Темата: Дьиэ кэргэнинэн Киhилээх хайаҕа
Сыала:Чел куттаах айыл5а киhи доруобуйатыгар туhалаа5ынан дьайарын дакаастааhын
Соруктара:
- Киhилээх хайатын туhунан араас литератураттан аа5ан билии, үөрэтии,
- Киhилээх айыл5атын үөрэтии, чинчийии,
- Киhилээх айылҕатын таастара, үүнээйитэ киһи доруобуйатыгар туох туһалаахтарын чинчийии
Чинчийэр предметим:Киhилээх хайа айыл5ата
Биhиги, Поповтар дьиэ кэргэттэрэ, чел олоҕу тутуhабыт. Ийэбит, Светлана Николаевна, администрацияҕа специалиhынан үлэлиир. «Дьүөгэ» түмсүүгэ сылдьар, йоганан дьарыктанар. Аҕам, Виктор Николаевич, тустуунан, мастардыhыытынан дьарыканааччы.
Убайым, Радик, мас тардыhыытынан дьарыктанар. Улуус күрэхтэhиилэригэр кыттан бириистээх миэстэҕэ тиксээччи. Мин уhун дистанцияҕа сүүрэрбин, футболлуурбун, баскетболлуурбун сөбүлүүбүн. Балтыбыт Элеонора эмиэ сүүрүк, үӊкүүhүт. Кыра бырааппыт Рудик кытыгырас, түргэн.
Сайын бары дьиэ кэргэнинэн айылҕаҕа сылдьарбытын ордоробут. Массыынанан ыраах баран дьэдьэнниибит, отоннуубут, сөтүөлүүбүт.
2011 сыллаахха атырдьах ыйыгар биhиги дьиэ кэргэн «Северное сияние» диэн туристическай фирма путевкатынан Киhилээх хайаҕа баран сынньанан кэлбиппит. Ийэм, аҕам, мин уонна убайым Радик буолан барбыппыт. Киhилээх хайатыгар сылдьан биhиги элбэҕи биллибит-көрдүбүт, сахалыы арчыланныбыт, айыл5а ыраас салгынынан тыынан чэбдигирдибит.
Киhилээх хайа Саха сирин Верхоянскай улууhугар баар. Манна туристар Аан дойду бары муннуктарыттан кэлэн сынньанан бараллар. Олохтоохтор эмиэ сөбүлээн сылдьаллар. Киhилээх хайатын үрдүгэ 1070 миэтэрэ, уhуна 25 километр, очуостар орто үрдүктэрэ 25-30 миэтэрэ.
Хайа боруодатын алдьаныыта (эрозия) араас быhыылаах очуостары үөскэппит. Очуостар араас быhыылара киhиэхэ, кыылга майгынныыллар. Фердинанд Врангель диэн путешественник сабаҕалааhынынан температура эмискэ халбаӊнааhыныттан хайа боруодата алдьаммыт. Тымныы уонна тыал дьайыытыттан бу очуостар араас быhыыламмыттар.
Бастаан Байанай таас кэлэр. Бу таас булчуттар таастара. Онтон Таптал тааhа кэлэр. Таптал очуоhугар уоллаах кыыс тураллара көстөр. Сахалыы таӊастаахтар, уол тобуктаан турар. Үрдүктэрэ 16 миэтэрэ. Таптал очуоhа сылаас буолар, мантан оҕото суох дьахтар оҕо кутун көрдөhүөн сөп.Саамай үрдүккэ олоӊхо тааhа кэлэр.Саха киhитэ тобугун тутан олоӊхолуу олорор. Үс кут таастар ийэ, салгын, буор куту кɵрдɵрɵллɵр. Олохтоох дьон сирдиир, үлэлиир буолан, барытын хомуйтаран, умайарын уматан иhэллэр, ол иhин олус ыраас.
Киhилээххэ сылдьыбыт киhи арчы, эниэргийэ ылар. Күүстээх эниэргийэлээх буоллаххына үлэӊ - хамнаhыӊ табыллар, кыайыы-хотуу киhини арыаллыыр. Сорох дьон эмтэнэн ыарыылара ааhан хаалар. Ону таhынан киhи бэйэтэ эмиэ уларыйар: холкутуйар, уоскуйар, дьоӊӊо сыhыана тупсар.
Худуоhунньук Афанасий Осипов 2004 сыллаахха Киhилээххэ тахсан биир ый уруhуйдаабыта. Киhилээх уруhуйдара Ярославскай музейыгар быыстапкаҕа тураллар. Андрей Борисов Киhилээх тэллэҕэр Чыӊыс хаан туhунан киинэни устуутун саҕалаабыта. Уонна мантан «Азия оҕолоро» спортивнай оонньуулар уоттара саҕыллар.
Киhилээх хайатын үөhэ сибэкки, эмтээх от арааhа баар: аатырбыт эдельвейс сибэкки, дьикти күүстээх бөрө сиир ото, сугун, сугун абаҕата, кедровай сланик.
Бөрө ото, баттах отолус сыттаах соччо улахана суох папоротник. Лебедев диэн учуонай баттах отун үөрэтэн баран бу от куртах, оhоҕос ыарыыларын эмтииргэ туhалаах диэн быhаарбыт. Итини таhынан араас ньиэрбэ үлэтин кэһиллиитигэр, куттаныыга, араас сүhүрэн ыалдьыыга тутталлар
Сугун абаҕата.Багульник болотный. 60 см диэри үрдүктээх мэлдьи күөх турар сэппэрээк. Сибэккитэ зонтик курдук сырдык маӊан. Бары чаастарыгар эфирдээх арыылардаах. Сугун абаҕатын сэбирдэҕэ сили убатан, хаахтатан ыраастыыр антисептик уонна уоскутар ньыма, көлөhүн таhаарар, хаан ыраастыыр туhалаах. Сугун абаҕата дьааттаах. Нуорманы таhынан тутуннахха куртаҕы, оһоҕоhу ыарытыннарар.
Сугун. Сугун элбэх битэмииннээҕин иhин сыыӊка ыарыыны утары туттуллар. Лабаатын сэбирдэхтэриниин сүрэх ыарыытыгар иhэллэр. Барыанньа, кисиэл, муорус оӊорон аhылык быhыытынан киэӊник тутталлар.
Киhилээх таастарын туристар аймахтарыгар, доҕотторугар бэлэхтииллэр. Очуостартан тааhы ыларга: «Бука диэн, дьоӊӊо-сэргэҕэ туhалаах буол, көмөлөс», - диэн көрдөhөн ылаллар.
Киhилээх хайатын туойунан дьахталлар маска оӊостон сирэйдэрин соттоллор. Сууннахтарына, сирэйдэрэ маӊхайан тахсар, тириилэрэ эдэригэр түhэр, оҕо тириитин курдук буолар. Туойдаах ууну иhиэххэ сөп. Туойдаах уу киhи очоҕоhун ыраастыыр. Киhилээх туойун туттарга туойунан эмтэнии туhунан ааҕан баран эмтэниллэр.
Бириги киhилээх хайатыгар биир нэдиэлэни быhа сылдьыппыт. Биhигини Божедонов Алексей Иванович-Сырдык сирдээн илдьэ сылдьыбыта.
Бастаан биhиги Дьокуускайтан Баатаҕайга кɵтɵн кэлбиппит. Онтон 4 чааһы быһа моторканан айаннаан Элгэскэ кэлбиппит. Интернакка сынньанан, сахалыы аһылыктары аһаан баран Киһилээх хайаҕа сатыы барбыппыт. Аара баран иhэн балаҕаннарга хоммуппут.
Иккис куммутугэр Киһилээххэ чугаһаан баран балаакка туруорбуппут. Сарсыныгар хайаҕа тахсыбыппыт. Үһүс күммүтүгэр Байанай тааһыгар кэлэн сири-дойдуну алаадьынан күндүлээбиппит. Дьол тааһыгар алгыстаммыппыт. Тɵрдус күммүтүгэрүус кут тааска сылдьыбыппыт. Бэһис күммүтүгэр «Арктика» туристарын кытта кɵрсүспүппүт. Улахан алгыска сылдьыбыппыт. Бүтэһик күммүтүгэр тымныы уулаах үрэххэ сɵтүɵлээбиппит. Ити курдук биһиги дьикти таастары кɵрɵн астынан, сахалыы сиэри-туому тутуһан сылдьыбыппыт. Онон, Киhилээххэ айан доруобуйаҕа туhата: сахалыы астары аhыыгын, сахалыы сиэри-туому тутуhаҕын, ɵйүӊ-санааӊ ырааһырар, айылҕаны кытта алтыhан ыраас салгынынан тыынаҕын, эмтээх үүнээйилэринэн эмтэнэҕин. Ити курдук, биhиги дьиэ кэргэн Киhилээх хайатыгар сылдьан сүдү очуостары кɵрɵн сɵхтүбүт-махтайдыбыт, сахалыы сиэри-туому тутуhан арчыланныбыт, кэрэ айылҕаттан күүс-уох ыллыбыт.
Снежный всадник
Рождественские подарки от Метелицы
Рисуем домики зимой
Белый лист
Браво, Феликс!