Денис собрал довольно большой материал о своей родословной по линии отца, используя разные приемы поисковой работы
Вложение | Размер |
---|---|
Изучение родословной по линии отца | 27.12 КБ |
Таатта улууһун В.И.Ленин аатынан Уолба орто оскуолата
Аҕабынан аймахтарым – Рахлеевтар
(чинчийии көрүҥнэрэ)
Толордо: Рахлеев Денис, 9 кылаас үөрэнээччитэ
Салайааччы: Боппосова З.П.,
нуучча тылын уонна литературатын учуутала
Уолба - 2017
Сыала: Чинчийии араас керунунэн Рахлеевтар аймах олохторун – дьаһахтарын кытта билсии
Соруктарым:
Уруу – хаан дьонум
Киириитэ:
Алын сүһүөх кылааска үөрэнэ сылдьан, эһэм үлэтин – хамнаһын туһунан дакылаат аахпыттааҕым. Өссө онно аҕам өттүнэн аймахтарбын кытта кыратык билсибитим. Быйыл бастакы чиэппэргэ кылааһынан учууталбытын кытары төрдүбүтүн – ууспутун үөрэтиигэ проект саҕалаабыппыт.
Мин төрүччүм
Бу биһиги төрүттэрбит туһунан ытыктыыр дьоммут ахтыылара
Мин төрүччүбүн туһунан кырдьаҕас эдьиийбит Баайаҕа олохтооҕо Анастасия Романовна Рахлеева бэлиэтээһиннэриттэн түмэн оҥордум. Кырдьаҕас эдьиийим бу бэлиэтээһиннэрин кыраайы үөрэтээччи, СР культуратын үтүөлээх үлэһитэ, ССРС культуратын туйгуна, Таатта улууһун бочуоттаах олохтооҕо, сэрии уонна үлэ ветерана Егор Дмитриевич Андросов уонна Бэстиинэптэр, Рахлеевтар, Табунановтар кырдьаҕастарыттан истибит кэпсээнниттэн суруйбут эбит.
“Чымнаайыттан сэттэ биэрэстэлээх Уодай хоту өттүгэр Үөттээх диэн сир баар. Онно Дьабарҕа ойуун олорбута үһү. Киниттэн Сииктээн баай төрүүр.
Сииктээн баайтан Күүстээх Соҕуй төрүүр. Соҕуй диэн 1 саһаантан үрдүк уҥуохтаах киһи эбит. Кини 9 уоллаах эбит. Соҕуй оҕонньор тайаҕы эккирэтэн ситэн муоһугар түһэр эбит. Кини өлөрүгэр уолаттарыгар “миигин кыайан көмүөххүт суоҕа” диэн уматтарбыт эбит.
Бу күүстээх Соҕуйтан төрөөбүт Варфоломей диэн уолтан мин төрүччүм Рахлеевтар сыдьааннара тэнийэн барбыта. Варфоломей кэргэнинээн Анастасиялыын 9 оҕолоноллор”.
Онтон кырдьаҕас убайбыт Дмитрий Ильич Рахлеев кэпсииринэн: “Амма Соҕуйугар 17-с 18-с үйэлэр кирбиилиэригэр Рахлеевт ар түҥ былыргы өбүгэлэрэ Сииктээн диэн элбэх ынах, сылгы баайдаах баай киһи олорон ааспыт үһү. Киниттэн төрөөбүт оҕолор бары төрүү-төрүү улаатан иһэннэр эрдэ өлүтэлээбиттэр.
Иннэ гынан кырдьыытын саҕана Уодаһын дуу, Соҕуй дуу диэн ааттаах уолу ылан ииппит. Ол уола кэлин улаатан баран хас да оҕоломмут. Олортон Сулбут диэн уола ситэн ойох ылан син балачча байбыт. Ол киһиттэн Болот диэн киһи төрүүр. Болоттон сомсуулаах Сомсуон диэн киһи төрүүр. Сомсуонтан оҕолор ааттарын өйдөөбөт эбиппин. Сомсуон сиэниттэн Варфоломей төрүүр. Варфоломейтан 8 оҕо төрүүр. Кини оҕолоро Таатта Уолбатыгар, Чымнаайытыгар, Уус Тааттатыгар, Томпо Мэҥэ Алданыгар олохсуйан олороллор”.
Оттон Рахлеевтар төрүттэрин туһунан эдьиийбит Анастасия Романовна Рахлеева маннык ахтар:
“Таатта улууһун Уолбатыгар Рахлеевтар диэн бэрт киэҥник тэнийбит аҕа ууһун ыччаттара олороллор. Адьас түҥ былыргыттан саҕалаабакка, бу дьон төрүттэрэ Уолбаҕа кэлэн олохсуйууларыттан аҕыннахха маннык: Таатта амматыгар Соҕуйга Варфоломей диэн киһи олорбут. Бу киһи сүөһү ас ииттэн, оҕо уруу төрөтөн үчүгэйдик олорбут эбит. 8-9 оҕоломмут: Мотуруона, Настааччыйа, Сэмэн, Балбаара, Улахан Маарыйа, Кыра Маарыйа, Сөдүөт уонна Дьэбдьэкиэйэ. Бары олох олорон, дьиэ-уот сириэдитэн, биир киһи олорор үйэтин толору олорон күн сириттэн барбыттар.
Кинилэр бары кэриэтэ 19-с үйэ бүтүүтүн саҕана олохторун саҕалаан баран 20-с үйэ бастакы сылларыгар сириэдийэн олорбуттар. Ону тэҥэ Улахан Маарыйа Амма Соҕуйугар Уодайга олохсуйбут.
Дьэ ити биир ийэ-аҕа ууһун 6 оҕото Уолбаҕа кэлэн, дьиэ-уот тэринэн, сүөһү-сылгы ииттэн, оҕо-уруу тэнитэн, сүдү ыал аатын ылан барбыттар”.
Варфоломей үһүс уола
Мантан мин бүгүн аҕам Аркадий Иванович Рахлеев хос хос эһэтэ, Варфоломей үһүс оҕото, улахан уола Семен Варфоломеевичтан тэнийбит төрүччүбүн кэпсиэм.
Семен Варфоломеевич (Сэмэн оҕонньор) Уолба алааһын арҕаалыы соҕуруу өттүгэр олохсуйбут. Сүөһү сылгы иитиитинэн дьарыктаммыт. Ааттаах мас ууһа эбит. Кини үрдүк дэбдэгэр уҥуохтаах, сырдык хааннаах киһи эбитэ үһү. Сэмэн оҕонньор эдэригэр бэйэтин лаппа кыанар, ханнык да бэйэлээх хаҥылы тутар, сыһытар эбит. Аатырбыт андыһыт бэрдэ. Сэмэн оҕонньор олоҕун көрдөххө; хотон сылгы хаһаата, дьиэтэ-уота, күрүөтэ о.д.а атын тутуулара чахчы кыанан олорбут миэстэ эбит. Оҕонньор 1937 сыллар диэки сайын өлбүт.
Сэмэн оҕонньор кэргэниниин Маарыйалыын 5 оҕолоноллор. Онтон мин хос эһэм Иван Семенович төрдүс оҕолоро, кыра уоллара. Хос эһэм Уйбаан (Хоноһо) кыра үөрэхтээх буолан суотчутунан үлэлээбит. Бэрт сэмэй киһи эбитэ үһү. Кэргэнэ (хос эһэм) Дария Аммосовна Боппосова бастакы колхозтааһыҥҥа, комсомолга буолан, трактористар курстарын бүтэрэн “Көлүөһүнэй” тракторга үлэлээбит. Ыал буолан бараннар Өймөкөөҥҥө тиийэн икки оҕоломмуттар: Клара 1936, Иван 1938 сс. төрөөбүттэр. 1938 сыллаахха кыһын, убайа Роман хаайыыга түбэһэн, дьонноро ыҥыраннар дойдуларыгар кэлбиттэрэ. Иван Семенович Аҕа дойду Улуу сэриитигэр 1942-43 сс баран үлэ фронугар сылдьыбыта уонна улаханнык ыалдьан 1944 сыллаахха төттөрү эргиллэн кэлбитэ. Дойдутугар кэлэн көмүс уҥуоҕун көтөхтөрбүтэ. Кыыстара Клара эрдэ ыалдьан өлбүт.
Уоллара Уйбаан (мин эһэм) Уолба 7 кылаастаах оскуолатын бүтэрэн баран механизатордар курстарыгар үөрэммитэ. Онтон ыла тапталлаах Уолбатыгар тракториһынан пенсияҕа тахсыар диэри үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ. Эһэм өр сылларга Петр Алексеев аатынан совхоз Уолбатааҕы отделениетыгар ыччат механизированнай звеноҕа звеньевойунан талыллан үлэлээбитэ. Кини салайбыт звенота хас сезон аайы былаанын толорон холобурга сылдьыбыттара. Үрдүк таһаарыылаах үлэтин иһин партия уонна правительство “Бочуот Знага” уордьанынан, хас да төгүл Социалистическай куоталаһыы кыайыылааҕын бэлиэлэринэн, мэтээллэринэн, үгүс грамоталарынан наҕараадалаабыттара.
Мин аҕабынан төрүччүм
Мин аҕам бииргэ төрөөбүт сэттиэлэр:
Улахан кыыс Клавдия Ивановна, орто оскуола психолог учуутала,3 оҕолоох;
Иккис кыыс Елизавета Ивановна, Чөркөөхтөөҕү полит сыылка музейын научнай сотруднига, СР культуратын туйгуна, 2 оҕолоох;
Улахан уол Иннокентий Иванович чааһынай үлэһит, кэргэнэ Саргылана Петровна учуутал идэлээх, 3 оҕолоохтор;
Иккис уол Мин аҕам Аркадий Иванович “Уолба” ТХПК тракториһа, кэргэнэ мин ийэм Варвара Петровна учуутал, төрдүөбүт;
Үһүс кыыс Аида Ивановна, орто оскуола техүлэһитэ, 4 оҕолоох;
Төрдүс кыыс Дария Ивановна кулинар идэлээх, кэргэнэ Федор Ильич Хаптагаев, 4 оҕолоохтор;
Бэһис кыыс Иванна Ивановна, технолог идэлээх,
Үһүс уол Иван Иванович, тракторист идэлээх, кэргэнэ Ирина – бухгалтер идэлээх, 3 оҕолоохтор.
Мин аҕам Аркадий Иванович Рахлеев төрүт Уолба олохтооҕо, ийэм Варвара Петровна (Андросова) Рахлеева Уус Алдан Тандатыттан төрүттээх. Ийэлээх аҕам 1990 сыллаахха ыал буолбуттар.
1991 сыллаахх бастакы оҕолоро, эдьиийим Алиса күн сирин көрөр. Оскуоланы бүтэрээт Бүлүүтээҕи педколлеһы ситиһиилээхтик бүтэрэн Таатта Хара Алданыгар омук тылын учууталынан үлэлиир, кэргэнэ Николай Ильич Голиков эмиэ бу оскуола истоия учуутала, 4 оҕолоохтор (Настя, Туйаара, Илиан, Сайаана).
1992 сыллаахха иккис эдьиийим Люба күн сирин көрөр. Оскуола кэнниттэн Чурапчытааҕы техническай коллеһы туйгуннук бүтэрэн баран салгыы, Нерюнгритааҕы политехническай институту үчүгэйдик бүтэрбитэ. Билигин олохтоох культура киинигэр үлэлиир.
1995 сыллаахха улахан уол, убайым Аммос, төрүүр. Оскуоланы бүтэрээт Аллараа Бэстээхтээҕи транспортнай техникумҥа үөрэнэр.
Онтон мин 2002 сыллаахха төрөөбүтүм. Билигин Уолба орто оскуолатын 8 кылааһыгар үөрэнэбин.
Удьуор механизатордар
Мин кырдьаҕас эбэм Дария Аммосовна оройуоҥҥа биир бастакынан “көлүөһүнэй” тракторы ыыппыта. Кырдьаҕастар этэллэринэн, эбэм трактора күнү быһа тохтообокко, умуллубакка тигинэччи үлэлиирэ үһү.
Кини уола, эһээм Иван Иванович, сүүрбэттэн тахса сыл устата тракторист идэтинэн үлэлээн, техника үлэтин-хамнаһын билсибитэ.
Улахан уол Кеша Дьокуускайдааҕы 1 №-дээх ПТУ-ну бүтэрэн суоппар идэтин ылбыта. Убайбыт хас сайын аайы сиэннэри түмэн туспа кыра звено тэрийэн оттуу бараллар.
Иккис уол, мин аҕам, Аркадий “Уолба” ТХПК тракториһа. Кини кыһынын мас-от тиэйиитигэр, сааһын, күһүнүн ыһыы, хомуур үлэтин үгэннэригэр, сайынын от күргүөмнээх үлэтигэр үлэлиир.
Кыра уол Ваня оҕо эрдэҕиттэн тракторы ыытарга үөрэммитэ. Билигин ОАО “Колмар” диэн.таас чоҕу хостуур компанияҕа погрузчик-тракторга үлэлиир.
Сиэн уолаттар Сима, Аммос сайын аайы техникаттан туспэттэр. Аҕабын, убайбын батыһан мин эмиэ сайын аайы “Уолба” ТХПК отчуттарын звенотугар солбук тракториһынан үлэлиибин.
Хайыһар: убайбынаан сөбүлүүр дьарыкпыт. Убайым улууска ыытыллар күрэхтэьиилэргэ куруук ситиһиилээхтик кыттара.
Моему отцу – Аркадию Ивановичу | |
Эбээ Даайа | Үлэһит киһи буол. Хаһан да үлэттэн толлон турума |
Аҕата | Эһиги, аныгы дьон, техниканы баһылыахтааххыт. Эн сүрэҕэлдьээбэккэ куруук оҥосто сырыт, техниканы харыстаа |
Ийэтэ | Ыал буол, оҕолон – уруулан. Дьону убаастыыр буолаар |
Мне | |
мать | «Никогда не унижай себя» «Учись, ни перед чем не останавливайся» |
отец | «Никогда не сдавайся» «Иди только вперед» |
брат | «Всегда верь в себя» |
Аҕабар дьоно үлэҕэ сыһыаннаах сүбэлэри, миэхэ дьонум бэйэҕэ эрэллээх буоларга сүбэлэри биэрэллэр эбит.
… - туус хостуур үлэҕэ сылдьан тымныйан, туберкулез ыарыынан ыалдьыбыт.
Кыра ..... , эһэм балта, эрдэ эмиэ ити ыарыыттан олохтон барбыт.
Бу ыарыы билигин эмтэниллэр.
Рахлеев диэн араспаанньа «Рахлей» диэн хос ааттан үөскээбит буолуон сөп диэн сабаҕалыыллар. Онтон ити тыл суолтата “раховать» диэн туохтууру кытта сибээстээх. «Раховать», ол аата «считать, рассчитать, обсуждать, рассуждать». Бу туохтуур профессионализм буолуон сөптөөх. Идэҕэ туһаайар. “Казначей» диэн тылга чугаһыыр суолталаах. Маннык хос ааты билигин биэриэхтэрин сөп өйдөөх, толкуйдаах киһиэхэ.
Түмүк
Аҕам өттүнэн аймахтарбын , кинилэр олохторун – дьаһахтарын , билиҥҥи туругунан, маннык үөрэттим. Элбэҕи сана биллим.
Өссө үөрэтиэм:
Развешиваем детские рисунки дома
Дельфин: сказка о мечтателе. Серджио Бамбарен
Астрономический календарь. Май, 2019
Сказка "Узнай-зеркала"
Круговорот воды в пакете