтан сыл аайы инники диэки хардыылыыр. Нэһилиэк салалтат, дьоно-сэргэтэ тѳрѳѳбүт-үѳскээбит Күүкэйбит сайдарын туһугар бары кыахпытынан, биир сомоҕо буолан үлэлии, үѳрэнэ олоробут.
Мин Күүкэйгэ олорорбунан киэн туттабын!
Күүкэй
Күүкэй Сунтаар улууһугар киэӊник сураҕырбыт, аакка – суолга киирбит нэһилиэк, улуус кииниттэн илин диэки Хоро, Кутана, Сиэйэ нэһилиэктэрин Ньурба, Үѳһээ – Бүлүү, Ѳлүѳхүмэ улуустарын кытта кыраныыссалаһан, бэрт киэӊ сиринэн тайаан сытар. Билигин нэһилиэнньэтэ 400-чэ киһи, орто оскуола, детсад, маҕаһыын баар. А.А.Федоров, Д.В.Львов, К.Г.Николаев, Н.В.Данилов бааһынай хаһаайыстыбалара уйгуну – быйаӊы уһаналлар.
Күүкэй балтараа үйэ анараа ѳттүгэр балачча улахан нэһилиэк эбит. Сирэ – уота билиӊӊитээҕэр быдан киэӊ. Кутана нэһилиэгин сорох сирдэрин, урукку Мочууһун нэһилиэгин холбуу ылар эбит. Кута Күѳл, Арҕаа Күѳл ыалларын кѳҕүрэттэххэ 19 үйэ биэс уонус сылларыгар Күүкэй эргин 708 киһи олорбут диэн сабаҕалаан этиэххэ сѳп.
Революция иннинээҕи Бүтүн Россиятааҕы биэрэпис кѳрдѳрѳрүнэн, Күүкэй нэһилиэгэр 361 хаһаайыстыбаҕа 1364 киһи, ол иһигэр дьахтара 660, оттонор ходуһата 2230, 5 гектар, оһорбо сирэ 43 гектар, ыһыыта 145 гектар эбит. Бу сирдэригэр 1276 сылгыны, 4022 ынах сүѳһүнү, ол иһигэр 1426 ыанар ынаҕы иитэн олорбуттар. Нэһилиэк 4 аҕа ууһун олорбут: ойуун ууһугар 83 хаһаайыстыбаҕа 328 киһи, Мэнэкэй ууһугар 96 хаһаайыстыбаҕа 366 киһи. Абаҕатта ууһугар 98 хаһаайыстыбаҕа 347 киһи, саӊыйах ууһугар 81 аһаайыстыбаҕа 328 киһи хабыллан олорбуттар. Күүкэй күѳл эргин сэрии иннигэр 5 колхоз баара «Бассабыык», «Коммунар», «Маай», «Кыһыл кэккэ», «Пятилетка». Үс маӊнайгы колхоз – Күүкэй нэһилиэгэр, икки кэнникитэ Кутана нэһилиэгэр киирсэллэрэ. Онтон Р.К.Маак сылдьарын саҕана биир Күүкэй нэһилиэгэ эбит.
Күүкэй күѳлүн кыйа Ойоос диэн арыы тумул баар. Онно былыргы үйэтээҕи аарыыга тииттэр былыргы дьыллар мындааларын саӊата суох туоһулара буолан, үйэлэри нѳӊүѳлээн, тыалга – хаарга эриллэн муостуйан тураллар. Онно былыргы быыра охтор батарыта түспүт суоллара, охторун тѳбѳтѳ сааллан туралларын дэӊӊэ да буоллар булаллар. Ойоос илин баһыгар сиилэс хаһа сылдьан, былыргы дуоланнар уӊуохтарын булбуттара.
Күүкэй маӊнай туматтар, оттон тоӊустар, кинилэр кэннилэриттэн сахалар олохсуйбуттар. Ол туһунан Күүкэйтэн тѳрүттээх ытык кырдьаҕастар, сээркээн сэһэнньиттэр С.Н.Григорьев, М.Ф.Крыжановскай, М.З.Мартынов, П.Е.Уаров Батаах Уус, П.Н.Максимов. П.В.Львов суруйтаран хаалларбыт былыргы кэпсээннэригэр уонна сэһэннэригэр дьэӊкэтик кѳстѳр. Хаӊаластан тѳрүттээх Күүкэйдэр киэӊ сири таайан, Күүкэй күѳлүн тула сыһыыларынан, алаастарынан, үрэхтэринэн тарҕанан аҕа уустарынан олорбуттар. П.Е.Уаров кэпсииринэн, Кыайар, Сайыӊах, Бѳҕѳ Мэнэкэй, харабынай аҕатын уустара олорбуттар.
Күүкэй сирэ – уота киэӊ – куоӊ, ѳӊ буолан, сүѳһү киэӊник дэлэйбит, баайдык – дуоллук олорбут сис ыаллар элбэхтэр. Ол курдук Күүкэй илин ѳттүгэр сүрэхтээх ийэтин ууһа Максимовтар, даниловтар диэн кыанар – хотунар, булчут – алчыт туруу үлэһит дьоннор ууһаан олорбуттара биллэр. Кинилэр Ѳбүгэлэрин таӊарата куба буоларын туһунан кэпсээн баар. С.О.Максимов билиӊӊи Максимовтар кырдьаҕастара, 1992 с. тэрийбит ыһыаҕар Күүкэй күүгэннээх үѳһүгэр сэттэ куба үѳрэ кэлэн, ыһыах былааһын тухары устара сылдьыбыттарын «ѳбүгэлэрбит кэлэн, кѳрѳн-истэн бардылар» диэн кырдьаҕастар, ыһыах дьоно бары да сѳхпүттэр – махтайбыттар.
Күүкэй хоту ѳттүгэр Хагданынан, Эрбэһиннээҕинэн Дьэпсиэйэптэр диэн халыӊ ийэ ууһа тайаан олорбуттар. Кинилэр эмиэ нууччаттан тѳрүттээх буоланнар, бары ыраас хааннаах, чэбэр, үлэни – хамнаһы кыайар дьоннор эбит. Улахан убайдара Михаил Евсеев, бииргэ тѳрѳѳбүттэр Бүѳтүр, Ньукулай Евсеевтар, Чэппиэр уолаттара Тэрэппиин, Уйбаача, Ньукуус кэлин Советскай былаас маӊнайгы сылларыгар совхоз тѳһүү үлэһиттэрэ, салайааччылара буолбуттара. Кинилэр ыччаттара Махсыымаптартан итэҕэһэ суох тэнийбиттэр.
Күүкэйгэ нууччалар олохсуйан, дьиэ-уот туттан, бааһынай хаһаайыстыбатын тэринэн испиттэрэ, бурдук ыһыытынан, хортуоппуй үүннэриитинэн, сири оӊоруунан дьарыктанан, олохтоохтор үѳрэтэн испиттэр. Кинилэртэн ыччат-уруу да элбэх.
Күүкэйдэр былыргы быралган дьыллартан Советскай былаас буолуор диэри аал уоту оттон, алаһа дьиэни туругурдан, сүѳһү-ас тэринэн, бултаан-алтаан алаастарынан, үрэх бастарынан тарҕанан, уруу-хаан тардыһан, тѳрүт үгэстэрин тутуһан, сиэр быһыытынан олорбуттар.
ЕЙТЕН СУРУЙУУЛАР
Балаҕан ыйын 13 күнүгэр биһиги II, III, IV- кылаастар буолан тракторынан «Мэлдьэкэ» диэн киэӊ-куоӊ, оттоох мастаах сиргэ походтуу сырыттыбыт. Салайааччыбыт Ирина Михайловна. Бастаан бары хаартыскаҕа түспүппүт. Сэриигэ баран ѳлбүт буойуннар уӊуохтарыгар сибэккии уурбуппут. Эргэ оскуола сэргэтин кѳрбүппүт. Оонньообуппут, аһаабыппыт.
Учууталбыт комбайн кѳлүѳһэлэрэ сыталларын кѳрѳн, бурдук хомуйар массыына туһунан кэпсээбитэ.
Кэлэн иһэн аттар аһыы сылдьалларын, ынахтар дьиэлэрин диэки баран иһэллэрин кѳрбүппүт.
Хатыӊ мастар саһарбыттар, сэбирдэхтэрэ түһэн саккырыы тураллар. Кээһиллибит от бѳҕѳтѳ турар этэ. Ходуһалар кураанахсыйбыттар.
Кэлэрбитигэр сатыы суолунан оту-маһы үѳрэтэн-кѳрѳн сатыы кэлбиппит.
Куобахтар
Куобахтар түүн аһыыр идэлээхтэр. Тыа куобахтара мас хатырыгынан, хонуу куобахтара отунан, кыстыыр бурдук отунан, куобахтара бурдук астыыр сиргэ кэлэн ?
Куобахтар түүнүн аһыы таарыйа сылдьалларыгар хаарга атахтарын суолун хааллараллар. Куобахтары бары киһи, ыт, бѳрѳ, саһыл, суор, тайах кыыллар бултууллар.
Куобах миэнэ кѳнѳтүк суолланан сылдьара эбитэ буоллар, оччоҕо сарсыарда суолунан булан тутуох этилэр. Куобах бэрт куттас, ол онтукайара ѳрүһүйэр. Куобах түүнүн хонуунан-тыанан, кимтэн да куттаммакка кѳнѳтүк суолланан сылдьар сарсыарда буолуутугар ѳстѳѳхтѳрѳ бары уһукталлар.
Куобах ыт да үрүүтүн, сыарҕа тыаһын, дьон да саӊатын, тыаҕа бѳрѳ да тыаһын истибитинэн барар. Сонно кутталыттан ол - бу диэки сүүрэкэлиир буолар. Иннин хоту сүүрэн иһэн, туохтан эрэ куттанан да, бэйэтин суолун устун тѳттѳрү сүүрэр. Ол икки ардыгар тугу эмит истэр да, сүүрэн иһэр суолуттан туора ыстанан, арахсан, атын сиргэ туораан баран хаалар. Эмиэ туох эмит тыаһаатаҕына, тѳттѳрү хайыһан сүүрэр, эмиэ туора ыстанар. Ити курдук тѳттѳрү - таары булкуллумахтаан барар. Сырдыырын кытта куобах сытынан кэбиһэр.
Сарсыарда буоллаҕына сааһыттар куобах суолун ырыталлар, ыраах ыстаныытыгар, суолун хойуутугар булкуллаллар, куобах албын ѳйүн сѳҕѳллѳр. Хата куобах буоллаҕына албынныырын билбэт, барытыттан бары куттанарын эрэ билэр.
Саас кэлиитэ
Кыһыммыт тымныыта ааһан, халлаан сылыйар буолла. Таһырдьа таҕыстахха киһи хараҕа күнтэн саатар буолбут. Күн уһаан халлааммыт хараӊарбат буолбут. Чугас эргин ойуурга тураах саӊата бѳҕѳтѳ буолар буолбут. Каникул саҕаланыыта халлаан сылыйан хаӊкылаан, хайыһардаан абырана сылдьабыт. Сотору ѳссѳ сылыйдаҕына, хаар сыстар буолан хаарынан араас фигуралары оӊорорго аһара үчүгэй буолар. Оннук буоларын наһаа кэтэһэ сылдьабын. Онтон ѳссѳ сылыйдаҕына хаар ууллан чалбах бѳҕѳ тахсааччы. Онно хараабыл ыытан оонньооччубут.
Как нарисовать портрет?
Самарские ученые разработали наноспутник, который поможет в освоении Арктики
Шум и человек
Злая мать и добрая тётя
Мать-и-мачеха