Главные вкладки
Назарова Анна Ефимовна
сайт учителя якутского языка и литературы
Профессия: учитель якутского языка и литературы
Профессиональные интересы: Тыл баайын сайыннарыы, ханатыы
Увлечения: волейбол, кулинария, туризм, шитье
Регион: Республика Саха(Якутия)
Населенный пункт: с.Хоро, Верхневилюйский район
Место работы: МБОУ Хоринская СОШ им.Г.Н.Чиряева
Звание, ученая степень: Отличник образования РС(Я)
Навигация
Ссылка на мой мини-сайт:
https://nsportal.ru/nazarova-anna-efimovnaОлох диэн дьиҥэ Олус да кэрэ...
О себе
Идэбин сүрэхпинэн сөбүлүүбүн. Күөн туттабын сахабынан- Түҥ былыргы саҥабынан: Олоҥхолоон доллоһутар, Кылыһахтаан дьириһитэр, Хайҕаан сүрэҕи уматар, Кылаан ийэ тылбынан! – диэн Семен Руфов эппитинии, дьиэ иһигэр сахалыы тыыҥҥа бүөбэйдэнэн, оннук эйгэҕэ иитиллэн, куппар иҥэринэн улааппытым. Аҕам, эдьиийим норуот ырыатын үлэлии-хамсыы сылдьан толороллоро, устар ууну сомоҕолуур уус тыллаахтара. Айылҕа киһи ахсын, аҕа ууһун ахсын ураты дьоҕуру аныыр. Дьиэ иһигэр булугас өйүнэн этэн-тыынан, киһини күллэрэр, үөрдэр кэпсэтии сиэрэ иҥмит дьонобут. Үөрэх тылынан эттэххэ, араас киһи мэтириэтин арыйар, оруолу толорор, үтүктэр дьоҕур артыыс кыыма саҕыллар, тула ыалбыт мустан сэһэргэһэр ыалдьытымсах ыала этибит. Бу төрөөбүт алаһа дьиэм иһигэр иитиллэн, Учуутал үрдүк аатын сүгэн Саха тылын уонна литературатын учуутала буолбутум. Учуутал.... Хайдахтаах курдук уустук идэний. Сытыары сымнаҕас майгылаах, киэҥ көҕүстээх, бары өттүнэн дэгиттэр талааннаах, үтүө холобур буолар аналлаах киһи учуутал буолар. Онтон учууталы учуутал үөрэтэр. Учуутал кылааннааҕа, талааннааҕа, мин олохпор көмөлөспүт, бэйэтин идэтигэр уһуйбут уһулуччу өҥөлөөх, Е.Н.Бабаранова буолар. Кини 40-ча сыл учууталлыырын устатыгар 20-чэ сыл тэҥнээх дьүөгэлии биир сүбэнэн төрөөбүт нэһилиэкпитигэр үлэлии сылдьабыт. Мин учуутал идэтин талбыппыттан олус үөрэбин. Үлэлиир хайысхам, оҕоҕо саха тылын баайын иҥэрэн ураннык саҥардыы. Оҕо өйүн-санаатын тэһииннээри, киһилии киһини иитиһээри, драмкуруһуок күүһүнэн, диалог, монолог толорторон, тэттик көстүүнэн киһи майгытын итэҕэс өттүн көннөстөрүгэр инсценировка оонньотон тылга умсулҕаны күөртүүбүн. “Сэһэн-тэптэл” куруһуокка түмсэн дьарыктаммыт оҕолор культура эйгэтигэр үөрэнэллэрэ, үлэлии сылдьаллара миигин олус үөрдэр, айымньылаах үлэҕэ кынаттыыр. Ордук саха тылын үүннээн-тэһииннээн, эрийэн-мускуйан, араас ньымалары, албастары туттан сонуннук үөрэтэргэ кыһаллабын. Эдэрдии тыыннанан, үөрэтэр оҕолорбор эдьиийгэ холоонноох эйэҕэс доҕор буолан кылааска үөрэ-көтө киирэн оҕолору сэргэхситэбин. Хас биирдии уруок оонньуу курдук көрдөөхтүк, сэргэхтик ааһарын, оҕо кэбэҕэстик өйдүүрүн тэрийэбин. Билигин төрөөбүт тылбытын оҕоҕо иҥэрии ордук күүскэ саха тылын уруогун кыһатын уотугар ыһаарыллан, кыстыгар тапталлан үөрэтилиннэҕинэ эрэ туһалаах буолуо. Хайа да норуот историята, өйө-санаата, олоҕо-дьаһаҕа, культурата төрөөбүт тылыгар мунньуллар, сөҥөр. Бу соругу толороору, уонтан тахса сыл тухары ситимин быспакка, саха тылын дэгэтин оҕоҕо иҥэрэн, научнай-чинчийэр үлэнэн дьарыктаан кэллим. Ол курдук “Тыл иитэр суолтата”, “Сүрэх тыл баайыгар”, “Олоҥхоҕо абааһы бухатыырын уобараһа”, “Тыаһы үтүктэр тыллар”, “Остуоруйаҕа өлүктүйбүт тыллар”, “Хоһоон айыллыытын туһунан хоһооннор” о.д.а. Улууска, региоҥҥа, республикаҕа тиийэ дипломант, лауреат буолбут үөрэнээччилэрим талбыт идэлэригэр киирэн, үлэһит дьон буолан сылдьаллар. Учуутал хайдаҕый да, оҕолоро эмиэ оннуктар диэн этии баар. Салайар кылааһым да, үөрэтэр да, төрөппүт да оҕолорбор тыыннаах холобур буолаары оскуолаҕа, нэһилиэккэ, улууска ыытыллар бары тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кыттабын. Оҕолор бэйэлэрин салайынар, иитинэр, сайыннарар дьоҕурдарын чорботтоххо эрэ үлэ-хамнас, үөрэх тахсыылаах буолар. Ол туоһутунан, кылааһым, куруһуогум, түмсүүм оҕолоро ханнык баҕарар тэрээһиҥҥэ күүстэрин, кыахтарын түмэ охсон үрдүк көрдөрүүнү ситиһэллэр. Айар куттаах, сахалыы тыыннаах саха тылын учууталын сэмэй сэһэнэ бу курдук....
Книги, которые сформировали мой внутренний мир
Николай Якутскай "Төлкө"
Добавить творческую работу ученика
Код для вставки списка публикаций на другие сайты