Олоҥхо үөскээбит төрдө бэрт былыргы үйэлэргэ сытар, үгүс үйэлэр анараа өттүлэриттэн кэлэр силистээх. Ол да иһин олоҥхо “былыргы дьыл быдан мындаатыгар, урукку кэм одун уорҕатыгар”, эбэтэр “үс саха үөскүөн иннинэ, түөрт саха төрүөн иннинэ” диэн киирии тылларынан саҕаланар.Олоҥхо, мин санаабар, саха норуотун эрэ буолбакка, бүтүн киһи аймах түҥ былыргы историятын илдьэ сылдьар айымньы буолуон сөп. Ону үгүс олоҥхо аан дойду айыллыытын, үөһээ дойдуга олохтоох биис уустара бэйэлэрин икки ардыларыгар буолар улахан сэриилэрин, айыылар, абааһылар олохторун сиһилии ойуулааһын, орто дойдуга айыы дьонун олохтооһунун туһунан кэпсиир кэрчиктэрэ туоһулууллар. Бу хас эмэ миллиардынан сыл устатын тухары сир историятыгар туох буолбутун, олох хайдах сайдан испитин киһи аймах бэрт кыраны билэр. Ол иһин таайыллыбатах таабырыннар сүрдээх элбэхтэр.
Вложение | Размер |
---|---|
olonho_taabyryna._dakylaat_tezis.docx | 48.3 КБ |
Ɵктɵм лицейэ
Олоҥхо таабырына
Толордо: 10 кылаас үɵрэнээччитэ
Федорова Айыыда
Салайааччы: Самсонова Т.П.
Тоҕооһо:
2005 с. ЮНЕСКО олоҥхону аан дойду ураты харыстанар, өлбөт-сүппэт айымньыларын ахсааныгар киллэрбитэ. Онон сибээстээн, сэтинньи 25 күнэ – Олоҥхо күнүнэн биллэриллибитэ уонна олоҥхону харыстыыр, үөрэтэр, тарҕатар туһунан Ил Түмэн Программата ылыллыбыта. Ол иһин билигин олоҥхону үөрэтии хайа да кэмнээҕэр ордук суолталанна.
Сыала:
Соруга:
1. Олоҥхону ааҕыы;
2. Араас дойду мифологияларын үөрэтии ;
3. Олоҥхо ис хоһоонун үөрэтии;
Киириитэ
Олоҥхо үөскээбит төрдө бэрт былыргы үйэлэргэ сытар, үгүс үйэлэр анараа өттүлэриттэн кэлэр силистээх. Ол да иһин олоҥхо “былыргы дьыл быдан мындаатыгар, урукку кэм одун уорҕатыгар”, эбэтэр “үс саха үөскүөн иннинэ, түөрт саха төрүөн иннинэ” диэн киирии тылларынан саҕаланар. Олоҥхо, мин санаабар, саха норуотун эрэ буолбакка, бүтүн киһи аймах түҥ былыргы историятын илдьэ сылдьар айымньы буолуон сөп. Ону үгүс олоҥхо аан дойду айыллыытын, үөһээ дойдуга олохтоох биис уустара бэйэлэрин икки ардыларыгар буолар улахан сэриилэрин, айыылар, абааһылар олохторун сиһилии ойуулааһын, орто дойдуга айыы дьонун олохтооһунун туһунан кэпсиир кэрчиктэрэ туоһулууллар. Бу хас эмэ миллиардынан сыл устатын тухары сир историятыгар туох буолбутун, олох хайдах сайдан испитин киһи аймах бэрт кыраны билэр. Ол иһин таайыллыбатах таабырыннар сүрдээх элбэхтэр. Хантан кэлбитэй Атлантида туһунан үһүйээн, Египет пирамидаларын, Стоухендж, Пасха арыытын дьиктилэрин билиҥҥэ дылы тоҕо ким да быһаара илигий, урукку киһи таһымыгар, билиитигэр хайдах да кыайан сөп түбэспэт былыргы уруһуйдар, маллар хантан кэлбиттэрэй, айыы, абааһы, иччи диэн туохтарый, ону наука тоҕо кыайан быһаарбатый? Ити курдук бииртэн биир тоҕо билигин даҕаны, наука сайынна диир үйэбитигэр, олус элбэх. Ол иһигэр, ааҕан-толкуйдаан кɵрдɵххɵ, олоҥхо ис хоһоонугар эмиэ үгүс-элбэх дьиктилэр бааллар эбит. Ити бииртэн биир тоҕоттон мин олоҥхону чинчийэн кɵрɵргɵ холоннум.
Yлэбин суруйарбар “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхону ааҕан үөрэттим. Ону таһынан уруокка аахпыт С.Васильев “Эрчимэн Бэргэн”, Николай Петрович Бурнашев “Кыыс Дэбилийэ”, Василий Осипович Каратаев “Модун Эр Соҕотох” олоҥхолоро эмиэ тирэх буоллулар. Олоҥхо туһунан чинчийиибэр бэйэбит ученайдарбыт И.В. Пухов “Якутский героический эпос олонхо” ыстатыйатын уонна Акулина Попова “Олоҥхо киэҥ киэлитигэр” кинигэтин ааҕан билиибин-кɵрүүбүн хаҥаттым.
Олоҥхону аахтахха, ис хоһоонун баайа бастар бараммат, бииртэн биир киһини сɵхтɵрɵр, элбэҕи толкуйдатар дьиктилэр наһаа элбэхтэр. Акулина Попова эппитинии, олоҥхо киэлитэ сүрдээх киэҥ - киһи биир ааҕыытынан түмүктэммэт эбит. Олортон мин саамай дьикти түгэннэригэр тохтоон чинчийдим:
Олоҥхоҕо сир-дойду айыллыыта
Василий Осипович Каратаев “Модун Эр Соҕотох” олоҥхотугар Сир үɵскээһинин туһунан бу курдук суруллубут:
Киһи аймаҕым
Кэпсэтэн билсэ илигинэ,
Саха аймаҕым
Саҥарсан дьааһыйа илигинэ,
Сир ийэ хотунум
Сиэрэй тииҥ тиҥилэҕин саҕаттан
Тэнийэн-тэрбэйэн,
Yүнэн-үɵскээн,
Сачарыы табам
Кулгааҕын сарыытын
Тиэрэ тарпыт курдук,
Сарбайа үүнэн,
Сараадыйа улаатан испитэ үһү.
Оттон “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхоҕо сири “тэллэх оннун саҕаттан тэнитэн-тэнитэн” улаатан тахсыбыт диэн этиллэр. Маннык этиилэр миигин улаханнык сɵхтɵрдүлэр. Тоҕо диэтэххэ, үɵрэҕэ суох түҥ былыргы саха киһитэ космос куйаарын, планеталар үɵскээһиннэрин уратытын туһунан билиини хантан ылбыт буолуохтарын сɵбɵ миигин элбэхтик толкуйдатта. Аныгы наука сайдыыта космос куйаарын кэтээн кɵрɵн үɵрэтэрин түмүгэр, биһиги Сир хайдах үɵскээбитин билигин үчүгэйдик билэбит диэхпитин сɵп. Ол курдук планеталар үɵскээһиннэрин маҥнайгы тɵрүтүнэн куйаарга мустар араас гаастар буолаллар эбит. Кант теорията этэринэн, бу гаастар ыгылыннахтарына (сжимаются), ол иһигэр баар куйаар быыла эргийэн-эргийэн ядро курдугу үɵскэтэр эбит. Гаастар тɵһɵнɵн күүскэ ыгыллаллар да, онно баар быыл эргийэрэ күүһүрэр, температурата соччонон итийэр. Ити температура аһара үрдээтэҕинэ ядернай реакция буолар эбит, ол реакцияттан сулус үɵскүүр. Биһиги Күммүт хаһан эрэ эмиэ оннук үɵскээбит. Гравитация (невесомость) суох эйгэтигэр баар кыра эттиктэр (частицалар) бэйэ-бэйэлэригэр аалсан магнитнай хонууну үɵскэтэллэр эбит. Бу магнитнай хонуу эттиктэр тардыһыыларын күүһүрдэн, бэйэ-бэйэлэригэр сыстыһан улаатан иһэллэриттэн планеталар үɵскүүллэр. Наука этэринэн, аан ийэ дойдубут дьэ кырдьык даҕаны “сиэрэй тииҥ тиҥилэҕин саҕаттан”, эбэтэр “тэллэх оннун саҕаттан” тэнийэн-тэнийэн үɵскээбит буолан тахсар. Акулина Попова кинигэтигэр аан дойду айыллан үɵскээбитин туһунан саха киһитэ туох ɵйдɵбүллээҕэр улахан болҕомтотун уурар. Кини сахалар аан дойдуну “түɵн саҕаттан үɵскээн улаатан тахсыбыт”, “Сири мээчик курдук тɵгүрүк быһыылаах диэн ɵйдүүллэр эбит” диир. Бу барыта биһиги бэйэбит омукпутун, норуоппутун сыаналыырбытыгар сүрдээх улахан суолталаах бэлиэтээһиннэр дии саныыбын.
Олоҥхоҕо кэпсэнэринэн, сир-дойду, киһи- сүɵһү үɵскүү иликтэринэ, аан маҥнай күн ɵркɵн улуустардаах, күрүɵ-дьɵллүт ойууттардаах, айыы-намыһын удаҕаттардаах Yрүҥ Аар тойон баара эбитэ үһү. Отут тоҕус биис уустаах Бэки Суорун, Суор тойон диэн аймахтаах эбиттэр. Хотун Куохтуйа диэн хотуннаахтар. Бу хотун Улуутуйар Улуу Суорун оҕонньордоох эбит. Кинилэр соҕуруу дойдуга олохсуйбуттар. Хапса Буурай удьуордаах Аан Дараһы аймаҕын ийэтэ буолбут адаҕалаах Ала Буурай, Аан Дьааһын диэн дьахтар хотуннаахтар. Холоонноох доҕоро адьарай аймаҕын аҕалара буолбут Арсан Дуолай, Луоҕайар Луо Хаан диэн үһү. Кинилэр алдьархайдаах аллараа дойдуга Ап Салбаныкы айаҕар адьарай хаан аймахтара буолан олохсуйбуттар. Былыргы былдьаһыктаах дьыл быралыйар быраман мындаатыгар үс саха үөскээн-үөдүйэн эттэнэ илигинэ үс биис уустара улуу кыргыһыыны төлө тарпыттар. Сүүс үйэни мэлдьи сүтэн биэрбэт сүгүлээнэ, ааһан биэрбэт аан алдьархайа саҕаламмыт. Бэл диэтэр халлаан хара саппааһа хаһыырбытынан хайыта ыстаммыт. Ыйдара да, күннэрэ да тахсыбат үлүгэрэ үөдүйбүт. Киҥкиниир киэҥ халлаан киэбэ-киэлитэ уларыйбыт. Аллараа дойду атыйахтаах уу курдук аймаммыт. Сир-халлаан тиэрэ эргийбит, иэдээн иэнигийбит. Ити үөтүүлээх үс биис уустара үөрбэнэн-үҥүүнэн өтөрүтэ түһүспүттэр. Мэктиэтигэр эппэҥнэс кэлэҕэй, тыҥа быһаҕас дьон буолбуттар. Оһоллоох орто туруу дойду олоҕо уларыйбыт. Онон алдьархай аҕыйаҕына, эрэй элбии илигинэ сүбэлэһэн көрүөххэ диэн кэпсэтэр киэптэммиттэр. Улуутуйар Улуу тойон биистэрэ ыттары кытта ыал буолумуоҕуҥ, ыраах ыырданыахха диэн соҕуруу дойдуга олохсуйбуттар. Арсан Дуолай аймахтара аллараа дойдуга түһэргэ быһаарыммыттар. Ити кэнниттэн буулаҕа талбалар орто туруу дойдуну олоҕун булларар санааламмыттар. Үс биис ууһуттан саха киһилээн, урааҥхай сахалаан орто дойдуну олоҕун булларыахха дэһиспиттэр. Акулина Попова маны сүрдээх интэриэһинэйдик быһаарар. Кини этэринэн, бу наука быһаарыытынан 20 млрд. сыл анараа ɵттүгэр “улахан тоҕо тэбии” (большой взрыв) диэн ааттаммыт, ол кэмнээҕи космос куйаарын биир туруктан атын турукка кɵһɵр кэмэ ойууламмыт. Бу кɵстүү атын омуктар үһүйээннэригэр эмиэ ойууланар эбит. Холобура, Библияҕа – Таҥара бэйэтэ айбыт аанньаллара сорохторо кинини утары туран сэриилэһэллэрин, Таҥара уонна кини диэки аанньаллара кыайаннар, ол утары турбут аанньаллары (бестары, демоннары) аадка үүрэллэринэн, оттон Былыргы Греция номохторугар – Зевс таҥара бэйэтин диэки санаалаах таҥаралары, титаннары мунньан, аҕатын утары сэриилэһэн кыайан, кыайтарбыттары дириҥ Тартар түгэҕэр быраҕарынан бэриллэр диэн этэр. Ол курдук Кронос – грек омугун мифологиятыгар Сатурн, Уран (Халлаан) уонна Гея (Сир) уоллара, гекатонхейрдар уонна циклоптар бииргэ төрөөбүт бырааттара. Гекатонхейрдар наһаа күүстээхтэр, биэс уон төбөлөөх, сүүс илиилээх эбиттэр, оттон циклоптар биир харахтаахтар уонна наһаа өйдөөх эбиттэр. Уран оҕолоруттан наһаа куттанар эбит, ол иһин Тартар диэн сир аннынааҕы дойдуга хаайталаан кэбиспит. Ийэлэрэ ону сөбүлээбэтэх, ол иһин Кроноһы аҕаларын утары туруорар. Кронос убайдарын Тартартан босхолотолуур гынан баран, былааһы илиитигэр ылаат төттөрү хаайталаан кэбиһэр. Ол кэннэ бэйэтин оҕолорун хаһан эмэ утары барбатыннар диэн сиэтэлээн кэбиһэр идэлэнэр. Ол иһин кэргэнэ Рея Зевс төрөөбүтүгэр албыннаан оҕо оннугар тааһы биэрэр, уолун буоллаҕына кистээн кэбиһэр. Зевс улаатан баран абаҕаларын барыларын босхолотолуур, Кронос ыйыстыбыт оҕолорун барыларын өҕүтэлиир, инньэ гынан халыҥ аармыйа тэринэр. Циклоптар Зевскэ чаҕылҕанын, Посейдоҥҥа трезубеһын оҥорон биэрэллэр. Улахан сэрии түмүгэр Кронос хотторор, кинини бэйэтин Тартарга хаайаллар. Оттон скандинавия мифтэригэр кэпсэнэринэн, сир –дойду үөскүү илик хаоһын кэмигэр Имир диэн великан олорбут. Кини биирдэ утуйа сыттаҕына, илиилэрин анныттан уонна атаҕыттан үс великан төрөөбүттэр. Кинилэр муус гиганнары үөскэппиттэр. Ол эрээри кинилэри таҥаралар эһэттээн кэбиспиттэр. Сорохторо ордубуттар, кинилэртэн гиганнар атын расалара үөскээбиттэр. Кинилэр Етунхейм диэн дьонтон уонна таҥаралартан букатын атын сиргэ олороллор диэн кэпсэнэр.
Дьэ дьикти диэтэҕин, үɵрэх, наука сайдыбатах, олох сайдыытыттан тэйиччи олорор саха норуотугар маннык билии хантан кэлиэн сɵбүй? Бэйэ-бэйэлэриттэн тɵһɵ эмэ ыраах олорор, алтыспатах омуктар эпостарын ис хоһоонугар маннык маарынныыр сюжеттар бааллара кими баҕарар дьиктиргэтиэн сɵп буолуо. Онон сир-дойду үɵскээһинин туһунан миф саха олоҥхотун таайылла илик таабырына буолар.
Олоҥхоҕо кэпсэнэр Сир маҥнайгы олохтоохторо
Араас дойду мифологияларын биир маарыннаһар өрүтүнэн сир- дойду маҥнай үөскүүр кэмигэр аан дойдуга барытыгар великаннар(титаннар, гиганнар) олорбуттара диэн үһүйээннэр бааллара буолар. Биһиги олоҥхобутугар кэпсэнэр маҥнайгы дьоннор, омос кɵрдɵххɵ, дьон-дьон курдук эрээрилэр, үчүгэйдик болҕойон аахтахха, биһигиттэн, ол эбэтэр билиҥҥи дьонтон биллэр уратылаахтар. “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхоҕо орто дойдуга саха төрдө буоллуннар диэн Саха Саарын тойону, Сабыйа Баай хотуну олохтообуттар диэн кэпсэнэр. Кинилэр уоллаах кыыс оҕолоноллор. Уоллара - Күөнэ көҕөччөр аттаах Күн Дьирибинэ бухатыыр, кыыстара – Туналҕаннаах ньуурдаах Туйаарыма Куо. Олоҥхо буолан баран омуна суох буолбат, аҕыйах хонугунан Күн Дьирибинэ чаачар сааланан таһырдьа сүүрэр, Туйаарыма Куо кыптыыйынан оонньоон кылыстана көтөр. Өтөр буолан баран уоллара обургу бухатыыр киһи буулаҕа бэрдэ буола охсор. Бу геройдар тас дьүһүннэрэ барыларын киэнэ сиһилии толору ойууламмат, ол гынан баран сорох түгэннэрэ киһини дьиктиргэтэр. Ол курдук, холобура Дьулуруйар Ньургун Боотур тас дьүһүнэ маннык ойууланар.
Чаллах арыы тыаны
Чанчыгын аннынан хаалларар,
Үрдүк үөлэн тииттэри
Төргүү мутуктарынан
Төбөтүнэн охсуллар,
Үөлэн быһыылаах,
Үскэм уҥуохтаах,
Үтүө киһи диэн
Үөскээбит эбит...
Үс былас холобурдаах
Үөкэл-биэкэл өрбөгөр өттүктээх,
Биэс былас холобурдаах
Биэкэйэр бииллээх,
Алта былас холобурдаах
Аманаат дараҕар сарыннаах,
Баай тиитим бастыҥ дүлүҥүн
Балтаччы ууран барыллаабыт курдук
Барылы ньыгыл быччыҥнаах эбит...
Уолах тиитим уһун дүлүҥүн
Ууран-тутан усталаабыт курдук
Ньодо дьороҕор сотолоох эбит,
Эриллэҕэс тиитим орто дүлүҥүн
Оломооттоон ылан олорпут курдук
Эриллэ дапсыл харылаах эбит.
Оттон “Эрчимэн Бэргэн” олоҥхоҕо Эрчимэн Бэргэн:
Ойуур саҕатыгар тахсан
Орто тииттэри
От курдук тоноон,
Эргэнэ тииттэри
Эрбэһин курдук үргээн,
Тиэргэн тэриннэ,
Дьиэ тутунна...
Байах тиитинэн баҕаналаан,
Дуул тиитинэн тулааһыннаан,
Үс курдуулаах
Моҕол ураһаны оҥоһунна...
Уонна
Отут быластаах оронугар
Оруопчук түһэн,
.............................
Утуйан хаалла...
Е.Н. Иванова “Преобразование пропорций богатыря Айыы в математическую меру” диэн ыстатыйатыгар бэрт дьикти суоттааһыннары аҕалбыта миигин улаханнык кэрэхсэттэ. Ол курдук, айыы бухатыыра олоҥхоҕо тиит маска холонор эбит буоллаҕына, кини уҥуоҕун үрдүгэ 40-45 м. эбит диэн түмүктүүр. Аны туран, олоҥхоҕо бухатыыр тас көрүҥүн ойуулуурга былас кээмэйэ киэҥник туттуллар, ол эбэтэр санна алта быластаах буоллаҕына – 10 м., биилэ биэс быластаах буоллаҕына - 8,5 м., өттүгэ үс быластаах буоллаҕына – 5 м. тэҥнээх буолар диэн суоттуур ( былас – 1 м. 70 см.) уонна бу көннөрү киһи пропорциятыгар оруобуна сөп түбэһэр диэн түмүктүүр. Уонна саамай интэриэһинэйэ “Таким образом, якут-сказитель, несмотря на его безграмотность, правильно подбирал размеры своих героев. В гиперболе олонхо правильно подобраны все математические пропорции” диэн эппитэ олус кэрэхсэбиллээх.
Мин бу холобуру батыһан, аахпыт олоҥхолорум бухатыырдарын кээмэйдэрин суоттаан таһаарарга холоннум. Холобура, “отут быластаах оронугар оруопчук түһэн” утуйар Эрчимэн Бэргэн үрдүгүн суоттуубут: 1.70 * 30= 51 м. буолар. Биир саһаан 2 м. 10 см. тэҥнээх буоллаҕына, Араат Мохсоҕол үрдүгэ: 2.10 * 9= 18, 9 м. буолар. Оттон Дьулуруйар Ньургун Боотур, Е.Н. Иванова суоттаабытын курдук, 40-45 м. үрдүктээх буолар. Бу үлүгэрдээх улахан дьон өҕүрүөмэр оҕус саҕа сутуруктаахтара, атыыр оҕус саҕа ала таас мээчиктээхтэрэ, охсустахтарына баараҕай тиит барчаланара, уолах тиит урусхалланара оччоҕо сөбүгэр буолан тахсар.
Олоҥхоҕо айыы бухатыырдарын ойуулааһынын субу курдук суоттаан, чинчийэн көрбүтүм кэннэ миэхэ биир дьикти санаа үөскээтэ. Ол курдук, олоҥхо бухатыырдара атын омук остуоруйаларыгар, мифтэригэр баар великаннар уобарастарын кытта үгүс маарыннаһар өрүттээхтэр эбит диэн толкуйдаатым.
Киһиттэн уһулуччу улахан уҥуохтаах гиганнар, великаннар тустарынан мифтэр, остуоруйалар араас сиргэ, араас континеҥҥа олохтоох омуктарга барыларыгар баар эбиттэр. Олортон мин ордук биллэр мифтэргэ тохтуурга быһаарынным.
Аргус – гректэр мифологияларыгар Зевс кэргэнэ Гера кулута. Кини таҥаралар иннилэригэр Ехиднаны өлөрбүт улахан үтүөлээх эбит. Этэ-сиинэ эргиччи барыта харах, онон харабыл быһыытынан тугунан да солбуллубатынан сыаналанар эбит. Гера киниэхэ биирдэ үрүҥ ынаҕы манаа диэн сорудах биэрбит. Бу ынах дьиҥинэн Ио диэн нимфа эбит. Зевс Ионы Гераттан кистээн таптыыр буолан билбэтин диэн ынахха кубулуппут эбит. Гера Аргуска биэрбит сорудаҕын билэн баран Зевс кинини Гермеһинэн өлөттөрбүт. Гермес Аргуһу харахтарын барытын утутан баран, кэпсээнинэн аралдьытан албыннаан өлөрбүт.
Голиаф – филистимляннар буойуннара. Библия мифтэригэр кэпсэнэринэн, филистимляннар Иудеяҕа сэриинэн киирэн баранар, сэриилээбэккэ төгүрүйэн олорбуттар. Кинилэртэн алтан куйахтаах киһиттэн сүөргү улахан уҥуохтаах буойун тахсан “эһиги ортоҕутугар миигин хотор киһи көһүннэҕинэ, филистимляннар иудейдарга сэриитэ суох бэриниэхпит” диэн этии киллэрбит. Библияҕа сурулларынан, Голиаф алта кубит үрдүктээх эбит, ол аата үс миэтирэттэн ордук улахан. Биллэн турар, иудейдар ортолоругар киниэхэ утары тахсарга ким да санамматах. Филистимляннар ол курдук 40 күнү быһа олорбуттар. Арай Давид диэн бостуук уол кыргыһа тахсарга эппит. Голиаф ураҕастан ураты туох да сэбэ-сэбиргэлэ суох оҕотук уол кинини утары тахсыбытыттан улаханнык соһуйбут, өһүргэммит даҕаны. Ол эрээри Давид кинини сүүһүн тааһынан быраҕан эчэтэн баран, охтубутугар саабылатын субуйа тардан ылан төбөтүн быһан өлөрбүт.
Сорох ученайдар Голиабы дьиҥнээхтик олоро сылдьыбыт киһи буолуон сөп диэн сабаҕалыыллар.
Дайтиялар – индия мифтэригэр баар великаннар. Дити диэн сир таҥаратын уолаттара, ааттара Хираниакша уонна Хираниакашипу диэннэр. Хираниакша таҥараларга утары баран сири барытын тимирдэн кэбиспит. Онуоха Вишна диэн таҥара муора анныгар түһэн сири сүгэн таһаарбыт, ол таһааран иһэн, кыыһыран Хираниакшаны өлөрөн кэбиспит. Кинилэр тыһыынча сылы быһа кыргыспыттар. Убайа өлбүтүгэр Хираниакашипу Вишнаттан иэстэһэргэ санаммыт. Аан дойду үрдүгэр баар былааһы барытын ситиһэн баран Вишна сүгүрүйээччилэрин барытын кыргарга санаммыт. Ол эрээри бэйэлээх бэйэтин уола Прахлада эмиэ Вишна сүгүрүйээччитэ эбит. Биирдэ уолун кытта мөккүһэн баран Вишна суоҕун дакаастаары аттыгар баар таас колоннаны хампы сынньыбыт. Онуоха таас быыһыттан Нарашимха диэн хахай аҥаардаах Вишна күлүгэ тахсан Хираниакашипуну тырыта-хайыта тыытан өлөрбүт.
Джентилакилар – Испания уонна Франция олохтоохторугар кэпсэнэр великаннар. Кинилэр муораны хааман туорууллар. Наһаа сайдыылаахтар – тимири уһаараллар, араас туттар сэби оҥороллор, араас злактары үүннэрэллэр диэн кэпсэнэр. Мифкэ кэпсэнэринэн, кинилэр биирдэ халлааҥҥа умайар былыт көстүбүтүн кэннэ бары сүтэн хаалбыттар. Арай Олентзеро диэн великан хаалбыт. Кини Рождество бырааһынньыгар оҕолорго бэлэх тарҕатар диэн кэпсииллэр.
Они – Япония мифтэригэр кэпсэнэр киһилии бодолоох, ол эрээри аһыылаах, муостаах демоннар, сүрдээх улаханнар. Кинилэри тимир дубиналаах, тигр тириитэ таҥастаах гына ойуулууллар. Урут онилар үтүө санаалаах иччилэр быһыытынан кэпсэнэр эбиттэр. Билигин да сорох дьон куһаҕан тыынтан харыстанаары дьиэлэрин сарайыгар они төбөтүн иилэллэр эбит.
Сибэтиэй Кристофер – биһиги эрабыт үһүс үйэтигэр Ханаан сиригэр олорбут, Репрев диэн ааттаах эбит. Дьүһүнэ көстө куһаҕан, сэттэ кубит үрдүктээх, ол эбэтэр Голиафтан үрдүк. Христианство итэҕэлин ылыммыт уонна таҥараҕа сулууспа быһыытынан дьону сүгэн өрүһү туоратар эбит. Биирдэ киниэхэ биир кыра уол кэлэн туоратарга көрдөспүт. Уол ыйааһына наһаа ыарахан эбит. Билбитэ, Иисус эбит, дьон аньыытын-харатын барытын ылбыт буолан ыйааһына ыарахан эбит. Иисус үтүө санаалаах аарыманы сүрэхтээбит уонна Кристофер диэн аат биэрбит.
Фоморилар – Ирландия мифтэригэр кэпсэнэринэн, фоморилар былыыр-былыр олоро сылдьыбыттар, таҥараҕа тэҥнээхтэр. Сороҕор соҕотох илиилээх, соҕотох атахтаах, козел төбөлөөх гына, сороҕор ураты кыраһыабай гына кэпсэнэллэр. Кинилэр ууну кытта ыкса ситимнээхтэр, балыгынан аһылыктаналлара диэн кэпсэнэр.
Святогор – нуучча норуотугар түҥ былыр үөскээбит уобарас, айылҕа көстүүлэрин, ордук хайаны кытта ситимнээх диэн суруйаллар. Хайа саҕа улахан, хайаҕа олохтоох диэн кэпсииллэр. Биирдэ Илья Муромец Святогору кытта күүһүн холоһо барарга сорунар. Ол баран иһэн Святогору атынан иһэрин утары көрсөр. Святогор утуйа олорор эбит. Илья Муромец кинини иккитэ охсон көрөр да, уһуктубат . Үһүс охсуутугар биирдэ уһуктар уонна Илья Муромеһы сиэбигэр уктан кэбиһэр. Онуоха Святогор ата субу-субу бүдүрүйэр буолан барар уонна икки бухатыыры кыайан мэҥэһиннэрбэппин диир. Ол иһин Святогор Илья Муромеһы босхолуур, кинилэр убайдыы-быраат буола эйэлэһэллэр уонна салгыы айанныыллар. Ол баран иһэн суолларыгар таас хоруоп сытарыгар кэтиллэллэр. Илья Муромец сытан көрөр – киниэхэ улахан. Святогор сытар – хоруоп хам ылан кэбиһэр. Святогор кэрдэн босхолоо диир Илья Муромецка. Илья Муромец кэрдэ сатыыр да кыаллыбат – оҕустаҕын аайы өссө ылан иһэр. Былина Святогор өлүүтүнэн түмүктэнэр. Оттон биир былинаҕа Святогор аны сиргэ тимирэн өлөр. Аһара улахан уонна ыйааһыннаах буолан кинини сир уйбат диэн кэпсэнэр былинаҕа.
Великаннар тустарынан оннооҕор Библияҕа сурулла сылдьар: «В то время были на земле исполины, особенно же с того времени, как сыны Божии стали входить к дочерям человеческим, и они стали рожать им: это сильные, издревле славные люди.»(Бытие, 6:4)
Бу великаннар, уһулуччу улахан дьон туһунан мифтэри кɵннɵрү остуоруйа, норуот баай фантазиятын оонньуутун курдук сыаналыахха сɵп буолуо, ол гынан баран билиҥҥи кэмҥэ сорох үɵрэхтээхтэр ортолоругар сиргэ хаһан эрэ великаннар цивилизациялара баар буола сылдьыбыт буолуон сɵп диэн сабаҕалааһын баара миигин улаханнык дьиктиргэппитэ. Ол туоһутунан археологтар ураты улахан уҥуохтары, суоллары булуулара буолар эбит. Ол гынан баран киһи аймах сайдыытыгар билигин соҕотох Дарвин эрэ теорията билиниллэр буолан, великаннар олоро сылдьыбыттарын ким да дакаастыы илик. Биир эмэ кɵстүбүт булумньу улахан дакаастабыл буолбат эбит. Холобура, Грузия хайаларын хаспаҕар билиҥҥи киһи уҥуоҕуттан икки-үс тɵгүл улаханнаах уҥуохтар кɵстүбүттэрэ биллэр. Гиганнар уҥуохтарын онно биирдэ эрэ буолбатах, хаста да булбуттар, араас-араас сылларга. Ол кэпсээннэртэн ордук итэҕэтиилээҕинэн Аҕа дойду сэриитин кэмигэр ɵстɵɵхтɵртɵн хаспахха саспыт сэбиэскэй саллааттар кэпсээннэрэ буолар дии саныыбын. Кинилэр саспыт хаспахтарын миинэ эстэн тахсар сирин кɵмɵн кэбиспит. Тахсар сир кɵрдүү сылдьан туох эрэ улахан саалга маарынныыр сиргэ тиийэн кэлбиттэр. Онно киһиттэн икки тɵгүл улахан кээмэйдээх дьон уҥуоҕа бɵҕɵ сыталларын булбуттар. Бу туһунан ааҕан баран эмиэ Библияны саныы түһэҕин. Ной туһунан кэпсээҥҥэ кини потоптан куотарыгар гиганнары ковчегар ылбатаҕын туһунан үһүйээн баар. Ол гиганнар ууттан ити хайаларга куотан тахсыбыттар диэн кэпсэнэр. Б.Грабовскай “Космический биофактор” диэн кинигэтигэр кини сэрии иннинэ дьон Иссык-Куль таһыгар баар хаспахтарга үс аарыма улахан дьон дьардьаматын булбуттарын туһунан суруйар эбит. Бу дьардьамалар билиҥҥи киһиэхэ тэҥнээтэххэ үс тɵгүл улахан эбиттэр. Аттыларыгар сытар сарыы кынат моһуоннаах үрүҥ кɵмүс киэргэллэрин музейга туттарбыттар. Ол гынан баран специалистар бу киэргэл хаһан оҥоһуллубутун кыайан быһаарбатахтар.
1912 сыллаахха соҕуруу Африкаҕа 130 см. Усталаах, 60 см. кэтиттээх киһи атаҕын суолун булбуттар. Маннык суолу Шри-Ланкаҕа булбуттара эмиэ биллэр. Бу суоллар гранит тааска олорон хаалбыттар эбит.
1931 сыллаахха Австралия хайаларыгар 10 м. үрдүктээх сиргэ араас уруһуйдары булбуттар, кɵннɵрү дьон оччо үɵһэ хайдах да тахсан уруһуйдаабаттар диэн быһаарбыттар. Сонно аны киһи тииһин булбуттар, кээмэйиттэн суоттаатахха, маннык тиистээх киһи 5-6 м. улаханнаах буолуон сɵп дииллэр.
Ордук элбэх суолу Хотугу Америкаҕа булбуттар эбит. Бу таастыйбыт суоллары чинчийэн кɵрбүттэрэ, 220-280 мɵлүйүɵн сыл анараа ɵттүнээҕи кэмнээхтэр эбит.
Маны барытын ааҕан-үɵрэтэн баран, динозаврдар курдук аарыма улахан харамайдар хаһан эрэ үөскүү сылдьыбыт буоллахтарына, аарыма улахан дьон тоҕо олоро сылдьыахтара суоҕай дии санаатым. Ону сорох үөрэхтээхтэр этиилэрэ даҕаны бигэргэтэр.
Ол курдук былыр атмосфера састааба билиҥҥиттэн чыҥха атын, кислорода ордук элбэх диэн арыйыы оҥорбуттар. Ол саҕана аарыма улахан харамайдар үөскүү сылдьыбыттар, аарыма улахан уҥуохтаах дьон даҕаны баар буола сылдьыбыт буолуохтарын сөп диэн сабаҕалыыллар эбит.
Оччотугар олоҥхоҕо кэпсэнэр 45 м. үрдүктээх аарыма дьон кырдьык да олоро сылдьыбыт буолуохтарын сөп. Олоҥхо киһи аймах түҥ былыргы кэмин ойуулуур айымньы буолара бэйэтигэр да сурулла сылдьар. Ол курдук хас биирдии олоҥхо “ойон тахсар күннээх орто дойду” аан маҥнай оҥоһулларын ойуулууртан саҕаланар. Оннук буоллаҕына биһиги олоҥхобут сир-дойду историятын үөрэтэргэ тугунан да кэмнэммэт сыаналаах матырыйаал буолан тахсар. Сороҕор мифтэр дьиҥ олоҕу кытта ситимнээхтэрин араас событиелар кытары бигэргэтэллэр. Ол курдук Генрих Шлиман диэн киһи үһүйээннэргэ кэпсэнэр Трояны мифтэргэ олоҕуран булбут эбит. 2001 сыллаахха Грецияҕа Пелион хайатын таһыгар Ясон дыбарыаһын эмиэ булбуттар. Бу хайа мээнэҕэ маннык ааттамматах эбит, Пелий диэн Ясонтан саарыстыбатын былдьаабыт киһи аатынан ааттаммыт диэн мифтэргэ кэпсэнэр эбит. Аны туран Англияҕа баар Стоухендж таастара, Египет Сфинкстара, Пасха арыытын таас дьоно о.д.а. билиҥҥи киһи өйүгэр-санаатыгар батан киирбэт дьиктилэрин сорох үөрэхтээхтэр атын цивилизациялар тутуулара диэн сабаҕалыыллара эмиэ дьикти. Сир-дойду хас эмэ миллиардынан сылларга сайдан кэлбит историятыгар великаннар кырдьык даҕаны олоро сылдьыбыт буолуохтарын сөп диэн санаанан бу салаабын түмүктүүбүн. Уһулуччу улахан уҥуохтаах олоҥхо геройдара, олоҥхоҕо кэпсэнэр сир-дойду бастакы олохтоохторо, олоҥхо эмиэ биир дьикти таабырына буолар.
Абааһылар уобарастара
Олоҥхо биир дьиктитинэн манна ойууланар абааһылар бары кэриэтэ моҕой гына ойууланаллара буолар.
“Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхоҕо моҕой уобараһа хас даҕаны. Манна, бастатан туран, абааһы аймахтарын ийэлээх-аҕалара буолбут Арсан Дуолай аҕалаах, Ала Буурай ийэлээх аллараа дойду бухатыыра Уот Уһутаакыны ааттыахха сөп. Кини Туналҕаннаах ньуурдаах Туйаарыма Куону кэлэн былдьаан барар. Бэйэтэ этэринэн, Өлүү Чөркөчүөх төрдүгэр уйаламмыт Өһөх Харбыыр, Үс Күлүк, Тимир Дьигистэй диэн инилээх, Алып Хара, Аат Моҕойдоон диэн убайдаах, кыыс оҕо Куо Чамчай, Кыскыйдаан Баатыр, Уот Кутаалай диэн эдьиийдээх. Олоҥхоҕо кини уобараһа араастаан ойууланар, сороҕор “алтан садаҕа моҕой”, сороҕор “уот садаҕа моҕой” буолар, дьүһүн кубулуйан уот кугас эһэ даҕаны буолар. Сүрдээх күүстээх, айыы бухатыырын бөҕө кыайбыт, ап- чарай быатынан кэлгийэн турар. Уот Уһутаакы үс хос бастаах, аҕыс атахтаах моҕой гына ойууланар. Кини туһунан бу курдук кэпсэнэр: “Моҕой туран уотунан уһуутаан, мохсоҕол барахсаны хоруо курдук салаата”, “этэн баран эҕирийиэх иннинэ аҕыс атахтаах садаҕа моҕой эриллэ түстэ, хамсаабат гына хам ылла, онтон көхсүн хаанын көҥү оборон ылла”, “Үрүҥ Уолан саҥардыы тыыллан-хабыллан саҥаран эрдэҕинэ Уот Садаҕа моҕой соҕотохто субурус гына түстэ, биһиги киһибит уолугун үүтүттэн тобулу баттаан олорон, субай хаанын супту уулаата”, “эмискэ баҕайы эриэн кыыл киһибит моонньугар эриллэ түстэ, кычыгыраччы эрийдэ уонна салбанан кэбиһэ-кэбиһэ Уот Садаҕа моҕой саҥалаах буолла”, “Муус Кудулу байҕал иччитэ Уот Уһутаакы обургу чиркэс гына түстэ, ардьах-ардьах гынна, кутаа уотунан уһуутаан кэбистэ”.
Ньургун Боотур Уот Уһутаакы уоругар киирбитин бу курдук ойууланар: “...кирилиэс устун аллара түһэ турда. Ол истэҕинэ дьиэ иһэ көһүннэ. Таас оһохтоох эбит, онтулара оттуллубут”. Манна көстөрүнэн, Уот Уһутаакы сир анныгар олорор. Уот Уһутаакы уһуктан дьиэтигэр киириитигэр маннык ойууланар:”Орулуур отут хонон баран ол оһоллоох улуу дойду баараҕай таһаата үллэҥнииргэ дылы буолла. Таас тыаһа дэлбэритэ ыстанна. Этиҥ эттэ. Күөх уот күлүмнээтэ. Онтон Уот Уһутаакы оронун баһынан Уот Садаҕа моҕой былтас гына түстэ”. Сүрдээх элбэх ааһар албастаах, куотар кубулҕаттаах, айыы бухатыырдарыгар таба туттарбат, ол иһин Ньургун Боотур кинини албыннаан кыайар.
Абааһы бухатыыра Тимир Дьигистэй моҕойу миинэр миҥэ оҥостон сылдьар, Уот Уһутаакы инитэ, онон кини эмиэ моҕой эбит диэн түмүктүөххэ сөп. Айталыын Куону уоран баран истэҕинэ, Ньургун Боотур Уот Кудулу байҕал уҥуоргу өттүгэр ситэ баттаан ылан үс хос бастаах аҕыс атахтаах уот садаҕа моҕойун үс хос баһын үс аҥыы быһа охсон кэбиһэр. Өһөх Харбыыр сымара тааска олоро биэрэр, үөгүлүү түһэр. Дуолан кыргыһыы, улахан охсуһуу түмүгэр Ньургун Боотур кинини кыайар, балтын быыһыыр.
Абааһы бухатыыра Тоҥ Дуурай эмиэ моҕой гына ойууланар. Тоҥ Дуурай үлтү ыстанан икки хос бастаах Уот садаҕа моҕой буолар, суос-соҕотохто субурус гынан хаалар, Туйаарыма Куону уоран ылар. Тоҥ Дуурай аҥардастыы уорар, атаҕастыыр эрэ буолбатах, албын, түөкүн майгылаах. Туйаарыма Куону уоран ылан баран, көмүскээччи кини курдук этэн таһаарар:”Алтан далбарайым дойдутун харыстаатахпына мин харыстыам, ити дьэллик (Ньургун Боотур) харыстыа дуо?” - диир. Айыы дьонун атаҕастаан баран, атаҕастаммыт кини бэйэтэ курдук үҥсэргиир:”Айыы хаан аймахтара, атаҕастыыргыт-баттыыргыт аныаха дылы хаалбат”. Үс нүһэр өлүү бухатыырдара кэлбиттэригэр “бу буор туруу дойду бухатыыра Туйаарыма Куо доҕорбун уоран-талаан бараары умса ууран эрдэҕинэ, хата эһиги кэллигит” диэн албынныы сатыыр. Ол эрээри аньыылаах кини буолан халбас хара быатыгар өрө тэптэрэн өлөр.
Үгүс омуктар мифтэригэр уонна остуоруйаларыгар моҕойу ойуулааһын умнуллубакка түҥ былыргыттан билиҥҥэ диэри кэпсэнэ сылдьар. Нуучча былиналарыгар моҕой уобараһа мэлдьи баар. Европаҕа рыцарьдар сиэмэх моҕойдору охсуһан кыайалларын туһунан үһүйээннэр эмиэ бааллар. Америка омуктарыгар, Африкаҕа эмиэ моҕой туһунан мифтэр сүрдээх элбэхтэр эбит. Бу мифтэргэ моҕой куһаҕан тыын, сороҕор дьону төрүттээччи, сырдыгы, сайдыыны аҕалааччы культурнай герой, сороҕор сүрдээх-кэптээх адьарай гына ойууланар.
Славянскай мифтэргэ Юша, Яша, Йеша диэн таҥара баар. Кини аллараа дойду символа, славяннар мифтэригэр өбүгэлэр дойдулара. Фольклорга хас да төбөлөөх моҕой гына ойуулууллар. Былыр араас сиэртибэ биэрэллэр эбит бу таҥараҕа. Археолог, нуучча омугун былыргытын үөрэтэр историк Борис Рыбаков сабаҕалыырынан, бу таҥараттан ардаҕы, балыктааһыҥҥа табыллыыны уонна уунан айаҥҥа ситиһиини көрдөһөллөр эбит.
Сорох чинчийээччилэр былыргы кэмҥэ күлгэригэ майгынныыр моҕойдуҥу харамай дьиҥнээх баар буола сылдьыбыт буолуон сөп диэн этэллэр эбит. Псков летописеһэ XVI үйэҕэ бу курдук диэн суруйбуту баар:”В лета 7090 (1582)... Того же лета изыдоша коркодили лютии зверии из реки и путь затвориша; людей много поядоша. И ужасошася людие и молиша бога по всей земли. И паки спряташася, а иних избиша”. Джером Гарсей диэн англичанин 1589 сыллаахха маннык суруйбут: “Я выехал из Варшавы вечером, переехал через реку, где на берегу лежал ядовитый мертвый крокодил, которому мои люди разорвали брюхо копьями. При этом распространилась такое зловоние, что я был им отравлен, и пролежал больной в ближайшей деревне”.
Сорох этнографтар уонна ученайдар Цмок диэн поляктар, белорустар үһүйээннэригэр баар мифологическай моҕой, сороҕор эриэн үөн уобараһын күлгэрини уонна эриэн үөнү кытта ситимнииллэр. Цмок оһох анныгар эбэтэр омуһахха олорор, киниэхэ дьиэ харамайын курдук аһылык кутан биэрдэхтэринэ тахсан аһыыр. Цмогу өлбүт өбүгэлэрин дойдутун иччитин курдук көрөллөр. С.Герберштейн диэн австриец XVI үйэҕэ “Записки о Московии” диэн бэлиэтээһиннэригэр маннык суруйуу баара дьиктиргэтэр:”Там и поныне очень много идолопоклонников, которые кормят у себя дома, как бы пенатов, каких-то змей с четырьмя короткими лапами на подобие ящериц с черным и жирным телом, имеющих не более 3 пядей (60-75 см.) в длину и называемых гивоитами. В положенные дни люди очищают свой дом и с каким-то страхом, со всем семейством благоговейно поклоняются им, выползающим к поставленной пище. Несчастья приписывают тому, что божество-змея было плохо накормлено”.
Моҕой уобараһа славяннарга кэлин остуоруйаҕа көһөн Баба Яга, Кощей, дракон диэн ааттанар буолбут.
Белоруссия фольклора:
Сидит наш Яша
На золотом стуле,
Ладу, ладу, ладоньки,
На золотом стуле.
Щелкат наш Яшенька
Калены орешки...
Калены-калены, девушкам дарены...
Бабам посулены...
Оонньууга уол круг ортотугар олорор, кэргэнэ суох кыргыттар тула хороводтууллар:
Сиди, сиди, Ящер,
В ореховом кусте,
Грызи, грызи, Ящер,
Каленые ядра!
Дам тебе, Ящер,
Красную девку,
Алую ленту!
Бу оонньууга моҕой уонна дьон бэйэ-бэйэлэрин кытта холбоһоллорун туһунан этиллэр. Манна майгынныыр ис хоһоонноох үһүйээннэр атын омуктарга эмиэ баар эбиттэр.
Нуучча норуотун мифологиятыгар, остуоруйаларыгар Змей Горыныч уобараһа баара биллэр. Змей Горыныч хас да төбөлөөх, ахсаана сороҕор уон иккигэ тиийиэн сөп. Кини хайа хаспаҕар, эбэтэр сир анныгар олоруон сөп. Айаҕыттан уот уһуурар, кулгааҕыттан буруо тахсар. Ордуутугар наһаа элбэх киһини тутан, хаайан олорор диэн кэпсэнэр. Ырдьыгынаатаҕына сир-дойду титирэстиир, кутуругунан сири оҕустаҕына өрүс уута хаатыттан тахсар. Кинини нуучча бухатыырдара (Добрыня Никитич, Никита Кожемяка) охсуһан кыайбыттарын туһунан былиналар бааллар. Змей Горыныч уобараһын күн сырдыгын хаххалыыр хара былыты, чаҕылҕаны кытта ситимнииллэр эбит.
Кытай итэҕэлигэр моҕой сири төрүттээччи быһыытынан сыаналанар. Кытайга моҕойу билигин да ытыктыыллар, моҕойу кытта ситимнээх бырааһынньыктардаахтар, араас традициялаахтар. Кытай омуга бэйэлэрин моҕойтон төрүттээхпит диэн кэпсиир үһүйээннээхтэр. Ол курдук кинилэр Нюйва уонна Фуси диэн киһи уонна моҕой аҥаардаах дьон киһи аймаҕы төрүттээбиттэрин туһунан мифтээхтэр. Маны таһынан Фуси уонна Нюйва дьону балыктыырга, илим өрөргө, уот ыларга, музыкаҕа уонна сурукка-бичиккэ үөрэппиттэр. Кинилэр оҕолоруттан кытай омуга үөскээн тэнийбит диэн кэпсииллэр эбит.
Киин Америка олохтоохторугар Кетцалькоатль (“күөх куорсуннаах моҕой”) диэн моҕой туһунан миф баар. Кетцалькоатль сири-дойдуну уонна дьону төрүттээбит, айылҕа араас көстүүтүн таҥарата. Дьоҥҥо араас күндү таастары булан уһанарга, тутууга, мозаикаҕа, күнү-дьылы ааҕыыга үөрэппит уонна аһылыктарын булуналларыгар көмөлөһөр эбит.
Нагтар - буддизмҥа уонна индуизмҥа эриэн үөн уонна киһи ыккардынан харамай уобараһа баар. Бу тыһыынчанан сыллар билиилэрин-көрүүлэрин илдьэ сылдьар мындыр харамайдар, сир анныгар олороллор. Дойдулара Патала диэн, Бхогавати диэн киин куораттаахтар. Патала дойдута бастар бараммат баайынан, араас күндү таастарынан, көмүһүнэн баай. Бу хайа эрэ өттүнэн былыргы нуучча остуоруйаларын ис хоһоонун санатар (Бажов “Малахитовая шкатулка”). Индияҕа “Махабхарата” диэн эпостарыгар нагтар тустарынан суруллубут.
Скандинавтарга Ёрмунганд, Нидхёгг эбэтэр Мидгард моҕойун туһунан миф баар. Онно кэпсэнэринэн, Ёрмунганд наһаа сидьиҥ көрүҥнээҕин иһин Один таҥара кинини муораҕа олорор гына уураахтаабыт. Онно Ёрмунганд аһара улаатан сири иилии эргийбит, ол иһин уруһуйдарга кинини кутуругун айаҕар тиийбит гына ойуулууллар.
Маны таһынан, “Библияҕа” баар, моҕой дьүһүннэнэн кэлэн Адамнаах Еваны таҥара эппитин утары ыыппыт Дьявол, Сатана уобараһа биллэр. Бу моҕой киһи аймахха утары турар хараҥа күүс быһыытынан сыаналанар.
Египет мифтэригэр Ра диэн күн таҥарата түүн кугас куоска буолан сир аннынан устар Нил өрүһү туоруурун Апоп диэн моҕой сиэри өрүс уутун барытын иһэн кэбиһэр. Кырыктаах охсуһуу түмүгэр Ра таҥара моҕойу төбөтүн быһан кыайар. Кыргыһыы Гелиополь куоракка, сикимора диэн ытык мас анныгар буолар диэн кэпсэнэр. Бу миф сырдык күүс хараҥа күүһү кыайарын туһунан кэпсиир. Бу мифкэ олоҕуран Египет олохтоохторо Ра таҥараҕа махтанан храм бөҕөтүн туппуттар.
Бу мифтэртэн ордук кэрэхсэбиллээхтэринэн Греция мифтэрэ буолаллар. Греция мифтэригэр моҕой уобараһа наһаа элбэх эбит. Олортон, бастатан туран, мин Тифон туһунан миби ааттыахпын баҕарабын. Тифон Гея диэн сир таҥаратыттан төрөөбүт. Хайаттан улахан, төбөтө сулустарга тиийэр, биир илиитинэн илин саҕахха, иккис илиитинэн арҕаа саҕахха тиийэр, тарбахтарын оннугар уотунан тыынар, сир титирэстиэр диэри суостаахтык ырдьыгыныыр сүүс дракон төбөтө, аҥара киһи, аҥара эриллэ сылдьар моҕойдор гына ойууланар адьарай. Киниттэн куттанан Олимп таҥаралара куотар аакка түспүттэр, арай Зевс куттамматах, утары туран охсуспут. Кинилэр дуолан охсуһууларыттан сир-дойду барыта доргуйбут, муора-океан уута оргуйбут. Зевс Тифону уоттаах чаҕылҕан оноҕоһунан бырахпытыгар, Тифон ууллан түһэн өлбүт диэн кэпсэнэр. Оттон сорох мифкэ Зевс Тифоҥҥа албыннаан утутар утах иһэрдэн баран кыайбыт диэн кэпсэнэр эбит.
Моҕой-дьахтар аҥардаах Ехидна наһаа кэрэ сэбэрэлээх эрээри, ис дьайын дьүһүнэ сүөргү дьүһүннүүр. Кини пещераҕа олорор, ааһан иһэр айанньыттары сиэтэлиир. Бу өттүнэн мин кинини олоҥхоҕо баар айыы бухатыырдарын ааһар албастарыгар киллэрэр адьарай кыргыттарыгар майгыннаттым. Киниттэн грек атын мифтэригэр баар араас адьарайдар: Лернейскэй гидра, Химера, Немейскэй хахай, Орф ыта, Цербер ыта төрөөбүттэр.
Горгона – муора арыытыгар олорор моҕой аҥардаах дьахтар. Баттаҕын оннугар эриллэ сылдьар эриэн үөннэр. Кини көрбүт харамайа барыта тааска кубулуйар. Мифкэ кэпсэнэринэн, кини муора кыыһа эбит, бииргэ төрөөбүт икки эдьиийдэрдээх. Наһаа кэрэ дьүһүннээхтэр, кинилэртэн кыраларын Медузаны муора таҥарата Посейдон таптаабыт. Кини наһаа кыраһыабай дьүһүнүнэн уонна дохсун майгытынан таҥараларга тэҥнээх курдук туттарын иһин Афина буруйдаан кынаттаах, хатырыктаах, аһыылаах, эриэн үөн баттахтаах гына кубулуппут диэн кэпсэнэр. Маннык дьүһүннэммиттэриттэн саатан ыраах арыыга хорҕойбуттар уонна сиэмэх буолбуттар. Медузаны таҥаралар көмөлөрүнэн Персей кыайбыт.
Кекроп - греция мифтэригэр культурнай герой быһыытынан кэпсэнэр. Эриэн үөн атахтардаах. Аттика төрүттээччитэ уонна бастакы ыраахтааҕыта. Таҥараларга сүгүрүйэр, сиэртибэ биэрэр диэн кэпсэнэр. Таҥаралар биирдэ Аттика таҥарата ким буолуохтааҕый диэн мөккүспүттэр уонна Акропольга мустан мунньахтаабыттар. Ол мунньахха Кекробу эмиэ ыҥырбыттар. Ким ордук суолталаах бэлэҕи биэрбит ол баһылык буолуо диэбиттэр. Онуоха Посейдон ачааҕынан очуос хайаны саайбыт, онтон туустаах уулаах сыккыс сүүрбүт. Афина үҥүүтүнэн сири батары саайбыт, онуоха олива маһа үүнэн тахсыбыт. Кекроп таҥараларга Афина бэлэҕэ ордук суолталаах уонна туһалаах диэбит. Онон Аттиканы араҥаччылыыр таҥаранан Афина буолбут диэн үһүйээн баар.
Лернейскэй гидра – кутаҕа олорор тоҕус төбөлөөх үөн. Кинини Геракл баран өлөрөр. Иолай диэн кыра уол көмөлөһөр. Кутаны уоттаабытыгар бу моҕой тахсан кэлэр, ону Геракл төбөлөрүн быһаттыыр. Төбөлөрө быстаҕын аайы үүнэ тураллар, ону уотунан сиэтэн кыайаллар.
Моҕой аҥаардаах дьоннору ойуулааһын дьиҥнээх олоххо, историяҕа сыһыана суох кэрэхсэбиллээх кэпсээн курдугун иһин сорох чинчийээччилэр ортолоругар былыргы кэмҥэ рептилиялар цивилизациялара баар буола сылдьыбыт диэн көрүү баара миигин олус дьиктиргэппитэ. Кинилэри ɵйдөөх динозаврдар (ящердар), сахатыттахха моҕойдор диэн ааттыыллар.
Икки атахтаахтар, илиилэрэ үс, эбэтэр алта тарбахтаах. Техническэй өттүнэн сайдыылаах цивилизациялаахтар. Өй-санаа сайдыытын өттүнэн аныгы дьон курдуктар. 120000 сыл анараа өттүгэр саҕаламмыт мууһуруу уонна билигин биллибэт климат уларыйыыта күһэйэн, кинилэр билиилэрин-үөрэхтэрин, генетическэй кодтарын бэйэлэриттэн сайдыы, өй-санаа өттүнэн арыый намыһах таһымнаах гынан баран, тыыннаах хаалыан сөптөөх приматтарга көһөрбүттэр диэн үһүйээн баар.(закон Ликурга, когда из двух младенцев убивается неимеющий генов ящеров)
“Приптху тут же родила доблестного сына, которому суждено было стать лучшим среди тех, кто носит оружие. Этот красивый ребенок бога был щедро одарен от природы, ибо родился в панцире и серьгах, своим блеском освещавших его лицо.”... “Со своими косыми глазами, большим ртом и подобными раковинам ушами мальчик был сущим страшилищем. Его облик, как бы оправдывая имя его отца – Бхима, был ужасен, губы – яркого цвета красной меди, похожие на клыки зубы – очень остры. Велика была и его мощь. Он был великим лучником, великим героем, наделенным великой энергией и силой. Передвигался он стремительно, обладал чудовищно большим телом и великой мистической силой и мог легко побеждать всех врагов. Быстрота его передвижения и мощь, хотя он был рожден от человека, были поистине сверхчеловеческими. И он превосходил своим магическим могуществом не только всех человеческих существ, но и любых чародеек и чародеев.”(Махабхарата). Бу “Махабхарата” диэн Индия эпоһыгар хаһан эрэ моҕой аҥаардаах дьон олоро сылдьыбыттарын туһунан кэпсэнэр. Кинилэр хас эмэ сыллаах улахан хаан тохтуулаах, алдьаныылаах-кээһэниилээх сэриигэ кыайтаран эстибиттэр, аҕыйах ордубуттара бары сир анныгар куоппуттар диэн этиллэр.
Маннык араас мифтэри, чинчийээччилэр сабаҕалааһыннарын ааҕан баран, баҕар олоҥхоҕо ойууланар моҕой курдук харамайдар дьиҥ-чахчы баар буола сылдьыбыттара буолаарай, ол аата биһиги олоҥхобутугар ол моҕойдор олоро сылдьыбыт кэрчик кэмнэрэ эмиэ ойууланар эбит ээ диэн боппуруос миигин үүйэ-хаайа тутар. Онон моҕой дьүһүннээх абааһы бухатыырдара эмиэ олоҥхо биир ураты таабырына буолаллар.
Түмүк
Олоҥхону ааҕан, үөрэтэн бардахха, киһиэхэ саҥаттан саҥа арыллан, дьиктиттэн дьикти көстөн иһэр эбит. Мин бу дакылааппын суруйарбар олоҥхо туһунан, бүтүн киһи аймах былыргы итэҕэлин, өйдөбүлүн туһунан сүрдээх элбэҕи биллим. Ону таһынан сүрдээх элбэх дьиктини булан көрдүм. Олоҥхоҕо баар айыылар, абааһылар олохторо, Үөһээ, Орто, Аллараа дойду өйдөбүлэ, Орто дойдуга саха аймах олохсуйуон иннинээҕи Улуу сэрии, умайа турар байҕалы ойуулааһын барыта фантастика киинэтин санатар.
Биһиги норуоппут культурата атын омуктар культураларын кытта ыкса ситимнээх эбит диэн санааҕа кэллим, ол аата саха норуота атын норуоттартан төһө да ыраах олордор, хаһан эрэ кинилэри кытта бииргэ алтыһан олорбутун бигэргэтэр. Үгүс олоҥхо аан дойду айыллыытын, үөһээ дойдуга олохтоох биис уустара бэйэлэрин икки ардыларыгар буолар улахан сэриилэрин, айыылар, абааһылар олохторун сиһилии ойуулааһын, орто дойдуга айыы дьонун олохтооһунун туһунан кэпсиир кэрчиктэр, умайар уот байҕалы ойуулааһын олоҥхо киһи аймах түҥ былыргытын ойуулуур айымньы буоларын өссө төгүл бигэргэтэр, онон сибээстээн эттэххэ, олоҥхо саха норуотун эрэ буолбакка, бүтүн киһи аймах түҥ былыргы историятын көрдөрөр дириҥ суолталаах айымньы буолар.
Бу үлэбин суруйарбар мин бэйэбэр тɵрɵɵбүт норуотум туһунан сүрдээх улахан суолталаах түмүктэри оҥордум. Ол курдук:
Туһаныллыбыт литература:
Ɵктɵм лицейэ
Олоҥхо таабырына
тезис
Толордо: 10 кылаас үɵрэнээччитэ
Федорова Айыыда
Салайааччы: Самсонова Т.П.
Тоҕооһо:
2005 с. ЮНЕСКО олоҥхону аан дойду ураты харыстанар, өлбөт-сүппэт айымньыларын ахсааныгар киллэрбитэ. Онон сибээстээн, сэтинньи 25 күнэ – Олоҥхо күнүнэн биллэриллибитэ уонна олоҥхону харыстыыр, үөрэтэр, тарҕатар туһунан Ил Түмэн Программата ылыллыбыта. Ол иһин билигин олоҥхону үөрэтии хайа да кэмнээҕэр ордук суолталанна.
Сыала:
Соруга:
1. Олоҥхону ааҕыы;
2. Араас дойду мифологияларын үөрэтии ;
3. Олоҥхо ис хоһоонун үөрэтии;
Киириитэ
Олоҥхо, мин санаабар, саха норуотун эрэ буолбакка, бүтүн киһи аймах түҥ былыргы историятын илдьэ сылдьар айымньы буолуон сөп. Ону үгүс олоҥхо аан дойду айыллыытын, үөһээ дойдуга олохтоох биис уустара бэйэлэрин икки ардыларыгар буолар улахан сэриилэрин, айыылар, абааһылар олохторун сиһилии ойуулааһын, орто дойдуга айыы дьонун олохтооһунун туһунан кэпсиир кэрчиктэрэ туоһулууллар. Бу хас эмэ миллиардынан сыл устатын тухары сир историятыгар туох буолбутун, олох хайдах сайдан испитин киһи аймах бэрт кыраны билэр. Ол иһин таайыллыбатах таабырыннар сүрдээх элбэхтэр. Ол иһигэр, ааҕан-толкуйдаан кɵрдɵххɵ, олоҥхо ис хоһоонугар эмиэ үгүс-элбэх дьиктилэр бааллар эбит. Ити бииртэн биир тоҕоттон мин олоҥхону чинчийэн кɵрɵргɵ холоннум.
Yлэбин суруйарбар “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхону ааҕан үөрэттим. Ону таһынан уруокка аахпыт С.Васильев “Эрчимэн Бэргэн”, Николай Петрович Бурнашев “Кыыс Дэбилийэ”, Василий Осипович Каратаев “Модун Эр Соҕотох” олоҥхолоро эмиэ тирэх буоллулар. Олоҥхо туһунан чинчийиибэр бэйэбит ученайдарбыт И.В. Пухов “Якутский героический эпос олонхо” ыстатыйатын уонна Акулина Попова “Олоҥхо киэҥ киэлитигэр” кинигэтин ааҕан билиибин-кɵрүүбүн хаҥаттым.
Олоҥхону аахтахха, ис хоһоонун баайа бастар бараммат, бииртэн биир киһини сɵхтɵрɵр, элбэҕи толкуйдатар дьиктилэр наһаа элбэхтэр. Олортон мин саамай дьикти түгэннэригэр тохтоон чинчийдим:
Түмүк
Мин бу дакылааппын суруйарбар олоҥхо туһунан сүрдээх элбэҕи биллим. Ону таһынан сүрдээх элбэх дьиктини булан көрдүм.
Биһиги норуоппут культурата атын омуктар культураларын кытта ыкса ситимнээх эбит диэн санааҕа кэллим, ол аата саха норуота атын норуоттартан төһө да ыраах олордор, хаһан эрэ кинилэри кытта бииргэ алтыһан олорбутун бигэргэтэр. Үгүс олоҥхо аан дойду айыллыытын, үөһээ дойдуга олохтоох биис уустара бэйэлэрин икки ардыларыгар буолар улахан сэриилэрин ойуулааһын, орто дойдуга айыы дьонун олохтооһунун туһунан кэпсиир кэрчиктэр олоҥхо киһи аймах түҥ былыргытын ойуулуур айымньы буоларын өссө төгүл бигэргэтэр, онон сибээстээн эттэххэ, олоҥхо саха норуотун эрэ буолбакка, бүтүн киһи аймах түҥ былыргы историятын көрдөрөр дириҥ суолталаах айымньы буолар.
Бу үлэбин суруйарбар мин бэйэбэр тɵрɵɵбүт норуотум туһунан сүрдээх улахан суолталаах түмүктэри оҥордум. Ол курдук:
Туһаныллыбыт литература:
Дельфин: сказка о мечтателе. Серджио Бамбарен
Хризантема и Луковица
Карты планет и спутников Солнечной системы
Если хочется пить...
Эта весёлая планета