Катя с докладом "Баайыы абылаҥа" участвовала на НПК "Первые шаги".
Вложение | Размер |
---|---|
katya_permyakova.docx | 15.99 КБ |
Доклад аата: Баайыы абылаҥа
Актуальнаһа: билиҥҥи кэмҥэ таҥас, матырыйаал сыаната ыарахан, онон баайа үөрэннэххэ араас бэйэ кэтэригэр наадалаах маллары баайан кэтиэххэ сөп.
Чиничйэр предметим: кыыс оҕо баайыынан дьарыктаныыта
Докладым сыала: баайыы киһи олоҕор туһалааҕын көрдөрүү, сырдатыы
Доклаппын суруйарга маннык соруктары туруордум:
- баайыы туһунан кинигэлэртэн ааҕан билии,
- сап араастарын үөрэтии,
- баайыы ньымаларын үөрэтэн баайа үөрэнии,
- алын уонна үрдүкү кылаас кыргыттара төһө баайалларын чинчийии,
- куукулаҕа таҥас баайарга холонуу.
Сабаҕалааһын: кыыс оҕо кыра сааһыттан сатаан баайа үөрэннэҕинэ, кэлин өттүгэр олоҕор-дьаһаҕар туһалаах буолуо этэ.
Дьон баайыынан биһиги эрабыт саҕаланыан инниттэн дьарыктаммыттар.
Европаҕа баайыыны миссионердар аҕалбыттар диэн сабаҕалыыллар. 12-с үйэҕэ баайыы дьиэ үлэтигэр кубулуйбут. 13-с үйэҕэ Францияҕа промышленность дохуот киллэрэр салаата буолбут. Сэлээппэлэри, бэрчээккилэри, баайыы ичигэс ырбаахылары, чуккулары баайаллар эбит.
Бастаан баайыынан эр дьоннор дьарыктаммыттар эбит. Ол саҕана баайыы таҥапары баай эрэ дьон атыылаһан таҥнар кыахтаахтар эбиттэр. Сотору кэминэн баайыынан үксүн дьахталлар дьарыктанар буолбуттар.
Бастакы баайар станогу Вулбриджка олорор аҕабыт көмөлөһөөччүтэ Вильям Ли айбыт.
Билиҥҥи үйэҕэ сап арааһа атыыланар. Саптары икки көрүҥҥэ араарыахха сөп. Бастакыта натуральнай саптар, иккискэ – искусственнай саптар киирэллэр. Шерсть, полушерсть, мохер, хлопок, солко, лүөн.
Шерть сап бараан түүтүттэн оҥоһуллар.
Мохер сабы коза түүтүттэн өрөллөр. Сайыҥҥы таҥастары баайарга үксүн лүөн сабы тутталлар. Билиҥҥи кэмҥэ баайарга искусственнай, синтетическэй саптары – вискозаны, полиамиднай, полиэфирнай волокнону, акрилы элбэхтик тутталлар. Маннык саптар бөҕөлөр, эрээри заряттаналлар, ууну оборботтор. Ол иһин дьон ордук булкаас саптары атыылаһаллар.
Баайыах иннинэ бастаан сөптөөх күрүчүөгү эбэтэр испииссэни талабыт.
Күрүчүөктэр араастаахтар. Ол курдук, тимир, пластмасса, мас, муос, күрүчүөктэр бааллар.
Испииссэнэн баайарга набор атыылаһар ордук. Наборга 2; 2,5; 3; 3,5; 4; 4,5 диаметрдаах испииссэлэр, биэс чулочнай уонна кольцевой испииссэлэр киирэллэр. Испииссэлэр эмиэ стальной, алюминиевай, пластмасс, мас уонна муос буолаллар.
Мин баайарга эдьиийбиттэн көрөн үөрэммитим. Эдьиийим Марианна 8 кылааска үөрэнэр. Кини 5 кылааска үөрэнэ сылдьан «Аптаах идэ» куруһуокка сылдьыбыта. Онно технология учуутала Розалия Дмитриевнаттан үөрэммитэ. Билигин кини бэйэтэ толкуйдаан араас быһыылаах бэргэһэлэри, накидкалары баайар. Онтукатын сибэккинэн, хоруоҥканан киэргэтэр. Дьон сакааһынан баайан харчы киллэринэр. Эдьиийим миэхэ холобур буолар.
Биһиги оскуолабытыгар кыргыттар баайыынан төһө дьарыктаналларын билээри анкетирование ыыттым. Барыта 21 кыыс эппиэттээтэ.
Алын кылаас кыргыттара саастара кыра буолан баайарга үөрэнэ иликтэр.
Орто уонна үрдүкү кылаастарга 21 кыыс үөрэнэр. Кинилэр бары сатаан баайаллар. Үксүлэрэ технология учуутала Евсеева Розалия Дмитриевнаттан үөрэммиттэр. 5, 6, 7 кылаас кыргыттара үксүлэрэ күрүчүөгүнэн баайаллар, оттон улахан кылаас кыргыттара бары испииссэнэн да, күрүчүөгүнэн да баайаллар эбит. Саптарын маҕаһыынтан атыылаһаллар, сорохтор суруйтаран ылаллар.
Бэйэлэригэр араас таҥастары бааналлар: шарфиктары, бэргэһэлэри, кепкалары, курдары, үтүлүктэри, оонньуурдары. Улахан кыргыттар өҥүн наардаан бэйэлэригэр комплект (шарфик, бэрэгэһэ, үтүлүк) баамыттар. Баайыы кыыс оҕоҕо аһара туһалаах диэн хоруйдаабыттар.
Мин 2 кылаастан баайабын. Эдьиийбиттэн көрөн үөрэммитим. 3 кылааска кур бааммытым. 4 кылааска сумочка баанным. Бэйэм айаммын куукулаҕа сарафан баайдым.
Доклады суруйан баран мин сап арааһын биллим, баайыы ньымаларын туттан таҥас баайарга үөрэнним. Оскуолам кыргыттара төһө баайалларын үөрэттим. Онон, баайыы киһиэхэ олус туһалаах. Кыыс оҕо кыратыттан баайа үөрэннэҕинэ, инники олоҕор-дьаһаҕар туһалаах буолар эбит.
Груз обид
Интервью с космонавтом Антоном Шкаплеровым
Аэродинамика и воздушный шарик
Рисуем акварелью: "Романтика старого окна"
Мост Леонардо