Творческая работа членов литературного кружка "Силис" 2009 г. рук. Ефимова Е.Д. учитель якутского языка и литературы Эбяхской СОШ.
Вложение | Размер |
---|---|
uulaah_ebem_ohuokay-ayyylar_unkuulere.doc | 120.5 КБ |
Уулаах Эбэм.
Номоххо кэпсэнэр кэмнэртэн
Кэмэ суох уйэлэр аастылар,
Ол онтон Эбэни эргиччи
Отохтор кэрэЬит буоллулар.
Сыркыс.
Ханнык ба5арар улуус, нэЬилиэк туспа ааттаах суоллаах, ытык сирдэрдээх. Дьукээбил суЬумун анныгар сытар II-Ханалас нэЬилиэгэ бэрт ортон; уйаара-кэйээрэ биллибэт, ула5ата-уор5ата костубэт, киэн-нэлэмэн куоллэринэн аатырар. Биир оннук, уостан туспэт номохтоох куолунэн Уулаах Эбэ буолар.
Мин, хас саас ахсын, эЬэм о5онньору кытта, хоЬоонно хоЬуллубут Уулаахха, куЬуннэ дылы балыктыыбын. ЭЬэм толору аата Гуляев Алексей Ильич. Быйыл олунньу 18 кунугэр 84 сааЬын туолбута. Барыта 16 о5ону иитэн, улаатыннаран, атахтарыгар туруорда, 28-с сиэннээх, 4 хос сиэннээх.
Уулаах – былыргы сир. БыЬа холуйан эттэххэ; устата 1 кос курдук, туората 6-7 км. тэннэЬэрэ буолуо… Сайын бэс ыйын бутэЬигэр дылы, комуол мууЬа сана ууллан бутэр. Балыгын арааЬа элбэ5ин киЬи со5ор. Ол курдук мунур, сыанаан, суокур, мыранаатта, сордон, каакша бэл хантанкэлэрэ биллибэт собо…
Ахса биллибэт бырдахха, улахан куолгэ тыынан киирэн илим утэр, корор, ылбыт булкун кытылга таЬааран, наардаан тиЬэн 200-кэ миэтэрэ кэринэ ыраахха тутан илдьэн бобуруоккэ туЬэрэр угус ыарахаттардаах, сылаалаах. Ол эрэн, ураты сибиэЬэй салгына, кэрдиистии тууруллэр долгунун дохсун тыаЬа, урдук дьаар биэрэгэр костор о5уруо курдук тыалара тахсан эрэр кун сарданата куол урсунугар араас онунэн дуоЬуйа оонньуура, дьэргэлгэн иччилээх костуутэ, кыайан этиллибэт ураты абыланынан киЬини кууЬар. Ба5ар онтон буолуо эдэриттэн кырдьа5аЬыгар тиийэ былыргыттан быйылгыга тиийэ тартаран балыктыыллара?!
КиэЬэ тумуктээх улэ кэнниттэн, эЬэм хааЬахтан хостоон эрэрдии сааЬылаан, бытааннык, Халымалыы на5ыллык буппэт эгэлгэ кэпсээнин са5алыыр:
Ортон ыла Уулаах – айыл5а дьикти костуутэ буолан дьону-сэргэни тардар. Эбээхтэн торуттээх, идэтинэн историк Слепцов Иван Иванович аан бастаан документальнай киинэ устубута. Учууталбыт Ефимов Василий Иванович – Сыркыс «Чокуур уота» диэн кинигэтигэр эЬэм кэпсээбит номо5ун поэзия жанрыгар киллэрэн угус аа5ааччы биЬирэбилин ылбыта. СГУ «Саха тылын салаатыгар» Y курска уорэнэн Альбина Ефимова эЬэм кэпсээннэрин, номохторун кассета5а уЬулан, тумэн, сурукка киллэрэн фольклорнай практикатын тумугунэн «II – Ханалас нэЬилиэгин уЬуйээннэрэ-номохторо» диэн ааттаан ситиЬиилээхтик комускээбитэ. Салайааччынан саха тылын учуутала Евдокия Даниловна Ефимова этэ. Эбээх орто оскуолатын иЬинэн ыытыллыбыт «Уулаах Эбэ» диэн тематическай биэчэргэ билигин куолгэ балыктыыр кырдьа5астарбыт: Гуляев Алексей Ильич, Слепцов Иван Михайлович, Ефимов Василий Иванович кыттыыны ылбыттара. БиЬиэхэ балыксыт сиэрин-туомун, угэЬин, сирдэр ааттарын туЬунан кэпсээбиттэрэ.
Обугэлэрбит олорон ааспыт сирдэрин-уоттарын корон-чинчийэн, кырдьа5астар кэпсээннэрин сурукка киллэрэн уйэтитэр ытык иэспитин умнумуо5ун!
Торообут туолбэбитин харыстыа5ын! Киэн тутта ааттыа5ын!
Коля Гуляев
Эбээх орто оскуолата.
Салайааччы – Ефимова Е.Д.
Орто-Халыма улууЬа
II-Ханалас нэЬилиэгэ
Эбээх орто оскуолата.
«Кэскил» хаьыат
Республиканскай конкурс кыайыылаа5а
Похвальная грамота
ОЬуохай – Айыыларга сугуруйуу ункуутэ.
Угус араас норуот, торообут тыла баарын, сайдарын тухары эрэ, омук быЬыытынан олорор, сананы, туспалаа5ы ыйар кыахтаах. Торообут тыл, торут фольклор олус улахан мунура суох сотуллубат суолталаах. Туох барыта уунэн, чэчирии силигилээн тахсарыгар киниэхэ силис наадатын курдук, уйан дууЬалаах саха киЬитигэр урукку дьылтан, бу кэмнэ диэри уостан-уоска, колуонэттэн колуонэ5э ситэриллэн, чочуллан, тупсарыллан – оЬуохай кэллэ.
Оьуохай – саха торут ункутэ. Былыргы сахалар сааскы сиэрдэрэ-туомнара айыыларга ананара. 1883-1886 сыллаахха дылы Орто Халыма улууЬугар II-Ханалас нэЬилиэгэр Дуонсэ учаастагар ссылка5а олорбут Влад Серошевскай «Якуты» диэн этнографическай улэтигэр маннык суруйар: « Центральной фигурой описываемого культа следует считать Аисыт, существо женского пола, символ плодородия, по преимуществу (649 стр.) ». Ол иЬин ыЬыах кэмигэр алгысчыттар дьахтар танаЬын танналлара. Айыыларга сугуруйуу биир умнуллубат суолунан оЬуохай буолар. Саха биир бастакы уорэхтээ5э А.Я.Уваровскай «Ахтыыларыгар» ыЬыах ункуутугэр эр дьон киирбэттэр, бу – «Дьахтар ункуутэ» диэн быЬаарбыт.
20-30 сыллардаахтан са5алаан Саха сирин уЬук сытар улуустарын кэрийэн итэ5эли сурукка киллэрбит киЬинэн СэЬэн-Боло буолар. Дьиннээх аата – Дьячковскай Дмитрий Иванович. Кини Орто Халыма II-Ханалас нэЬилиэгэр сылдьан суруйбут кэпсээнигэр этиллэринэн «Айыы ыЬыа5ар кэрэх туруораллар – куонньар маЬа диэн мугур маЬы илин-ар5аа ыйаан баран сылгы тириитин илин мэйиитин ыйыыллар эбит. Оттон саха советскай литературатын торуттээччи, тыл уорэхтээ5э П.А.Ойуунускай 1929 сыллаахха «Чолбон» 3,4 № «Сахалыы групповой ункуулэр» диэн улэтигэр былыргы ункуу кыталыктар ункуулэрин утуктууттэн уоскээбитэ диэн суруйар. Сахалар уЬуйээннэринэн, Эллэй ыЬыа5ар уоЬэттэн урун котордор туЬэн урун илгэттэн аЬаан баран уоЬэ тоттору котоллор. Онон, олох былыр ыЬыах ытык кыыллар саас со5урууттан кэлиилэригэр ананара.
Этнограф Валерий Васильев маннык суруйар былыргы ыЬыах ункуутэ биир сиринэн хайаан да аЬа5астаах буолара. Ырыа тылын таЬаарар алгысчыт дьахтар дьабака бэргэЬэтин сэгэччи кэтэн туЬулгэ ортотугар киириэхтээх. Ыьыах ункуутугэр биир сири аЬа5ас хаалларыы – АйыыЬыты киллэрии бэлиэтэ буолар» диэн ахтар. Билинни кэмнэ бу хаамыы корунэ уларыйбыт. Этээччини кытта хатылааЬааччылар илиилэрин холботолуу тутан баран кун тогуруччу эргийэллэр. Ол эрэн этээччи икки ортугэр хайаан да икки кынаттаах буолар ( ол аата тыл бутэЬик суЬуо5ун хабан иЬэр дьон кинилэр ункуу соптоох ритмин тутунар этигэн кылыЬахтаах, биир тэн тональностаах илбистээх тыллардаах.
Уьук Хоту олорор сахалар оЬуохай ункуутун толоруулара уратылардаах. Ол курдук Абый улууЬун ыЬыа5ын суруйууларыгар, дьахталлар сиэттиЬэн киирэллэр, уонна айыы сэргэтин тула 3 тогул кун хоту эргийэллэр, тумуктэригэр илин турар дьахтар сэргэтин тула 3 тогул куну утары эргийэллэр эбит. Мантан кордоххо, кун хоту эргийии – айыылары корсуЬуу, оттон кун утары хаамыы айыылары атаарыы курдук ойдуоххэ соп. Саха итэ5элигэр, олонхо5о АйыыЬыт кыталык буолан туЬэрэ ойууланар.
АлаЬыай орус сунньунэн олорор тоуртолохтоохтор кыталыктан, кубаттан торуттээхпит диэн аа5аллар, онон тотемнай котордорго киллэриэххэ соп. Оттон кыталыктыы ункуулээЬин айыы уда5аттарын кытары быстыспат ситимнээх. Бу ункуу (унуу-суктуу) Кыыс Айыы-кыталык кыыл буолан со5урууттан кэлэр диэн итэ5элтэн тахсыбыт. Маннык ритуальнай ойдобуллээх ункуу умнуллан эрэр сиэрэ-туома, хаттаан соргутуллэрэ буоллар; оЬуохай былыргы айыылары кытта ситимэ быстыа суох этэ. Мин биирин дьиктиргиибин, сыл ахсын торообут туолбэм урдунэн ыЬыах са5аланыытын са5ана кылбаа манан куба уорэ урдубутунэн лынкынатан-кынкынатан уруйдуур курдук эргийэ котоллорун?!
Ба5ар, тоЬО да кэм кэрдиис аастар айыл5а о5олоро буоларбытын урдук айыылартан айдарыылаахпытын санаталлара буолаарай!
Ефимова Дуся
Салайааччы – Ефимова Е.Д.
Орто-Халыма улууЬа
II-Ханалас нэЬилиэгэ
Эбээх орто оскуолата.
«Норуот педагогикатыгар тирэ5ирэн»
кинигэ5э бэчээттэннэ
г. Среднеколымск
Муниципальное общеобразовательное учреждение
«Эбяхская средняя общеобразовательная школа»
«СИЛИС» литературнай тумсуу
γѳрэнээччилэрин чинчийэр улэлэрэ.
«Силис» литературнай тумсуу салайааччыта
Ефимова Евдокия Даниловна,
Эбээх орто оскуолатын
саха тылын уонна литературатын учуутала
Эбээх боh.
2009 с.
Как зима кончилась
Астрономы получили первое изображение черной дыры
Как нарисовать зайчика
Медведь и солнце
Кто грамотней?