Доклад о дяде Милены, который был призван в Красную Армию 43 году.
Вложение | Размер |
---|---|
Доклад о дяде Милены, ветеране ВОВ | 29.96 КБ |
доклад о дедушке Карины | 27.08 КБ |
polyatinskaya_k._tezis._kobyay_.docx | 25.07 КБ |
МТ «Кэбээйи улууьа (оройуона)»
МКТ « Кэбээйи улууьун уорэ5ирии управлениета»
МБУоТ «Е.Е.Эверстов аатынан Кэбээйи орто оскуолата»
Ким да умнуллубат! Туох да умнуллубат!
Таайым Обутов Прокопий Дмитриевич.
(тезис)
Улэни толордо: 5 «а» кылаас уорэнээччитэ
Сметанина Милена
Салайааччылар: Терехова Евдокия Ильинична,
Левина Анастасия Фёдоровна,
Кривошапкина Саргылана Семёновна
Кэбээйи, 2015
А5а дойду улуу сэриитэ таарыйбатах дьиэ кэргэнэ суох. Биьиги нэьилиэктэн 198 киьи сэриигэ ынырыллан бартара. Ийэ дойдуларын комускээн Кэбээйи нэьилиэгиттэн 57 саха буойуна олбутэ. Олор истэригэр мин таайым Обутов Прокопий Дмитриевич.
Улэм темата: Ким да умнуллубат! Туох да умнуллубат! Таайым Обутов Прокопий Дмитриевич.
Улэм сыала: Таайым Обутов Прокопий Дмитриевич туьунан уорэтии, билии
Улэм соруктара:
Улэм сонуна: Суола – ииьэ суох, кэрэ айыл5алаах Кэбээйим сиригэр дьикти киьи – мин таайым Обутов Прокопий Дмитриевич кылгас оло5ун кордорон кэпсиэм.
Якутскай Мананын Уодэйиттэн суруйааччы Эверстова - Обутова Мария Петровна таайа Алталаах Миитэрэй Обутов Кэбээйигэ кэлэн Калинин колхозтан Левина Оппуруоьа диэн кыыьы кэргэн ылан 9 уолламмыт, 1 со5отох кыыстаммыт. Кыыьа мин Левина Анастасия Фёдоровна ийэтин Обутова (Левина) Мария Дмитриевна эбит. 9 уолаттарыттан уьэ кыра эрдэхтэринэ ыалдьан олбуттэр. Онтон дьон-сэргэ ааттыылларынан Алыс Буотур, Лахса Сааба, Булчут Ылдьаа, Лас Хабырыыс, Морбуос Борокуоппай улаатан улэ, булт дьоно буолбуттар. Алыс Буотур уола Обутов Дмирий Петрович – улэ, сэрии ветерана, Кэбээйи улууьун бастакы комсомола, Кэбээйи улууьун бочуоттаах олохтоо5о, наар салайар улэлэргэ улэлээбитэ. Чанкы Суодэр уола Обутов Яков Фёдорович- РФ уорэ5ириитин туйгуна, Кэбээйи улууьун бочуоттаах олохтоо5о, элбэх о5ону тракторга уорэппит учуутал. Лахса Сааба улаатан, улэ-хамнас киьитэ буолан баран олбут. Булчут Ылдьаа уола Левин Василий Ильич Нам Хатырыгар олорор, суоппар идэлээх. Лас Хабырыыс уола Лааьар – врач - хирург, Амма Аччыгыйын- Николай Мординов кутуотэ ( кэргэнэ – Мординова Муза Николаевна). Лааьар ыалдьан олбутэ. Оттон Морбуос Борокуоппай мин таайым Обутов Пркопий Дмитриевич сэрии ветерана, сэриигэ олбутэ.
Кини бииргэ торообуттэриттэн атын эбит. О5о эрдэ5инэ мэник-тэник, сытыы-хотуу, туохтан да куттаммат, билиэн-коруон ба5алаа5а. Эбэм Анастасия Федоровна элбэ5и кэпсиир. Холобур а5ата: «Ити улахан аарыма тииккэ чугаьааман, онтон мас сыыстааман!» диир эбит. Ону истээт Борокуоппай убайдарын, бырааттарын илдьэ ол тииккэ баран тоботугэр тиийэ хатаастан тахсар эбит. Онно мутук тостон иьин онон- манан хайыта туспут. А5ата буруйдаан таьыйбыт.
Ийэтэ биирдэ эппит: «Таьырдьа тахсыман, аартык диэки барыман «маама» кэлбит уьу.» (мама диэн корь ыарыыны харыстаан ааттыыллара» диэбит. Ону истээт Борокуоппай убайдарын, бырааттарын илдьэ тахсан: «Ырбаахыгытын арынын уонна миигин батыьа суурун» диэбит. Аартык устун суурэ-суурэ «Маама кэл! Маама кэл!» диэн хаьыытаабыт. Бары ыалдьан сыппыттар. А5ата эмиэ буруйдаан таьыйбыт. Онтон Таайым Яков Федорович бу курдук кэпсиир: «Мин а5ам, Прокопий убайа элбэ5и кэпсиирэ. Улаатан булчут, балыксыт, улэьит ааттаа5а буолбут. Дьоннор айаас аттарын киниэхэ айааьаталлара уьу. Туохтан да толлон турбат этэ. Оссо Санаартан кыыл табаны тутан колунэн тахсыбыт.
Уонна со5ото5ун икки о5олоох эьэ5э тубэьэн олорбут, биир о5отун ыта тутан олорбут, биирин тыыннаахтыы а5алан ииппит: ону-маны а5аларга, ункуулуургэ уорэппитэ. Хонууга баран сытта5ына, эьэтин о5ото бойборуйан тиийэн хоонньугар киирэн сытынан кээьэрэ уьу
Оттон суллуукуун та5ыстар эрэ, киириэхтэригэр диэри оонньуура, кору-нары тардара, суллуукуун иьиллиирэ: ойбонно киирэн суор5ан бурунэн олороро, сэргэ кууьара, суоруна истэрэ, олбут киьи буолан сыар5а5а сытара да, тугу да истибэт этэ. Дьиэ5э куох оту тэлгэтэн баран оонньуу бо5отун оонньоторо уьу: «Котох ынах», «Оьос торбос», «Хайах хостооьун», «Туруйа», «Мас тардыьыыта», «Хабылык», «Тырыынка», «Хаамыска», «Хара куосканы коруу» уо. д. а. Бэйэтэ оонньоьон уорэрэ, астынара. Сэрии иннинэ Райпо5а балыксытынан улэлээбитэ, колхозка эмиэ. Кини бастакы кэргэнэ Маруся диэн кыыс о5олонон баран ыалдьан олбутэ. Иккис кэргэнин Терехова Агафия Андреевнаны кэргэн ылан эдьиийигэр Мария Дмитриевна5а Арбанда5а а5албыта.
1943 сыллаахха кини сэриигэ ынырыллан барта. Чита5а байыаннай уорэххэ уорэнэн баран сэриигэ барбытын туьунан кэргэнигэр икки сурук кэлбитэ. Онтон ыла суруга кэлбэтэ5э. Кини сэриигэ хомур5аныгар бааьыран госпиталга сытан баран салгыы сэриигэ барбытын туьунан бииргэ сылдьыбыт киьитэ Павлов Василий Софронович (Нам киьитэ) кэпсээбитэ. Сэриигэ Украина сиригэр олбутун туьунан хара суруга кэргэнигэр кэлтэ. Кэргэнэ Агафия Андреевна кыыьын Марусяны корон-харайан ыал онорбута. Маруся Женя диэн кыыс о5олонон баран ыалдьан олбутэ. Агафия Андреевна Женяны уорэттэрэн эмиэ ыал онорбута, Женя билигин медик идэлээх Якутскайга олорор. Агафия Андреевна Кэбээйигэ олорон олохтон барта. Мин эбээм ийэтэ быраатын Пркопийы олуор диэри аьыйара уьу.
Кини улахан уолун Дмитрий кыра уолун Прокопий диэн ааттаппыта. Проня билигин Ленинградка олорор, улэлиир.
Билигин Алталаах Миитэрэй Обутов ыччаттара ууьаан-тэнийэн, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ, хос-хос сиэннэрэ Кэбээйигэ, Якутскайга, атын улуустарга олороллор, улэлииллэр, уорэнэллэр: Обутовтар, Левиннар, Сметаниннар, Гуляевтар, Афонскайдар, Степановтар, Ивановтар, Сотниковтар. Иккилии сыл буола-буола Алталаах ыччаттарын ыьыа5ын иккитэ тэрийэн ыьыахтаатылар. Онно Кэбээйиттэн бара сылдьыбыттара. Аны быйыл сайын дуу, эьиил сайын дуу ол ыьыах Маганна буолуохтаах.
Мин быйылгы чинчийиилэрим:
Сэрии буолбата5а буоллар таайдарбыттан кыралара Обутов Прокопий Дмитриевич ба5ар билигин да баар буолуох этэ, кору-нары тардыах этэ дии саныыбын. Сир урдугэр сэрии хаьан да, ханна да буолбатын. Сир урдугэр эйэ, до5ордоьуу, дьол, уоруу эрэ тосхойдун.
«Кэбээйи. Чачы» кинигэ5э мин хос эьээм Лугинов И.Г. Уйбааныскайдыын туспут хаартыскаларын кордум. Кинилэр Кэбээйи аатырар эмис соботун тутан тураллар. Ити тугэн кэнниттэн мин эбээлээхпэр сылдьыбыппын санаан кэлбитим. Онно ампаарга туох эрэ сетка курдук улахан да улахан ороьолоно сытарын корбутум. Эбээм «Бу мунха. Саха омук мунха баар буолан былыр-былыргыттан балыктаан аьаан-сиэн тыыннаах ордон кэлбитэ. Эн хос эьээн танмыта» диэтэ. Онто эргэ дьиэ5э киирбитим бэрт бо5о-та5а оноьуулаах о5о аьыыр мас олоппоьо турарын кордум. Эбээбиттэн «Бу ким онорбутай?» диэн ыйыппытым. Онуоха эбээм «Бу эн хос эьээн Илья Григорьевич онорбута. Бу олоппоско эн ийэн, эдьиийдэрин бары олорон аьаабыттара. Билигин да киьи тоьо ба5ар туьаныан соп, оннук учугэйдик онорбут эн хос эьээн»- диэтэ. Сайын Са5а5а киирэ сылдьан Ойдобунньук аллеятыгар улахан да улахан борону олорон баран тутан турар булчуттар хаартыскаларын кордум. «Бу эн эьээн байанайдаах булчут, сорсуннаах сонордьут Илья Григорьевич» диэбиттэригэр мин хос эьээбинэн олус киэн тутуннум уонна кини туьунан оссо элбэ5и билиэхпин ба5ардым.
Улэм темата: Мунха биригэдьиирэ, байанайдаах булчут, маьы хамсатар уус - мин хос эьээм Лугинов Илья Григорьевич
Улэм объега: «Мунха биригэдьиирэ, байанайдаах булчут, маьы хамсатар уус - мин хос эьээм Лугинов Илья Григорьевич»
Улэм предметэ: Хос эьээм Лугинов Илья Григорьевич эдэр колуонэ5э холобур буолар оло5о.
Улэм сыала: Хос эьээм Лугинов Илья Григорьевич туьунан уорэтии
Улэм соруктара:
Саба5алааьына: О5о кыра сааьыттан а5а колуонэ дьонун олохторун билэр, кинилэри ытыктыыр буолла5ына утуо киьи буола улаатыа.
Бу саьарбыт хаартыскаттан сиэттэрэн мин хос эьээм туьунан уорэтэн, ыйыталаьан олус элбэ5и биллим. Хос эьээм Лугинов Илья Григорьевич 1924 сыллаахха Тыайа нэьилиэгэр торообутэ. Лугиновтар дойдулара Эбэлээх, Куулэлээх диэки эбит. Тороппуттэрэ «Олох санардар» холкуос холкуостаахтара эбиттэр. А5ата Саахырба Киргиэлэй Советскай былааьы уоруунэн корсубут. Кини Тыайа нэьилиэгэр совекка председателлээбит, холкуоьу тэрийсибит. Элбэх о5олоо5о уксэ уолаттар эбит. Тулаайах хаалан баран уолаттар бултаабыттар. Сурэхтээх, сытыы-хотуу буолан кырдьа5астар кинилэри собулууллэрэ. Куйуурдарын онорон, туьах биэрэн комолоьоллоро диэн махтана ахтар эбит мин эьээм Илья Григорьевич. Ол туьунан мин краевед учуутал Сметанин Григорий Антоновичтан ыйыталаьан биллим. Эьээм ордук балык бригадира Софронеев Степан Васильевичка (Тооромоско – Кушнарёва В.А. хос эьээтэ) махтанар эбит. Мунха5а Тооромос кинини ата5ар илдьэ сытар эбит, балык тахсыар диэри аьатара, саатын уларсан бултатара. «Ылдьаа куруутун элбэх, бодон кустаах» диэн хайгыыр эбит. Тооромостон уорэнэн мунхаьыт бэрдэ буолбут, бэйэтэ мунханы танар, салайар аатырбыт балыксыт буолбута. Бу хаартыска угус Кэбээйи туьунан кинигэлэргэ киирбитэ.
2-с хаартыска. Докторов–Бычырдаан хаартыската. Бу хаартысканы мин «Якутия спортивная» диэн кинигэ5э кордум. Илья Григорьевич о5о эрдэ5иттэн тэтиэнэх, лаппа куустээ5ин иьин «Эьэ» диэн таптаан ааттаабыттар. Кини бэрт элбэх ыьыахтарга тустара, элбэх ыьыахтар муьэлэрин ылбыт киьи. Урут атын улуустартан, нэьилиэктэртэн куустээх, сымса дьон кэлэн тустан, курэстэьэн барар угэстээхтэр эбит. Ол аатырбыт – сура5ырбыт дьон курэстэьэ кэллэхтэринэ Кэбээйилэр эрэнэр киьилэрэ Эьэ Ылдьаа буолара. Ол курдук кини аатырбыт Тогособу, Докторовы кытта тустан эриспитэ билиннэ диэри кырдьа5астар кэпсэллэригэр сылдьар. Докторов «Куус оттунэн лапа куустээххин да, албаьы билбэккин» диэбитэ уьу хос эьэбэр.
Илья Григорьевич мындыр уус киьи этэ. Илими, мунханы табан баайара-танара. Маьынан олус учугэйдик уьанара, кини сатаабата5а, кыайбата5а диэн суо5а.
3-с хаартыска. Бу хаартыскалары миэхэ эьээбиттэн уьанарга уьуйуллубут Сметанин Николай Семёнович биэрбитэ. 1961 сыллаахха Курун куолэ диэн эбэттэн биир туьуугэ суурбэттэн тахса тонна балыгы ылан, дьонун-сэргэтин сохторбутэ. Ол билигин да кэпсэлгэ сылдьар. Бэйэтэ туспа рекорд диэххэ соп. Маны таьынан Райпо балык булдун тэрийэрэ, онно хос эьээм Илья Григорьевич бултуур кэм устата 100 тонна5а тиийэ балыгы бултаабыт сыллардаа5а.
4-с хаартыска. Эьээм улахан да бултка, кыра да бултка сылдьара. Урут Кэбээйини боро буулаан элбэх сылгыны тардан ночоот бо5о онорбутун Дьокуускайтан кэлбит булчуту кытта кэбээйилэптэн кини сонордоьон бултаан олорбуттэрин туоьута хаартыска бэйэтин кэмигэр республика хаьыатыгар бэчээттэммит. Билигин эмиэ Кэбээйи ойдобунньук миэстэлэригэр ыйанан турар.
Илья Григорьевич 1965 сылтан 1991 сылга пенсия5а тахсыар диэри Райпо5а балык биригээдэтин биригэдьииринэн улэлээбитэ. Утуо суобастаах улэтин иьин «Холбос» роспотребсоюз уонна оройуон салалтатыттан угус элбэх на5араадалардаах. Коммунистическай улэ ударнига, Социалистическай куоталаьыы хас да тогуллээх кыайыылаа5а. Чемпион-балыксыт.
Тумук. Хос эьээм кэскиллээх санаалара, толкуйдара,
бар дьонугар утуотэ
№ | Кэскиллээх санаалара, толкуйдара, бар дьонугар утуотэ | Билинни кэмнэ кэскилэ |
Сэрии кэмигэр балыктаан бар дьонун хоргуйууттан быьаабыт | Дьон махтана ахтар, Кэбээйи туьунан кинигэлэргэ, хаьыакка ол туьунан суруллубута | |
Аан бастаан Турбаахы эбэни кини мунхалаан тардыбыт. Билигин Турбаахы собото бутун республиканы аьатар. | Краевед учуутал, Саха республикатын уорэ5ириитин ветерана Сметанин Г.А. ахтыыта | |
Маьынан туттар тэрили онорор. | Билигин да кини онорбут маллара, тэриллэрэ бааллар. | |
Дьиэ тутар. | Кини туппут дьиэлэрэ билигин да чиргэл, туспэккэ тураллар. | |
Сайын балыктаан кэлэн баран сиэнигэр Маша5а Синньээли эбэ5э тыыннаах собону ыыттарара. ( зарыбление – научнайдыы эттэххэ). 90-с сылларга саха бастакы президенэ М.Е. Николаев республика урдунэн маннык улэни тэрийбитэ Саха сирин куоллэрин балыга олус тупсубута. | Ол кэмнэ Синнээли эбэ собото 50-х илимнэ тутар буола сылдьыбыт. Сметанин Григорий Антонович, Дьяконов Иван Алексеевич илимнээн хайгыыллара эбитэ уьу. Билигин молтообут дииллэр. | |
Кини мындыра, толкуйа тобулла5аьа, ойо - уустаан – ураннаан кэпсииригэр, тыла-оьо баайыгар костор. Сыбаайбаларга, юбилейдарга кини курдук учугэйдик ыпсаран тыл этэр киьи суох буолуо диэн дьон кэпсииллэр. | Ахыыттан | |
Илья Григорьевич эдэр ыччаттары бу дьарыгар уьуйбута: мунха, уьаныы, булт. | Угус ахтыыларга бу туьунан суруллар. | |
Кини салайар дьо5урдаах, дьонно ылыннарыылаах тыллаах мунха5а бригадир, окко звеньевой, тутууга прораб…. | Дьон ахтыыта, на5араадалара туоьулууллар |
Ити курдук мин саьарбыт хаартыскаларынан хос эьээм туьунан элбэ5и биллим.
Дьикти киьи олорон ааспыт эбит диэн тумуккэ кэллим. Кини бэйэтин дьиэ кэргэнигэр эрэ буолбакка, бар дьонун туьугар оло5ун анаабыт диэххэ соп. Киьи биир корун дьарыкка дэгиттэр буолуон соп. Онтон мин эьээм саха киьитин улахан 3 дьарыгын: уьаныы, балыктааьын, бултааьын – толору баьылаабыт эбит. Миэхэ хос эьээм холобур буолар. Мин кини курдук барыны бары сатыахпын ба5арабын. Холобура, иллэн кэммэр айабын, уруьуйдуубун, олимпиадаларга ситиьиилээхтик кыттабын, спордунан дьарыктанабын, хомуска оонньуубун, ыллыырга холонобун, илиибинэн ону-маны онорорбун собулуубун, кинигэ аа5абын, уорэхпэр туйгуммун.
МТ «Кэбээйи улууьа (оройуона)»
МКТ « Кэбээйи улууьун уорэ5ирии управлениета»
МБУоТ «Е.Е.Эверстов аатынан Кэбээйи орто оскуолата»
Мин хаан уруу айма5ым –
саха норуодунай суруйааччыта Николай Алексеевич Лугинов
(тезис)
Улэни толордо: 4 «а» кылаас уорэнээччитэ
Полятинская Клара
Салайааччы: Кривошапкина Саргылана Семёновна – алын суьуох кылаас учуутала
Кэбээйи, 2015
Улэм темата: Мин хаан уруу айма5ым – саха норуодунай суруйааччыта Николай Алексеевич Лугинов.
Улэм сыала: Саха норуодунай суруйааччыта Николай Алексеевич Лугинов мин айма5ын туьунан уорэтии.
Улэм соруктара:
Улэм саба5алааьына: Биьиги кыра сааспытыттан а5а колуонэ дьоммутун убаастыыр, холобур оностор буоллахпытына, киьилии сиэрдээх-майгылаах, сайдыылаах дьон буола улаатыахпытын соп.
Улэм сонуна: Саха норуодунай суруйааччыта Николай Алексеевич Лугинов уруу –аймах дьонун кытта алтыьыыта.
Николай Алексеевич Лугинов - саха норуодунай суруйааччыта, Духуобунас академиятын вице-президена. 1948 сыллаахха атырдьах ыйын 14 күнүгэр Кэбээйи улууһугар төрөөбүтэ. Саха государственнай университетын физико-математическай факультетын, СССР сруйааччыларын Үрдүкү литературнай курстарын бүтэрбитэ. Хас да сыл оскуола5а учууталлаабыта. 1974 с. аан бастаан «Хотугу сулус» сурунаалга кыра айымньылара бэчээттэммитэ. Икки сыл буолан баран бастакы кинигэтэ тахсыбыта. Сотору кэминэн маҥнайгы сэһэннэрин уонна романнарын таһаарар. «Сэргэлээххэ» (1978) , «Нуоралдьыма чараҥар» (1979), «Мэндиэмэннэр». Николай Лугинов аныгыскы айымньылыра - «Түһүлгэ», «Таас тумус», «Песня белых журавлей», «Хозяин дома», «Үрдүк арыылар», «Дом над рекой», «Кустук», «Баллада о черном вороне», «Халлаан хараҥата». Суруйааччы «Таас тумус» диэн кэпсээнин иһин Алжир республикатын мэтээлин ылбыта. Николай Лугинов Казахстан Республикатын «Алаш» литературнай премиятын лауреата. 1997 сыллаахха «Чыҥыс Хаан ыйааҕынан» роман маҥнайгы кинигэтэ тахсыбыта. Бу роман нууччалыы тылбаастаммыта. Билигин П. А. Ойуунускай аатынан Литературнай музей директора, Россия суруйааччыларын союһун правлениятын секретэрэ, СӨ Духуобунас академиятын вице-президена, Аан Дойдутааҕы Түүр Академиятын дьиҥнээх чилиэнэ, СӨ Президенин Сүбэтин чилиэнэ. «Чыҥыс Хаан ыйааҕынан» трилогиянан Саха театрын режиссера Андрей Саввич Борисов киинэ уһулбута. Николай Лугинов «Алампа, Алампа…», «Быраһаай» диэн драмалара театрга туруоруллубуттара.
Наҕараадалара уонна ытык ааттара: Саха норуодунай суруйааччыта, Саха Өрөспүүбүлүкэтин искусствотын үтүөлээх диэйэтэлэ Россия Улахан литературнай бириэмийэтин лауреата (2001), «Чыҥыс Хаан ыйааҕынан» романын иһин «370 лет Якутия с Россией» ураты Бэлиэ (2002), Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ытык гражданина (2008, ) Норуоттар ыккардыларынааҕы Түүр Академиятын дьиҥнээх чилиэнэ, Монголия Республикатын «Найрамдал» уордьана, «Гражданская доблесть» ураты Бэлиэ Норуоттар ыккардыларынааҕы «Алжир на перекрестках культур» бириэмийэ лауреата Казахстана «Алаш» литературнай бириэмийэтин лауреата.
Мин эhээлээтэр эhэм Полятинский Николай Спирдонович. Эhэм кыра эрдэ5иттэн техника5а тардыhар буолан улаатан баран суоппар буолбута. Ор сылларга суоппарынан улэлээбитэ. Совхозка 6 тогул, оройуонна 2 тогул чемпион - суоппар диэн урдук ситиьиилэрдэнэ сылдьыбыта. Улэ ветерана.
Эьэм уонна Николай Алексеевич чугас аймахтыылар. О5о саастара бииргэ ааспыт, оскуола5а бииргэ уорэмиттэр.
Эьэм эьэтэ Сэмэн Давыдович уонна Николай Алексеевич а5ата Алексей Давыдович бииргэ торообуттэр.
Торуччуну Лугинова Екатерина Васильевна Платон Семенович кэргэнэ кэпсээбитин эдьиийим Лопатина Раиса Спиридоновна истэн бу маннык суруйан ыыппыта.
Лугинов Сэмэн Давыдович – Тыайаттан торµттээх. Бииргэ торообуттэр 8-тар. Ньукулай, Огдоочуйа, Былатыан, Барыскыай, Муоча (куорат), Муоча (Куокуй), Софрон, Аана.
Петр Давыдович – о5олоро Василий Петрович, Марфа Петровна, Анна Петровна, Афанасий – армия5а олор.
Степан Давыдович – Лугинов Прокопий Степанович (Сангар, шахтер).
Авксентий Давыдович – сэриигэ олор.
Анна Давыдовна – Николай Ильич, Ульяна, Маайа.
Мария Давыдовна – Намна барбыт. Иван Софронеев, 2 кыыстаах.
Алексей Давыдович – Василий, Николай.
Мин иккис сылбар чинчийэр улэбин сал5ааммын Николай Алексеевич Лугинов биьиги дьиэ кэргэннэ бэлэх биэрбит анабыл суруктаах бэйэтин кинигэлэрин, хаартыскаларын уо.д.а. бэлэхтэрин чуолкайдаатым. Ол курдук:
№ | Бэлэх | Ис хоьооно |
1 | хаартыска | Сэмэн Тумат, Н Лугинов, Урсун Кэбээйигэ кэлэ сылдьан биьиэхэ ыалдьыттаабыттара |
2. | хаартыска | Кэргэнинээн туспуттэр |
3. | хаартыска | Николай Лугинов кэргэнинээн мин кыра эрдэхпинэ кэлэ сылдьан туспуттэр |
4 | хаартыска | Кыргыттарын хаартыскалара |
хаартыска | Эьээм уонна кини эдэр сылдьан туспут хаартыскалара | |
кинигэ | Кинигэтин анаан суруйан бэлэхтээбитэ | |
диск | Бэйэтин оло5ун айар улэтин туьунан диск бэлэхтээбитэ | |
урун комус манньыат | Мин ийэбэр уонна а5абар бэлэхтээбитэ |
Биьиги дьиэ кэргэн бу бэлэхтэри харыстааммыт уура сылдьабыт, олус кундутук саныыбыт. Бу бэлэхтэр Николай Алексеевич аймахтарыгар утуо, истин сыьыаннаа5ын, амарах дууьалаа5ын туоьулууллар. Саха норуодунай суруйааччытын бэлэ5э кэнэ5эскитин сыаналаах музей экспонаттара буолуохтарын соп дии саныыбын.
Саха норуодунай суруйааччыта Николай Алексеевич Лугинов мин хаан уруу айма5ым буоларынан киэн туттабын. Кини Кэбээйигэ кэллэ5инэ эбээлээх эьээбэр сынньанан барааччы. Кини биьиэхэ кэлэ сылдьыбытын ойдуубун уонна кинини олус истин, утуо киьи быьыытынан сыаналыыбын. Мин улааттахпына хайаан да кини айымньыларын аа5ыам, уорэтиэм. Иллэн кэммэр айар тэтэрээппэр кыра кэпсээн, тэттик хоьоон айан суруйарбын собулуубун. Николай Лугинов туьунан салгыы уорэтиэм, кини айар улэтин билэ сатыам.
Астрономический календарь. Декабрь, 2018
Домик зимней ночью
Дымковский петушок
В какой день недели родился Юрий Гагарин?
Чья проталина?