Представлена творческая работа учащихся, посвященная "Гольдеровской осени." Стихи написаны по Василию Гольдерову
Вложение | Размер |
---|---|
ys_badja_sanaam.docx | 13.42 КБ |
Υс бађа санаам.
(Василий Гольдеровтыы хоһоон айыы)
Мин бастакы бађа санаам:
Биир кэлим экзамеммын үчүгэйдик туттарыы-
Сатаан туттарбатахпына,үөрэхтэн матабын.
Иккис бађа санаам:
Талбыт идэбинэн үөрэхпин
Этэңңэ ситиһиилээхтик бүтэрэн-
Дьонум хайђалын ылыы.
Υһүс бађа санаам:
Уһун олођу олоруу-
Дьоллоох-соргулаах буолуу.
Сайыына Максимова
Υс бађа санаам.
(Василий Гольдеровтыы хоһоон айыы)
Мин бастакы бађа санаам:
Ахсаан формулатын билэн,
Ону нойосуус үөрэтэн,
Учууталбын үөрдэн
Боруогу аһарыы.
Иккис бађа санаам:
Ахсынньы үс күнүгэр
Нуучча тылыгар
Өйтөн суруйууну ааһан
Υөрэн өрө тыыныы.
Υһүс бађа санаам:
Экзамены үчүгэйдик туттарыыны,
Бэйэбэр ситиһиини,
Кытаанах доруобуйаны,
Дьоллоох-соргулаах олођу!
Маша Максимова
Υс бађа санаам.
(Василий Гольдеровтыы хоһоон айыы)
Хас биирдии киһи
Бу орто дойдуга
Төрөөн баран
Бађа санаалаах
Буолуохтаах.
Мин үс бађа санаам
Туолуон олус бађарабын.
Бастатан туран,
Оскуолам боруогун
Атыллаары турар буолан
Экзамеммын этэңңэ
Туттарыахпын бађарабын.
Иккис
Сөбүлүүр үөрэхпэр киирэн
Υлэһит туһалаах
Киһи буолан
Сайдыахпын бађарабын.
Уонна үсүһүнэн,
Аймах билэ дьонум
Ийэлээх ађам,
Бииргэ төрөөбүттэрим,
Чугас дођотторум
Бары хомойор диэни
Ончу билбэтиннэр.
Ыарыы ыалласпатын,
Орто дойду дьолун
Минньигэс кэмин
Амсайдыннар!
Муся Неустроева
Υс бађа санаам.
(Василий Гольдеровтыы хоһоон айыы)
Мин бађа санааларым
Сырдык олоххо сирдииллэр,
Мин бађа санааларым
Санаабын көтөђөллөр.
Бастакы бађа санаам:
Υчүгэй үлэ булунан
Элбэх хамнас аађыстарбын.
Иккис бађа санаам:
Араас омук дойдутун
Кэрийэн көрөн кэллэрбин.
Υһүс бађа санаам:
Чугас дьонум олођо
Уйгулаах буолуохтун.
Ити үс бађа санааларым
Ыарахан күнтэн туораталлар,
Ити үс бађа санааларым
Олоххо тардыыбын күүһүрдэллэр.
Савва Неустроев.
Υс бађа санаам.
(Василий Гольдеровтыы хоһоон айыы)
Оскуолабын бүтэрэн
Υөрэххэ этэңңэ киирэн
Саңа олоххо үктэнэрбэр,
Мэһэйэ суох туттарсарбар.
Кыра бэйэм улаатан,
Сахам сирин ааттатыам
Сөптөөх үлэ булунан
Сахам сирин ааттатыам.
Мин сырдыгы эрэ
Бађарабын олохпор
Таптал уонна эрэл
Миигин арыаллаатыннар.
Настя Ксенофонтова
Υс бађа санаам.
(Василий Гольдеровтыы хоһоон айыы)
Бастакы бађа санаам:
Кэрэ сир үрдүгэр
Сахам мааны сиригэр
Аар айылђам барахсан
Ыраас салгынынан,
Үүнэ, сайда туруохтун.
Иккис бађа санаам:
Кыра эрдэхтэн тэңңэ
Сүүрэн-көтөн улааппыт
Дођотторум миэннэрэ
Өрүү доруобай буоллуннар,
Хомолто диэни билбэтиннэр.
Үһүс бађа санаам:
Ыраах-чугас олорор
Аймах-уруу дьонум
Ыарыы диэни билбэккэ
Чэгиэн доруобуйа
Бэйэ-бэйэђэ көмөлөһөн
Бары бииргэ буолуођун.
Луиза Сутакова
Рисуем акварелью: "Романтика старого окна"
В чём смысл жизни. // Д.С.Лихачев. Письма о добром и прекрасном. Письмо пятое
Шелковая горка
Швейня
Круговорот воды в пакете