Стихотворения учащихся, посвященные своим мамам.
Вложение | Размер |
---|---|
moya_mama.docx | 228.39 КБ |
(2-б кылаас үөрэнээччилэрин хоһоонноро)
Хомуйан оңордо: Васильева Н.В.
Ийэбин олус таптыыбын,
Күн сирин көрдөрбүт киһибин,
Кинини кимиэхэ да биэрбэппин
Күн тэңэ киһибин.
Аан дойду кэрэтин эйиэхэ,
Ийэбэр аныахпын саныыбын,
Эн кэрэ мичээриң
Мин сүрэхпэр өрүү баар буолуо.
Петров Тимур
Мин ийэм барахсан
Сып-сылаас илиилээх,
Мип-минньигэс аһылыктаах,
Нап-нарын куоластаах,
Мин таптыыр ийэм
Мааны да майгылаах,
Үчүгэйдик үөрэниэм
Ийэбин куруук үөрдүөм.
Захарова Алена
Мин ийэм күн тэңэ бэйэлээх,
Мин ийэм истиң мичээрдээх,
Мин ийэм эйэђэс майгылаах.
Тихонов Андрей
Ийэ, ийэ барахсан
Күн күбэй киһигин.
Күндү ийэбин эйигин,
Олус күүскэ таптыыбын.
Сивцев Сандал
Кугас баттахтаах,
Духуу сыттаах,
Сыллыыра сылаас,
Мин ийэбин таптыыбын.
Барыга бары үөрэтэр,
Минньигэстик буһарар,
Үлэлээ да үлэлээ буолар
Мин ийэбин таптыыбын.
Игнатьева Сайыына
Ийэм баар буолан Мин ийэм наһаа үчүгэй
Мин баарбын. Минньигэс ас астыыр,
Ийэ – мин дьолум Мин ийэбин наһаа таптыыбын,
Ийэ диэн күндү киһи, Ийэм тылын куруутун истэбин.
Ийэ диэн күн киһи.
Петрова Илона
Федорова Маша
Где спят снеговики?
Одна беседа. Лев Кассиль
Рисуем весеннюю вербу гуашью
Есть ли лёд на других планетах?
Серебряное копытце