Это презентация на якутском языке. Айдын вел исследовательскую работу якутских имен своих родных. Каждое имя имеет свое значение. Айдын призывает всех иметь имена своего народа.
Вложение | Размер |
---|---|
Имя каждого человека важно человеку. | 1.36 МБ |
Велосипед экомичен и нужен сельскому жителю. | 2 МБ |
День знаний для первоклассников(сценарий) | 30.4 КБ |
Задания Колокольчика первоклассникам | 16.03 КБ |
Слайд 1
«Мин дьиэ кэргэним с ахалыы ааттарын суолтата » Үлэни т олордо : Өймөкөөн орто оскуолатын IV кылааһын үөрэнээччитэ Павлов Айдын Салайааччы : Готовцева Агафья Степановна Н .О. Кырбаһаанкын аатынан Өймөкөөн орто оскуолатаСлайд 2
Үлэм тоҕоостооҕо : Аныгы кэмҥэ саха омук киирии ааты ылынара олус элбээтэ, ол омук быһыытынан уратыбытын көрдөрөрбүтүгэр мэһэйдиир. Кэлиҥҥи кэмҥэ сахалыы аат син дэлэйдэ эрээри, дьон сахалыы аакка тардыһыыта тутах. Үлэм сыала: Мин дьиэ кэргэним сахалыы аатын үөрэтии Үлэм соруга: - Сөптөөх литератураны ааҕыы - А аттар суолталарын чинчийии - Түмүк оҥоруу
Слайд 3
Айыы үөрэҕэ этэринэн аат диэн киһи күлүгэ. Бу күлүккэ киһи кутун сороҕо баар. Ол иһин аат суолталаах. Киһи аатынан дьоҥҥо биллэр. Киһи аатын харыстыахтаах, ол аата үтүөнү оҥоруу, түһэн биэримии, быстах санааҕа охтумуу
Слайд 4
Ийэм бииргэ төрөөбүттэрэ: Саргылаана Ньургуйаана Туйаара Мичил Мин дьиэ кэргэним сахалыы ааты өрө тутар Сайаана Уйусхан Айдын Айхаан Айсаан Эрхаан
Слайд 5
Ньургуйаана – ийэм. С ааскы кэмҥэ күн сирин көрбүт буолан, сааскы бастакы тыллар сибэкки аатын биэрбиттэр. Айхаан - кыра быраатым. Үрдүк Айыы хааннар араҥаччылыы, харыстыы сырыттынар диэн диэн ааттаабыттар. Биһиги дьиэ кэргэн
Слайд 6
Айар – тутар дьоҕурдаах, үгүһү бэйэтэ оҥорон, айан, тутан – хабан олоҕун суолугар эрэллээхтик үктэнэр киһи. буола улааттын диэн ийэм миигин Айдын диэн ааттаабыта. Айдын диэн ааты ийэм сахалыы “Аатта тал” диэн кинигэттэн булан ааҕан , сөбүлээн миэхэ иҥэрбитэ . Айдын диэн аат суолтата
Слайд 7
Ийэм бииргэ төрөөбүттэрэ уонна кинилэр оҕолоро бары сахалыы ааттаахтар . Саргылаана - сырдык иэйиилээх, дьоллоох кэнэҕэскилээх; Сайаана – сайдар, үүнэр кэскиллээх ; Уйусхан – ыарахантан чаҕыйбат, күүстээх санаалаах тулуурдаах ; Эдьиийбит Саргылаана дьиэ кэргэнэ
Слайд 8
Ийэм бииргэ төрөөбүт балта Туйаара – күөрэгэй курдук кэрэ, нарын диэн эбит. К ини уола Айсаан – айар санаалаах, үтүөнү оҥорооччу.
Слайд 9
Мичил - ийэм бииргэ төрөөбүт быраата. Кинини куруук үөрэ-көтө сырыттын, дьоллоох олоҕу олордун диэн бу ааты иҥэрбиттэр, Эрхаан – эр дьоһун хааннаах, кыахтаах киһи диэн суолталаах.
Слайд 10
2018 с. «Мин сахалыы аатым мин киэн туттуум » диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи өйтөн суруйуу күрэҕэр кыттыбытым
Слайд 11
Сахалыы аат киһи олоҕор улахан суолталааҕын биллим. Өбүгэлэртэн кэлбит ааттарбыт биһигини куруук араҥаччылыыр, көмүскүүр аналлаахтарын күүскэ итэҕэйдим. Бу үлэбин салгыы кэҥэтэр былааннаахпын. Үлэм түмүгэ:
Слайд 1
Значение велосипеда в жизни человека Работу выполнил: Канае в Давид ученик 4 класса МБОУ « Оймяконская СОШ» им. Н.О. Кривошапкина Руководитель: Готовцева Агафья СтепановнаСлайд 2
Цель Выявить значение велосипеда в жизни людей. Задачи 1. Познакомиться с историей создания велосипеда. 2. Дать детям опрос про велосипед 3.Создать план маршрута Оймякон- Хара-Тумул-Берег-Юрде 4.Провести велосипедный тур, велогонки 5. Влияние велосипеда на здоровье человека 6. Узнать об иностранных туристах, приезжающих на велосипедах
Слайд 3
Актуальность В наше время физкультура и спорт занимает большую роль в жизни человека. Одним из самых популярных и доступных видом спорта является езда на велосипеде. Так же велосипед может стать вторым транспортным средством в связи с повышением цен на бензин.
Слайд 4
Опросник для 1-4 классы. Вопросы Ответы 1 классов Ответы 2 классов Ответы 3 классов Ответы 4 классов Количество детей у которых есть велосипед? 2. Влияет ли велосипед на здоровье? Марка велосипеда 4. Нужен ли веломаршрут ? 19 учащихся, у всех Согласны 19 учащихся STELS-14 Нужен 9 учащихся, у всех Согласны 9 учащихся STELS- 8 Нужен 13 учащихся, у всех Согласны 13 учащихся STELS-1 0 Нужен 6 учащихся, у всех Согласны 6 учащихся STELS-1 2 Нужен
Слайд 5
История создания велосипеда 1791 год. Франция. Граф Де Сиврак построил из дерева двухколесную машину, названную им « Селярифер ». Первый велосипед в мире не имел педалей. Лучше всего он ехал с горки
Слайд 6
История создания велосипеда 1817 год. Барон фон Драйс изобрел переднее поворотное колесо и назвал свое транспортное средство «дрезиной"
Слайд 7
История создания велосипеда Велосипед «Паук» Пьера Мишо
Слайд 8
План маршрута Оймякон- Хара-Тумул-Берег-Юрде Берег-Юрде Θ ймөкөөн Хара - Тумул 7км 3км
Слайд 9
Влияние велосипеда на здоровье человека 1. тренируются сердце и кровеносные сосуды; 2. повышается общая выносливость организма; 3. увеличивается количество воздуха, который он вдыхает, легкие начинают работать на полную мощность; 4. укрепляются и тренируются мышцы ног и рук. туловища
Слайд 10
Заключение 1. В результате опроса все учащиеся начальных классов одобряют велосипед; 2. Некоторые учащиеся не знают о пользе велосипеда; 3. Всем ученикам понравился веломаршрут Берег-Юрде-Оймякон-Хара-Тумул ; 4. Велосипед может стать вторым транспортным средством;
Слайд 11
Езда на велосипеде при температуре ниже нуля относится к экстремальному спорту. В наш район на велосипедах приезжали много туристов из разных стран. 2018 Ив Шалуан велосипедист из Франции
Слайд 12
Ив Шалуан с женой Оливией
Слайд 13
2019 год Китайский велосипедист – Ча Эрдан
Слайд 14
2020 год Польские экстремалы-велосипедисты
Слайд 15
Валерьян Романовски поляк - велосипедист
Слайд 16
Испанский велосипедист Хосе Андрес Абьян Пахарес совершающий экстремальный велопробег от Магадана до Иркутска 2020 год
Слайд 17
Испанский велосипедист Хосе Андрес Абьян Пахарес планирует к 20.03.20 доехать до Байкала
Слайд 18
Список использованной литературы Джон Кларк «Иллюстрированная хроника открытий и изобретений». «Занимательный атлас» Изобретения .
Слайд 19
Нашему другу велосипеду предстоит ещё долгая и счастливая жизнь
I кылааска Билии күнүгэр аналлаах кылаас чааһа
Готовцева А. С., алын сүһүөх кылаас учуутала
Ыытыллар кунэ, чааьа: 01.09.20 сыл.
Сыала: оҕолорго бырааһынньык атмосфератын тэрийии, оскуоланы кытта билиһиннэрии
Соруктара: үөрэххэ мотивацияларын уонна үөрэнэр баҕаларын үөскэтии, бодоруһуу уонна бэйэ бэйэни өйдөһөр культураларын сайыннарыы.
Тэрилэ: Билии күнүгэр аналлаах плакаттар, чуораанчыктар, 5, 3, 1, 7, 9 чыыьылалар карточкалара, икки А-4 форматтаах илиис, фломастер, кумаа5ы куукулалар.
Хаамыыта:
/Оҕолор кылааска киирэн паарталарга олороллор, төрөппүттэр ыалдьыт быһыытынан киирэллэр/
Оҕолорго күһүн
Саҥа дьылбыт үүнэр,
Оскуолабыт бүгүн
Биһигини күүтэр.
Чугдаар ыллаа чуораан
Аһылынна киэҥ аан!
Оскуолабыт, дорообо!
Учууталбыт, дорообо!
Үөрэх суолун саҕалыыр
Үөрэнээччи дьоннорбун,
Кинилэр күндү төрөппүттэрин
Балаҕан ыйын бастакы күнүнэн –
Билии күнүнэн
Итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин.
Үрдүктэн үрдүккэ дьулуһуҥ,
Үтүөттэн үтүөҕэ талаһын,
Кэрэттэн-кэрэҕэ эрэ тардыһын диэн тураммын
Билии күнүгэр анаммыт кылаас чааһын саҕалыырбытын көҥүллээн
Учуутал: Оҕолоор, бүгүн эһиэхэ дьикти уонна умнуллубат күн – эһиги аан бастаан оскуола боруогун атыллаан үөрэниэхтээх кылааскытыгар киирэн олороҕут.
Учуутал: Ким билэрий, оскуолаҕа туохха үөрэтэллэрий? /оҕолор эппиэттэрэ/
- Саамай сөпкө эттигит. Оскуолаҕа эһигини ааҕарга, суруйарга, уруһуйдуурга, доҕордоһорго, бэйэ бэйэҕитигэр эйэлээхтик сыһыаннаһарга уонна онтон да атын үгүс үчүгэйгэ уонна туһалаахха үөрэтэллэр.
Учуутал: Оттон бу биһиги олорор хоспут туох дин ааттанарый? /Кылаас/
- Тула өттүгүтүн учугэйдик өйдөөн көрүҥ эрэ. Кылааспыт ыраас, киэн, тупсаҕай. Бу кылааска эһиги 4 сылы быһа үөрэнэ кэлиэххит. Онон кылаастарын ыраастык тутуохтара, малын-салын харыстыахтара диэн биһиги учууталлар уонна төрөппүттэр эһиэхэ эрэнэбит. Кылааска хайдах туттан-хаптан сылдьаргытын учугэйдик өйдүүргүт инниттэн билигин «Сөп – сыыһа» диэн оонньууну оонньуохпут. Мин ыйытыылары биэртэлиэм, эьиги болҕомтолоохтук истэн баран сөптөөх хоруйу биэриэхтээххит: «сөп» эбэтэр «сыыһа» диэхтээххит.
- Кылааска кирдээх атахтаах киирэбит дуо? /Суох/
- Илиилэрбитин штораларга соттобут дуо? /Суох/
- Истиэнэ5э, паарта5а суруйабыт дуо? /Суох/
- Ардах кэмигэр уларыттар атах танаьын а5алабыт дуо? /Сеп/
- Перемена кэмигэр охсуьар, этиьэр табыллар дуо? /Суох/
- Уруокка хойутаан кэлэбит дуо? /Суох/
- Учугэйдик уерэнэргэ кыьаллабыт дуо? /Сеп/
Учуутал: Маладьыастар, эһиги бары ыйытыыларга сөптөөх хоруйдары биэрдигит. Аны билигин бастакы кылаас үөрэнээччитин андаҕарын биэриэххит уонна бу андаҕары 4 сылы быһа кэһиэ суохтааххыт.
Бастакы кылаас үөрэнээччитин андаҕара:
- Күн аайы үөрэнэрбитигэр хойутаабакка кэлиэхпит /Андаҕайабыт/
- Уруокка болҕомтолоохтук уонна мэниктээбэккэ олорон үөрэниэхпит /Андаҕайабыт/
- Өйдөөх уонна үөрэхтээх буолар инниттэн ааҕа уонна суруйа үөрэниэхпит /Андаҕайабыт/
- Учебниктарбытын, тэтэрээттэрбитин өрүү ыраастык тутуохпут /Андаҕайабыт/
- Эрэллээх, учугэй доҕор буолар инниттэн бэйэ бэйэбитигэр мэлдьитин көмөлөһүөхпүт.
- Мэлдьитин чэбэрдик танна – симэнэ сылдьыахпыт /Андаҕайабыт/
Чуораанчык эҕэрдэтэ.
Учуутал: Оҕолоор, Чуораанчык уол эһигини көрө кэлбит. Кини эһиги төһө билиилээххитин билиэн баҕарар.Эһиги Чуораанчык Уһуйааҥҥа и билбиккит уонна сатыыгыт. Билигин бастакы оскуолатааҕы бэрэбиэркэни туттарыаххыт. Бары сатаан туттарыаххыт диэн эрэллээхпин. Сэттэ чуораанчык истэригэр сорудахтар бааллар. Чуораанчык үтүөнү эрэ ыҥырар,куһаҕаны үүрэр.
1. Остуоруйаларга экзамен. Бу ханнык остуоруйаттан ылыллыбыт тылларый:
«Оҕонньордоох эмээхсинтэн куоппутум,
Эйигиттэн куобахтан куотар уустук буолбатах»? /Колобок/
2. Хоһоону ситэрэн этин:
«Түргэн сыыдам газикка
Төрдүө буолан олорон…» /Тиийэн кэллим детсадпар
Чүөчэ эдьиий дорообо»/
3. Ырыаны ситэри ыллаан:
«Мин быйыл, оҕолоор» /үөрэнэ барабын
Оскуола аһыллар
Ол күнүн күүтэбин/»
4. Таабырыны таайын:
«Үрбэт даҕаны, ытырбат даҕаны
Дьиэҕэ киллэрбэт баар үһү» /Күлүүс/
5. Математика экзамена.
Дуоска5а 5 уэрэнээччи тахсар, кинилэргэ сыыпаралаах карточкалар тунэтиллэллэр: 5, 3, 1, 7, 9. Чыыһылалар кыччаан иьэр бэрээдэктэринэн туруохтаахтар.
6. Болҕомтолоох буолууга экзамен.
Дуоскаҕа предметтэр ойуулара ыйанар. Оҕолор харахтарын симпиттэрин кэннэ 1 предметы ылан баран ыйытыы: Туох уларыйда?
7. Уруһуй экзамена.
Оҕолору 2 группаҕа хайытан баран А-4 илиискэ I кылаас уерэнээччитин портретын уруьуйдатыы. Хайа белех киэнэ ордугуй?
7. Чуораанчык эьиги курдук оскуолаҕа баран эрэр.
Чуораанчык суумкатыгар тугу-тугу уктан кэлбитин билиэххитин баҕараҕыт да?
Билиэххитин ба5арар буоллаххытына таабырын таайын эрэ (суумкаттан 1-дии лииһи таһаарар, таабырыннары таайтарар)
Тыаьа – тас-тас!
Айахха уктахха батас
Ааттаах минньигэс ас (таас кэмпиэт)
Чуораанчык бу тэриллэри барытын оскуолаҕа илдьэ барар да
Дьиэтигэр тугу хаалларыан нааданый?
8.Оттон билигин оскуолаҕа наадалаах тэрили эттэхпинэ ытыскытын таһынаҕыт, наадата суох тэрили эттэхпинэ атаххытынан тэбиэлэнэҕит. Оонньуубут?
Тэтэрээттэр уонна учебниктар
Оонньуур кутуйах
Собуоттанар паровоз
Өҥнөөх пластилин
Краска уонна кисточка
Сана дьыллаа5ы маска
Закладка уонна сотор резинка
Расписание, дневник
- Оскуола5а барарга бэлэммит?
- Туох ааттаах мындыр өйдөөх оҕолор кэлбиттэрий, оттон нууччалыы хоһоону нойосуус үөрэтэбит да?
- Бары бииргэ биир киһи курдук мин кэннибиттэн хатылаан иһин…
В ШКОЛУ РАНО МЫ ИДЕМ
НА РАССВЕТЕ ВСТАЛИ
СУМКИ С КНИГАМИ НЕСЕМ
ШКОЛЬНИКАМИ СТАЛИ.
Учуутал: Маладьыастар, оҕолоор, эһиги I кылааска киирэр экзаменнаргытын ситиһиилээхтик туттардыгыт, бүгүҥҥэттэн ыла эһиги дьиннээх уерэнээччи аатын ылаҕыт. Аны билигин төрөппүттэрбит экзамен туттарыахтара.
Төрөппүттэргэ (10 киһиэхэ) этиилэр суруллубут илиистэрэ бэриллэр. Сорох илиискэ этии саҕаланыыта, сороххо - бүтүүтэ суруллубуттар. Сөптөөх гына этиилэри хомуйуохтааххыт.
- Оҕолорбутун сарсыарда туруоран, аһатан…. оскуолаҕа хойутаппакка ыытыахпыт.
- Танастара – саптара өрүү … ыраас буоларын ирдиэхпит.
- Кылаас, оскуола ыытар тэрээһиннэригэр…. мэлдьитин активнайдык кыттыахпыт.
- Оҕолорбут үөрэнэр кылаастарын өрөмүөнүгэр … сыл аайы көмөлөһүөхпүт .
- Учууталлары кытта … биир тылы булуохпут.
Учуутал: Эһиги төрөппүттэргит маладьыастар! Этиилэри сөпкө онордулар. Бу мээнэ этиилэр буолбатахтар, бу төрөппүттэр андаҕардара.
Учуутал: Күндү оҕолор, убаастабыллаах төрөппүттэр, ыалдьыттар, барыгытыгар бүгүн биһиги маннайгы уруокпутугар кэлэн кыттыыны ылбыккытыгар махтанабын. Арахсыахпыт иннинэ оҕолортон, төрөппүттэртэн көрдөһүөм этэ, бүгүҥҥү күнү хайдах өйдөөн хаалбыккытын илиискэ «Мин оскуолаҕа бастакы күнүм» диэн темаҕа айар улэ онорон кэлэргитигэр. Бу улэни уруһуйдаан даҕаны, тугу эмэ сыһыаран даҕаны оноруоххутун сөп. Өссө төгүл барыгытыгар улахан махтал. Манан Билии күнүгэр аналлаах кылааспыт чааһа түмүктэнэр. Аныгыс көрсүөххэ диэри!
Чуораанчык сорудахтара
1. Остуоруйаларга экзамен. Бу ханнык остуоруйаттан ылыллыбыт тылларый:
«Оҕонньордоох эмээхсинтэн куоппутум,
Эйигиттэн куобахтан куотар уустук буолбатах»? /Колобок/
2. Хоһоону ситэрэн этин:
«Түргэн сыыдам газикка
Төрдүө буолан олорон…» /Тиийэн кэллим детсадпар
Чүөчэ эдьиий дорообо»/
3. Ырыаны ситэри ыллаан:
«Мин быйыл, оҕолоор» /үөрэнэ барабын
Оскуола аһыллар
Ол күнүн күүтэбин/»
4. Таабырыны таайын:
«Үрбэт даҕаны, ытырбат даҕаны
Дьиэҕэ киллэрбэт баар үһү» /Күлүүс/
5. Математика экзамена.
Дуоска5а 5 уэрэнээччи тахсар, кинилэргэ сыыпаралаах карточкалар тунэтиллэллэр: 5, 3, 1, 7, 9. Чыыһылалар кыччаан иьэр бэрээдэктэринэн туруохтаахтар.
6. Болҕомтолоох буолууга экзамен.
Дуоскаҕа предметтэр ойуулара ыйанар. Оҕолор харахтарын симпиттэрин кэннэ 1 предметы ылан баран ыйытыы: Туох уларыйда?
7. Уруһуй экзамена.
Оҕолору 2 группаҕа хайытан баран А-4 илиискэ I кылаас уерэнээччитин портретын уруьуйдатыы. Хайа белех киэнэ ордугуй?
7. Чуораанчык эьиги курдук оскуолаҕа баран эрэр.
Чуораанчык суумкатыгар тугу-тугу уктан кэлбитин билиэххитин баҕараҕыт да?
Билиэххитин ба5арар буоллаххытына таабырын таайын эрэ (суумкаттан 1-дии лииһи таһаарар, таабырыннары таайтарар)
Тыаьа – тас-тас!
Айахха уктахха батас
Ааттаах минньигэс ас (таас кэмпиэт)
Чуораанчык бу тэриллэри барытын оскуолаҕа илдьэ барар да
Дьиэтигэр тугу хаалларыан нааданый?
8.Оттон билигин оскуолаҕа наадалаах тэрили эттэхпинэ ытыскытын таһынаҕыт, наадата суох тэрили эттэхпинэ атаххытынан тэбиэлэнэҕит. Оонньуубут?
Тэтэрээттэр уонна учебниктар
Оонньуур кутуйах
Собуоттанар паровоз
Өҥнөөх пластилин
Краска уонна кисточка
Сана дьыллаа5ы маска
Закладка уонна сотор резинка
Расписание, дневник
- Оскуола5а барарга бэлэммит?
- Туох ааттаах мындыр өйдөөх оҕолор кэлбиттэрий, оттон нууччалыы хоһоону нойосуус үөрэтэбит да?
- Бары бииргэ биир киһи курдук мин кэннибиттэн хатылаан иһин…
В ШКОЛУ РАНО МЫ ИДЕМ
НА РАССВЕТЕ ВСТАЛИ
СУМКИ С КНИГАМИ НЕСЕМ
ШКОЛЬНИКАМИ СТАЛИ.
Учуутал: Маладьыастар, оҕолоор, эһиги I кылааска киирэр экзаменнаргытын ситиһиилээхтик туттардыгыт, бүгүҥҥэттэн ыла эһиги дьиннээх уерэнээччи аатын ылаҕыт. Аны билигин төрөппүттэрбит экзамен туттарыахтара.
Төрөппүттэргэ (10 киһиэхэ) этиилэр суруллубут илиистэрэ бэриллэр. Сорох илиискэ этии саҕаланыыта, сороххо - бүтүүтэ суруллубуттар. Сөптөөх гына этиилэри хомуйуохтааххыт.
- Оҕолорбутун сарсыарда туруоран, аһатан….
оскуолаҕа хойутаппакка ыытыахпыт.
- Танастара – саптара өрүү …
ыраас буоларын ирдиэхпит.
- Кылаас, оскуола ыытар тэрээһиннэригэр….
мэлдьитин активнайдык кыттыахпыт.
- Оҕолорбут үөрэнэр кылаастарын өрөмүөнүгэр …
сыл аайы көмөлөһүөхпүт .
- Учууталлары кытта …
биир тылы булуохпут.
Пятёрки
Стрижонок Скрип. В.П. Астафьев
Злая мать и добрая тётя
Рисуем тыкву
Мост Леонардо