Учуутал идэтэ олус уустук. Учуутал оҕолору үөрэтэригэр тапсыахтаах, тыл булан өйдөһүөхтээх, өйүөхтээх. Хас биирдии киһи учуутал баар буолан, үөрэхтээх үлэһит буолабыт.
Вложение | Размер |
---|---|
uchuutalga_mahtal.docx | 18.79 КБ |
Учууталга махтал.
Амма улууһун Константинов И.И.-Дэлэгээт Уйбаан аатынан
Сулҕаччы уопсай орто үөрэхтээһин оскуолатын үөрэнээччилэрэ учууталларыгар махтал суруктара.
***
Ханнык баҕарар киһиэхэ бастакы оскуола, маңнайгы учуутал кини инники үөрэҕэр, олоҕор, дьылҕатыгар ураты суолталаах дииллэрин курдук мин олохпор «үөрэх», «учуутал» диэн тыллар инники миэстэҕэ тураллар. Мин бастакы учууталым- Борисова Ульяна Семеновна. Кини биһигини 1 кылаастан 4-с кылааска диэри үөрэтэн орто сүһүөххэ таһаарбыта. Учууталбыт биһиэхэ элбэх туһалааҕы үөрэппитэ. Кытаанах майгылаах, онто миэхэ үчүгэй хаачыстыбалары ииппитэ. Ол иһин киниэхэ махталым улахан.
Павлик Максимов, 11 кылаас
***
Хас биирдии киһи учуутал баар буолан, үөрэхтээх үлэһит буолабыт. Мин махталбын тиэрдиэм этэ бастакы учууталбар, иккис ийэ курдук киһибэр Александра Алексеевнаҕа. Кини миигин ааҕарга, суоттуурга, суруйарга үөрэппитэ. Учууталым бэйэтэ элбэх оҕолоох буолан биһигини өйдүүр-өйүүр буолааччы. Билигин кини атын сиргэ үлэлиир. Учууталбын ахтабын.
Айыына Христофорова, 11 кылаас.
***
Мин сөбүлүүр учууталым-Макарова Айыына Александровна. Кини биһиэхэ математика уруогун үөрэппитэ. Хас биирдии оҕо уратытын учуоттаан атын-атыннык табыгастаахтык сыһыаннаһара. Бары кини үөрэппитин өйдөөн кылаастан тахсаллара. Учууталбыт билигин төһө да биһигини үөрэппэтэр, ахтабыт, саныыбыт, күүтэбит. Баҕарыам этэ киниэхэ дьоллоох олоҕу, үлэҕэр үрдүк ситиһиилэри уонна чэгиэн доруобуйаны.
Дайаана Ефремова, 11 кылаас
***
Учуутал идэтэ олус уустук. Учуутал оҕолору үөрэтэригэр тапсыахтаах, тыл булан өйдөһүөхтээх, өйүөхтээх. Араас майгылаах үөрэнээччилэргэ табыгастаахтык сыһыаннаһан үөрэтиэхтээх. Биһиги оскуолабытыгар туспа үөрэтэр ньымалардаах, оҕолору кытта тапсар учууталлаахпыт. Кини аата Слепцова Ирина Семеновна. Кини биһигини 5-с кылаастан ыла саха тылыгар уонна литературатыгар үөрэтэр. Уруогу таһынан эбии дьарыктаан, олус элбэх араас таһымнаах күрэххэ кытыннарар, бырайыак көмүскүүргэ үөрэтэр, хаһыат таһаарарга дьарыктыыр, айар үлэҕэ уһуйар. Араас слеттарга кытыннарбыта. Баҕарыам этэ учууталбар доруобуйаны, өссө даҕаны элбэх оҕону үөрэтэ тураргар.
Дарина Капитонова, 11 кылаас.
***
Оскуолабытыгар элбэх араас учуутал баар. Онтон сөбүлүүр, атыттартан ордорор учууталым-Ирина Семеновна. Кини саха тылын уонна литературатын үөрэтэр. Элбэх интэриэһинэйи үөрэтэр, билбэккин барытын өйдөнөр гына быһааран биэрэр. Учууталбыт оҕолорго барыларыгар үчүгэйдик сыһыаннаһар, үтүө санаалаах. Ирина Семеновнаҕа баҕарыам этэ элбэх харчыны, алмаас курдук кытаанах доруобуйаны, уһун дьоллоох олоҕу. Инникитин да маннык курдук элбэх оҕону билиигэ-көрүүгэ үөрэтэ тур.
Никита Бурцев, 11 кылаас.
***
Мин биһигини үөрэтэр учууталларбытыттан ордорор учууталым –Иосиф Афанасьевич Стручков. Кини технологияны үөрэтэр. Кыра эрдэхпититтэн үлэлиир инструменнары сөпкө тутары билиһиннэрбитэ. Кэлин улаатан баран олохпутугар наадалаах, туттар тэриллэрбитин хайдах оңорору, туһанары үөрэппитэ. Киһи быһыытынан олус бэһиэлэй, кэпсээннээх, оҕолору кытта доҕордуу сыһыаннаах. Мин учууталбар баҕарыам этэ кытаанах доруобуйаны.
Сайаан Данилов, 11 кылаас
***
Мин сөбүлүүр учууталым кыра кылааска үөрэппит, маңнайгы учууталбыт Фекла Дмитрьевна Ефремова буолар. Элбэх билиини биэрбитин иһин махтанабын. Киниэхэ үлэтигэр үчүгэйи баҕарабын.
Айсен Данилов, 8 кылаас
***
Сөбүлүүр учууталым физкультураны үөрэтэр Сардана Петровна Христофорова. Кини биһигини волейбол оонньуурга кыһаллан үөрэтэр. Араас сиргэ буолар волейбол күрэхтэригэр илдьэн кытыннарар. Быйылгыттан ыла биһиэхэ кылаас салайааччыта буолла.
Лука Данилов, 8 кылаас
***
Мин сөбүлүүр учууталым физкультура учуутала Сардана Петровна. Үөрэх таһынан волейболга дьарыктыыр уонна араас күрэхтэргэ илдьэн кытыннарааччы. 8 кылаас буолбуппутугар кылаас салайааччыбыт буолла. Мин кинини үчүгэй учуутал дии саныыбын. Иллэң кэммитигэр походка бара сылдьыбыппыт, өссө да илдьиэ диэн эрэнэбин. Сардана Петровнаҕа олус үчүгэй доруобуйаны баҕарабын.
Борис Баишев, 8 кылаас
***
Мин сөбүлүүр учууталым Саргылана Геннадьевна Еримеева. Кини математиканы үөрэтэр. Маны таһынан 5-7 кылааска диэри кылааспыт салайааччыта этэ. Куруук үчүгэйи сүбэлии сылдьар учуутал. Доруобуйаны, дьолу, ситиһиини баҕарабын.
Айхал Слепцов, 8 кылаас.
***
Мин сөбүлүүр учууталым Айыына Александровна. Математиканы үөрэппитэ. Кини биһиги оскуолабытыгар аҕыйах сыл үлэлээбитэ, ол эрээри элбэх оҕо кинини сөбүлээбитэ. Билигин атын сиргэ, атын оскуолаҕа үлэлии сылдьар. Бары үчүгэйи баҕарабын.
Мирослав Стручков, 8 кылаас
***
Сөбүлүүр учууталым Оксана Ивановна Неустроева. Кини биһиэхэ историяны уонна обществознаниены үөрэтэр. Мин кини уруоктарын наһаа сөбүлүүбүн. Тоҕо диэтэххэ сүрдээх интэриэһинэйдик кэпсиир уонна уруогун кыһаллан үөрэтэр. Учууталбар кытаанах доруобуйаны, дьолу баҕарабын.
Карина Стручкова, 8 кылаас
***
Биһиги кылаас саамай сөбүлүүр учууталбыт Дария Петровна Христофорова. Кини биһигини кыра эрдэхпититтэн көрөн-харайан 5-с кылааска таһаарда. Ааҕарга, суруйарга, суоттуурга үөрэппитэ, өйдөөх буоларбытыгар кыһаллара, чугас истиӊ сыһыанынан ииппитэ, куруук өйүү сылдьаааччы. Ол иһин киниэхэ ис сүрэхпититтэн улахан махталбытын биллэрэбит. Дария Петровна наһаа кыраһыабай уонна нарын. Баҕарыа этибит учууталбытыгар доруобуйаны, дьолу-соргуну, үлэтигэр үрдүк ситиһиилэри, элбэх харчыны. Хаһан да кырдьыма, куруук үөрэ сырыт.
5 кылаас үөрэнээччилэрэ
Сыьыарыыга
Учууталлар фотолара ааттарынан кестер
Флейта и Ветер
Госпожа Метелица
Петушок из русских сказок
Девчата
Просто так