О роли отца в воспитании детей из воспоминаний детей Иннокентия Николаевича Слепцова, автора сборника преданий "Кээлбэс"
Вложение | Размер |
---|---|
innokentiy_nikolaevich_sleptsov_o5onu_iitiige_oruola.docx | 44.68 КБ |
Саха £р³спµµбµлµкэтин µ³рэ±ин Министиэристибэтэ
«Эбээн Бытантай национальнай улуу´а»
муниципальнай тэрилтэ µ³рэ±ин салаата
И.Н.Слепцов аатынан Кустуур орто оскуолата
Иннокентий Николаевич Слепцов о±ону иитиигэ оруола
(т³р³ппµт о±олорун ахтыыларынан)
Толордо: И.Н.Слепцов аатынан Кустуур орто
оскуолатын 9 кылаа´ын µ³рэнээччитэ
Горохова Татьяна Николаевна
Салайааччы: саха тылын уонна
литэрэтиирэтин учуутала Горохова Е.А.
Кустуур, 2022с
И´инээ5итэ
Киириитэ.
А±а диэн эмиэ биир тапталлаах киьи баар буолар эбит…
« Сааскы кэм» Амма Аччыгыйа
А±а т³р³ппµт о±отун дьон обществотыгар сыыйа киллэрэн ки´и-хара, бэйэтэ туспа ааттаах-суоллаах личность бы´ыытынан µµннэриэ±эр диэри элбэх ³рµттээх социальнай оруоллары толортуур. ¥чµгэй а±а диэн о±ону ураты ³йд³³х-санаалаах, ураты майгылаах личность бы´ыытынан иитэр. Тус бэйэтин µлэтинэн, иллэ² кэм²э дьарыктанарынан, айан о²ортообут о²о´уктарынан. О±олорун сиэр-майгы µрдµк к³рд³бµллэригэр ту´аайан бэлэмнээбит а±а дьоллонор. О±олорун тустарыгар ахсаабат бол±омтону, кы´ал±аны анаабыт а±а дьоллонор. Дьи² а±а анаан-минээн соруктаммакка эрэ кэнники - уола µчµгэй а±а, кыы´а учµгэй ийэ буолууларыгар акылаат ууран эппиэтинэс чувствотын и²эрэр.[Тумусов .Ф.С с227]
- И.Н.Слепцов о5ону имтиигэ норуот педагогикатын ту´анан ииппит ньыматын чинчийии;
- И.Н.Слепцов бэйэтин холобурунан о±олорун иитэн та´аарбытын тиэрдии;
- Били²²и кэм²э иитии боппуруо´а актуальнай боппуруос буоларын бы´ыытынан µµнэр к³лµ³нэ±э ³йд³тµµ;
II. Сµрµн чаа´а
1. Басты² а±а м³ссµ³нэ, олоххо сити´иитэ.
Иннокентий Николаевич Слепцов 1917 сыллаахха атырдьах ыйын 1 кунугэр Тугэ´иир нэ´илиэгэр Верхоянскай уокуругар к³´³ сылдьар эбээн дьиэ кэргэнигэр т³р³³бµт. Уон о±оттон бастакы буолан, кини эрдэ таба´ыт, булчут буолбут. 1932 с. Оскуола±а µ³рэнэ киирбит. 1938 с. Дьокуускайдаа±ы педтехникум эбээн-эбэнки отделениятыгар 2–с кууруска киирэн µ³рэнэн и´эн, 1940 с.тохсунньуга ыалдьан т³нн³н кэлбит, итиэннэ Саккырыыр 7 кылаастаах оскуолатыгар учууталлаабыт. 1941 с. ССКП чилиэнигэр киирбит. Саккырыыр ситэтэ суох орто оскуолатыгар заву´унан, онтон Тугэ´иир оскуолатыгар директорынан, 1951с. райком сэкирэтээринэн µлэлии сылдьан партийнай оскуола±а уерэммит. Саккырыыр ситэтэ суох орто оскуолатыгар заву´унан,онтон Тугэ´иир оскуолатыгар директорынан улэлээбит.1951с. ССКП райкомун парткабинетын сэбиэдиссэйинэн, 1952с райком сэкирэтээринэн, 1961с. «Ленинскэй» сопхуос бастакы директорынан, онтон почта начальнигынан улэлээбит. Кустуурга 8 кылаастаах оскуола±а история учууталынан, 1967-69 сс. Оскуола директорынан, салгыы интернат иитээччитинэн, у´атыылаах группа±а учууталынан, социальнай харалта±а сылдьыбыт.
И.Н.Слепцов «1941-1945сс. А5а дойдуну к³мµскµµр сэрии кэмигэр килбиэннээх µлэтин и´ин» мэтээлинэн, Саха АССР Верховнай Сэбиэтин Президиум Бочуотунай грамотатынан, В.И.Ленин т³р³³бµтэ 100 сыла туолуутугар µбµлµ³йнэй мэтээлинэн на±араадаламмыта, Саха АССР норуотун ха´аайыстыбатын µтµ³лээх µлэ´итин, РСФСР норуотун µ³рэ±ириитин туйгунун, Дьаа²ы Бочуоттаах олохтоо±ун ааттара и²эриллибитэ. Иннокентий Николаевич у´улуччу талааннаах , киэ² билиилээх учуутал, µтµ³-к³н³ ки´и, а±а табаарыс уонна до±ор бы´ыытынан бииргэ µлэлээбит дьонун исти² ытыктабылларын, махталларын ылбыт.
2. Иннокентий Николаевич Слепцов а±а бы´ыытынан о±олорун ииппит ньымата.
Иннокентий Николаевич Слепцов кэргэнин Александра Гаврильевналыын сэттэ о5ону т³р³т³н кµн сирин к³рд³рбµттэр. Кэргэнэ эрдэ олохтон туораан, со5отох хаалан, о5олорун бэйэтэ иитэн, к³р³н-харайан, атахтарыгар туруорбут. Т³р³ппµт о±олорун, сиэннэрин ахтыыларыттан аахтаахха а±аларын, э´элэрин ту´унан олус сырдык, µтµ³ тыллар этиллибиттэр. Онон, мантан к³рд³хх³ о5олоро бары улэ´ит, µ³рэхтээх дьон буолан тахсалларыгар улахан оруоллаах эбит. Иннокентий Николаевич дьиэ кэргэнтэн иитии улэтэ барарын ³сс³ т³гµл бигэргэппит. Ол курдук, бэйэтин о±олоругар иитии араас ньыматын ту´анан, µксµгэр к³рд³р³н µ³рэтии, бииргэ сырытыннарыы:
- улэнэн иитии;
- бултаа´ын, балыктаа´ын;
- идэ±э µ³рэтии, идэни утумнаа´ын;
- дьиэ µлэтигэр;
- олох – дьа´ах µгэстэригэр;
- сиэргэ-майгыга;
-бэйэ холобурунан;
-норуот µгэстэригэр;
-ч³л олоххо;
- талаа²²а, дьо±урга;
Иннокентий Николаевич т³´³ да µлэ µ³´µгэр сырыттар а5а, т³р³ппµт бы´ыытынан о5олорун кыра эрдэхтэриттэн т³р³³бµт дойдуларын таптыырга, харыстыырга µ³рэппит. Ол курдук былыр – былыргыттан кэлбит муудара´ы ту´анан, уолаттарын бэйэтин кытта баты´ыннара сылдьан бултуурга: куска, балыкка, - булт µтµ³ µгэстэригэр, абыла²ар, айыл±а±а сылдьыы сиэригэр-туомугар, к³с эбээн удьуордаах буолан, уолаттарын, сиэннэрин ыстаада ыарахан улэтигэр такайбыт, у´уйбут. Бу ту´унан уолаттарын ахтыыларыттан к³р³бµт.(Анатолий Иннокентьевич, Гаврил Иннокентьевич, Михаил Иннокентьевич стр68-72)
Иннокентий Николаевич о±олоругар на´аа исти² сы´ыаннаах, о±олорун ха´ан да м³хп³т, улаханнык са²арбат ки´и эбит. Кытаанах бэйэлээхтик к³р³н кэби´эрэ диэн суруйар.(Кыра уола Михаил Иннокентьевич, стр 72)
Общественнай улэттэн туора турбат биир тутаах ки´и буоларын, кини араас мунньахтарга сылдьан, нэ´илиэк сайдыытын ту´угар элбэх боппуруо´у туруорсубут µлэлэриттэн к³рд³хх³, бэйэтин холобурунан к³рд³р³н ииппит.
Былыр – былыргыттан кэлбит µгэ´и туту´ан ыалдьытымсах, атын сиртэн кэлбит дьон киниэхэ хонон - ³р³³н, а´аан бараллар. Ханна эмит ыраах бардар эрэ куруук кэ´иилээх кэлэр эбит. « Илии тутуурдаах, ³ттµк харалаах». Ону о5олоро олус диэн кµµтэллэрин ту´унан хас биирдии о5о ахтыыларыгар бэлиэтииллэр.
Аны туран биир басты² спортсмен, эдэр эрдэ±иттэн бэйэтин кыанар ки´и эбит. Хас эмэ к³ст³³х сиргэ хайы´арынан сылдьар, куруук сэрээккэлиир, сµµрэр, хаамар. Саа´ыран да баран ол дьарыгын сµтэрбэтэх. Ону та´ынан дуобатчыт, саахыматчыт бэрдэ. О5олорун эмиэ дуобакка, саахымакка µ³рэппит. Бу манан ч³л олохтоох а±а буоларын кэрэ´элиир.
Хас биирдии ки´и талааннаах буоларын бы´ыытынан сыанаттан тµспэт артыыс. Кулуупка кинитэ суох сыа²ка, пьеса, испэктээк ааспат. Сыана5а дьи² чахчытык оруолун оонньуурун кыра кыы´а Вера Иннокентьевна ахтыытыгар бэлиэтээбит.(стр73)
Кыргыттарын дьиэ µлэтигэр сы´ыаран ииппит. Ол курдук дьиэни-уоту ыраастык тутан, сууйан-тараан, барыта миэстэтигэр буоларын курдук, туох баар дьиэ µлэтэ би´иги санныбытыгар сµктэриллибитэ диэн суруйар.( Орто кыы´а Евгения Иннокентьевна стр66)
Ки´и бы´ыытынан, дьо²²о-сэргэ±э ытыктанар, дьээбэлээх, элэккэй майгылаах, чиэ´инэй, эппиэтинэстээх, мындыр ³йд³³х.
Ол курдук, Тумусов Ф.С. суруйарынан, а±а о±отугар таптала бэйэтин кэргэнигэр, ол аата ыал ийэтигэр тапталыттан са±аланар. Барыта кэргэ²²э, ийэ±э уонна дьиэ ха´аайкатыгар тапталга олохсуйар. [Ыал Бии Билиитэ, Дьокуускай, Кудук,2001, 233с. ] Итинэн, Иннокентий Николаевич кэргэнигэр на´аа исти² сы´ыаннаах, ха´ан да5аны улаханнык кыы´ырсыбатахтар са²арсыбатахтар. Ол ту´унан кыра уола ахтыытыгар то´о5олоон суруйбут.
( Михаил Иннокентьевич, стр72)
Тµмµк
Тµмµктээн эттэххэ, Иннокентий Николаевич о5олорун тус бэйэтин холобуругар µ³рэппит, ииппит. Оло5у таптыырга, тулалыыр эйгэ±э, айыл±а±а сымна±астык сы´ыанна´арга такайбыт. А±а культурата киэ², дири² ис хо´оонноох. Олоххо тугу гынара, о²ороро, айара, дьарыктанара, ³йµн - сµрэ±ин сылаа´а, дьайыыта – барыта киирэр. Онон, Иннокентий Николаевич иитиитэ -µ³рэтиитэ бэриллэн о±олоро, ыал ийэтэ, а5ата, µ³рэхтээх бэрдэ, улэ´ит µтµ³тэ, дьон буолан , а±аларын µ³рэтиитин о±олоругар, сиэннэригэр, хос сиэннэригэр и²эрэн, аатын µйэтитэн кµн бµгµ²²э диэри улэлии-хамсыы сылдьаллар.
Иннокентий Николаевич Слепцов идэтин утумнаабыт оҕолоро, сиэннэрэ;
Анатолий Иннокентьевич Слепцов, улахан уола, учуутал, Республика5а Слепцовтар педагогическай династияларын аҕа баhылыга.
Вера Иннокентьевна Слепцова, кыра кыыhа, Саха Республикатын ʏѳрэҕириитин туйгуна, учуутал.
Акулина Егоровна Гаврильева, улахан сиэнэ, Саха Республикатын ʏѳрэҕириитин туйгуна, учуутал.
Иннокентий Егорович Колесов, сиэнэ, Саха Республикатын ʏѳрэҕириитин туйгуна, учуутал.
Ализана Слепцова,сиэнэ, учуутал идэлээх.
Ту´аныллыбыт литэрэтиирэ:
Рисуют дети водопад
"Портрет". Н.В. Гоголь
Что есть на свете красота?
Глупый мальчишка
Браво, Феликс!