Авторское стихотворение "Саҥа дьыл түүн"

Ефремова Розалия Семеновна

Саха тылын, литературатын уерэтии, билиьиннэрии билинни уйэ5э уунэн эрэр келуенэни, норуоппут тылын – еьун, айымньыларын кыра эдэрдэхтэриттэн эттэригэр – хааннарыгар инэринэн, интириэьиргээн сахалыы тыыннаах буола улааталларыгар кемелеьер. Мин улэбэр кыра эрдэхтэриттэн о5олорго сахалыы хоьооннору, остуоруйалары, ырыалары ... билиьиннэрэбин. Бэйэм хоьоон айарга холонобун. Кэлэн иьэр сана дьылга барыгытыгар ситиьиилэри, утуену ба5аран туран  хоьоонмун аныыбын.

Саҥа дьыл түүн.

Кэрэтиэн сулустаах харыйа

Киэргэллээх лабаата хамсыыра,

Дьиктилээх дьэрэлгэн кустуга

Дьиримнээн дьиэлэри кууһара.

 

Кэрэтиэн көмүстээх лаампанан

Кэмэ суох тиһиллэр уоттар,

Үөрүүнү үс төгүл үрдэтэ

Үгүс дьон үөрүүлээх үөрүүтэ...

 

Хаар маҥан сибэккилии симэнэн

Кэрэтиэн саҥа дьыл, саҥа дьыл түүн.

Бар дьоммор бу маннык көҕүнэн

Үүнүөҕэ үөрүүлээх саҥа күн...