Сахалыы ааттар-норуот тѳрүт культуратын сорҕото буолар. Киһи аата омук быһыытынан уратытын кѳрдѳрѳллѳр. Биһиги омукпут – саха, онон сахалыы ааттаах буолуохтаахпыт.
Вложение | Размер |
---|---|
Сахалыы ааттар суолталара | 70 КБ |
Сахалыы ааттар суолталара | 857.5 КБ |
Таатта улууһунааҕы муниципальнай үѳрэҕирии тэрилтэтэ
Егоров Г.В. аатынан Хара Алдан орто оскуолата
САХАЛЫЫ ААТТАР СУОЛТАЛАРА
(тезис)
Хара-Алдан орто оскуолатын
3 кылааһын үѳрэнээччитэ
Турантаев Уйдаан
Салайааччы: Захарова Айталина Гаврильевна
2023 сыл
Чинчийии актуальноһа: Сахалыы ааттар-норуот тѳрүт культуратын сорҕото буолар. Киһи аата омук быһыытынан уратытын кѳрдѳрѳллѳр. Биһиги омукпут – саха, онон сахалыы ааттаах буолуохтаахпыт.
Дакылаат сыала: Сахалыы ааттар суолталарын үѳрэтии
Соруктара:
Чинчийии саҥаны арыйыыта:
Аат суолтатын үѳрэтэн саха омук быһыытынан сахалыы ааттаах буолуутун дьоҥҥо тиэрдии.
Чинчийии ньымалара
Хас биирдии киһи кун сирин кѳрѳѳт истэр маҥнайгы тыла – кини аата буолар. Аат киһи олоҕун устата арыаллыы сылдьар. Кини хайдах ааттааҕыттан дьылҕата эмиэ тутулуктаах диэн үөрэхтээхтэр этэллэрэ.
Ааты үѳрэтэр наука ономастика (греческэйдии onoma – аат) диэн ааттанар. Оттон киһи анал аатын үөрэтиинэн дьарыктанар ономастика салаата антропонимика (греческэйдии anthropos-киһи) дэнэр.
Ааты сахатытыыга үлэлээбит дьоннорунан Алтан Сарын-Гаврил Васильевич Баишев, Багдарыын Сулбэ - Михаил Спиридонович Иванов, Афанасьев Л.А.- Тэрис, Павлов А.Н.- Дабыл буолаллар.
Айыы үѳрэҕэ этэринэн аат диэн киһи күлүгэ. Бу күлүккэ киһи кутун сороҕо баар. Ол иһин аат суолталаах. Киһи аатын дьоҥҥо биллэр.
Саха норуотугар былыр былыргыттан үс суол аат баар биллэр. Бастакы аат – таптал аат. Бу аат оҕоҕо кыра эрдэҕиттэн бэриллэр. Таптал аат оҕону үүннэрэр, сайыннарар, үтүөҕэ сыһыарар суолталаах.
Иккис аат – Айыы аат. Киһи бу аата киһи быһыытынан олорон бардаҕына бэриллэр уонна киһи айыы суолунан барарыгар көмөлөһөр.
Υһүс аат – дьүһүннүүр аат. Бу аат киһини киһиттэн дьүһүнүнэн-бодотунан араарарга анаан бэриллэр. Бу ааты биһиги хос аат диибит.
Арыт мѳкү аат баар буолар. Бу ааты харыстыыр аат дииллэр. Былыр киһи оҕотун абааһылартан харыстаан мөкү ааты биэрэр.
Мин Хара Алдан нэһилиэгэр сахалыы ааттаах оҕолоох дьиэ кэргэннэри үѳрэттим.
Ефросинья, Егор Винокуровтар 10 оҕолоро бары сахалыы ааттаахтар. Бу ыал кыргыттарын сахалыы ааттарын суолталарын быһаардым:
Уолаттарын сахалыы ааттарын суолталара:
Мин Юлия, Владимир Турантаевтар дьиэ кэргэннэригэр үһүс оҕонон кун сирин көрбутум. Биһиги дьиэ кэргэммитигэр бииргэ төрөөбүт ахсыабыт. Бары сахалыы ааттаахпыт. Уолаттар алтыабыт:
Кыргыттар иккиэлэр:
Сахалыы ааттаах бииргэ төрөөбүттэрбинэн киэн туттабын.
Мин аймахтарбар сахалыы ааттаах эдьиийдэрим, убайдарым, балтыларым, бырааттарым элбэхтэр. Кинилэр ааттарын суолталарын эмиэ быһаардым.
Ханнык баҕарар тѳрѳппүт оҕото кыраһыабай, баай дууһалаах, үтүѳ майгылаах буолуон баҕарар. Ол иһин оҕотугар саамай кэрэ ааттарын биэрэр.
Биһиги оскуолабытыгар 8 оҕо сахалыы ааттаах. Мин кинилэр ааттарын суолталарын эмиэ быһаардым.
Мин оҕолор ааттарын тѳһѳ сөбулууллэрин билээри анкета ыытан көрдүм. Анкетаны барыта 20 оҕо толордо. Анкетабыт бастакы боппуруоһа «Эн бэйэҥ ааккын сөбулуугун дуо?» диэҥҥэ 18 о5о (90%) сөбүлүүрүн биллэрбит, онтон 2 (10 %) оҕо аатын сөбүлээбэт эбит.
Мин ааттарын сөбулээбэт хас да оҕоттон тоҕо сөбулээбэттэрин ыйыттым. Онуоха, оҕолор саамай сүрүн биричиинэнэн оҕолор үөннүүллэрэ, ыыстыыллара буолар эбит. Онон, оҕолоор, бэйэ-бэйэҕитин ыыстаһымаҥ диэн ыҥырабын.
Иккис боппуруоспут маннык этэ: «Эн сахалыы ааттаныаххын баҕараҕын дуо?». Маннык 16 (85%) оҕо сахалыы ааттаныаҕын баҕарарын туһунан эппит, өссө сорохтор сахалыы ханнык ааты талалларын суруйбуттар. 4 (15%) үөрэнээччи толкуйдуур эбит.
Мин бу анкета ыытаммыт, оҕолор сахалыы ааттары сөбүлүүллэрин уонна сахалыы ааттаныахтарын баҕаралларын биллим.
Мин нэһилиэкпэр, аймахтарбар уонна оскуолам оҕолоругар барыта 51 киһи сахалыы аатын суолтатын быһаардым. Ити чинчийиим түмүгэр сахалыы ааттааһын үгэстэрин быһаарарга холоннум.
1. Сахалыы ааттар уус-уран айымньылар геройдарын ааттарыттан таһаарыллаллар. Холобур, олоӊхо геройдарын ааттара - Туйаарыма (Туйаара), Ньургун — киэҥник тарҕаммыттар.
2. Сахалыы ааттар үүнээйилэр ааттарыттан үѳскээбиттэр. Холобур: Сардаана, Ньургуйаана.
3. Дьыл кэмнэрин, айылҕа кѳстүүлэрин ааттарынан ааттыыр үгэс эмиэ баар. Манна киирэллэр: Сайыына, Күннэй.
4. Саха кыыһа сайа5ас санаатынан, үтүө-мааны майгытынан биллэр. Кыыс үөрэ-көтө, мичилийэ сылдьара көрүөххэ кэрэ. Биһиги бу үгэскэ Нарыйаана, Мичийээнэ, Сандаара, Дайаана диэн ааттары киллэрдибит.
5. Уолаттарбыт дьулуурдаах, ылыммыт дьыалаларын тиһэ5эр тиийэ толорор, моһоллортон иҥнибэт буоллуннар диэн Дьулус, Эрхан, Эрсан, Эрчим диэн ааттары биэрбиттэр.
6. Уйгуну - быйаҥы кытта ситимнээх ааттар бааллар. Холобур: Уйгууна, Уйгун.
7. Айаал, Айсиэн, Айхал, Айта диэн ааттар «ай» диэн олохтон үѳскээбиттэр. Айааччы, үчүгэйи оҥорооччу диэн суолтаҕа туттуллубуттар.
Ону таhынан, сахалар ааты оҕо төрөөбүт күнүнэн-дьылынан көрөн эмиэ биэрэллэр. Аныгы кэмҥэ аат талар кинигэлэр киэҥ эйгэҕэ тарҕаннылар: «Айыы ааттара» Тэрис –Афанасьев Л.А., Дабыл- Павлов А.Н., «Аатта тал» Багдарыын Сүлбэ- Иванов. Холобур, оҕо тохсунньу ый 1 күнүгэр күн сирин көрбүт буоллаҕына, кинини Тускун, Кэскилээнэ диэн ааттыахха сөп.
Сахалыы ааттары үөрэтэммин, төрөөбүт нэһилиэкпитигэр чинчийии үлэтин ыытан элбэҕи биллим уонна маннык түмүккэ кэллим.
Сахалыы ааттаах оҕо саха тыыннанан улаатар. Төрөөбүт дойдутун таптыыр патриот буолар. Оҕо саха буолан баран сахалыы ааттаныахтаах. Сахалыы аат оҕоҕо харысхал буолар. Улааттахтарына, саха омук буолалларынан киэн туттуу баар буолуо. Багдарыын Сүлбэ «Аатта тал» диэн кинигэтигэр киирбит сахалыы ааттар ааты талыыга улахан көмө буолаллар.
Слайд 1
Сахалыы ааттар суолталара Толордо: Хара-Алдан орто оскуолатын 3 кылааһын у ѳ рэнээччитин Турантаев Уйдаан Салайааччы: алын кылаас учуутала Захарова Айталина ГаврильевнаСлайд 2
Чинчийии то ҕоостооҕо : Сахалыы аат – норуот тѳрут культуратын сорҕото буолар. Киһи аата омук быһыытынан уратытын кѳрдѳрѳллѳр Биһиги омукпут – саха, онон сахалыы ааттаах буолуохтаахпыт. Чинчийии саҥаны арыйыыта: Аат суолтатын үѳрэтэн саха омук быһыытынан сахалыы ааттаах буолуутун дьоҥҥо тиэрдии. Чинчийии ньымалара Научнай литератураны ааҕыы, үөрэтии; Сахалыы ааттар суолталарын чинчийии; Анкета ыытыы, ону ырытыы
Слайд 3
Чинчийии сыала: Сахалыы ааттар суолталарын ү ерэтии Сахалыы аат туһунан литератураны ааҕыы, үөрэтии Нэһилиэккэ сахалыы ааттары чинчийии Кылааспыт оҕолорун ааттарын суолталарын быһаарыы Сахалыы ааттыыр ү гэстэри үөрэтии ; ;
Слайд 4
Сахалыы аат арааһа Антропонимика - киһи анал аатын үөрэтэр наука Таптал аат оҕоҕо кыра эрдэҕинэ бэриллэр. Айыы аат киһи олорон бардаҕына бэриллэр. Дьүһүннүүр аат (хос аат) киһини дьуһунунэн-бодотунан араарарга анаан бэриллэр. Харыстыыр (мөку) аат баар буолар.
Слайд 5
Ефросинья Александровна, Егор Иннокентьевич Винокуровтар дьиэ кэргэннэрэ Кыргыттара: Сахаайа - таҥараттан төрүттээх Туйаара -былыргы аат. «Туйаара» диэн күөрэгэй, ол аата күөрэгэй курдук диэн суолталаах. Күөрэгэй курдук кэрэ Сайыына - сайыны аҕалааччы Дайаана - кынаттаах курдук чэпчэки, сэргэх Сандаара –саҥа аат. «Сандаар» диэн тылтан үөскээбит. Хара-Алдан нэһилиэгэр сахалыы ааттаах оҕолоох дьиэ кэргэннэр
Слайд 6
Ефросинья Александровна, Егор Иннокентьевич Винокуровтар дьиэ кэргэннэрэ Уолаттара: Мичил - үөрүү-көтүү аргыстаах Ньургун - олоҥхо бухатыырын аата. «Ньургуй» диэнтэн бастыҥ үөскээбит. Элбэх быйаҥы бастыҥ, чулуу диэн суолталаах. Эрхан - эр киһилии кытаанах майгылаах, үтүө санаалаах Эрчим - күүстээх-уохтаах Чаҕыл – «чаҕылый» диэн туохтууртан үѳскээбит. «Сырдаа, күлүмүрдээ» диэн суолталаах
Слайд 7
Алиса Аркадьевна, Николай Ильич Голиковтар Сайаана - б ылыргы аат. «Сайыы» диэн тылтан үөскээбит. Үтүөнү, кэрэни илдьэ сылдьааччы диэн суолталаах. Мичил – үөрүү-көтүү аргыстаах. Туйаара - былыргы аат. «Туйаара» диэн күөрэгэй, ол аата күөрэгэй курдук диэн суолталаах.
Слайд 8
Мин дьиэ кэргэним: ийэм –Юлия Дмитриевна, аҕам –Владимир Владимирович Турантаевтар Уолаттар алтыабыт: Эрчим - күүстээх-уохтаах; Мичил - үөрүү-көтүү аргыстаах; Уйдаан - уйгулаах, дэлэй астаах-үѳллээх; Айхал - айыы кэл диэнтэн, таҥараттан төрүттээх; Сандал – ыраас, чэбдик; Айыллаан – таҥараттан анаан айыллыбыт;
Слайд 9
Мин дьиэ кэргэним: ийэм –Юлия Дмитриевна, аҕам -Владимир Владимирович Турантаевтар Икки балыстарым: Мичийэ - үөрүү-көтүү аргыстаах; Сайаара – сайаҕас, үтүө, аһыныгас майгылаах.; Уопсайа бииргэ төрөөбүт ахсыабыт. Бары сахалыы ааттаахпыт. Онон биһиги киэн туттабыт.
Слайд 10
Оскуолам оҕолорун сахалыы ааттарын суолталара Ньургустаан - ыараханнартан толлубат Ньургун олоҥхо бухатыырын аата. «Ньургуй» диэнтэн бастыҥ үөскээбит. Элбэх быйаҥы бастыҥ, чулуу диэн суолталаах. Эрчим - күүстээх-уохтаах Эрхан - эр киһилии кытаанах майгылаах, үтүө санаалаах Нарыйаана эйэҕэс, сымнаҕас, истиҥ Сандаара - саҥа аат. «Сандаар» диэн тылтан үөскээбит. Дайаана - кынаттаах курдук чэпчэки, сэргэх Сардаана - сардаана сибэкки курдук кэрэ.
Слайд 11
Анкета ыытыы түмүгэ Барыта кытынна: 20 уѳрэнээччи Анкета сыала: 1. Оҕолор ааттарын төһө сөбүлүүллэрин быһаарыы, 2. Сахалыы ааттаныахтарын баҕаралларын билии. Бастакы боппуруос : Эн ааккын т ѳ һ ѳ с ѳ бүлүүгүн? 18 оҕо аатын сѳбулуур (90%) 2 оҕо аатын сѳбулээбэт (10%) Иккис боппуруос : Сахалыы ааттаныаххын баҕараҕын дуо? 17 оҕо баҕарар (85%) 3 тутунна (15%)
Слайд 12
Υгэстэр Ааттар Уус-уран айымньылар геройдарын ааттара Туйаарыма (Туйаара), Ньургун Υүнээйилэр ааттара Сардаана, Ньургуһун, Ньургуйаана. Дьыл кэмнэрин, айылҕа кѳстүүлэрин ааттара Сайыына, Күннэй Мааны майгы көрдөрөр ааттар Нарыйаана, Мичийээнэ, Сандаара, Дайаана Дьулуурдаах, тулуурдаах буоллун диэн Дьулус, Эрхан, Эрсан, Эрчим Уйгуну - быйаҥы кытта ситимнээх ааттар Уйгууна, Уйгун «Айыы, ай» диэн олохтон үөскээбит Айаал, Айсиэн, Айхал, Айта Сахалыы ааттааһын үгэстэрэ
Слайд 13
1. Чинчийии түмүгүнэн, сахалыы ааттаах оҕо ахсаана элбээн иһэрэ бэлиэтэнэр. 2. Мин нэһилиэкпэр, аймахтарбар уонна оскуолам оҕолоругар барыта 50 киһи сахалыы аатын суолтатын быһаардым. Ааттар үксүлэрэ үтүѳнү, кэрэни оҥорууну кытта сибээстээхтэр эбит диэн түмүккэ кэллим. Ханнык баҕарар тѳрѳппүт оҕото кыраһыабай, баай дууһалаах, үтүѳ майгылаах буолуон баҕарар. Ол иһин оҕотугар саамай кэрэ ааттарын биэрэр. 3. Уолаттар сахалыы ааттарыгар саамай тарҕаммыт аат – Эрчим ( 5 уол), Мичил (3 уол) буолаллар. Кыргыттар ааттарыгар саамай элбэх Туйаара (4 кыыс), Дайаана ( 3 кыыс) Түмүгэ
Слайд 14
4. Мин нэһилиэгим, аймахтарым уонна оскуолам оҕолорун сахалыы ааттарыгар саӊа ааттар баар буолбуттар. Холобур: Минтимир, Уйсиэн, Уйгун, Уйдаан, Дуолан. 5. Оҕолор ортолоругар кыргыттар уонна уолаттар сахалыы ааттаныылара кыратык араастаһар. Барыта 32 ааттан 18 уол, 14 кыыс сахалыы ааттаах. Уонча сыл анараа ѳттүгэр уолаттарга сахалыы ааты биэрии аҕыйах этэ. 6. Анкета ыытаммын, оҕолор сахалыы ааттарын сөбүлүүллэрин, сахалыы ааттаныахтарын баҕаралларын быһаардым.
Слайд 15
Болҕомтоҕут иһин махтал!
Рисуем белые грибы пастелью
Ворона
Астрономический календарь. Февраль, 2019
Рисуем осень: поле после сбора урожая
Астрономический календарь. Июнь, 2019