Сочинение на якутском языке по теме "Истиҥ иһирэх тылынан", посвящено к 100-летию Семена данилова
Вложение | Размер |
---|---|
sochinenie_solovevoy_liliany_5d.docx | 13.21 КБ |
Өйтөн суруйуу
Истиҥ-иһирэх тылынан...
Семен Петрович Данилов истиҥ-иһирэх тылынан хоһуйбут “Мин аҕам” диэн хоһоонун олус сөбүлээн аахтым. Суруйааччы аҕатын майгытын, үлэтин туһунан хоһоонунан биһиэхэ тиэрдэр. С.П. Данилов кыра оҕо эрдэҕиттэн сарсыарда аайы аҕатын сүгэтин, өтүйэтин тоҥсуйар чобуо тыаһыттан уһуктар эбит. Аҕата эрдэ күнү көрсөрдүү турар уонна үлэтин саҕалыыр.
Автор аҕатын олус үлэһитин: «Кини киһилии дуоһуйа
Биирдэ эмэ сынньаммытын,
Саатар кыратык уоскуйан
Холкутук олорбут сыллааҕын
Өйдөөбөппүн, билбэппин,
Дьоннортон да истибэппин» - диэн суруйар.
Бэйэтэ үөрэҕэ суох буолан, уолаттара үөрэхтээх дьон буола улааталларын туһугар аҕа үлэлиир-хамсыыр. Сарсыарда күн тахсыан инниттэн, кун киириэр диэри, күн аайы өрүү тиэтэйэ үлэлиир. Суруйааччы аҕатыгар ахтылҕанын биһиэхэ тиэрдэр. Хайдах курдук аҕа киһи оҕолорун туһугар сынньанары билбэккэ үлэлиирин, майгыта бастыҥын бу хоһоонно көрөбүт.
Ыал аҕата маннык буолуохтаах, үлэтинэн, кыһамньытынан оҕолоругар мэлдьи холобур буолар киһи. Оҕолорун инники олохторун оҥорсор тутаах киһи дии саныыбын. Аҕалар оҕолоро үөрэхтээх уонна үтүө майгылаах үлэһит дьон буолуохтарын баҕараллар.
Үлэһит киһи – дьоҥҥо туһаны аҕалар. Дьоҥҥо туһалаах буолуу үтүө майгылаах буолуу көстүүтэ. ҮлэҺит уонна үтүө майгылаах киһи олоххо ситиһиилээх буолар. Ону этэллэр «Үтүө майгыҥ – көтөр кынатыҥ» диэн.
Соловьева Лилиана, 5д кылаас
7 №-дээх орто оскуола үөрэнээччитэ
Девочка-Снегурочка
Шелковая горка
Как нарисовать портрет?
Л. Нечаев. Про желтые груши и красные уши
Если хочется пить...