Айар улэ-хоьоон
Вложение | Размер |
---|---|
mannaygy_haar_ueruute_kurehhe.docx | 16.77 КБ |
«Маңнайгы хаар үөрүүтэ» айар улэ
Кэрэтиэн, маңнайгы хаар.
Көмүс күһүн күрэнэн,
Алтынньы ый ортото
Халлаан үрдүк ньууруттан
Сымнаҕас хаар кыыдамнаата.
Маңнайгы хаар түһэн,
Дууһам үөрүүнэн туолла.
Тулам барыта ырааһыран
Сырдыгынан сыдьаайда.
Кэрэтиэн, күүтүүлээх хаар
Сахам сирин кэрэтэ.
Оҕо-аймах үөрүүтэ
Тыйыс тымныы илдьитэ.
Максимов Артем,8 кылаас, 14 саас,
И.И.Константинов-Дэлэгээт Уйбаан аатынан
Сулҕаччы уопсай орто үөрэхтээһин оскуолата,
Амма улууһа.
Сүрэхпин үөрүүнэн толордо.
Күһүн ааһан, сылаас бүтэн
Тымныы тыына билиннэ.
Хаһың түһэн, сир тоңон
Кыһын тиийэн кэллэ.
Сүүрэ турбут үрэхтэр
Тохтоон тоңон эрэллэр.
Саһаран турбут айылҕам
Кыһыңңы кэмңэ бэлэмнэнэр.
Маңнайгы хаар барахсан
Аан дойдубун бүрүйдэ.
Кыһын бэлиэтэ буолан
Сирбин-дойдубун үллүйдэ.
Сыа хаар үрдүнэн
Көтөр-сүүрэр суола
Ойуу-бичик буолан
Оһуорданан көстөр.
Маңнайгы хаар түһэн
Сүрэхпин үөрүүнэн толордо.
Ыраас хаар, намыын хаар
Үтүө иэйиини түстээтэ.
Максимов Максим,8 кылаас, 13 саас,
И.И.Константинов-Дэлэгээт Уйбаан аатынан
Сулҕаччы уопсай орто үөрэхтээһин оскуолата,
Амма улууһа.
Күүтүүлээх хаар.
Күүтүүлээх маңнайгы хаарбыт
Аргыый наллаан түстэ.
Сири-дойдуну маңхатан
Сылаас суорҕанынан сапта.
Харааран турбут суолбутун
Кылбаа маңан хаарынан
Көмнөхтүү саба түһэн
Кистээн бүрүйэн кэбистэ.
Таптыыбын Сахам сирин
Ураты биир көстүүтүн-
Кырыа хаар көмнөҕүн,
Чэгиэн чэбдик салгынын.
Стручкова Карина, 8 кылаас, 13 саас,
И.И.Константинов-Дэлэгээт Уйбаан аатынан
Сулҕаччы уопсай орто үөрэхтээһин оскуолата,
Амма улууһа.
Маңнайгы хаар.
Маңнайгы хаар түһэн,
Кылабачыйа оонньоото.
Тунал хаар түһэн,
Дьиктитик күлүмнээтэ.
Саңа кыраһа хаар
Сири-дойдуну бүрүйдэ.
Куобах суорҕанын бүрүнэн
Сырдыы түстэ барыта.
Оҕо-аймах мустан
Хаар киһи оңордулар.
Намыын хаар түспүтүгэр
Ис испиттэн үөрдүм.
Стручкова Рая, 5 кылаас, 11 саас,
И.И.Константинов-Дэлэгээт Уйбаан аатынан
Сулҕаччы уопсай орто үөрэхтээһин оскуолата,
Амма улууһа.
Саңа хаары хоһуйдум.
Алтынньы ый ортото
Сарсыарда туран көртүм
Маңнайгы хаар түһэн
Тулабытын маңхаппыт.
Маңан хаар түспүтүгэр
Оҕо барыта үөрдэ.
Айылҕабыт чуумпуран
Кыһыңңы сонун кэттэ.
Туох барыта ырааһыран
Дьикти иэйии кууста.
Үөрэн-көтөн тураммын
Саңа хаары хоһуйдум.
Попов Давид, 5 кылаас, 11 саас,
И.И.Константинов-Дэлэгээт Уйбаан аатынан
Сулҕаччы уопсай орто үөрэхтээһин оскуолата,
Амма улууһа.
Никто меня не любит
Прекрасное далёко
Два морехода
Осенняя паутина
Пчёлы и муха