Быйыл, ахсынньы ыйга Саха суруналыыстарын сойууһун, Тыл, литература уонна история институтун иһинэн социология салаатын тэрийбит, Саха сиригэр ССТА, “Советская Росситя” хаһыат корреспонденынан, “Кыым”, “Социалистическая Якутия” хаһыаттар холбоһуктаах редакцияларын редакторынан, Саха сиринээҕи кинигэ кыһатын кылаабынай редакторынан үлэлээбит биллиилээх общественнай – политическай деятель, учуонай, суруналыыс, Аҕа дойду сэриитин ветерана олоххо – дьаһахха, үлэҕэ – хамнаска бэйэтэ туһунан көрүүлээх. Суоллаах – иистээх саха саарына, дьоһун киһи Иван Александрович Аргунов төрөөбүтэ 100 сыла буолар.
Вложение | Размер |
---|---|
tuora_kuol_argunov_ai_oyton_suruyuu.docx | 16.63 КБ |
Шестакова Виктория Аввакумовна
И.Н.Гуляев аатынан Туора – Күөл орто оскуолатын
10 кылааһын үөрэнээччитэ
Суруналыыстыкаттан наукаҕа
Быйыл, ахсынньы ыйга Саха суруналыыстарын сойууһун, Тыл, литература уонна история институтун иһинэн социология салаатын тэрийбит, Саха сиригэр ССТА, “Советская Росситя” хаһыат корреспонденынан, “Кыым”, “Социалистическая Якутия” хаһыаттар холбоһуктаах редакцияларын редакторынан, Саха сиринээҕи кинигэ кыһатын кылаабынай редакторынан үлэлээбит биллиилээх общественнай – политическай деятель, учуонай, суруналыыс, Аҕа дойду сэриитин ветерана олоххо – дьаһахха, үлэҕэ – хамнаска бэйэтэ туһунан көрүүлээх. Суоллаах – иистээх саха саарына, дьоһун киһи Иван Александрович Аргунов төрөөбүтэ 100 сыла буолар.
Иван Александрович Аргунов ахсынньы 24 күнүгэр Таатта улууһун Игидэй нэһилиэгэр Александр Иннокентьевич, Мария Николаевна Аргуновтар дьиэ кэргэннэригэр төрөөбүтэ. Аҕата аҕыс ыйдааҕар өлөн, аҕата суох улааппыта.
Игидэй сэттэ кылаастаах оскуолатын бүтэрэн баран 1938-1941 сыллардаахха Дьокуускайдааҕы педагогическай училищеҕа үөрэммитэ. Үөрэҕин бүтэрэн баран икки сыл устата учууталынан үлэлээбитэ. Онтон 1943 сыллаахха Аҕа Дойду Улуу сэриитигэр тылланан барбыта. Хамандыырдар куурустарын бүтэрэн Польшаҕа, Германияҕа сэриилэспитэ. Сэриини Берлин куоракка түмүктээбит уонна 1945 сыллаахха ахсынньыга төрөөбүт дойдутугар эргиллэн кэлбит.
Дойдутугар кэлэн баран 1950 сыллаахха Дьокуускайдааҕы педагогическай институту бүтэрбитэ уонна 1961 сыллаахха дылы редакцияҕа, издательствоҕа араас дуоһунаска үлэлээбитэ. 1961-1965 сыллардаахха “Сэбиэскэй Арассыыйа” анал кэриспэндиэнинэн үлэлээбитэ.
Иван Александрович Аргунов Саха сирин бэчээттиир, общественнай олоҕор уонна наукаҕа ыраас, сырдык суолу хаалларбыт деятель киһи буолар. Кини үтүөкэн учуутал, дэгиттэр талааннаах суруналыыс эбит. Кыахтаах киһи ханнык баҕарар үлэҕэ инники сылдьааччы дииллэр. Ол курдук, Иван Александрович Аргунову үлэҕэ барытыгар инники сылдьара диэн кинини билэр дьон ахталлар.
И.А.Аргунов саҥа үйэҕэ сөп түбэһэр өйдөөх – санаалаах киһи диэн ахталлар. Үөрэҕэ – билиитэ үрдүгэ, суруналыыс быһыытынан маастарыстыбата быдан ордуга, редактор киһиттэн эрэйиллэр искусствотын чахчы баһылаабыт киһи Саха АССР уонна РСФСР култууратын үтүөлээх үлэһитэ Григорий Нынныров – Кэнтик Киргиэлэй ахтыытыгар суруйар. Кинини холкутук, олохтоохтук дьаһайар редактор, үгүс элбэх матырыйаалы хаһан барытын ааҕан, бэлэмнээн таһаарарын сөҕөллөрөр үһү. Кини редактордаабыт кэмигэр икки хаһыат бэйэ – бэйэтигэр майгынныыр матырыйааллары таһаарбытын өйдөөбөттөр.
Иван Александрович бэртээхэй тылбаасчыт эбит. Кини В.И.Ленин үлэлэрин, ону тэҥэ кылаассык суруйааччылар дьоһуннаах айымньыларын ситиһиилээхтик тылбаастаабыт. В.И.Ленин биир үлэтин тылбаастаан “Кыым” хаһыакка бэчээттээбит.
Иван Александрович бэчээккэ үлэлиир сылларыгар Саха сирин Суруналыыстарын айар Сойууһун тэрийсибитэ уонна элбэх сыллар усталарыгар салайбыта, үгүс үлэни ыыппыта.
Кини төрөөбүт Тааттатын чулуу сахатын – Платон Алексеевич Ойуунускайы дьылҕатыгар дьайбыт улуу убайынан ааҕара. Кини хаһан даҕаны “Ойуунускайы кытта биир дойдулаах буоламмын дьылҕабар оҕустардым” диэбэт, хата, биир суолу тутуспут, биир дьылҕа сүгэһэрин үллэстибит курдук иэйиилээхтик ахтар эбит. Ол да иһин кини бастакы научнай үлэтин саха норуота культурнай сайдыытын чинчийиигэ анаабыта.
1951 сыллаахха И.А.Аргунов партия обкомун мунньаҕар Г.П.Башарин “Три якутских реалиста - просветителя” кинигэни көмүскээн, улахан этии оҥорбут эбит. Онтон ыла кинини кырыы харахтарынан көрөр буолбуттар. “У истоков социлогоической культуры народов Якутии” диэн үлэтин баһааҕырдааччылар омугумсуйууга буруйдаабыттара. Кэлин бу үлэтин анал хамыыһыйа көрөн, үөрэтэн, ырытан баран, онно суох буруйдааһынынан аа5аннар Иван Александрович аата ырааһырбыта. Ол хамыыһыйа уурааҕын ылыммаккалар ССКП обкомун секретариата хас да инстанцияҕа үҥсэ сылдьыбыттар.
И.А.Аргунов 1974 сыллаахха История, тыл уонна литература институтугар научнай үлэҕэ күһүн баран саҥа салааны – социологическай чинчийиилэр сектордарын аһан, салайан элбэх эдэр научнай кадрдар үүнэн тахсалларыгар олук уурбута. “Социологы бөрө курдук атаҕа аһатар” диэн эдэр социологтарга этэр эбит.
Кини науканан дьарыктаммыт сылларыгар өрөспүүбүлүкэ оройуоннарыгар ыытыллыбыт экспедицияларга сылдьан, элбэх дьону кытта көрсөн кэпсэтэн, анкета толорон, интервью ылан, үлэ үгүс өрүтүн ыыппыт. Кини научнай үлэлэрин Сэбиэскэй Сойуус да, омук дойдуларын бөдөҥ учуонайдара да үрдүктүк сыаналаабыттара.
Иван Александрович наукаҕа да, суруналыыстыкаҕа да, салайар үлэҕэ да дьарык эрэ быһыытынан үлэлээбэтэх, норуотугар туһалыырга дьулуһан үлэлээбит киһи. Үйэлээх, суолталаах чинчийиилэри оҥорон, ону научнай кинигэлэр гынан таһааран, кэлэр көлүөнэ үөрэнээччилэргэ бөҕө – таҕа акылааты хаалларбыта. Кини үлэлэрэ билигин Саха сирин олоҕун социальнай чинчийии классиката буолбуттара. Кини курдук саха олоҕун киэҥник анаарбыт, ырыппыт, архыыптары хасыһан, аныгы социальнай олоҕу кытта тэҥнээн көрөн чинчийбит учуонай билигин да суох дииллэр.
Билигин кини биир дойдулаахтара уонна халыҥ аймах Аргуновтар саха саарынын И.А.Аргунов аатынан киэн тутталлар. Тапталлаах Тааттатыгар, төрөөбүт нэһилиэгэр Игидэйгэ кини аатынан уулусса баар. 2010 сыллаахха Таатта улууһун киин библиотекатыгар И.А.Аргунов аата иҥэриллибитэ. Кыра кыыһа Татьяна Ивановна эмиэ аҕатын курдук социология учуонайа. Иван Александрович Аргунов туһунан “Ими гордится Якутия” серияҕа тахсыбыт кинигэтигэр кини коллегалара, билэр , алтыспыт дьоно олус истиҥ – иһирэх тыллаах ахтыыларын аахтым уонна саха норуотугар элбэх үтүөнү, үгүс үйэлээх үлэни хаалларбыт саха саарына буолар диэн этиилэрин кытта толору сөбүлэстим. И.А.Аргунов 100 сааһыгар аналлаах өйтөн суруйуу күрэҕэр кыттаары мин элбэх билбэтэхпин биллим. Маннык тэрээһиннэр биһиги, үүнэр көлүөнэ ыччат норуоппут чулуу дьонун туһунан билэрбитигэр олук буолаллар.
Ёжикина Радость
Как Дед Мороз сделал себе помощников
Снежная книга
Два Мороза
Самый богатый воробей на свете