Вложение | Размер |
---|---|
v.potapova_keriehiger_hooon_kure5e.sergeeva_nadya_hohoonnoro.doc | 34.5 КБ |
Ньурба оройуонун үөрэ5ириитин салалтата
Егоров П.С. аатынан Акана орто оскуолата
ХОһООННОР
(Саха бастакы поэтессата Варвара Потапова сырдык кэриэһигэр
айымньы суруйуутугар курэх)
Автор: Надежда Сергеева,
Акана оскуолатын 10 кылааһын үөрэнээччитэ
Учуутал: Васильева Н.В.
2011 cыл, бала5ан ыйа
Саас.
Сандал саас кэлбитин бэлиэтэ
Халлааммыт сылыйда, чэлгийдэ,
Аламай күн тыган, сырдатан
Сааскы тыал илинтэн илгийдэ.
Таптыыбын мин сандал сааһы,
Таптыыбын сааскы күнү,
Таптыыбын күн тыгар ча5ылын
Ол онтон муус чопчу уулларын.
Хоһоон суруйарга холонобун.
Хоһоон суруйарга холонобун,
Хомолтобун хоһооммор холбуубун,
Үөрүүбүн үксэтэр туһуттан
Үгүс тыл кэрэтин наардыыбын.
Санааларбын араастаан сааһылаан
Уран тылынан хоһуйабын,
Мин саха киһитэ буоламмын
Сахалыы этэбин-тыынабын.
Хоһооммор хоһуллар дьол-соргу,
Кэпсэнэр дойдубар тапталым,
Айыл5ам кэрэтэ хай5анар
Сахалыы тыынынан илгийэр.
Олохпун хоһооңңо аныа5ым
Уран тыл кэрэтин таңыа5ым,
Төрөөбүт дойдубар тапталбын
Киэргэтэн кэрэтик кэпсиэ5им.
Омуннаах-төлөннөөх олоңхо тылынан
Хоһуйуом мин саха кыһынын,
Тоһуттар тымныылаах кыраайбын,
Сүөгэйдии ыймахтыыр салгыммын.
Хоһуйуом мин дойдум сааскытын,
Ылааңы ча5ылхай күннэрин,
Муус чопчу чурулуур тойугун,
Күн уота чалбахха оонньуурун.
Хоһуйуом Аканам көмүс күһүнүн,
Ыйдаңа уотунан сыдьаайар түүннэрин,
Сэбирдэх тэлээрэр үңкүүтүн,
Көмүс дуй дууһа5а санньыары са5арын.
Ийэм алгыһа.
Мээнэ дьоңңө өстүйүмэ,
Куһа5аны ба5арыма
Санааларгын сааһылаа
Киңңи-нааргын киэр кыйдаа.
Бүгүн эйигин хомотоннор
Кыайбыт курдук туттуохтара
Ону умнан сарсыныгар
Көрдөһүүлээх кэлиэхтэрэ.
Бырастыы гынаар ол кэмңэ,
Өстүйүмээр эн дьоңңо.
Кыахтаах эрэ буолларгын
Көрдөһүүлэрин ылынаар.
Саха киһитин сиэринэн
Санаа баттыгын киэр кыйдаа.
Олох уһун суолугар
Ону соһо сылдьымаар.
Өскө маннык дьаһаныаң
Чэпчэкитик олоруоң.
Оло5уң устун сылайбакка
Эрчимнээхтик айанныаң.
Дьүкээбил.
До5оччуок, көрүүй дуу,
Дьүкээбил дьикти үңкүүтүн,
Күлүмнүү умайан, сырдаан дуу
Халлааңңа дьиэрэңкэй ойорун.
Дьүкээбил суһумун анныгар
Күүлэйдиир, сэгэриэм, кэрэтиэн,
Кыһыл, күөх өңүнэн умайар
Көрүөххэ, до5оруом, дьиктитиэн.
Халлааным дьиримнии умайар.
Дьүкээбил үңкүүлүүр, сыыгыныыр,
Сүрэхпэр уот төлөн умайар,
Долгутар, ыраахха угуйар.
Ийэбэр.
(акростих)
Күн тэңэ киһибин
Үрдүктүк саныыбын ийэбин.
Нарыннык, истиңник таптыыбын
Дьыл5а хаан бу дьоллоох бэлэ5ин.
Үөрэбин ийэбин кытары,
Минньигэс мичээрин көрдөрбүн,
Илиибин санныгар уурабын
Эрэлин сүтэрбит кэмигэр.
Хомойор диэн тугун билимэ,
Эрэлим эн эрэ буола5ын
Махталым улахан эйиэхэ
Инники суолбун эн ыйа5ын
Нарын тыл кэрэтин наардыырга
Истиңник иэйиибин этэргэ
Ииппитиң сахалыы эн тыыңңа
Эн курдук хоһоону айарга,
Махталым улахан эйиэхэ.
Машенька - ветреные косы
Человек несгибаем. В.А. Сухомлинский
А. Усачев. Что значит выражение "Белые мухи"?
Как представляли себе будущее в далеком 1960-м году
Прекрасная арфа