Н.Е.Мординов-Амма Аччыгыйа саха литературатыгар биир бөдөҥ кэпсээнньит суруйааччы быһыытанан биллэр. Амма Аччыгыйын саха ааҕааччыта «Сааскы кэм» романынан билэр. Суруйааччы кыра кээмэйдээх оҕолорго анналлаах кэпсээннэрэ ааҕарга өйдөнүмтүө уонна судургу. Мин прозаик «Куйуур» диэн кэпсээнин сөбүлээн чинчийэргэ холоннум. Бастаан Амма Аччыгыйа «Куйуур» кэпсээнигэр булт сиэрин-туомун ырыттым. Уу булдугар сыһыаннаах сиэри-туому интэриниэттэн булан туһанным. Билиҥҥи куйуурдааһын уратытын кэпсээни кытта тэҥнээн көрдүм. Үөрэнэр оскуолам үрдүкү кылаас оҕолоругар куйуур уонна кини тэрилин туһунан билиилэрин тургутан көрөн ырыттым.
Сыала: Н.Е Мординов-Амма Аччыгыйа ''Куйуур'' айымньытын сүрүн иитэр-үөрэтэр өрүтүн ырытан көрүү.
Соруктар:
Үлэм сонуна: Умнуллан эрэр булт сиэрин-туомун, куйуурдааһын туһунан билиҥҥи оҕолор төһө билэллэрин-көрөллөрүн тургутан көрдүм. Куйуурунан бултааһын олох умнулла илигин, ол эрээри оҕолор дьоннорун кытта булка мээнэ сылдьыбат буолбуттара көстөр. Саха норуотугар эрэ баар куйуур булдун сөргүтүү наадалаах эбит.
Үлэм туһата: Ырыппыт үлэм оскуола оҕолоругар куйуурдааһыны көҕүлүүр, умнуллан эрэр булт сиэрин-туомун санатар сыаллаах литература, төрүт культура уруогар туттуллуон сөп. Кинилэр куйуур булдун туһунан билиилэрэ хаҥыырыгар туһалаах буолуо. Маны таһынан, саха бастыҥ кэпсээнньит суруйааччыта Амма Аччыгыйын айымньыларын сөбүлээн ааҕарга болҕомтону тардыан сөп.
Вложение | Размер |
---|---|
https://nsportal.ru/sites/default/files/filefield_paths/amma_achchygyyyn_aagyylara.docx | 33.26 КБ |
«Амма Аччыгыйын ааҕыылара»
Ɵрөспүүбүлүкэтээҕи научнай-практическай кэмпэриэнсийэ
Амма Аччыгыйа «Куйуур» кэпсээнигэр булт сиэрин-туомун көстүүтэ
Үлэни толордо:
Амма улууһун Сулҕаччы орто үөрэхтээһин
оскуолатын 8 кылааһын үөрэнээччитэ Данилова Эльвира Николаевна
Салайааччы: Данилова Венера Васильевна
Саха тылын уонна литературатын учуутала.
2021 сыл
Киириитэ
Н.Е.Мординов-Амма Аччыгыйа саха литературатыгар биир бөдөҥ кэпсээнньит суруйааччы быһыытанан биллэр. Амма Аччыгыйын саха ааҕааччыта «Сааскы кэм» романынан билэр. Суруйааччы кыра кээмэйдээх оҕолорго анналлаах кэпсээннэрэ ааҕарга өйдөнүмтүө уонна судургу. Мин прозаик «Куйуур» диэн кэпсээнин сөбүлээн чинчийэргэ холоннум. Бастаан Амма Аччыгыйа «Куйуур» кэпсээнигэр булт сиэрин-туомун ырыттым. Уу булдугар сыһыаннаах сиэри-туому интэриниэттэн булан туһанным. Билиҥҥи куйуурдааһын уратытын кэпсээни кытта тэҥнээн көрдүм. Үөрэнэр оскуолам үрдүкү кылаас оҕолоругар куйуур уонна кини тэрилин туһунан билиилэрин тургутан көрөн ырыттым.
Сыала: Н.Е Мординов-Амма Аччыгыйа ''Куйуур'' айымньытын сүрүн иитэр-үөрэтэр өрүтүн ырытан көрүү.
Соруктар:
Үлэм сонуна: Умнуллан эрэр булт сиэрин-туомун, куйуурдааһын туһунан билиҥҥи оҕолор төһө билэллэрин-көрөллөрүн тургутан көрдүм. Куйуурунан бултааһын олох умнулла илигин, ол эрээри оҕолор дьоннорун кытта булка мээнэ сылдьыбат буолбуттара көстөр. Саха норуотугар эрэ баар куйуур булдун сөргүтүү наадалаах эбит.
Үлэм туһата: Ырыппыт үлэм оскуола оҕолоругар куйуурдааһыны көҕүлүүр, умнуллан эрэр булт сиэрин-туомун санатар сыаллаах литература, төрүт культура уруогар туттуллуон сөп. Кинилэр куйуур булдун туһунан билиилэрэ хаҥыырыгар туһалаах буолуо. Маны таһынан, саха бастыҥ кэпсээнньит суруйааччыта Амма Аччыгыйын айымньыларын сөбүлээн ааҕарга болҕомтону тардыан сөп.
1.1. Булт сиэрэ-туома кэпсээҥҥэ көстүүтэ.
Былыр саха киһитэ айылҕа тугу биэрбитинэн аһаан-таҥнан, сүөһө-ас ииттэн олорбута. Булчут айылҕаҕа сылдьар кэмигэр булт сиэрин-туомун тутуһан сылдьара. Өбүгэлэр үйэлэр тухары тутуһан кэлбит үтүө үгэстэрин кэспэтэ. Сыыһа-халты туттан Байанай бэлэҕин мүччү тутуон эбэтэр булдун үргүтүөн сөбүн өйдүүрэ. Баай хара тыа иччитэ Баай Барыылаах Байанай наһаа үөрүнньэҥ, ол иһин киниэхэ анаан аал уот оттон айах тутар үгэһи хас биирдии булчут тутуһар. Кини өһүргэс, онон Байанайы өһүргэппэт, хомоппот курдук булчут тыаҕа туттан-хаптан сылдьыахтаах. Маны таһынан, бултуур тэрилгэ сыһыан, сиэр-туом эмиэ тутуһуллар. Ол курдук дьахтар бултуур сэпкэ-сэбиргэлгэ чугаһыа, үрдүнэн атыллыа суохтаах. Биһиги ити булт сиэрэ-туома Амма Аччыгыйа «Куйуур» кэпсээнигэр хайдах киирбитин ырытан көрүөҕүҥ.
Амма Аччыгыйа «Куйуур» кэпсээнигэр булт тэрилин дьахтар үрдүнэн атыллаабытыттан айымньы саҕаланар. Кэпсээн геройа Сэбирдэх Уйбаан кэргэнэ Мааппа куйууру үрдүнэн атыллаан ааспытыгар, соһуйан чинэрис гынаат куйуурун сулбу тардан ылар. «Ок-сиэ, бу дьахтар акаарытын тугун сүрэй, доҕор! Эмиэ үрдүнэн батыччахтаата. Ити бултуур сэби дьахтар атыллаатаҕына, булдун туппат диэни истибэккин дуо?» -диэн булт сиэрин кэспитин иһин кэргэнин мөҕөр. Сарсыныгар Сэбирдэх Уйбаан куйуурдуу сылдьан маҥкытын маһа тостон, ситэ балыктаабакка төннөллөр. Онон балыктарыттан матан, Уйбаан байанайа табыллыбатаҕар кэргэнин буруйдуур. Кэпсээн да оннук түмүктэнэр. «Сэбирдэх маҥкыта тостон, ситэ балыктыа хаалбытыгар бэйэтин ойоҕун буруйдуу саныы истэ. Бэҕэһээ куйуур үрдүнэн атыллаабыта...»
Былыр хайдах куйуурдууллар эбитий? Ол кэпсээҥҥэ хайдах ойууламмытын ырытыым. Кэпсээн геройдара куйуурдуур күөллэригэр оҕустарынан тиийэллэр. Күөллэрин тула оҕус, ат бөҕө кэбиһиилээх оттор күрүөлэригэр баайыллан тураллар. Сэбирдэх куйуурун, арааһын сүгэн күөлгэ киирэр.
Айымньыга өссө биир түгэни бэлиэтиэххэ сөп. Сэбирдэх уола аҕатынаан куйуурдуу баран иһэн ыйытар: «Бүгүн кими кытта кыттыһабыт?». Аҕата булдуттан көҥөһөн: « Биһигини ким кытыарыай? Биһиги бултуур сэппит куһаҕан, бэйэбит да мөлтөхпүт. Эйиэхэ биир өлүүнү биэриэхтэрэ дии саныыгын дуо? Бэйэбит туспа буллугунаһан көрүөхпүт.» Бултан көҥөнөр өссө биир түгэнэ ойбонун алларар кэмигэр көстөр. Саҥа кэлбит куйуурдьут Сэбирдэх тула дьон мусталлар. Ойбонун алларан уутун тэптэрбитигэр собо өрөҕөтө кытар гыммытыгар, дьон анньыыларын сүгэ-сүгэ, саба сырсан кэлэн, Сэбирдэх ойбонун тула хаар күрдьэн, алларан киирэн бараллар. «Уйбаан сүрдээҕин тиэтэйдэ, ойбонун мууһун ситэ ыраастаабакка, киһи иннинэ куйуурун батары биэрдэ». Ити да ыксаан, элбэх балыгы куйуурдаабат. Куйуурун маҥкы маһа тостор. Көҥөс балыксыттан Байанайа эмиэ киэр хайыһар.
Манна өссө сиһилии тохтоон ыллахпытына, уу булдугар сыһыаннаах маннык сиэр –туом баара эбит:
-Ууга сылдьан, балыктыыр кэмигэр айдаарбаттар, тыаһаабаттар;
-Бултаммыт балык үрдүгэр сөҕөр махтайар, улаханнык саҥарар табыллыбат;
-Бултаммыт балыгынан оонньуур табыллыбат;
-Балыгы атаҕынан тэбэр, хаһыйар аанньа ахтыбатах курдук туттар, саҥарар, быраҕаттыыр сатаммат;
-Ууга силлиир-хаахтыыр сатаммат;
-Булт тэрилин тэпсэр, үрдүнэн атыллыыр табыллыбат;
-Бултаммыт балык уҥуоҕун уокка куппаттар, балык төбөттүн сиргэ бырахпаттар;
-Бөдөҥ балык түбэстэҕинэ, уҥуоҕун маска уураллар, ордук сыҥааҕын уҥуоҕун;
-Ууга саҥа киирэр муҥханы алгыыллар, былыр сүөһү өлөрөллөр;
-Ɵлбүттээхтэр, оҕолонор дьахталлар уу булдугар киирбэттэр;
-Бултуур күөллэрин ыраастык туталлар, ыраастыыллар.
Кэпсээҥҥэ уу булдугар сыһыаннаах сиэри-туому кэһии көстөр. Сэбирдэх Уйбаан Ордьоох Ньукулайдыын уолларыттан сылтаан этиһэллэр, кыыһырсаллар. Ордьоох Уйбааны кыыһыран «үтэһэн тостуо» диэн кырыыр. Кини эппитин курдук Сэбирдэх Уйбаан куйуурун тэбии туран, маҥкытын маһын тоһутан кэбиһэр. «Ордьоох обургу, эн кырыыһыҥ тиийдэ быһыылаах, төһөнү абыранаҕын. Бу күөл балыгын эн соҕотоҕун сиэ!»-диэн Сэбирдэх кыыһырар. Онон Ордьоох Ньукулайга да байанайа мичик гыммата сэрэйиллэр. Бу кэпсээҥҥэ Уйбаан ойоҕо Мааппа куйуур үрдүнэн атыллаан булду ханнарар. Ордьоох уонна Уйбаан бултуур күөллэригэр туран айдаарсаллар. Ол түмүгэр иккиэн байанайдара бэрсибит балыгыттан маталлар.
1.2. Билиҥҥи куйуурдааһын уратыта
Куйуурдааһын эмиэ умсугутуулаах булт көрүҥэ буолар. Бу балыктааһын көрүҥэ саха норуотугар эрэ баар ньыма. Былыр сахалар саас халлаан сылыйдаҕына, күн уһаатаҕына, күөлгэ ойбон алларан, дөйүөрбүт собону, мундуну куйуурунан баһан таһааран бултууллара.
Куйуур (сак) тэрилэ маннык:
-куойа- куйуур иитэ (ободок сака);
-Маҥкы-куйуур маһа, тутааҕа (рукоятка сака);
-Түөрэй-куйуур маҥкытын уган эргитэргэ туттуллар ортотунан үүттээх мас(деревянная палка с отверствием, куда вставляется рукоятка сака );
-Кыл хамыйах-ойбонтон бытархай мууһу ыраастыырга туттуллар тэрил(волосяной черпак для удаления из воды мелких льдин);
-Сүүр-мууһу алларан баран, ууттан улахан мууһу хостоон таһаарар куйуур курдук иилээх уктаах тэрил (совок для извлечения более крупных льдин);
Анньыы-мууһу көйөр сытыы уһуктаах тимир.
Билиҥҥи куйуурдааһын былыргыттан улахан уратыта суох. Куйуурдааһын саас күн сылыйдаҕына, кулун тутар маҥнайгы күннэриттэн саҕаланар. Куйуур тэрилигэр уларыйыыта диэн, куойатын мас буолбакка, пластиктан, тимиртэн оҥорор буолбуттар. Маҥкытыгар тэтиҥ мас ордук барсар эбит. Куйуур сиэккэтэ урут кылтан өрүллэр буоллаҕына, билигин сап сиэккэ эбэтэр монофильнай лескаттан өрүллүбүт кыра харахтаах сиэккэни тутталлар. Куйуурдуу билиҥҥи балыксыт туох техникалааҕынан киирэр. Элбэх буолан кыттыһан куйуурдууллар. Куйуурдуохтарын иннинэ күөллэрин алаадьынан айах туталлар. Уот оттон алгыс этэн күөл иччититтэн Күөх Боллохтон көрдөһөллөр.Абаҕам кэпсииринэн, күөлгэ суор олорор буоллаҕына, ол суор олорор сиригэр баран ойбон тэһэллэр эбит.Онно балыктаах буолар.
Куйуурдааһын улахан тэрээһинэ, ороскуота суох Ол иһин кыралыын- улаханныын билигин да сөбүлээн куйуурдууллар. Куйуурдааһын туһата элбэх. Бастакынан, кыра күөллэргэ халыҥ муус анныгар дөйбүт балыктарга салгын киирэрэ туһалаах. Иккиһинэн, аҕа оҕотун батыһыннара сылдьан булт албастарыгар, айылҕаҕа сылдьарга, тулуурдаах, сатабыллаах буоларга үөрэтэр. Үсүһүнэн, билиҥҥи куйуур эр дьоҥҥо булт эрэ буолбакка, уһун кыһын кэнниттэн ыраас салгыҥҥа, айылҕаҕа сынньалаҥ, чэбдигирии буолар. Билиҥҥи куйуурдааһыны бу ссылканан киирэн көрүөххэ сөп. https://youtu.be/6BocJgGbkIw Манна куйуурдааһын уратытын көрдөрөн кэпсииллэр, быһаараллар. Бу киинэ Москва куоракка ыытыллыбыт “PRO творчество» норуоттар икки ардыларыннааҕы искусство фестивалыгар 9 кылаас үөрэнээччитэ Алина Федотова кыттыбыт киинэтэ.
Үөрэнэр оскуолам үрдүкү кылаас оҕолоругар куйуур туһунан тугу билэллэрин тургутар ыйытык оҥордум. Ыйытык түмүгэ. Ыйытыкка Сулҕаччы орто оскуолатын 8-11 кылаас
оҕолоро кытыннылар.
Ыйытыылар | Билэр | Билбэт |
Куйуур диэн тугуй? | 93% | 7% |
Куйуур тэрилэ? | 43% | 57% |
Түөрэй диэн тугуй? | 57% | 43% |
Анньыы диэн тугуй? | 86% | 14% |
Куйуур туһунан ханнык айымньыны аахпыккытый? | 86% | 14% |
Куйуурга сылдьыбыккыт дуо? | 35% | 65% |
Ыйытыктан көрдөххө, куйуур диэн тугун бары билэллэр.Куйуур тэрилин аатын ыйытыкка кыттыбыт оҕо аҥаара билэр. Куйуур тэрилин үксүн уолаттар билэллэр . Куйуур тэрилиттэн саамай билэллэрэ анньыы буолла. Платон Ойуунскай “Оҕо куйуурдуу турара” айымньытын үгүстэр өйдүүллэр. Билиҥҥи оҕо куйуурга мээнэ сылдьыбата көстөн кэллэ. 14 оҕоттон 5 эрэ оҕо куйуурдаабыт. Атыттар уус-уран айымньыттан ааҕан эбэтэр ютубка куйуурдааһыны көрбүттэр. Ыйытык түмүгүнэн куйуур булда умнуллан эрэр эбит. Биһиги нэьилиэккэ оҕолор аҕаларын кытта булка сылдьыбат буолбуттара көстөр.
Түмүк
1.”Куйуур” кэпсээҥҥэ уу булдугар сыһыаннаах сиэри-туому кэһии көстөр. Уйбаан ойоҕо Мааппа куйуур үрдүнэн атыллаан булду ханнарар. Айымньы геройдара бултуур күөллэригэр туран айдаарсаллар. Ол түмүгэр иккиэн байанайдара бэрсибит балыгыттан маталлар.
2. Билиҥҥи куйуурдааһын улахан тэрээһинэ, ороскуота суох эбит. Кыралыын- улаханныын билигин да сөбүлээн куйуурдууллар. Куйуурдааһын туһата элбэх. Бастакынан, кыра күөллэргэ халыҥ муус анныгар дөйбүт балыктарга салгын киирэрэ туһалаах. Иккиһинэн, аҕа оҕотун батыһыннара сылдьан булт албастарыгар, айылҕаҕа сылдьарга, тулуурдаах, сатабыллаах буоларга үөрэтэр. Үсүһүнэн, билиҥҥи куйуур эр дьоҥҥо булт эрэ буолбакка, уһун кыһын кэнниттэн ыраас салгыҥҥа, айылҕаҕа сынньалаҥ, чэбдигирии буолар.
3.Билиҥҥи оҕолор, ыйытыктан көрдөххө, куйуур диэн тугун бары билэллэр.Куйуур тэрилин үксүн уолаттар билэллэр . Куйуур тэрилиттэн саамай билэллэрэ анньыы буолла. Платон Ойуунскай “Оҕо куйуурдуу турара” айымньытын үгүстэр өйдүүллэр. Билиҥҥи оҕо куйуурга мээнэ сылдьыбата көстөн кэллэ. 14 оҕоттон 5 эрэ оҕо куйуурдаабыт. Атыттар уус-уран айымньыттан ааҕан эбэтэр ютубка куйуурдааһыны көрбүттэр. Ыйытык түмүгүнэн куйуур булда умнуллан эрэр эбит. Биһиги нэьилиэккэ оҕолор аҕаларын кытта бултка сылдьыбат буолбуттара көстөр.
4. Билиҥҥи булчут уу булдун сиэрин-туомун тутуһар.
5.Амма Аччыгыйа “Куйуур” кэпсээниттэн мин умнуллан эрэр булт сиэрин туомун биллим, айымньы иитэр-үөрэтэр ис номоҕун өйдөөтүм. Кэпсээн тыла-өһө судургу, өйдөнүмтүө. Суруйааччы атын айымньыларын ааҕаргытыгар сүбэлиибин.
6. Мин чинчийбит үлэм литература уонна төрүт культуура уруоктарыгар көмө матырыйаал быһыытынан туттуллуон сөп.
Невидимое письмо
Госпожа Метелица
Швейня
Знакомимся с плотностью жидкостей
"Морская болезнь" у космонавтов