Доклад на тему: "Улэ киьитэ - Микиитэ Хабырыыьа" выполнил ученик 3 класса МБОУ Чериктейская СОШ Лукачевский Артем
Вложение | Размер |
---|---|
Доклад Лукачевский Артем | 37.65 КБ |
XIII улуустааɧы НПК «Окно в науку»
МР «Усть-Алданский улус (район)»
В. Ф. Афанасьев-Алданскай аатынан Чэриктэй орто оскуолата
Дакылаат
Темата : Үлэ киһитэ – Микиитэ Хабырыыһа
Толордо : Лукачевскай Артем,
III кылаас үөрэнээччитэ
Салайааччы : Босикова А.В.
алын сүһүөх учуутала
2015с.
Иһинээӄитэ
1 глава. Биир дойдулаах суруйааччым Василий Саввин.
2 глава. В. Саввин „Үлэ киһитэ“ хоһоонун геройа Г. Н. Матвеев.
2.1. Гаврил Никитич Матвеев – Микиитэ Хабырыыһа сэрии, үлэ ветерана.
Түмүк.
Ахтыылар.
Туһаныллыбыт литература
Киириитэ
Чиэппэр аайы кылааспытыгар библиотечнай уруоктар ыытыллаллар. Сельскэй библиотекарь Лукачевская А.Д. Кыайыы 70 сылыгар аналлаах Уус-Алдан суруйааччыларын айымньыларын билиһиннэрбитэ. Онно поэт В.Саввин хоһооннорун уларсан аахпыппыт. „Улэ киһитэ - Микиитэ Хабырыыһа“ диэн хоһоону олус интэриэһиргээн бу теманы таларга быһаарыммытым.
Υлэм темата: Υлэ киһитэ – Микиитэ Хабырыыһа.
Актуальноһа : Россияҕа литература уонна Улуу Кыайыы 70 сылынан биир дойдулаахпыт поэт В. Саввин, "Үлэ киһитэ" диэн хоһоонугар олоҕуран сэрии, үлэ бэтэрээнэ Гаврил Никитич Матвеев олоҕун сырдатыы.
Сыала :
Гипотеза: Бу үлэм эдэр көлүөнэ5э поэт Василий Саввин айымньыларыгар биир дойдулаахтарбыт олохторун сырдатар брошюраны араас тэрээһиннэргэ туһаналларыгар ананар.
Υлэм икки главаттан турар. Бастакы главаӄа «Биир дойдулаах суруйааччым Василий Саввин» диэн ааттаах. Манна ахтыылартан, литератураттан В.Саввин айар улэтин туһунан биллим. В. Саввин „Үлэ киһитэ“ хоһоонун геройа Г. Н. Матвеев диэн иккис главаӄа "Үлэ киһитэ" хоһоонун аахтым уонна кинини кытта алтыспыт дьонтон – күтүөтүттэн Николай Петрович Рожинтан, Дмитрий Ильич Гороховтан ахтыылары хомуйан бэйэм кэтээн көрүүлэрбин ырыттым, чинчийдим, суруйдум.
Төрөөбүтүм ыам ыйыгар -
Өлбүт тиллэр ыйыгар.
Төрөөбүтүм ыам ыйыгар -
Тыыннаах ыллыыр ыйыгар.
Хоһоонугар хоһуйбутун курдук, Василий Саввин дохсун сүүрүктээх Алдан кытылыгар, кэрэ айыл5алаах Чэриктэй сиригэр мутукча тыллыытын саҕана ыам ыйын 12 күнүгэр 1938 сыллаахха күн сирин көрбүтэ.
Василий Саввин сэрии кэмин оҕото буолан, кини оҕо сааһын эмиэ ол ыар сыллар тумнан ааспатахтара.
Аҕата Василий Ионович сула бухатыыр киһи, мааны мастаах Чаарыас алааска дьиэ акылаатын түһэрээт, сэриигэ аттаммыта. Ол 1942 сыл бэс ыйыгар Чэриктэйтэн 30 киһи сэриигэ ыҥырыллан барбыта. Василий Саввин аҕата ол уоттаах сэрииттэн эргиллибэтэҕэ, алаһа дьиэтин туттубатаҕа. Арҕаа фроҥҥа баран иһэбин диэн биирдэ эрэ суруга кэлбитэ.
Кэрэ аты миинэҥҥин
Киирэн бара турбуккун,
Оччолорго түөртээх бэдик
Уолун өйдүүр курдукпун…
Тыа бүк ыалын соһуччу
Ол өрдөөҕү айманыыта
Тыыннаах хартыына буолан.
Тиллэ турууһук, быһыыта…
Аҕата сэриигэ барарыгар Василий Саввин түөртээх эрэ, эдьиийэ Ааныс уончалаах кыыс этилэр. Онон, ийэлэрэ, Вера Яковлевна икки оҕотун туппутунан соҕотох хаалаахтаабыт. Сэрии иннинэ да, сэрии кэмигэр уонна кэлин 1958 сылга диэри дайаарканан үлэлээбитэ. Сэриигэ барбыт эр дьону солбуйан дьахталлар, оҕолор ыарахан үлэни барытын оҥороллоро, үлэһит илии тиийбэт этэ. Дайааркалар ньирэйдэрин бэйэлэрэ көрөллөрө, дохуоттарын этинэн, арыынан ылаллара. Соҕотох ийэ сут-кураан сылларыгар оҕолорун иитээри биир ынахтааҕын эспэтэҕэ. Саввиннар аччыктыыры, тоҥору-хатары барытын билбиттэрэ. Ийэлэрэ Вера Яковлевна аччыктаан ыалтан быыкаа сиэмэ көрдөһөн иһэн, мэйиитэ эргийэн, суолга охтубутун дьон булан ылбыт да түгэннэрэ баара. Аҕалара сэриигэ барбытын кэннэ сыл курдук эһэлэригэр Чаарыаска олорбуттар. Онтон 1943 сыллаахха Чэриктэйгэ таайдарыгар Бурнашев Яков Дмитриевичтаахха көһөн кэлэн олорбуттар. Ийэлэрэ колхоз араас үлэлэтигэр үлэлээбит.
Василий Саввин эдьиийэ Ааныс 1942 сыллаахха 2-с Өспөх оскуолатыгар үөрэнэ киирбитэ, онтон 1943-46 сылларга Чэриктэйгэ кэлэн үөрэммитэ. Ол сылларын маннык ахтар: „ Чэриктэй оскуолатыгар үөрэнэр кэммэр сиэмэ ичигэстээн. кутуйах быталаан нэдиэлэҕэ аһыыр лэппиэскэбит бурдугун суорунаҕа тардан сүгэн барарбыт. Улахан тымныыга хас нэдиэлэ аайы Ыччаттан Чэриктэй былыргы оскуолатыгар Малтахааҥҥа 7 километр сиргэ хабыс хараҥаҕа үөрэнэ барабыт. Сэрии, сут-кураан сылларыгар соҕотох ийэ икки оҕону ииппитэ. Таҥаспыт-саппыт суох, оскуоланы биир сиидэс ырбаахынан үөрэнэн бүтэрбитим. Сэрии сылларыгар колхозка булуугунан сир тиэриитигэр оҕус сиэтэн, от мунньан, оҕуруот аһыгар сыыс ыраастааһына уонна атын үлэлэргэ сылдьар этибит.”
Василий Саввин 1946 сыллаахха Чэриктэй начаалынай оскуолатыгар үөрэнэ киирбитэ. 1950 с. бу оскуоланы үчүгэйдик үөрэнэн бүтэрбитэ. Салгыы Дүпсүн оскуолатыгар үөрэммитэ. 1956 сыллаахха оскуоланы бүтэрэн, хас да сыл колхозка үлэлээбитэ. Кыһынын фермаҕа оҕуһунан от тиэйэрэ, мас кэрдэрэ, сайынын от кыдамалыыра, кыладыапсыгынан, биригэдьииринэн да үлэлээбитэ.
1962 с. ЯГУ-га Саха тылын отделениетыгар үөрэнэ киирбитэ. Ол гынан ситэ үөрэммэккэ, 1965 с. 4-с курстан улаханнык ыалдьан уурайбыт. Уһун баҕайытык „Красная Якутия” диэн сэллик санаториятыгар, салгыы Челябинскайга эмтэммит. Таптыыр кыыһа атын киһиэхэ кэргэн тахсан хаалбыт. 1966-1967 сылларга Дүпсүн сельскай кулуубугар сэбиэдиссэйинэн, библиотекарынан үлэлээбит. Онтон 1970 с. бэс ыйын 1 күнүгэр диэри Дүпсүн, Чэриктэй сельскай Советтарыгар старшай бухгалтердаабыт.
Василий Саввин олоҕор, айар үлэтигэр Чэриктэйтэн төрүттээх скульптор Василий Бочкарев улахан оруоллаах эбит. Мин санаабар, бу дьиҥнээх доҕордоһуу холобура буолар. Василий Бочкарев 1968 с. Дьокуускайдааҕы художественнай училищены бүтэрэн. дойдутугар Чэриктэйгэ уруһуй учууталынан кэлэр. Саввин Чэриктэйгэ сельскай Совекка бухгалтердыыра. Ол кэмҥэ кини элбэх хоһоону суруйар эбит да ханна да бэчээттэнэ илигэ, онон Василий Бочкарев бастакы ааҕааччы, сэҥээрээччи буолбут. Учууталлыы сылдьан Василий Бочкарев соҕуруу үөрэххэ бараары, Дьокуускайга бэлэмнэнэ киирбит. Онно барарыгар доҕорун Саввин хоһооннордоох тэтэрээтиттэн кистээн сөбүлүүр хоһооннорун устан илдьэ киирэн, поэт Семен Даниловка көрдөрө биэрбит. Соһуйуохтарын иһин, сотору буолаат, Саввин хоһоонноро „Күн” диэн уопсай ааттанан „Эдэр коммунист” хаһыакка бэчээттэнэн тахсыбыта. Семен Данилов иһирэх тыллаах Василий Саввин хоһоонун бөлөхтөрө аны „Хотугу сулус” сурунаалга тахсыбыттара. Бу Саввин поэт быһыытынан билиниитэ мантан саҕаламмыта. Онтон 1972 с. „Мин кистэлэҥим” диэн кыракый хоһооннорун кинигэтэ эдэр поэттар „Чэчир” диэн кассеталарыгар киирбитэ. Ити сыл Василий Саввин Уус-Алдан хаһыатыгар үлэҕэ киирбитэ, хоһоонноро оройуон, республика бэчээтигэр тахсыталаан испитэ.
Суруйааччылар мунньахтарыгар Варвара Потаповалыын билсэн, олохторун холбообуттара, ол гынан олохторугар табыллыбатахтара. Варвара айыылаах-харалаах олохтон эрдэ күрэммитэ, алдьархай соҕотох кэлбэт диэбиттии Василий Саввин аны доҕорун өлөрүүгэ буруйданан 5 сыл хаайыы киһитэ буолар.
Иккис кинигэтэ „Υрүччэ сүүрүгэ” диэн ааттаах 1993 с. тахсыбыта. Υһүс кинигэтэ 1998 сыллаахха 60 сааһын бэлиэтии „Ыра – ырыам ымыыта” тахсыбыта. Бу кинигэҕэ араас сылларга суруйбут хоһоонноро түмүллүбүттэр, икки бастакы кинигэтэ киирбиттэрэ.
Василий Саввин сэрии кэмин оҕото, сэрии тулаайаҕа. Ийэтэ Вера Яковлевна өлүөр диэри кэргэнин күүппүтэ. Кэлэн алаһа дьиэтин туттуо, аал уотун оттуо, оҕолорун көрүө диэн. Кэлин, олох кырдьан баран, нэк сонун бүрүнэн, айан суолун тахсан кэтэһэр идэлэммит. Бу саха тулуурдаах, аламаҕай майгылаах, сайаҕас санаалаах кырдьаҕаһын уолун доҕоро Василий Бочкарев „Саллаат огдообото” диэн ааттаан боруонсаҕа чочуйан оҥорбута. Василий Саввин сэриигэ баран эргиллибэтэх аҕатыгар элбэх хоһоону айбыта. Бу хоһоонноругар ахтылҕан, киэн туттуу иһиллэр.
Аҕам хаартыската.
Сир үрдүгэр үйэ аҥара
Сүтүктээбит күндү аҕам
Хаартыската да көстүбүтэ –
Кэпсэммэт кэрэ түгэн!
Ким эрэ кичэл илиитинэн
Кини өрдөөҕү күлүгэ
Ордон кэлбит үөрүүтүнэн
Олоробун уолун, дьэ…
Майгынныыр син, быһыыта,
Мин сэбэрэм эйиэхэҕэ…
- Аҕа аймаххын, - диэхтиирэ
Айбыт ийэм миэхэҕэ.
Европа сиригэр
Уһун уугун утуйа,
Хаалбыт аҕам, уһугуннуҥ,
Уолун дууһатын уйадыта.
- Дорообо, күндү аҕам,
Дьэ, көрсүөхпүт баар эбит!
Утарыта одуулаһан,
Уһуннук олоруохпут.
Василий Саввин аҕата сэриигэ барарыгар түөртээх эрэ этэ. Онон аҕатын ийэтин эрэ кэпсээнинэн билэр, дьүһүнүн өйдөөбөт буоллаҕа. Хоһоонугар аҕатын хаартыскатын булан, аҕатын кытта көрсүһүү үөрүүтэ иһиллэр.
„Аҕам кэриэһигэр”. Бу хоһооҥҥо киэн туттуу, аҕатынан астыныы баар.
Кырдьык иһин, көҥүл иһин
Кыргыһыыга охтубут
Саллаат аҕам, баара буоллар,
Сааһырыахтыа да эбит.
Уоттан ордон кэлбиттэр
Умуллан иһэллэр сылтан сылын…
Тарбахха эрэ баттанар
Аҕыйахтар билигин.
Кинилэри көрдөхпүнэ,
Киэн туттуохпун баҕарабын.
Уонна саллаат аҕабын
Уйадыйа ахтабын.
Ийэ дойду иннигэр
Иэһин төлөөн охтуута –
Киниэхэ саамай үрдүк
Наҕараада буолбута!
…Билигин да саллаат аҕам
Бойобуой поска турар –
Илдьирийбит синиэллээх
Инники кирбиигэ сылдьар!
Саввин аҕата төһө да сураҕа суох сүттэр кини аата бетон тааска суруллан үйэтиллибитэ. Ол курдук, скульптор доҕоро Василий Бочкарев 1984 с. Чэриктэйгэ сэриигэ баран охтубут буойуттарга анаан памятник оҥорбута. Бу памятнигы оҥороругар Саввин хоһооно улахан оруоллаах.
Сэриигэ барбыт аҕам
Төннүбэтэ бүгүн да,
Ити аата, өссө да,
Сэрии бүтэ илик буоллаҕа…
Бу аҕыйах строкаларга Саввин сэриигэ барбыт дьону хайдах курдук кэтэспиттэрин хоһуйбут. Памятникка ийэ икки оҕотун иннин диэки көрөн турар. Сэрии бүтүүтүгэр Саввин сэттэ, эдьиийэ Ааныс 14 саастаах этилэр. Сэрии тулаайах оҕолорун кинилэринэн уобарастаабыт. Кэтэһии символа буолбут саллааттар суруктара ийэлээх оҕолору төгүрүччү кэккэлээн сыталлар. Бу суруктарга Чэриктэйгэ сэрииттэн эргиллибэтэх 29 саллаат аата суруллубут. Кинилэр ортолоругар Василий Саввин аҕатын аата баар.
2 глава. В. Саввин „Үлэ киһитэ“ хоһоонун геройа Г. Н. Матвеев.
Василий Саввин – нарын иэйиилээх поэт. Кини төрөөбүт дойдутугар, бэйэтин көлүөнэтигэр, дьонугар – сэргэтигэр, истиӊ сыһыана, сүгүрүйүүтэ киэӊник уонна уратытык көстөллөр, үгүс хоһоонноро дьонугар сэргэтигэр, доɧотторугар быһаччы ананаллар.
Кини анабыл хоһоонноругар хас биирдии чугас киһитин олоɧун, идэтин, саныыр санаатын кытта киллэрэн суруйара. Төрөөбүт дойдутун туһунан, кини хоһуун дьонугар элбэх хоһооннорун анаабыта. Олортон биирдэстэрэ "Үлэ киһитэ" диэн сэрии, үлэ бэтэрээнигэр Гаврил Никитич Матвеевка анаабыт хоһооно буолар.
Миэхэ убайым курдук киһи
Микиитэ Хабырыыһа.
Үөрэппитэ кини миигин
Үлэни ытыктыырга.
Киниэхэ олоҕун үөрүүтэ
Үлэттэн эрэ төрүттээх,
Үлэни эрэ өрө тутан
Үөрэр-көтөр үгэстээх, - диэн тыллартан хоһооно саҕаланар.
Кырдьык да Гаврил Никитич Матвеев дьоҥҥо-сэргэҕэ хоһуун үлэһит быһыытынан биллэр эбит. Уруккунан Дүпсүн улууһун Баатаҕай Аллана, кэлин "Ыччат суола" колхоз, билиҥҥитэ Ыччат сирэ диэн ааттанар сиргэ 1922 сыллаахха дьадаҥы дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүт. Бииргэ төрөөбүт үһүөлэр эбит. Ийэлэрэ Хабырыыс уончата буолан эрдэҕинэ өлбүт. Эдьиийэ сэрии иннинэ ыалдьан өлбүт, онон аҕаларын кытта балта Аграфеналыын хаалбыттар. Аны аҕалара 1941 сыллаахха бэйэтин биир сылгылааҕын сиэбитин иһин биир сылга хаайыыга барар. 1942 сыл ахсынньытыгар нэһиилэ тыыннаах эргиллэн кэлэн баран, ый аҥаарынан өлбүт.
1942-1943 сылларга Хабырыыс фермаҕа от тиэйээччинэн, балта сүөһү көрөөччүнэн Егоров Степан Дмитриевичтааҕы кытта дьукаах олорон кыстыыллар.
1943 сыллаахха бэс ыйыгар сэриигэ ыҥырыллыбыт. Даурияттан Японияны утары сэриигэ, кини 210-с дивизията сатыы баран, өстөөх оборонатын ылыыга үс түүннээх күн буолбут кырыктаах кыргыһыыга кыттыбыт. Онтон Чань–Чунь куоракка комендатураҕа харабылга, онтон Мугден куоракка байыаннай заводу көтүрэн союзка атаарыыга үлэлээбит. 1946 сыллаахха дойдутугар эргиллибит.
Хабырыыс дойдутугар кэлэн, аҕыйах хоноот да, үлэлээбитинэн барбыта. 1947 сыл саҥатыттан хонуу биригэдииринэн ананан 1952 сылга диэри үлэлээбитэ. Ол иһигэр 1950 – 1951 сылларга икки төгүл Ааллаах -Үүҥҥэ айаҥҥа тахса сылдьыбыт.
Онтон кэлин бу Чэриктэй биригээдэтигэр хонуу үлэтигэр кыайыылаахтык пенсияҕа тахсыар диэри үлэлээбитэ. Үлэлиир кэмигэр кыахтаах, күүстээх буолан, ыарахан үлэҕэ сылдьара: от – мас тиэйиитэ, сиэмэ быһыытыгар о.д.а. Бу үлэлэргэ кинини үксүн салайааччынан аныыллар эбит.
1954 сыл от ыйыгар Бүтүн Союзтааҕы норуот хаһаайыстыбатын ситиһиилэрин быыстапкатыгар бара сылдьыбыт.
Пенсияҕа тахсан баран, Горохов Афанасий Тарасовичтыын кыттыһан кадровай булчутунан 1995 сылга диэри үлэлэспит.
1995 сыллаахха Кыайыы 50 сылыгар анаммыт үбүлүөйдээх тэрээһинигэр Бороҕоҥҥо ыарахан ыарыыга ыллара да сылдьан кыттыыны ылбыт. Бу сыл күһүнүгэр 73 сааһыгар өлбүт .
Наҕараадалара :
Түмүк
Дакылааппын поэт Василий Саввин хоһоонун тылларынан түмүктүөхпүн баҕарабын :
Бар дьонугар биллэр аата –
Микиитэ Хабырыыһа.
Олорор аадырыһа –
Оргуйар үлэ үөһэ.
Үлэ киһитин үтүө мөссүөнүн
Мин киниэхэ көрөбүн.
Оҕонньорум иннигэр
Оргууй нөрүөн нөргүйэбин.
Дакылаат оҥорорбор биир дойдулаахпыт В. Саввин айар үлэтин билистим. "Үлэ киһитэ" хоһоон геройа сэрии, үлэ ветерана, Чэриктэй биир хоһуун үлэһитин Гаврил Никитич олоҕун, үлэтин туһунан ахтыылартан биллим. "Германияны кыайыы" иһин, "Японияны кыайыы" иһин мэтээллэр баалларын биллим.
Туһаныллыбыт матырыйааллар
Үлэ киһитэ
сэрии, үлэ ветераныгар Г. Н. Матвеевка
Миэхэ убайым курдук киһи
Микиитэ Хабырыыһа.
Үөрэппитэ кини миигин
Үлэни ытыктыырга.
Киниэхэ олоҕун үөрүүтэ
Үлэттэн эрэ төрүттээх,
Үлэни эрэ өрө тутан
Үөрэр-көтөр үгэстээх.
Көлүйэр хас тахсар күнү
Кини үлэ күрэҕэр,
Кыһыҥҥы да түүн кылгыыр
Хоһуун киһи сүрэҕэр.
Үлэ үөскэппит үөрүүтэ
Үрдүк аналлаах, өлбөт үйэлээх.
Үлэ көтүппүт киһитэ
Үүнэр, үрдүүр кэскиллээх.
Бар дьонугар биллэр аата –
Микиитэ Хабырыыһа.
Олорор аадырыһа –
Оргуйар үлэ үөһэ.
Үлэ киһитин үтүө мөссүөнүн
Мин киниэхэ көрөбүн.
Оҕонньорум иннигэр
Оргууй нөрүөн нөргүйэбин.
Туһаныллыбыт литература
Зимняя сказка
Лепесток и цветок
Центральная часть Млечного пути приоткрывает свои тайны
Лупленый бочок
Ломтик арбуза. Рисуем акварелью