В работе ученицы 5 класса исследуют творчество своего дедушки К.Н.Шубина - Дулгаан, одного из первых долганских поэтов Якутии.
Вложение | Размер |
---|---|
shubin_poet.pptx | 2.01 МБ |
Слайд 1
Биһ иги э һэбит – долган поэта Толордулар: 5 – Малдьаҕар орто оскуолатын 5 кылааһын үөрэнээччилэрэ Аделина , Ангелина Мордовскаялар Салайааччы: саха тылын учуутала Мордовская Л.М.Слайд 2
Тоҕооһо Хас биирдии киһи төрдүн – ууһун билиэхтээх, өбүгэлэрин ситиһиилэринэн, айылҕаттан бэриллибит талааннарынан киэн туттуохтаах, ону салгыахтаах. Төрдүн – ууһун билбэт киһи силиһэ суох мас кэриэтэ.
Слайд 3
Сыал - сорук Эһэбит долган поэта Константин Шубин олоҕун, айар үлэтин кытта билсиһии, чинчийии уонна үйэтитии.
Слайд 4
Сабаҕалааһын Саха Сирин долганнарын бастакы поэта Константин Дулгаан - долган омугун патриота. Кини бэйэтин аҕыйах ахсааннаах норуотун, төрөөбүт айылҕатын, дьарыгын муҥура суох таптыыр, ону хоһоонноругар хоһуйар. К ини бэйэтин хоһооннорунан кэнэҕэски ыччаттарыгар, биһиэхэ уонна долган оҕолоругар, кэс тылын кэпсээбитэ, норуокка бэриниилээх буолуу холобурун көрдөрбүтэ.
Слайд 5
Константин Николаевич Шубин 1932 сыллаахха сэтинньи 1 күнүгэр Анаабыр улуу һугар төрөөбүтэ. 1947 с. Сааскылаах 7 кылаастаах оскуолатын б үтэрэн баран, таба h ытынан үлэлээбитэ. Онтон «Ленин знамята » ха h ыакка , КПСС райкомугар инструкторынан үлэлээбитэ . Нарьян Мар куоракка үөрэнэн зоотехник идэтин ылбыта . Саха государственнай университетыгар ветеринарнай врач идэтигэр үөрэммитэ . Төрөөбүт норуотун төрүт дьарыгар – таба иитиитигэр өр сылларга араас дуоһунастарга: « Анаабыр » совхозка управляющайынан , оройуон лесхо h ун салайааччытынан , Булуӊӊа кылаабынай ветеринарнай быраа h ынан , «Приморский» совхоз директорынан - элбэх сыратын, билиитин – көрүүтүн, тэрийэр дьоҕурун биэрэн үлэлээбитэ. 1992 с. өлбүтэ.
Слайд 6
Долган диэн туох омугуй ? Долга́ннар бэйэлэрин долган, тыа-киһитэ, саха диэн ааттаналлар . Кинилэр Красноярскай кыраайга , Таймырга , Саха Сиригэр Анаабыр улууһугар тэнийэн олороллор . Барыта 7900 киһи бэйэтин долганынан ааҕынар, онтон 1900 киһи Саха Сиригэр олорор. Тыллара – эбэҥки тыла булкаастаах саха тыла. Долган диэн тыл Дулгаан (тылбааһа: орто , ортоку , и һинээҕи ) диэн эбэнки ууһун аатыттан тахсыбыт. Саха Сиригэр сүнньүнэн Үрүҥ Хайаҕа , Сааскылаахха , Дьокуускай куоракка олороллор .
Слайд 7
Долганнар көс омуктарга киирсэллэр , таба ииттэн , балыктаан , бултаан олороллор .
Слайд 8
Долган литературата Долган литературатын төрүттээччи, долган бастакы поэтессата Огдуо Аксёнова Таймырга төрөөбүтэ . « Барахсан », «Песни долган» кинигэлэр автордара . Хоһоонноро нууччалыы тылбаастаммыттара . Долган омугун ырыаларын хомуйан таһаартарбыта нотаҕа суруллубуттара . Долган оҕолоро төрөөбүт тылларын үөрэттиннэр диэн долган букубаарын суруйууга сыралаһан үлэлээбитэ .
Слайд 9
Хантан хааннанан, кимтэн кииннэнэн ?
Слайд 10
Поэт Константин Дулгаан 2012 сыллаахха, поэт 80 сааһыгар « Дулгаан ырыата » диэн хоһооннорун хомуурунньуга тахсыбыта . Урут « Ырыанан айанныыбын », «Өбүгэлэр суолларынан », « Кэрчиктэр » диэн кинигэлэрэ бэчээттэммиттэрэ . Элбэх хоһоонноро, үһүйээннэри хомуйбута 1980 сыллаахха дьиэлэрэ умайан, уокка былдьаммыттара.
Слайд 11
Хо һооннорун тематиката « Дойдум миэнэ – Дулгаан сирэ » Хотугу сир тыйыс айылҕата, Анаабыр, Булуҥ сирдэрэ... Долган омугун сүрүн дьарыга, үлэтэ – хамнаһа... Таптала - кэргэнэ, оҕолоро... Доҕотторугар, аймахтарыгар алгыс тыллар... Оҕолорго аналлаах хоһооннор... Поэзия, лира, поэт туһунан ... Олоҕу, олох уларыйыытын, дойдуга былаас уларыйыытын анаарыы...
Слайд 12
Хо һоонньут суруйар ньымата Поэт хоһоон суруллар ньыматын барытын туттар, туһанар: үрүҥ, силлабическай хоһооннор киэптэрэ, аллитерация ньымата. Б урдук үүммэт кыраайы гар, Б уурҕа тыаллаах Булуҥҥ а, Б үгүн кэлбит Саҥа Дьыл га Б у ырыабыт айылл ар Х ара харах, тырым к ыыс Х аарчааната эмиэ кэлб ит Х ампыат, бөрүөк, араас бир иис Х ааһаҕынан кэһиилэмм ит
Слайд 13
Х оһооннорун тыла - өһө Поэт сөбүлээн туттар: Тэнийбит эпитеттэри: Тыаллаах муора хайыҥнаах, Туруук очуос дурдалаах... Тимир бетон тутуулаах Т иксии сайдар аналлаах. Метафораны: Былыттардыын алтыһар Быһыт хайа хаххаланан, Тыалы кытта сипсиһэр Туруук очуос дурдаланан... Т үөлбэ уонна эбээн тылларын: Турар хатыҥ туорайдаах Туркуларын атаҕар Тоҕус былас ньуоҕутугар Туттараахтаан кэбистэ, Халдаалардаах, сарапчиилаах Харааматын иккистээтэ, Үрдүктүүрэ агдалаах Үрүҥкэйин үһүстээтэ, Үстүүйэлиир үөстэрдээх Үҥүүлэрдээх күрэйин Өлбүргэлээх өттүгэр Өйүү тутан кэбистэ.
Слайд 14
Утум салҕанар Кытыл – Дьура нэ h илиэгин кылаабынай ветеринарнай быраа h а Елена Константиновна Шубина (Мордовская)
Слайд 15
түмүк Поэт Константин Дулгаан (Полярный) –Саха сирин долганнарын бастакы поэта, омук интеллигенциятын биир бастакылара , норуотун тумус туттар киһитэ, кини төрүт дьарыгын, хотугу дойду тыйыс айылҕатын таптыыр. Поэт киэҥ көҕүстээх, мындыр бөлүһүөк. Ол эрэн к инини норуотун дьылҕата долгутар: былаас былдьаһыыта, олох тосту уларыйыыта, айылҕа айгырааһына - кини кыра норуотун дьылҕатыгар хайдах дьайыай ? Поэт о5олоругар, сиэннэригэр , кэнчээри ыччакка кэс тыла : дьон сиэринэн , ортоку олугу тутуһан олоруу .
Всему свой срок
Зимняя сказка
В поисках капитана Гранта
Зимовье зверей
Рисуем "Ночь в лесу"