Научно-исследовательская работа Ивановой Айты об изобретении дедушки
Вложение | Размер |
---|---|
dokument.docx | 28.8 КБ |
Саха Республикатын Үөрэҕин Министерствота
Дьокуускай куорат
17 №-дээх орто оскуолата
«Остуолба анньыыта»
(дакылаат)
Толордо: Иванова Айта
IV «в» кылаас үөрэнээччитэ
Салайааччы: Батарина А.А.
Дьокуускай, 2019с.
ИҺИНЭЭҔИТЭ:
КИИРИИТЭ..............................................................................................................2
СҮРҮН ЧААҺА.......................................................................................................3
1. Хос эһээм - Гоголев Егор Васильевич
2. "Остуолба анньыыта" хайдах төрүттэммитэ
3. "Остуолба анньыыта" сиэрэ, ирдэбилэ
ТҮМҮК.....................................................................................................................6
ТУЬАНЫЛЛЫБЫТ ЛИТЕРАТУРА......................................................................7
КИИРИИТЭ
Төрөөбүт дойдубут Улуу Россия быдан былыргы дьыллартан күүстээх, аар саарга аатырбыт биллэр көстөр бухатыыр дьоннорунан киэн сураҕырар. Аакка-суолга киирбит, уос номоҕо буолбут күүстээх, чөл олоҕу пропагандалыыр дьоннор биһиги Сахабыт сиригэр эмиэ төрөөн-үөскээн олорон ааспыттара. Кинилэр үтүө ааттара киэнник сураҕырар. Кинилэр ааттара киэн Россияҕа эрэ буолбакка омук сиригэр кытта биллэр. Ол курдук мас тардыһааччы, бөҕөс Күүстээх Дьэһээккин (Десяткин). Биһиги үүнэр көлүөнэ кинилэр ааттарынан киэн туттабыт.
Мин киэн туттар киһим - кэпсээннэ киирбит, номоххо хаалбыт чулуу-толуу, күүстээх-уохтаах, кыайыгас үлэһит дьонноруттан биирдэстэрэ, Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа, колхознай-совхознай үлэ ветерана, хос эһээм - Гоголев Егор Васильевич буолар. Кини аатын үйэтитэргэ анаммыт «Остуолба анньыыта» күрэх туһунан билиһиннэриэхпин баҕарабын.
Үлэ актуальноһа. Бүгүҥҥү XXI-с үйэ - чөл олоҕу өрө тутуу үйэтэ. Олоҕу кытта тэҥҥэ хаамсан, киһи бэйэтин доруобуйатын көрүнэрэ-харыстанара хайҕаллаах. Спордунан дьарыктанар киһи куруук чэбдик өйдөөх-санаалаах, бигэ туруктаах буолар.
Үлэ сыала: саҥа күрэх көрүҥүн кытта билиһиннэрии, эһээм Егор Васильевич аатын үйэтитии, чөл олоххо уһуйуу.
Чинчийии объега: Күрэҕи кытта билиһиннэрии, күрэх иитэр, киһини сайыннарар суолтата.
Чинчийии предметэ: «Остуолба анньыыта» күрэх.
СҮРҮН ЧААҺА
1. Хос эһээм - Гоголев Егор Васильевич
Гоголев Егор Васильевич Абаҕа сиригэр 1913 сыллаахха төрөөбүтэ. Кини оччотооҕу олох сиэринэн үлэҕэ-хамнаска эриллэн улааппыт. Эдэр эрдэҕиттэн бэйэтин лаппа кыанар, тэтиэнэх, саастыылаахтарыттан чорбойор гынан баран, хаһан даҕаны биллэрэ-көрдөрө сатаабат үгэстээҕэ үһү. Аҕа дойду сэриитэ саҕаламматыгар 1942с. саҕаланыытыгар сэриигэ ыҥырыллан разведчик – стрелок буолар, 1942с. уот сэриигэ киирэн буомбалааһын кэмигэр ыараханнык бааһыран араанньа буолан госпитальга уһуннук сытан, эмтэнэн салҕыы сулууспалыыр кыаҕа суох буолан, 1943с. төннөн кэлэн тыыл үлэһитэ буолар. Ол кэмнэргэ бииргэ үлэлээбит алтыспыт дьонноро үгүс элбэх кыайыылаах-хотуулаах сырыыларын тустарынан уос номоҕо оҥорон кэпсээбиттэрэ биһиэхэ - сиэннэригэр, хос сиэннэригэр холобур буолар. Биһиги эһээбит, Гоголев Егор Васильевич, күҥҥэ 2-3 га сири охсоро, сүгэнэн кэрдэн күҥҥэ 50-60 тутуу маһы суулларара, 60 сааһыттан тахсан баран Дружба эрбиинэн 65 куб маһы биир күҥҥэ эрбээн турар. Маны таһынан кини сорсуннаах булчут-сааһыт, Амма оройуонугар чемпион булчут аатын ылан турардаах. Эһээбит кыайыылаах-хотуулаах үлэтин туһунан, кэпсээн оностубатах күүһүн туһунан, биллиилээх журналист П.А. Караканов суруйбут “Алгыстаах Амма Абаҕата”, Амман - “Абаҕа нэһилиэгин колхуостара”, төрөппүт оҕолоро таһаартарбыт – “Кыайыыны, олоҕу уһансыбыттара” кинигэлэртэн ааҕыахха сөп.
2. "Остуолба анньыыта" хайдах төрүттэммитэ
Эһээбит Егор Васильевич чөл олоҕу тутуһара, ыччаттарын онно сирдиирэ. Эһээм эдьиийин сиэнэ Прокопьев Платон Платонович - Оокко бухатыыр республикаҕа биллэр мадьыны этэ, элбэхтик мин эһээбин кытта бииргэ сылдьыбыта, оҕо эрдэҕинэ үлэлэспитэ, көмөлөспүтэ. Сыллар аастахтарын аайытын эһээбит аатын үйэтитэр туһунан оҕолоро, сиэттэрэ кэпсэтэн, сүбэлэһэн баран манныкка тохтообуттара.
Абаҕа олохтооҕун Осипов Семен Алексеевич кэпсээниттэн: Дьөгүөр 1960 сыллар бүтүүлэригэр хааччах тутуутугар үлэлээбит. Саас киллэриллибит мастартан остуолба бэлэмнээбиттэр. Остуолба иинин хаһа сатаабыттар да, сайыҥҥы ириэрии буолан, олус сииктээх сир буолан хастарбатах. Дьөгүөр остуолбалары сойуо мас курдук уһуктаабыт уонна батарыта охсуолаан барбыт. Онно түөһүгэр олох даҕаны сыһыарбата эбитэ үһү, наар бэгэччэҕин күүһүнэн тулуппакка көтөҕөрө диэбиттэрэ. Күрүө тутуутугар үлэлэһэр эдэр дьону тохтотон бэйэтэ үлэлээбит, күҥҥэ 30-40 остуолбаны анньатылыыра эбитэ үһү. Кэлин ол остуолбаны булан дэриэбинэҕэ дьоҥҥо көрдөрө диэн аҕалбыттар. Төһө да эмэҕирбит буоллар 40-45 киилэ ыйааһыннаах, суона 20-22 см, төрдө уһуктаах, 75-80 см дириҥҥэ диэри саайыллыбыт. Дьэ бу кэпсээҥҥэ олоҕуран, онно үлэлэспит дьон туоһулааннар “Остуолба анньыыта” күрэх ыытарга сүбэлэспиттэр. Ити баҕа санааны Амма улууһун Абаҕатын олохтоохторо өйөөбүттэр, онон төрөөбүт дойдутугар бу күрэҕи ыыппыттар.
Абаҕа нэһилиэгин дьаһалтата бастакытын 2005 сыллаахха, Үрүҥ тунах ыһыахха, Гоголев Егор Васильевич аатын үйэтитэр сыаллаах «Остуолба анньыыта» күрэхтэһии ыыппыта. Уопсайа 5 төгүл ыытыллыбыта: түөртэ нэһилиэк иһинэн, биирдэ - улууска. Хас күрэх аайы 8-11 киһи кыттыбыт, бастаабыттар: Дьячковскай Павел Павлович 84.5 см аспыт, иккитэ улахан уолун Владимир Егорович уола - Гоголев Олег Владимирович - 78-86 см. аспыт, биирдэ Амма киһитэ уонна Соморсун ыччата Кононов Алексей .
3. "Остуолба анньыыта" сиэрэ, ирдэбилэ
Күрэх сыала: эт-хаан өттүнэн сайыннарыы, актыыбынай чөл олоххо уһуйуу, төрөөбүт дойдубут үтүө киһитин аатын үйэтитии.
Соруктара:
- доруобай өй-санаа, эт-хаан өттүнэн сайыннарыы
- күүстээх санаалаах буолар тыыны иҥэрии
- ыччат дьоҕурун, талаанын арыйыы
- чөл олоҕу пропагандалааһын
Күрэх ирдэбиллэрэ:
- 18 сааһыттан үөһээ саастаахтар
Күрэх сиэрэ:
- 10 мүнүүтэ бэриллэр
- остуолба 22 см диаметрдаах, 2 м 30 cм үрдүктээх инчэҕэй бэрэбинэттэн бэлэмнэниллибит буолар
- күрэхтэһээччи рабочай үтүлүк кэтэрэ көҥүллэнэр
- ким дириҥник киллэрбит бастыыр
- анньыы дириҥэ остуолба буорга киирбит суолунан мээрэйдэнэр
- остуолба анньыллар сирэ нүөмэрдээхтэр, күрэхтэһээччи жеребьевкалаан ылбыт нүөмэригэр остуолбаны анньар
ТҮМҮК
Эһээм Егор Васильевич чөл олоҕу, спорду, үлэни өрө туппут киһи. Мин кининэн киэн туттабын уонна кини курдук буоларга дьулуһабын. Киниэхэ анаммыт күрэҕи республика үрдүнэн тарҕатар, билиһиннэрэр, сайыннарар баҕа санаалаахпын. Мин санаабар спордунан дьарыктанар киьи чөл туруктаах, кытаанах доруобуйалаах, ыарыыга бэриммэт, уһун үйэлээх буолар.
Гоголев Егор Васильевич олорбут олоҕо, оҥорбут дьыалалара эдэр ыччаты угуйар холобур, олоххо тардыһыыга күүс-көмө буолар. Сахаларга да дьикти дьон былыр-былыргыттан аҕыйаҕа суохтара, ол ытык дьоннорбут умнууга хаалбакка, номох буолан уһуйа, кэрэхсэнэ турдуннар. Спордунан дьарыктанын, чэгиэн-чэбдик буолун!
ТУҺАНЫЛЛЫБЫТ ЛИТЕРАТУРА:
Рисуем акварельное мороженое
Почта
Этот древний-древний-древний мир!
Тигрёнок на подсолнухе
Щелкунчик