Представлены мини-сочинения, рассуждения учащихся о прочитанных книгах, о пользе чтения и какую роль играет чтение книг в жизни. Материал оформлен в виде сборника.
Вложение | Размер |
---|---|
kinige_suoltata.docx | 882.59 КБ |
Сулђаччы орто уопсай үөрэхтээһин оскуолата
Саха тылын, литературатын кабинета
Кинигэ суолтата.
(толкуй сурук)
2014c
Кинигэ суолтата
Кинигэ – сынньанар күммэр
Кэпсээннээх кэрэ ыалдьыт,
Үлэлиир, үөрэнэр кэммэр
Өйөллөөх үтүө арыалдьыт.
Таллан Бүрэ.
Кинигэ киһи олођор биир сүрүн оруолу оонньуур. Кинигэтэ суох киһи сайдыбат, саңаны билбэт
Мин маңнайгы аахпыт айымньым-Чађылђан хоһооннорун хомуурунньуга. Кыра сылдьан үгүс ођо учууталлаах оонньообута буолуо. Мин эмиэ ол курдук сымнађас оонньуурдарбын олоппоско олордуталаан баран, Чађылђан хоһооннорун доргуччу аађарым.онтон олус чэпчиирим, астынарым, дуоhуйарым. Кинигэђэ абылатыым ити кэмтнэ сађаламмыта диэтэхпинэ сыыспатым буолуо.
Киһи кинигэни аађан олус элбэх интэриэһинэйи, үгүс саңаны билэр. Мин билигин сөбүлээн аађар суруйааччым- Николай Якутскай. Кини айымньылара судургу, өйдөнүмтүө тылынан суруллубут буолан миигин абылыыллар. Сөбүлүүр суруйааччым киһи сүрэђэр-дууһатыгар тиийэр айымньылардаах. Ол курдук «Көмүстээх үрүйэ» сэhэнин, «Төлкө» романын хайа саха тыллаах астына-дуоhуйа аахпата буолуой ?! Суруйааччы айылђа көстүүтүн баай талым тылынан хоһуйан суруйар буолан, аађааччы иннигэр бииртэн биир тыыннаах хартыына субуллан тахсар. Ол курдук Николай Якутскай ханнык бађарар кинигэтин аахтын да, хара маңнайгыттан айымньы иһигэр киирэн, киинэ курдук хараххар оңорон көрөн таттаран туран аађађын.
Кинигэни аађан, барыга үөрэнэбит. Чугас өйдөөх до5ор, мунчаардахха, сүбэhит оңостобут. Ол курдук кинигэ миэхэ аађыыттан дуоһуйууну эрэ буолбакка, үөрэхпэр кытта олус көмөлөөх. Иһитиннэрии, дакылаат, реферат суруйаары гыннахха, библиотекађа тиийэн наадалаах кинигэбин булан туһанабын. Биһиги Сулђаччыбытыгар икки библиотека баар: биирэ оскуолађа, биирэ нэһилиэккэ. Уус-уран кинигэлэр, сурунааллар, хаһыаттар, энциклопедиялар библиотекабыт долбууругар кэчигирэһэн тураллара киһини үөрдэр, аађыыга кынаттыыр. Онон, «Кинигэ – киhи аймах бастың баайа» дииллэрэ кырдьык
Кинигэ мин олохпор олус наадалаах, олођун устун арахсыспат дођор буолар.
Муся Неустроева, 11 кылаас,
Кинигэ суолтата
Υчүгэй кинигэ киһи олођор олус улахан суолталаах. Кинигэни аађан биһиги тылбытын-өспүтүн сайыннарабыт, өйбүтүн-санаабытын, билиибитин-көрүүбүтүн кэңэтэбит. Кинигэ кыра эрдэхпититтэн кырдьар сааспытыгар тиийэ биһигини кытта мэлдьи аргыстаһа сылдьар. Билиңңи үйэђэ кинигэ арааhа элбэх: кыра кээмэйдээх кэпсээнтэн сађалаан бөдөң ромаңңа тиийэ, ођођо аналлаах литератураттан сађалаан научнай-популярнай кинигэђэ тиийэ. Ол курдук ођолорго аналлаах дьикти алыптаах остуоруйалар, билии-көрүү хаңыырыгар, сайдарыгар улахан көмөлөөх - үөрэххэ туhуламмыт энциклопедиялар, справочниктар, тылдьыттар, киhи эрэ абылатан аађыах курдук бэртээхэй ис хоhоонноох кэпсээннэр, сэhэннэр, романнар, учугэйкээн саңа хоhооннор, омук суруйааччыларын айымньылара уо.д.а. биhигини тулалыыллар. Кинигэ биhиэхэ саамай күндү кылааты – киэң билиини биэрэр. Кинигэни умсугуйан аађар киhи киэң билиилээх, өй-санаа өттүнэн сайдыылаах, кэлиэхтээх кэм туhунан толкуйдаах буолар.
Мин ођо сылдьан син бары ођолор курдук остуоруйа аађарбын сөбүлүүрүм. Сахалыы остуоруйаны соччо аахпат этим, нууччалыыны быдан ордорорум. Билигин улаатан фантастика жанрын умсугуйан аађабын. Тођо эбитэ буолла, роман, поэма курдук көрүңнээх айымньылары аађарбын астыммаппын. Онтон быйыл М.Ю.Лермонтов «Герой нашего времени» сэһэнин биир кэлим судаарыстыбаннай экзамен туттарарбынан, олус наадалаах диэн бэйэбин күһэйэн туран аахтым. Бастаан аађыам иннинэ интэриэһинэйэ суох буолуо дии санаабытым, онтукам баара ис хоһоонугар киирдэххэ олус сонун, киhини абылыыр эбит. Бэйэм да сөхтүм, умсугуйан утаппыттыы аађан бүтэрбиппин өйдөөбөккө да хааллым. Классик суруйааччыларбыт айымньыларын аахтахха, киhи бэйэтигэр эрэллээх буолар эбит. Өйтөн суруйуубун айымньы ис хоhоонун билэр эрэ буоллахпына сатаан суруйар буоллађым эбээт.
Онон кинигэ мин олохпор эмиэ сүңкэн суолталаах диэн саныыбын. Элбэххэ көмөлөhөр, үтүөђэ угуйар. Ол иhин ханна да, хаhан да буолларбын кинигэ аађарбын бырађыам суођа диэн бигэ эрэллээхпин.
Маша Максимова , 11 кылаас,
Кинигэ суолтата
Кинигэ мин олохпор улахан оруолу ылар. Билиңңи кэмңэ аађар киһи ађыйаатар да, мин кинигэ аађарбын олус таптыыбын.
Миигин тулалыыр, күннэтэ алтыһар дьонум ортотугар кинигэни умсугуйан туран аађар да, олох аахпат да дьон баар. Мин аан бастаан бэйэм ис испиттэн бађаран туран аахпыт кинигэм - «Кэскил». Ол алын кылааска үөрэнэ сылдьан этэ. Кыра сылдьан остуоруйалары олус да сэңээрэрим. Онтон орто сүһүөххэ тахсан баран дьэ дьиңнээхтии кинигэни таптыырга дьүөгэм Шура Тен уһуйбута. Кини миэхэ «Чернильное сердце» диэн омук суруйааччытын кинигэтин уларсыбыта, аађарбар сүбэлээбитэ. Бастаан, кистээбэккэ эттэххэ, аађарбын сүрэђэлдьээбитим. Онтон тугу да гынарым суох буолан аађан барбытым… Дьэ уонна, этэргэ дылы, «пошло-поехало!» Бу кинигэни олус диэн сөбүлээбитим. Айымньы геройдарын кытта тэңңэ олох олорбут курдук этим. Ол курдук умсугуйан, олус таттаран аахпытым.
Бу кэннэ Стефани Майер «Гостья», «Сумерки» , Эприлин Пайк «Чары», Джоан Роулинг «Даррен Шен» уонна «Гарри Поттер» айымньыларын утаппыттыы аађыталаабытым. Ол быыһыгар нуучча суруйааччыларын айымньыларын эмиэ аахпытым. Бу санаан көрдөххө, орто сүһүөххэ бэйэбэр сөп кинигэлэри аахпыт эбиппин. Айымньылар геройдара бэйэм саастыыта ођолор буолан ордук чугастык ылыммыт эбиппин. Кинилэр миэхэ холобур буолбуттара, мөкүнү-кэрэни, куһађаны-үчүгэйи араарарга олук уурбуттара. Онтон үрдүкү кылааска тахсан баран нуучча классиктарынан үлүһүйдүм. «Евгений Онегин», «Отцы и дети», «Преступление и наказание», «Герой нашего времени» уонна «Война и мир» аађыталаатым.Уонна бу билигин саха норуодунай суруйааччыта Далан «Дьикти саас» лиэн айымньытын аађа сылдьабын. Бу айымньы миэхэ ордук чугас-бэйэм курдук оскуоланы бүтэрээри сылдьар ођолор олохторо кэпсэнэр. Уопсайынан, кэнники аахпыт кинигэлэрим өйтөн суруйуубар олус наадалаахтар. Ол эрээри ол эрэ иһин аахтым диэбэппин. Мин кинигэни түбэһиэх ылан аађан барбаппын, интэриэһиргээбит эрэ кинигэбин аађабын.
Кинигэ киһи кругозорун кэңэтэр, элбэх саңа тылы билэђин, олоххо үөрэнэђин. Сөбүлүүр суруйааччыларым Л.Толстой, Ф.Достоевскай, Стивен Кинг, В.Яковлев-Далан. Инникитин да аађаарга былааннанан сылдьар кинигэлэрим элбэхтэр.
Кинигэ- киhи дођоро, үтүө сүбэhитэ. Бириэмэни таах халтайга бараабакка, кинигэ сурунаал аахпыт быдан ордук дии саныыбын. Кинигэни аађар киhи олоххо элбэђи ситиhэрэ чахчы.
Юля Данилова, 11 кылаас,
Кинигэ суолтата
Хас биирдии киhи кинигэ аађарын сөбүлүүр. Кинигэ мин олохпор суолтата улахан дии саныыбын. Мин дьиэтээђи библиотекабар ађыйах кинигэлээхпин, ол да буоллар оскуолабыт уонна нэhилиэкпит библиотекаларыттан уларсан аађабын. Бу «аађыы храмнарыгар» элбэх араас кинигэ баар: кыра саастаах ођолорго- дьэрэкээн ойуулаах кинигэлэр, улахаттарга сөптөөх- араас уус-уран литература, энциклопедия.
Үйэ уларыйан, билиңңи кэмңэ араас гаджет, сотовай телефон, планшет, электроннай кинигэ муода курдук буолла. Бу олохпут хардыыта буоллађа. Онон кинигэни илэ бэйэтинэн тутан-хабан буолбакка, интернет нөңүө скачайдаан ылан аађар буоллулар.
Мин аан бастаан аахпыт кинигэлэрбин өйдүүбүн ээ: «Ёжик в тумане», «Золотая рыбка», «Бэйбэрикээн эмээхсин». Олус да сөбүлээн аађар кинигэлэрим этэ… Билигин кинигэни илиибэр тутан соччо аахпат буолан иһэбин. Наадалаах матырыйаалбын интернеттэн ылабын. Ол эрээри ођолорго сүбэлиэм этэ: кинигэни аађың, билиигитин хаңатың. Кинигэни аађыы туохха да тэңнэспэт үчүгэй дьарык. Кинигэни аа5ыы киhини сайыннарар, олоххо үтүө түгэни бэлэхтиир. Эн айымньыны аађа олорон, кэпсээн, остуоруйа геройунуун алтыhађын, кэпсэтэђин, үчүгэйтэн үөрэђин, куhађантан хомойођун, мунчаарађын эбэтэр үөрэђин – көтөђүн. Төһөнөн элбэђи аађађын да, соччонон өйүң-санааң күүһүрэр, баай-талым тыллаах буолађын.
Сайыына Максимова,
11 кылаас,
Кинигэ суолтата
Аађыы киһи олођор олус наадалаах дии саныыбын. Кинигэни аађар киһи саңаттан саңаны билэр, элбэх билиини сомсор. Мин санаабар, олох аахпат киһи диэн суођа буолуо. «Кинигэ-киһи дођоро» диэн бэргэн этии баар. Кырдьык да, кинигэни аахтахха, муунтуйа сылдьар киһи санаата көтөђүллэргэ, дууһата чэпчииргэ дылы буолар. Кинигэ киһини үгүскэ үөрэтэр, тылын баайын сайыннарар, туох эмит саңаны сађар.
Мин кинигэни күн аайы оллоонноон олорон аахпатарбын да, син биир аахтахха табыллар кэмнэрэ баар буолааччы. Оннук кэми мүччү туппакка аађарга дьулуһабын. Кинигэни эрэ буолбакка хаһыаты, сурунаалы, интэриниэт да нөңүө ыстатыйалары, сонуннары аађабын. Ол аађан төһөлөөх элбэх саңа билиин ыларым, иңэринэрим буолуой?! Билигин аныгы ыччат аахпат буолла дииллэр. Ол эрээри олохпут балысханнык сайдан, үйэ уларыйан, кэми кытта тэңңэ хардыылыырбыт кэллэђэ дии. Интэриниэти хасыһан, наадалаахпытын булан ылан туһанабыт. Манна дађаны үлүбээй ылан испэт буоллахпыт, булбут матырыйаалбытын аађан, сиидэлээн, наадыйарбытын сыымайдаан чопчу талан ылабыт. Олус элбэх информация баара табыгастаах дађаны, туһалаах дађаны курдук.
Мин маннык толкуйдаахпын. Киһи аахпат буоллађына сатаммат. Аађар киһи дууһалыын уоскуйар, сүрэхтиин манньыйар, элбэх саңаны билэр, ыарырђатар боппуруоһугар көмө булар. Онон кинигэ биһиги олохпутугар эргиччи туһалаах. Төһөнөн элбэђи аађабыт да, иннибит диэки сайдыыга баран иһэбит. Аађар киьи аахпат киhитээђэр быдан билиилээх буолар. Кинигэ аађартан чэпчэки уонна онтон астык дьарык суођун тэңэ. Онон, күндү дођорум, кинигэни таптаан, умсугуйан аах, кэпсии үөрэн.
Савва Неустроев, 11 кылаас,
Кинигэ мин олохпор суолтата
Кинигэ-мин дођорум,
Кинигэ-мин аргыһым,
Кинигэ-мин дьолум.
Мин кинигэлиин ыкса алтыһыым кыра кылааска үөрэнэ сылдьан остуоруйалары аађыыттан сађаламмыта. Кэм-кэрдии элэс гынан, сыл-хонук , күн-дьыл түргэн үлүгэрдик ааһа охсубут. Мин номнуо уон биирис кылаас үөрэнээччитэбин. Ол эрээри кинигэђэ сыһыаным уларыйбата. Мин билигин да кинигэ аађабын. Урукку ођо сааһым остуоруйалара мэник-тэник сааспын кытта тэңңэ хааланнар, олох туһунан аађыыга умсугуйдум. Бу уустук киириилээх-тахсыылаах олоххо дьылђаларыгар эрэллээх, самныбат санаалаах дьон туһунан айымньылары булан аађа сатыыбын. Кырдьык, бу олоххо туох эрэ сырдыгы аахтахпына, кэрэђэ, сырдыкка талаһарым күүһүрэргэ дылы буолар. Сорођор хомолтолоох, курус ис хоһоонноох айымньыны аахтахпына, харађым уута тохтубутунан барар. Арыт түбэлтэлэри, күлүүлээх кэпсээннэри аађааччыбын. Аађыыга ыллардахпына, утуйар уубун умнан туран аађааччыбын. Мин ийэм кинигэ аађарын эмиэ сөбүлүүр, онон дьиэ кэргэнинэн кинигэ тутан баран иһийэн олорон аађааччыбыт.
Аныгы ыччат кинигэни аахпат буолла дииллэр. Ол биричиинэтэ элбэххэ сытар дии саныыбын. Урукку ођолор араас билиини ылыылара радио, телевизор, кинигэ, хаһыат нөңүө эрэ буолар эбит. Оттон билигин хайдађый? Итилэргэ эбии аныгы технология: интернет, компьютер, мобильнай телефон, планшет, электроннай кинигэ талбыта баар буолла. Бу эмиэ үчүгэй дии саныыбын. Аныгы технология биhиэхэ быдан чугас, өрүүтүн илиибит иhигэр баар уонна түргэнник өйдөнүмтүө.Аны ватсап да ватсап диэн буолла. Ватсабка да кэпсээн бөлөхтөрө бааллар, онно хаhыакка, интернеккэ тахсыбыт араас ыстатыйалары, түбэлтэлэри, тэттик кэпссээннэри таhаараллар. Биhиги ону эмиэ сэргээн аађабыт.
Кинигэ киһи үтүө дођоро буолар, онон кинигэни аађың, таптааң.
Шура Гоголева, 11 кылаас,
Кинигэ суолтата
Билигин кинигэни аађар киһи ађыйаан иһэр дии саныыбын. Эдэр көлүөнэ электроннай кинигэнэн умсугуйда. Мин сурунаал аађарбын ордоробун. Оскуолабыт библиотекатыгар куруук киирэн «Хатан», «Журфикс», «Куо», «Мне 15» диэн бэйэм сааспар барсар сурунааллары аађабын.
Мин санаабар, кинигэ диэн иккис олох. Киһи кинигэни аађан үгүскэ үөрэнэр. Оскуолатаађы сылларбытыгар күн аайы саха-нуучча суруйааччыларын кытта тэңңэ илэ алтыhарга дылыбыт. Ойуунускай, Алампа, Амма Аччыгыйа, Далан, Пушкин, Лермонтов, Некрасов, Гоголь о.д.а. биhигини арыаллыыллар. Айар тыл ађата Өксөкүлээх Өлөксөй, революционер уонна поэт П.А.Ойуунускай, гражданскай сэрии кыттыылаа5а, эрдээх олођу олорбут икки харађа суох суруйааччы Эрилик Эристиин уустук олохторун, кинилэр үтүөкэннээх айымньыларын кинигэттэн билэбит. Кинилэр үйэлэргэ сүппэт сүдү айымньыларын аађан олођу сыаналыы үөрэнэбит.
Аађыы киhи олођор улахан оруолу ылар. Кинигэни кыра эрдэхпититтэн аађар буоламмыт, сатаан саңарар, дьону кытта кэпсэтэр, бэйэ санаатын тиэрдэр дьон буола улаатабыт. Биир тылынан эттэххэ, кинигэ-дьол. Кинигэни аађың. Кинигэ киhини олоххо үөрэтэр.
Луиза Сутакова, 11 кылаас,
Два плуга
Этот древний-древний-древний мир!
Сочные помидорки
5 зимних аудиосказок
Как нарисовать черёмуху