Сочинение на якутском языке "Төрөөбүт төрүт түөлбэм - Саха сирэ", посвященное к 100-летию народного поэта Семена Петровича Данилова
Вложение | Размер |
---|---|
sochinenie_ivanovoy_ainy_5zh.docx | 14.91 КБ |
Өйтөн суруйуу
Төрөөбүт төрүт түөлбэм – Сахам Сирэ
«Сир ханнык да муннугар тиийэн,
Саха сириттэн сылдьабын диэтэхпинэ,
Сахалыы тылынан “уруй” эттэхпинэ,
Дьон көрсөр эйэҕэс мичээринэн,
Доҕор киһилэринии илиилэрин биэрэн...» - диэн саха народнай суруйааччыта Семен Петрович Данилов төрөөбүт түөлбэтинэн киэн туттан туран суруйбутун ааҕан баран, мин наһаа үөрбүтүм уонна сөхпүтум.
Биһиги төрөөбүт кыраайбыт дьикти айылҕалаах, элэккэй дьоннордоох уонна ыраас салгыннаах. Мин төрөөбүт дойдум уһун томороон тымныылаах, кылгас куйаас сайыннаах. Ханна да суох ураты кэрэ көстүүлээх, хатыламмат дьиктилээх сирдэрдээх.
Мин Күрүлүүргэ ирбэт тоҥ ып-ыраас уута сүүрүгүрэ сытарын аан бастаан көрөн сөхпүтүм. Мин дьиэ кэргэмминэн онно дуоһуйа сынньаммыппыт, сөтүөлээбиппит. Төрөппүттэрбэр махтанабын улаатан истэҕим ахсын төрөөбүт дойдум кэрэ көстүүлээх сирдэригэр сырытыннаралларыгар.
Атын дойдуттан Саха сиригэр ыалдьыттыы кэлэр дьону мин Күрүлүүргэ, Булууска, Өлүөнэ остуолбаларыгар сырытыннарыам этэ. Киэн тутта кэпсиэх этим хайдах курдук биһиги дойдубут кэрэтин. Мин эмиэ С.П.Данилов суруйбутун курдук, хайа да сиргэ тиийдэрбин төрөөбүт-үөскээбит Сахам сиринэн киэн туттуом, кэпсиэм уонна ахтыам.
Биһиги төрөөбүт дойдубут – олонхо дойдута. Олонхоҕо хоһулларын курдук киэҥ, баай уонна кыраһыабай. Дьоно-сэргэтэ олонхо бухатыырын курдук үлэһиттэр, хорсуннар. Кыргыттара Туйаарыма куо, Айталы куо курдук кэрэлэр, нарыннар, намчылар. Ол туһунан Семен Петрович Данилов «Олоҥхо оҕотобун» диэн хоһоонугар суруйбута.
«Эн – олоҥхо чобоо оҕотоҕун, олоҥхо омуна айбыт ыччатаҕын!» - диэн суруйбута. Мин бу хоһоону эмиэ олус киэн тутта, астына аахтым. Саха – олоҥхо оҕото! Мин – олоҥхо оҕотобун! Төрөөбүт төрүт дойдум Сахам сирэ – Олоҥхо дойдута.
Иванова Аина, 5ж кылаас
7-с оскуола үөрэнээччитэ.
Стеклянный Человечек
"Портрет". Н.В. Гоголь
О путнике
Чья проталина?
Два Мороза