доклад ученицы 4 класса Новиковой Дайааны "Тиэргэним уунээйилэрэ" о лекарственных растениях
Вложение | Размер |
---|---|
tiergen1.doc | 111 КБ |
МОУ «Абагинская средняя общеобразовательная школа имени А.Е.Кралина»
Тиэргэним уунээйилэрэ.
Улэни суруйда: 4 кылаас уерэнээччитэ
Новикова Дайаана
Салайааччы: Шергина Татьяна Анкиевна
Аба5а
2011 сыл
Улэ былаана:
Киириитэ
1. Эмтээх уунээйилэри хомуйуу быраабыллалара.
2. Уунээйилэри хомуйуу бириэмэтэ.
3. Мин тиэргэним уунээйилэрэ.
4. Уунээйилэри туьа5а таьаарыы
Тумук
Биhиги тыйыс айыл5алаах Саха сиригэр олоробут. Сахабыт сирэ олус кэрэ айыл5алаах. Тоho да кыhынын тымныытын иhин, сааспыт ча5ылхай, сайыммыт куйаас, куhуммут, эриэккэс. Айыл5абыт барахсан биhигини араас эгэлгэ уунээйилэринэн: отунан, маhынан, дьикти бэйэлээх сир симэхтэринэн, минньигэс отоннорунан сыллата манньытар, сохторор.
Мин сайыны олус ахтабын, куутэбин. Мин олбуорум иьигэр оонньуу сылдьан наьаа элбэх сибэкки ууммутун астына кербутум уонна бу уунээйилэр те5е ууннэллэрин, туох суолталаахтарын, туох туьалаахтарын билиэхпин ба5арбытым. Сайын устата тиэргэним уунээйилэрин кэтээн кордyм, соро5ун хомуйан хатардым. Туох- ханнык уунээйилэр уунэллэр эбит диэн интириэhиргээн, элбэ5и биллим, туhанным.
Сиргэ уунэр эмтээх оттор медцина5а туттуллар препараттар 40% ылаллар. Ити препараттарга наадыйыы уонна атыылаьар сыаната сыл ахсын улаатан иьэр. Онон эмтээ сырьену хомуйуу - туьалаах дьыала.
Биьиги ебугэлэрбит уунээйилэри аа5а билэллэрэ, куннээ5и олохторугар угустук тутталлара. Уунээйини аьыыр астарыгар, эмп быьыытынан тутталлара. Онтон билинни кэмнэ ас дэлэйэн, эмп уксээн уунээйилэри урдуттэн тэпсэ сылдьан ейдеен да кербеппут. Хас биирдии уунээйи туох суолталаа5ын, туох туьалаа5ын терут да билбэппит, олохпутугар туьаммаппыт. Саха киьитэ айыл5а о5ото буолар. Онон билигин сыана ыарыыр кэмигэр, айыл5а5а бэйэтигэр чугаьаан, айыл5а тугу биэрьитин туьанан олохпутугар туттарбыт наадалаах, бэйэбитигэр туьалаах. Онон мин сайын Ааспыт сайын тиэргэним иhин уунээйилэрин кэтээн кордyм, соро5ун хомуйан хатардым. Туох- ханнык уунээйилэр уунэллэр эбит диэн интириэhиргээн, элбэ5и биллим, туhанным. Биhиги тиэргэммитигэр хонуу сибэккилэрэ, отторо энин арааhа уунэллэр.
Сыала: саха сиригэр уунэр уунээйилэр туьалары били, уэрэтии.
Сыала-соруга: тиэгэммэр уунэр уунээйилэр тустарынан билии.
Ааттарын-суолларын, туох суолталаахтарын уерэтии.
Тиэргэммэр уунэр уунээйилэри олоххо туьныы
Актуальноьа: Өбүгэлэрбит үүнээйилэри куннээҕи олохторугар үгүстүк туhанар этилэр, ол умнууга хаалан эрэр. Билиҥҥи көлүөнэ үүнээйини үчүгэйдик билбэт. Онон билигин сыана ыарыыр кэмигэр, айылҕаҕа бэйэтигэр чугаhаан, айылҕа тугу биэр-битин туhанан олохпутугар туттарбыт наадалаах, бэйэ-битигэр туhалаах.
Уунээйилэри тустаах болдьохторго уонна анал ньыманан хомуйар уратысуолталаах. Маныаха уопсай быраабылалар бааллар: уунээйини тас керунуттэн билиэххэ наада, хомуйуу бириэмэтин билэн арда5а суох куннэ бэлэмнэнэр. Уунээйи хас биирдии керунун тус-туспа иьиккэ уруллар уонна сатан сатаан кууртахха эминсутэрбэт.
Эмтээх уунээйилэр угус керуннэрин кунус хомуйуллар. Сарсыарда уонна киэьэ уунээйи сииктээх, ол сырье хаачыстыбатын мелтетер. Уунээйи силистэрин арда5а суохха, кун хайаба5арар бириэмэтигэр хомуйуллар унна тута бе5ун-сыыьын ыраастанар, сууйуллар. Хомуйарга силиьин алдьаппат наада. Уксун илиинэн хомуйуллар, быьах оннугар кыптыыйы туттар ордук. Хомуйуллубут уунээйини сиргэ ырахпакка, дьааьыкка, меьееччуккэ сахсаччы уурталанар. Ыга симтэххэ уунээйи чинээн умайыан сеп.
Уунээйини сунньунэн сибэккилиир бириэмэтигэр хомуйуллар, ол иннинэ сэбирдэ5ин хомуйар табыллыбат. Оттон уунээйи отоннорун толору сиппиттэрин кэннэ, буор аннынаа5ы силистэрин – уунээйи хагдарыйда5ына хомуйуллар. Хомуйуллубут уунээйини тута, икки чаас иьинэн хатара ууруллуохтаах. 50-60 кыраадыс итиигэ тургэнник хатарыллар. Симэьиннээх отоннор витаминнара урдук температураны тулуйумтуолар, онон 70-90 кыраадыска диэри ититэн тургэнник хатарыахха сеп. Эфирнай арыылаах сырьелар 25-30 кыраадыс итиигэ бытааннык хатарыллар. Уунээйи араас чаастарын – хатырыгы, силистэри, сиэмэлэри, отоннору кун уотугар хатарыахха сеп. Кун уотугар хатарарга сырьену 2-3 см халыннаах гына тэниччи кутуллар уонна кун устата хаста да эргитэн бэриллэр, туунун хомуйуохха биитэ сиик туьэриттэн хаххалатыахха наада. Уксугэр сырьену таьырдьа хахха сиргэ эбэтэр атын веществолар сыттара суох, учугэйдик салгылатыллар сиргэ чараастык тэлгэтэн дуу, кыра-кыр гын суумэхтии бйн, ыйаан дуу куурдуллар. Сырье маас сата бутуннуутэ тэннэ хатара наад, тэннэ хаппата5ына урут хаппыт ертр ултуруйэн тохтон хаалыан сеп. Хаппыт уунээйи ене кубулуйуо суохтаах. Уунээйи сонос чааьын тотьутан кердеххе токуруйбакка, тосту ыстанар буолла5ына, хатан буппутунэн аа5ыллар. Хаппытын кэннэ кураанах, быыла суох харана сиргэ, сыттаах веществолартан тэйиччи суулаан ууруллар. Суулаан баран, таьыгар туохха аналлаа5ын уонна хаьан сууламмытын суруйуллар. Сибэккини уонна оту 1-2 сыл, силиьи, умнаьы, тердугэр астаахтары, сэбирдэхтэри – 3-5 сыл уран туруоруохха сеп.
Уунээйи аата | силиьэ | умнаьа | Сэбирдэ5э | сибэккитэ | аьа | сиэмэтэ |
Сылгы ньугуhуна | Атырдьах ыйа | |||||
Маныыhыт суумката | ||||||
Бохсур5ан, биэс тымырдаах от | Сайыны быьа | |||||
Мята | ||||||
Уорэ ото | ||||||
Чыычаах сиир ото | ||||||
Ымыйах | ||||||
Куохалас | ||||||
Урумэччи от | ||||||
Кииьилэ | ||||||
Кучу | ||||||
Ньээм , алтан тебе | ||||||
Чэмпэрээк, сугун аба5ат | ||||||
Кыа уга | ||||||
Сарбанньах | ||||||
Хатын |
Сылгы ньугуhуна (ветреница лесная) – биэс эминньэхтээх, манан сибэккилээх. Туурата суох тула оттугэр сарайбыт биир сиртэн тахсар сэбирдэхтэрдээх. Умнаhа коно, уhуна 20-30см. Сайын са5аланыыта, куhуору атырдьах ыцыгар сибэккилиир. Тирии ыарыытыгар, артрит, ревматизм дьар5а буолбут ыарыыларга туhанныллар. Декоративнай уунээйи курдук эмиэ туhаныахха соп.
Маныыhыт суумката (пастушья сумка) – 10- 30см. урдуктээх. Силиhин таhынаа5ы сэбирдэхтэрэ куорсуннуу адаархайдар, умнаhын сэбирдэхтэрэ кыралар, умнаhы кууhан олороллор. Сибэккилэрэ киистэлиилэр, сиэмэлэннэхтэринэ уhун буолаллар.Сибэккитин, отун медицина5а тутталлар эбит. Коонньорон оhо5ос, быар, уос, куртах ыарыытыгар, баас оhордорго тут- таллар.
Бохсур5ан, биэс тымырдаах от (подорожник) – намыhах от уунээйи. Сэбирдэхтэрэ силистэрин тордуттэн тахсаллар, умнаhа суох, сибэккитин уга 15- 30см уhуннаах. Сэбирдэхтэрэ сымыыттынылар. Бэс ыйыттан бала5ан ыйыгар диэри сибэккилиир. Сотолу эмтииргэ тутталлар. Састаабыгар аскор- биновай кислота элбэх эбит. Шампууннарга, кремнэргэ эбэллэр.
Бохсур5ан (биэс тымыр) (подорожник)
Бохсур5ан сэбирдэ5ин алдьаппакка сэрэнэн сайыны быьа хомуйуохха сеп. Кулук, аьа5ас, салгыннаах сиргэ куурдуллар, хатардыллар. Хаппыт оту бурдук курдук буолуор диэри мэлийэллэр, онтон сиидэлииллэр. Бу от сэбирдэ5эр гликозил, каротин, аскорбиновай кислота, К битэмиин, белок эттиктэрэ, эфир арыыта уо.д.а. холбоьуктар бааллар.
Бохсур5аны суьурууну утары, бааьы тургэнник оьорорго, ыарыыны тохтоторго, хааны ыраастыырга, сетелу хонуннарарга, кеенньеьугун куртах, синньигэс, суон оьо5остор ыарыыларыгар киэнник тутталлар, ордук куртах бааьыгар. Ону таьынан тыынар органнар ыарыыларыгар, сэлликкэ, буер хроническай ыарыытыгар, тирии бааьыгар туьалыыр.10-20 г оту200 млоргуйбут итии ууга кеенньеруллэр уонна улахан ньуоскананкуннэ 3-4 иьиллэр. Биьиги эмчиттэрбит бохсур5аны аьа5ас баска, тирии суьуруутугэр, уен ытырыытыгар, итиигэ буьууга, ханы тохтоторго тутталлар. Сибиэьэй сэбирдэ5и сууйан баран хаан тахсыбыт сиригэр саба ууруллар. Бохсур5ан сиэмэтин оьо5ос тымныйан ыалдьыытыгар, куртах сарыыта бааьырыытыгар(язва) тутталлар.
Бохсур5ан сэбирдэхтэриттэн маска оностуохха сеп.
Мята – умнаhа коно, 10-30см урдуктээх. Сэбирдэхтэрэ утарыта олороллор, сымыттыны синньигэстэр. Сибэккилэрэ сырдык фиолетовай оноох-тор. Бэс ыйыттан бала5ан ыйыгар диэри сибэккилиир. Сурэх, тобо ыарыытыгар, утуйбат буолууга тутталлар. Аска салаты онорорго, мииннэ,эт, балык булуудэлэргэ тума быhыытынан тутталлар эбит.
Уорэ ото (полынь обыкновенная) – а5ыйах салаалаах эрбэhин от. Умнастара 50-80см урдуктээхтэр, кыhыллыны бороннор, уоhээ отто салаа-лаах. Сэбирдэхтэрэ харана от куо5э онноохтор, сибэккилэрэ олус кыралар, кыhыллынылар. От уонна атырдьах ыйыгар сибэккилиир. Састаабыгар элбэх аскорбиновай кислоталаах уонна каротиннаах. Грибковай уонна таттарар ыарыыларга, хаан тохтоторго, илиистиги эмтииргэ туттуллар. Саха отоhут-тара туон уурарга уруккуттан тутталлар.
Чыычаах сиир ото (горец птичий, спорыш) – сымна5ас от уунээйи. Умнаhа туруору эбэтэр сытыары, 20-30см уhуннаах. Сэбирдэхтэрэ бытархай, сымыыттыны синньигэстэр. Сибэккилэрэ кыралар, манан эбэтэр розовай он-ноохтор. Бэс ыйыттан атырдьах ыйыгар диэри сибэккилиир. Отун сибэкки-лиир кэмигэр хомуйаллар. С уонна А битэмиинэ элбэх. Буор, хабах ыарыы- тыгар тутталлар.
Ымыйах (кровохлебка лекарственная) – умнастара салааланан арах-саллар, элбэхтэр, 1м диэри урдуктээхтэр. Силиhин таhыгар баар сэбирдэхтэрэ бодоннор, уhун уктаахтар паарата суох куорсуннуну 7-15 сэбирдэхтээхтэр. Умнаhыгар баар сэбирдэхтэрэ олороллор. Сибэккилэрэ харана кыhыллыны-лар, куоластара тоботунулэр, бытархайдар. Бэс ыйыттан атырдьах ыйыгар диэри сибэккилэнэр. Атырдьах ыйын бутуутугэр, бала5ан ыйыгар силистэ-рин хомуйаллар. С уонна А битэмииннэрэ элбэхтэр. Дизентерияны эмтииргэ, хааны тохтотууга, куртах, оhо5ос ыарыытыгар туттуллар.
Куохалас (герань луговая) – умнастара туруору, салааланан арахсал- лар, 30-40см урдуктээхтэр. Сибэккитэ улахан, 2,5см диаметрдаах, фиолето-вай онноох, хастыы да буолан болохтоhон уунэллэр. Сайыны быhа сибэкки- лиир, куннээх сиргэ собулээн уунэр. Отоhуттар бу оту тирии ыарыыларын эмтииргэ, утуйбат буолууга, эпилепсия5а тутталлар эбит. Декоративнай уунээйи.
Урумэччи от ( ясколка)- хойуутук чомохтоhон уунэр. Умнаhа сыы-йыллас туруору 14-16см урдуктээх. Сибэккитэ бытархай, манан дьуhуннээх, сулустуну быhыылаах. Бэс ыйыгар сибэккилиир.
Кииьилэ. (щавель, кислица)
Аьылыкка кииьилэ сэбирдэ5ин, умнаьын туьаналлар, оттон эмтэнэргэ – тердун, силиьин. Кииьилэ рутин, С битэмиин, каротин, тунидтар элбэхтэр. С битэмиин кииьилэ5э о5урсутаа5ар 4, помидордаа5ар 3 тегул элбэх. Аска анаан сэбирдэхтэрин эрдэ хомуйан хатараллар. Беден сэбирдэхтэрин 3-4 гына бысталаан, оргуйа турар ууга 1-2 мунуутэ уган ылаллар. Сэбирдэх кугас енненне5унэууттан таьааран сойуталлар. Тонорон баран кыьын щи, салат онорорго эбиилик гыналлар. Оттон сайынын сэбирдэ5ин сууйан, бысталаан сибиэьэйдии салаакка, мииннэ эбэллэр эбэтэр минньигэс барыанньа онороллор. Ону таьынан, суегэй уутугар оноьуллубут бутугаска кутан, сайын куйааска утах курдук иьиэххэ сеп.
Куьун сэбирдэ5э, умнаьа хатан туспутун кэннэ, тердун силистэри хостоон ылаат, тута тымныы ууга сууйаллар, салгынна куурдаллар. Быьа5ынан силиьи устатынан хайыталлар, буорту буолбутун быра5аллар, онтон салгын охсор сиригэр уран куурдаллар. Сеп-сеп эргитэллэр. Учугэйдик хаппытын кэннэ улту сынньан бороьуок онороллор. Кэлин оргуйбут ууга суурайан, биитэр испииргэ кеенньерен эмп быьыытынан тутталлар.
Кииьилэни оьо5ос ыарыытышар, хаан барыытыгар, аьа5ас баска, сэлликкэ, кыьыылаах ымынахха тутталлар. Онноо5ор хаан урдук баттааьынын эмтииллэр.
Кучу (курун ото. Иван-чай узколистный)
Кучу бааьына, суол кытыытыгар, тыа са5атыгар уунэр. Уьун бытырыыс кыьыллыны тэтэркэй сибэккилэрдээх. Сибэккилэммитин кэннэ сэбирдэ5ин умнаьын хоту ере сыыйан ылан салгыннааах, кулук сиргэ куурдаллар.
Тебе ыарыйда5ына, кучу сэбирдэ5ин кеенньерен иьэллэр. Хаппыт сэбирдэ5и бороьуок курдук мэлийэн аьа5ас бааьы саба баайан утуердуеххэ сеп. Отун оргутан куртах, оьо5ос ыарыыларыгар тутталлар. Сэбирдэ5э олус элбэх С битэмииннээх. Кучуну кулгаах, мурун, куемэй тымныйыытыгар, утуйбат буолууга, куртах бааьыгар оргутан эмтэнэллэр.
Кучу сэбирдэ5иттэн битэмииннээх чэй оноруохха сеп. Сэбирдэ5ин аьа5ас кун уотугар сытыара туьэн баран, беле5унэн сумэьинэ ыгыллан тахсыар диэри хатайданар. Ол кэнниттэн сииктээх серуун сиргэ ( оьох урдугэр, духуопка5а) кыратык саьарыар диэри хатарыллар. Чэй оносторго бэлэм буолла.
Гепатитынан ыалдьар киьиэхэ маннык холбоьук туьалаах: календула сибэккитэ, ытырыык от (крапива) сэбирдэ5э, мята, бохсур5ан (подорожник), ромашка сибэккитэ -2, хатын сэбирдэ5э, луен сиэмэтэ, суорат от (тысячелистник) – 3, делуьуен сэбирдэ5э, отоно -4 елуулэрин холбоон булкуйан 2 остолобуой ньуосканы ылан 0,5 л итии оргуйбут уулаах тиэрмэскэ хоннорон, сиидэлээн баран куннэ 3-4-тэ ыстакаан анаарынан аьыах 30 мунуутэ иннинэ иьиллэр.
Саас буолан, кун уьуур, халлаан сылыйар кэмигэр киьи тириитэ куурар-хатар. Куура5ас тириигэ биэс тымырдаах оту (подорожнигы) масс арыытын кытта холбоон маска оностуохха сеп. Биинтэни 3-4 тегул бук тутуллар, бэлэмнээбит суурадаьынна илитиллэр, сирэйгэ саба ууруллар.сотторунан бурунэн 15 мунуутэ тутуллар.онтон инчэ5эй салфетканан маасканы сотуллар. Салгыы 5 кун устата, кэлин нэдиэлэ5э иккилиитэмааска оноьуллар. Икки нэдиэлэ ааспытын кэннэ сирэйи сарсыарда серуун уунан мыылата суох суунуллар.
Саас буолла да сыалаах тириилээхтэр ромашка уутунан сууналлара наада.
Ньээм , алтан тебе (Одуванчик лекарственный)
Ньээм-ньээм тыьыынчаттан тахса араас керуннээх. Химическэй састааба олус баай: флавонодтар, аминокислоталар, калий, тимир, фосфор, натрий, кремний, сера, А,В,С,Д битэмииннэр бааллар.
Ньээм от сэбирдэхтиин, силистиин, сибэккилиин барыта эмтээх. Ол иьин бутун уунээйини хомуйан, сууйан куурдаллар. Силиьин куьун хомуйаллар, кун уотугар хас да кун устата силиьэ тосто сылдьар буолуор диэри куускэ хатараллар.
Ньээм от элбэх ыарыыттан эмтиир. Ордук быары суьурдэр дьааттаах эттиктэри организмтан таьаарар. Аллергиялаан эттэрэ кыьыйар, бааьырар дьон саас кун аайы ус нэдиэлэ устата 5-10 ньээм сибэккитин учугэйдик ыстаан сиэтэхтэринэаллергиялара ааьыан сеп. Герпестэн эмиэ кемелеьер. Суьуех ыарыытын, диабеты, таал ыарыытын мулурутэр, тирии бааьын утуердэр, ниэрбэни уоскутан учугэйдик утутар. Сорох дбон ньээм водка5а кеенньеьугун грипптэн харыстанарга уонна эмтэнэргэ туьаналлар.
Ньээм эрдэтээнни сэбиодэхтэриттэн битэмииннээх салаты бэлэмниэххэ сеп. Аьылыкка анаан хомуллубут сэбирдэ5и чаас анаара ууга туруоран, эбэтэр оргуйа турар уунан саба кутан хабархай амтанын суох онороллор. Сибэккититтэн барыанньа, мует оноруохха сеп.
Ньээм массыыналар таьаарар гаастарыттан киьи доруобуйатыгар буортулаах элеменнэри бэйэтигэр инэринэр. Ол иьин суол кытыытыттан ньээми эмкэ, аьылыкка хомуйуллубат.
Чэмпэрээк, сугун аба5ат (багульник)
Чэмпэрээк састаабыгар эфирдээх арыы баар буолан сыттаах. Ол ньиэрбэ5э куьа5аннык дьайар. Чэмпэрээк ууммут сиригэр уьуннук сырыттахха киьи тебете ыалдьыан, сэниэтэ суох буолуон сеп. Онон сэрэхтээх буолуохха наада.
Эмкэ анаан бэс, от ыйдарыгар, сибэккилэнэр кэмигэр, умнаьын, тебе еттун уонна сэбирдэ5ин хомуйаллар. Салгыннаах кулук сиргэ атын оттортон туспа куурдан уонна сеп буола-буола ыьан-сахсатан биэрэн хатараллар.
Сетелу, тирии бааьын эмтииргэ киэнник туьаналлар. Кулахыны, сахсыр5аны, бырда5ы суох онорорго бу уунээйи сэбирдэ5ин уматан туптэлииллэр. Танаьы-сабы, туулээ5и уентэн-кейууртэн харыстаан, хопполорго, долбуурдарга уураллар.
Эмтээх оттортон иммунитеты кууьурдэллэр: эхинацея, ромашка, ытырыык от, лмпчатка, мелисса, череда, улахан бохсур5ан (подорожник), лопух, суорат от (тысячелистник) уо.д.а. Бу уунээйилэр тэн чаастарын ылан холбуохха уонна биирдии чаайынай ньуосканы 1 ыстакаан итии ууга чэй курдук бардаран 1-2 ый иьэ сылдьыахха сеп.
Кыа уга (уерэ от) (полынь, чернобыльник)
Эмкэ уеьээнни сэбирдэхтэрин сибэкитин кытта туттуллар. Кыа уга киьиэхэ аппетит киллэрэр, куртах аьыыбатын урдэтэр, улэтин тупсарар. Ону тэнэ оьо5ос баастарын оьорор. Быар, уес ыарыытыгар кемелеех, утуйбат буолууга эмиэ иьэллэр. Кыа уга оргуйбут уутун истэххэ киьи иьиттэн лиистик тахсарыгар, титирииргэ (малярия5а) кемелеьер. Айах бааьырыытыгар кыа уга оргуйбут уутнан сай5аналлар. Немецтэр кыа угун уутун гастриттаах, хана а5ыйах, быар ыарыылаах киьиэхэ тутталлар.
Норуот эмчиттэрэ туен уурарга, дьиэни ыраастыырга туьаналлара. 1 ч.нь. бытарытыллыбыт оту 300 г оргуйбут ууга 4 ч кеенньерен, сиидэлээн, ыстакаан туерт гыммыт биирин аьыах иннинэ 4 кун истэххэ, сурэх ыалдьара, куускэ тэбэрэ, утуйбат буолуу, куттаныы, куртах, оьо5ос ыарыыта ааьар.
Уерэ отуттан бутугас.
Уерэ отун хону луугун, чочунаа5ы кытта биир кэмнэ хомуйаллар. Тэлгэтэ уран хатараллар. Хордуон хоруопка5а эбэтэр танас меьееччуккэ уган кураанах сиргэ уураллар. Хаьааскытыттан теьену туттаргын ылан сууйа5ын, кыра-кыра гына суулаан холодильника уура5ын. Онтон ылан кыра гына кырбыыгын, 2 л ууга оргута5ын, 2 ост. нь. бурдугу ытыца-ытыца кута5ын. Онтон иирбэтин диэн, сойбутун кэннэ, суораты (кефири) теье аьыыны себулуургунэн керен уонна ытыйан баран холодильника уура сылдьан сарсыарда эбэтэр утуйарын са5ана иьэ5ин.
Сарбанньах (рябина)
Киьиэхэ улахан туьалаах уунээйи диэн биллэр. Хатырыга 14 % тиийэ дубильнай эттиктээх, тириини танастыырга туттуллуон сеп. Сарбанньах – муеттээх уунээйи. Сэбирдэ5иттэн куруннуну-кыьыл кыраасканы ылаллар. Сэбирдэ5э, отоно олус элбэх битэминнээх (ордук С битэмиин).
Сарбанньах отонун маннайгы хаьын туспутун кэннэ хомуйар ордук, оччо5о биллэ минньийэр. Медицинэ5э отон оргуйбут суурадаьынын цинганы эмтииргэ, битэмиин тиийбэт буолла5ына туьаналлар. Норуот эмчиттэрэ илдьи буспут отону ииктэтэр, сыптарытар уонна хаан тохтотор ньыма быьыытынан тутталлар. Сиэмэтэ 22% диэри арыылаах, ол эмиэ туьа5а тахсыан сеп. Итини тэнэ отоно аска туттуллар: барыанньа буолар, араас утах онороллор.
Бу оттортон биьиги дьиэ кэргэн туттабыт: рябина, ньээм от, бохсур5ан, кучу, кииьилэ, хатын. Оонньуу сылдьан илиибитин, атахпытын туохха эмит хайа тартахпытына бохсур5аны тутабыт, оччо5о баьын тургэнник оьор. Сайын эдьиийим суурэ сылдьан охтон сууьун дьукку туспутэ. Биьиги бохсур5аны ылан итиин уунан сай5аан баран бааьын саба уурбуппут. Бааьа тургэнник оспута. Онтон ньээм оту сибэккитин хомуйан сахары кытта оргутаммыт барыанньа оноророоччубут. Эбэм кучу отунан чаай онорооччу, учугэй ба5айы амтаннаах буолааччы.
Маныаха ахтыллыбыттартан ураты эмтээх от Саха сиригэр олус элбэх. Эмтээх оту кэмиттэн кэмигэр туттуу улахан туьалаах. Оттор медицина препраттарыгар кеме средство быьыытынан туьаныллалларын умнар сатаммат. Туттуох иннинэ билэр дьонтон, врачтан субэлэтиэххэ наада.
Туьаныллыбыт литература:
Рисуем осенние листья
Нарисуем попугая цветными карандашами
Спасибо тебе, дедушка!
Дельфин: сказка о мечтателе. Серджио Бамбарен
Этот древний-древний-древний мир!