Горохова Елена Афанасьевна

Горохова Елена Афанасьевна

Эссе " Мин педагогическай философиям"
«Анардас туспа эрэ тыллаах буолан, ханнык ба5арар норуот ɵлбɵт уйэлээх»
Семен Данилов 
Төрөөбүт төрүт тылбыт-быстыбат быйаҥнаах баайдааҕын, уостубат уран укулааттааҕын, үүнэн иһэр кэнчээри ыччаппытын төрөөбүт төрүт тылларын сүмэтин, баайын үөрэтээри саха тылын учууталын идэтин талан 14 сылбын үлэлиибин. Саха тыла кэм кэрдии аастаҕын аайы өссө байытыллан, кэҥээн, силигирии сайдан иһэрин, элбэхтик этэллэр, үгүстүк суруйаллар. Саха киһитин майгыта-сигилитэ, ис туруга, духуобунай култуурата Ийэ тыллыын силлиһэн,силис тардан сириэдийэр аналлаах .
Төрөөбүт тылбыт-инникини түстүүр, кэрэни кэрэһэлиир, дьолу-соргуну тускулуур ис иэйиини илбиһирдэр,саҥаран сиппэт, иһиллэн илистибэт, этиллэн элэйбэт, дууһаны туймаардар тутуллаах, куту-сүрү күөмчүлүүр, көтөҕөр аналлаах.
Иитиллибит эйгэбит-олох суолун сайдыытын үктэллэригэр үүнэн-үрдээн, киирии тылларынан киэркэйэ кэҥээн, суолтата өссө дириҥээн, өйдөбүлэ өлбөт- өспөт,симэлийэ сүппэт ыллыктанан,кэтит сыырданан,көлүөнэттэн көлүөнэҕэ күндү баай буола ананан чэчирии чэлгийэр, кэскиллэнэр.
Саха тылын учуутала торообут торут тыл баайын, сумэтин, этигэн ньыматын тиэрдэр, уорэтэр, кэрэхситэр ытык иэьэ дии саныыбын.Онуоха учуутал иннигэр маннык соруктар тураллар:
О5о тус бэйэтин санаатын тириэрдэр, ситииьиилээхтик уорэнэрин ситиьии;
Киэн билиилээх – коруулээх, ой – санаа оттунэн сайдыылаах киьини иитии;
Торообут дойдутугар бэриниилээх киьи буоларыгар;
 Бу соруктары ситиьэргэ учуутал кодьуустээх улэтэ, аныгы уорэтэр сайдыылаах технологияны туттуута ирдэнэр. Учуутал – филолог буоларым быьыытынан, коннору уорэтэр матырыйаалынан эрэ буолбакка, о5о тылын саппааьа сайдарыгар,толкуйдуур, айар дьо5ура сайдарыгар улахан бол5омтону уурабын.
Мин уруоктарбар о5о5о бэйэтигэр туьаайыылаах уорэх ( личностно-ориентированное обучение), сайыннарыылаах уорэх (развивающее обучение) интегрированнай уорэх уруоктарын технологиятын туттабын.
Онтон саха тылын уонна литературатын уруоктарыгар оҕо интэриэһин көбүтэргэ, оҕо тылын сайыннарарга оонньуу технологиятын туттар кодьуустээх. Бу технологияны туттарбар маннык литературалары туһанабын. “Саха тылын үөрэтиигэ оонньуу уонна оонньуу технологията”. Шишигина В.Р, ЕфремоваА.В, КудринаМ.А. “Күрэхтэһиилээх оонньуу түгэннэрин уруокка туттуу” Карпова А.С, “Оонньуу хонуута” КондаковаУ.Ф. о.да. Наар биир кэм кинигэнэн үөрэтэргэ оҕо салҕар, интэриэһэ сүтэр. Оонньуу оҕону кэрэхсэтэр, умсугутар өрүттэргэ уонна сатабылга, билиигэ дьулуһууга , күрэхтэһиигэ тирэҕирэр.Тыл матырыйаалыгар олоҕурар грамматическай оонньулары икки суолга туһаныллар. Бастакытынан, тыл куруһуоктарыгар уонна уруокка эрчиллии көрүҥүн быһыытынан. Манна туттуллар оонньуулар чопчу темаҕа ананаллар. Иккиһинэн, тылга аналлаах биэчэрдэргэ грамматическай оонньуулар көҕү көтөҕөр ньыма быһыытынан туттуллаллар. Грамматика, лексика, фонетика матырыйаалларыгар олоҕуран, оонньуулары араастаан аттаран ньыма быһыытынан уруокка киллэриэххэ сөп.
Улахан кылаас о5олоругар санаа атастаьыытын, проблемнай уруоктары, семинар уруоктары, араас форманан; пааранан, групповой , коллективнай улэлэри ыытыахха соп.
Маннык коруннээх уруоктарга уорэнээччи олох костуулэрин тула санаа атастаьан, сиэр –майгы проблематыгар тумук оностор. Ол курдук, саха суруйааччыларын айымньыларынан билинни олоххо костор проблемалары. Холобур, (А.И.Софронов драмаларынан, А.Е.Кулаковскай “ Оттоку олох алгыьа” ,Н.М.Заболоцкай “Мааппа”) курдук олоххо куьа5ан дьаллык иэдээнэ, со5отохсуйуу, олоххо бэйэ миэстэтин булунуу, таптал проблемата. Мин санаабар, уорэнээччи чол куттаах,чол ойдоох –санаалаах, сиэр –майгы оттунэн иитиллэн тахсарыгар, инники оло5ор бэлэмнээьин уорэтэр предметин нонуо иитэн таьаарыы буолар. Ол иьин. хас биирдии уруогу оло5у кытта ситимнээн, о5о бэйэтэ тобулан, толкуйдаан таьаарарын ситиьиэххэ наада.
Тумуктээн эттэххэ, саха тыла уонна литература уруоктара – о5о киьи быьыытынан иитиллэн тахсар эйгэтэ дии саныыбын. Ол туьуттан, учуутал педагогическай технологиялары таба туьанан, араас ньымалары туттан, иитэр –уорэтэр улэтигэр сыал – сорук туруорунан , улэтигэр табыгастаах гына сааьылаан туттуохтаах дии саныыбын.

 

Добавить запись

Защита от спам-роботов