Туора Күөлгэ оскуола оҕолорун икки ардыгар
улуустааҕы сахалыы остуол оонньуута.
Бүгүн кулун тутар 17 күнүгэр Таатта улууһун Туора Күөл орто оскуолатыгар улуустааҕы сахалыы остуол оонньууларыгар күрэх буолан ааста. Күрэххэ барыта 11 хамаанда кытынна. Ол курдук, Ытык Күөл 1 нүөмэрдээх оскуолатыттан, Тааттатааҕы лицейтэн, Игидэй, Чычымах, Баайаҕа, Даайа Амма, Уус Таатта, Дьохсоҕон, Уолба, Тыараһа, Туора Күөл оскуолаларарыттан барыта 89 оҕо кыттыыны ылла. Хамаанданан күрэххэ аҕыстыы оҕо кыттыыны ылла, ону таһынан биирдиилээн оонньууга күрэхтэстилэр. Тэрээһин үгэс быһыытынан хамаандалар парадтарыттан уонна РФ,СӨ уонна Таатта улууһун өрөгөйүн ырыатыттан саҕаланна. Ол кэнниттэн оскуола директора Российскай Федерация үөрэҕириитин бочуоттаах үлэһитэ, Саха Республикатын үөрэҕириитин туйгуна Оксана Николаевна Гуляева тыл эттэ. Күрэх дьүүллүүр сүбэтин аатыттан К.А.Ширяев уонна Н.Н.Никифоров эҕэрдэ тылларын эттилэр, кыттааччыларга ситиһиини баҕардылар.
Вложение | Размер |
---|---|
ostuol_oonnuta.docx | 1.66 МБ |
Мороз Иванович
Загадка старого пирата или водолазный колокол
Галка в чужих перьях
Снежная зима. Рисуем акварелью и гуашью
Северное сияние