МТ “Уус-Алдан улууһа (оройуона)”
“В.Н.Мигалкин аатынан Чаран орто оскуолата»
Буойун суруйааччы-
Тимофей Егорович Сметанин
оло5ун, айар үлэтин сырдатыы
Суруйда: Чаран орто оскуолатын
8-с кылааһын үөрэнээччитэ
Атастырова Сайаана
Салайааччы: Атастырова С.М.
Чараҥ 2015
Иьинээ5итэ:
I.Киириитэ
II.Сурун чааЬа
2.1.Т.Сметанин айар үлэҕэ уһуллуута.
2.2 Айымньытыгар саха саллаатын уобараһа
2.3. Т.Сметанин хоһоонноругар сэрии ыар тыына.
2.4. Айымньылара.
III. түмүк
IV. туһаныллыбыт литература
Киириитэ.
Саха суруйааччылара А5а дойду сэриитигэр хорсуннук сэриилэспиттэрэ. Олортон биирдэстэринэн Кэбээйи улууһуттан төрүттээх Тимофей Егорович Сметанин буолар. Бүгүн мин рефераппар кини Аҕа дойду сэриитин тематыгар анаан суруйбут айымньыларын ырытарга сананным. Сэрии толоонугар сылдьыбыт буойун суруйааччы сэрии тыынын бэйэтин этинэн-хаанынан билэн, айымньыларыгар ойуулаабыта көстөр.
Улэм сыала: буойун суруйааччы Т.Е.Сметанин Аҕа дойду сэриитин тематыгар суруллубут айымньыларын ырытыы.
Үлэм соруга:
Үлэм актуальноһа: Кыйыы 70 сылынан буойун суруйааччы Т.Сметанин сэрии тематыгар анаан суруйбут айымньыларын оҕолорго тиэрдии.
2.1.Т.Сметанин айар үлэҕэ уһуллуута.
Талааннаах о±о суруйааччыта Тимофей Егорович Сметанин 1919 с. сэтинньи 25 кунугэр Кэбээйигэ Кэнэни диэн улахан күөл таhыгар Маңан Кэрэх диэн сиргэ Егор, Анастасия Cметаниннар диэн 4 о5олоох дьадаңы дьиэ-кэргэңңэ иккис уол о5онон төрөөбүтэ. Тима Мо5оллой диэн алааска тутуллубут а5абыыт дьиэтигэр аан бастаан үөрэнэ киирбитэ.
4-с кылааска Егоров Гаврил Иванович-Биилин диэн учуутал үөрэппитэ, киниттэн үөрэнэн Тимофей Сметанин хоhоон суруйуутунан дьарыктанаммыта, «Сардаңа» диэн оскуола хаhыатын таhаарар буолбуттара.Тɵрдʏс кылааhы бʏтэрэр сылыгар комсомолга киирбитэ.
1935 сыллаахха бэґис кылаас аґыллыбыта, онон Тима кэлэр сылга алтыска быґа киирээри, бэґискэ µірэммэтэ±э. Оскуола±а "Иитэр кыґа" диэн литературнай куруґуок тэриллибитэ. Куруґуогу Пантелеймон Тулааґынап салайбыта, Тима бу куруґуокка активнай истээччинэн уонна сурунаалга художнигынан сылдьыбыта. "Иитэр кыґа" сурунаалга Тима кылгас кірдііх кэпсээннэри уонна о±олорго аналлаах кыра хоґооннору суруйара. 1937с. Тимофей Сметанин18 саастаа5ар «Бэлэм буол», «Колхоз сирдьитигэр», «Былатыан суолунан бардарбыан» диэн хоhоонноро «Колхоз сирдьитэ», «Бэлэм буол» хаhыаттарга бэчээттэммиттэр. Тимофей Сметанин Кэбээйигэ оскуоланы ситиhиилээхтик бутэрэн баран дойдутугар колхозка суотчутунан улэлээбитэ. 1938 с куhун Дьокуускай куоракка хас да хонук атынан айаннаан потребкооперация техникумугар бухгалтер ʏɵрэ5эр киирбитэ.
1942с. атырдьах ыйыгар Тимофей Сметанин армия5а ынырыллан, бэбиэскэ туппута. Тɵрɵɵбʏт дойдутугар ытык иэhин толорон, Ийэ дойдутун кɵмʏскʏʏ саа-саадах тутан аттаммыта.
Бары кʏʏhʏ-
Ɵcтɵɵ5ʏ ʏлтʏрʏтэргэ,
Бары кʏʏhʏ-
Оло5у кɵмʏскʏʏргэ!
(« Бу кʏннэргэ» Сметанин)
Тимофей Сметанин Орловскай-Курскай туhаайыыга, хотугулуу-ар5ааӊӊы, иккис Прибалтийскай фроннарга буолбут кыргыhыыларга хорсуннук сэриилэспитэ. Сэрии хонуутугар связиhынан сылдьыбытын туhунан «Сибэсиис» диэн хоhоонугар 1943с. бу курдук суруйбута:
Бинтиэпкэни санныга быра5аат,
А5а биэрбит атахтарын,
Ахсымнык айаннатан,
Сибэсиис эр бэрдэ сирэллэ
Сибээhи сирийэ сиэллэ…
(«Сибэсиис»)
Сэриигэ да сылдьан Тима айар дьо5урун тохтоппото5о, сэрии алдьархайын, до5ордоhуу кʏʏhʏн, саха саллаатын
ураты характерын туhунан бэрт элбэх хоhоонноро буорах сытынан анылыйан кэлэллэрэ.
Ахсынньы тымныытыгар сиргэ хонноххуна,
Атаххын, илиигин онно ʏлʏппэтэххинэ,
Булчут быhыытынан сыалгын таптаххына,
Хайыhар кэтэн халыйан истэххинэ.-
Оччо5о ордук ɵйдʏʏгʏн эн Сахан сирэ
Эйиигин сатаан ииппитин…
(«Саллаат»1943с)
Уулаах окуопа5а сытан,
Утуйбакка да сылдьан,
Ийэ дойдум дьолун иhин
Эрэйдэммитим иhин,-
Син биир этиэ5им
Сирдээ5и дьолу билэбин диэн…
(«Саллаат сʏрэ5э»1945с)
Ар±аа фроІІа сылдьан, Тимофей хаста да±аны ыараханнык бааґыран, сэриилэґэр кыа±ын сµтэрэн, 1944 сылга, бэйэтэ этэринэн, улаханнаах-аччыгый µрµІ кімµс мэтээллэнэн, «Хорсунун иhин» «Бойобуой ʏтʏɵлэрин иhин» медалларынан на5аарадаламмыта дойдутугар эргиллэн кэлэр.
Кини "Куоска олоІхото", "Кірµдьµіс кµн", "Егор Чээрин" диэн кинигэлэрин саха о±олоро бµтµннµµ умсугуйан аахпыттара. "Егор Чээрин" диэн А±а дойдуну кімµскµµр Улуу сэрии сылларыгар норуот µтµі хаачыстыбаларын кірдірбµт фронтовик-буойун обраґын арыйбыт сэґэнэ 1947 сыллаахха республикатаа±ы иккис бириэмийэнэн бэлиэтэммитэ. Бу сэґэн сµрµ геройдара Чээрин уонна Гурьянов. Нууччалаах саха саллааттара фроІІа сылдьан билсэллэр. Сэрии кытаанах уонна эппиэттээх сорудахтарын, ыарахаттарын бииргэ сµгэллэр. Гурьяновтаах Чээрин образтарынан суруйааччы А±а дойдуну кімµскµµр сэриигэ бырааттыы норуоттар улуу до±ордоґууларынан биґиги Советскай Армиябыт уодаґыннаах істіі±µ кыайбытын итэ±этиилээхтик кэпсиир. Бу айымньыга суруйааччы сэрии быґылааннаах кэмигэр саллаат булугас ійі, сатабыла, бэргэнник ытара о±олору сіхтірір.
Чээрин уобараґа - национальнай характер буолара араас ньымаларынан бэриллэр. Бу уобараска омугуттун тутулуга суох ханнык ба±арар киґиэхэ бэриллэр µтµі хаачыстыбалар иІмиттэр, ол да иґин кини бэйэтин курдук кіні, сµдµргµ, холку нуучча уолун Гурьяновы кытта ыкса до±ордоґор.
Т.Сметанин саха литературатын историятыгар саха саллаатын уобараґын биир бастакынан дириІник арыйбыт суруйааччы буолар. Кини олус кылгас, ол гынан баран баай ис хоґоонноох сырдык оло±ун устатыгар тіріібµт норуотун духовнай культуратыгар улахан кылааты киллэрбитэ.
2.3. Т.Сметанин хоһоонноругар сэрии ыар тыына.
Тимофей Сметанин хоґуйар, ойуулуур о±олоро ыралаах олох олорор міккµірдээхтэр. Бу іттµнэн ылан кірдіххі, Холобур, "Кірсµґµіхпµт" диэн (1946 с.) сэґэн - биир туспа кэрэхсэбили ылар айымньы. Бу сэґэІІэ кіхсµгэр баастаах, сэрииттэн кэлэн хаґыакка µлэлии сылдьар Семен Иванович уонна геолог буолуон ба±алаах Мойот уол до±ордоґуулара кістір. Бу айымньыга буойун обраґа лирическэй да герой, Ийэ дойдуну кімµскµµр да патриот буолан арыллар. "Лоокуут уонна Ньургуґун" диэн хоґоонунан драмата саха драматургиятын улахан ситиґиилэригэр киирсэр.
Т.Сметанин бэйэтин хара±ынан кірбµтµн, инчэ±эй этинэн билбитин суруйара, ол курдук сэрии сылларын араас тµгэннэрэ - Армия±а ыІырыллан аймах дьоннуун бырастыылаґыы, фронт оло±ун тµгэннэрэ, бааґыран госпитальга эмтэнии, таптал, ахтыл±ан, кыайыы µірµµтэ, тіріібµт алааска эргиллии - бу барыта итэ±этиилээхтик, аа±аччы ійµгэр тиийимтиэтик суруллубут. Поэт хоґоонноругар тыылга хаалбыт биир дойдулаахтарын ыарахан олохторо эмиэ кістір, Ити аата кини сэриини, сэрии содулун киэІник сырдаппыта кістір.
Т.Сметанин айымньыларыгар саха киґитин психологиятын, характерын дириІник арыйан кірдірбµтэ. Кини хоґоонугар лирическэй герой Н.Копырин сэрии кэмигэр олус тµргэнник сайдар, а±амсыйар, дьиІнээх патриот-интернационалист буолар. Герой характерыгар ордук саха киґитин тіріібµт дойдутугар таптала кµµстээ±э чорботуллар. Саха - айыл±а о±ото буолар сіпкі бэлиэтэнэр. Эдэр киґи тіріібµт дойдутугар иэґин билинэрэ, кинини істііхтін кімµскµµргэ бигэ санаалаа±а арылхайдык кістір. Саха саллаата сэрии кэмигэр чулуу буойуттар кэккэлэригэр сылдьыбыта, ол туґунан поэт киэн туттан, махтанан этэр.
Т.Сметанин хоґоонноругар Саха сирин айыл±атын кэрэтэ эрэ буолбакка, уратыта эмиэ хоґуллар. Ол курдук саха сирэ "харах сиппэт киэІ хонуулардаах", "хампа кµіх иирэлэрдээх, хатыІнардаах, бэстэрдээх, илгэлээх самыырдаах, сандаархай маІан кµннээх", "бэс ыйдаа±ы нуурал киэґэлээх".
Саха саллаата киґини ілірµµтэ кытаанах суол, кини манна психологическай барьеры туоруур. Кини фашист киґи буолбата±ын, сиэмэх кыыл кэриэтэ буоларын итэ±эйдэ±инэ, ілірір-іґірір кыахтаах. Элбэх хоґооІІо саха саллаата сэрии ынырыгын хара±ынан кірін, этинэн билэн истэ±ин аайы абата-сатата істііххі кµµґµрэн иґэр. Сэрии суоґа-суодала, ілµµтэ-сµтµµтэ ханнык да кытаанах сµрэхтээ±и долгутар. Саха киґитэ сµрдээх сайа±ас дууґалаах. "Босхоломмут дэриэбинэ" диэн хоґооІІо саха буойун-босхолооччу ыраас дууґата ойууланар.
Суруйааччы патриотизма, советскай дьоннору, норуоттары кытта биир ньыгыл кэккэ±э тµмсµµ, до±ордоґуу интернациональнай чувствовалара А±а дойдуну кімµскµµр хааннаах кыргыґыыларга уґаарыллыбыттара. Советскай норуоттар уонна бµттµµн киґи-аймах дьыл±аларын быґаарар улуу охсуґуу буойуна буоларынан кини улаханнык киэн туттара.
Т. Сметанин биґиги литературабытын ис хоґоон, идея, тема да, уус-уран форма да іттµнэн байыппыта биллэр. Суруйааччы талаана дэгиттэрэ киґини сіхтірір. Ол курдук кини айымньылара лирическэй, эпическэй, драматическай, сатирическай, юмористическай сµµрээннэринэн таґымныыллар. Стилэ, хоґоонун тутула, этиитэ, уобарастааґына биллэр-кістір уратылаахтар.
2.4.Айымньылара.
Т.Е.Сметанин литература бары жанрыгар өлбөт-сүппэт айымньылары биэрбит талааннаах суруйааччы . Кини ордук ыччат уонна о5о суруйааччытын быhыытынан биллэр. Айымньылара олоххо дьиң баартан төрүттээхтэр, аа5ааччыны куруутун кэрэ5э угуйар уйа5ас айылгылаахтар.1945с. сэрии сылларыгар суруйбут хоhоонноро «Саллаат сурэ5э» диэн ааттанан туспа кинигэ буолан тахсыбыта. 1947с. «Көрүдьүөс күн» сэрии иннинээ5и хоhооннорун кинигэтэ бэчээттэммитэ.
Тимофей Сметанин литература±а µгµґµ биэрэр санаалаа±а. Хомойуох иґин, ол санаата туолбата±а, 1947 с. µлэтин µгэнигэр ілбµтэ.
Т.Сметанин айымньылара:
Мэхээлэчээн буолчут (орто саастаах о±олорго, 1943 с.)
Кµірэгэй (о±олорго остуоруйа, 1945 с.)
Саллаат сµрэ±э (Хоґооннор хомуурунньуктара, 1945 с.)
Куоска олоІхото (нач. кылаас о±олоругар, 1946 с.)
Кірµдьµіс кµн (кыра саастаах о±олорго, 1947 с.)
Егор Чээрин (улахан саастаах о±олорго, 1947 с.)
Талыллыбыт айымньылар (хоґооннор, кэпсээннэр, драмалар, 1951 с.)
Хоґооннор (1953 с.)
Түмүк
Тимофей Егорович Сметанин - фронтовик, буойун суруйааччы, талааннаах поэт, ыччат тапталлаах суруйааччыта баара-суо5а 28 саастаа5ар, 1947 с. сэриигэ ылбыт бааhырыытыттан олохтон туораабыта. Кини айымньылара саха литературатыгар ɵлбɵт-сʏппэт кʏндʏ кылаат буолаллар, кʏн бʏгʏңңэ диэри ыччаты патриотическай тыыңңа иитиигэ улахан суолталаахтар.
Прекрасная химия
ГЛАВА ТРЕТЬЯ, в которой Пух и Пятачок отправились на охоту и чуть-чуть не поймали Буку
Разлука
Щелкунчик
Ручей и камень