Мое любимое время года осень. Осенью мы с семьей любим ходить по ягоды,по грибы.
Вложение | Размер |
---|---|
kuhun.docx | 11.3 КБ |
Күһүн.
Айылҕаҕа сылдьар, мин санаабар, киһиэхэ олус туһалаах. Иллэҥ кэммитин сылаас кэмнэргэ айылҕаҕа атаарабыт. Ийэлээх аҕабытын кытта куруук бииргэ сылдьабыт,оонньуубут-көрүлүүбүт, сир астыыбыт, сороҕор булка кытта тэҥҥэ сылдьабыт.
Бу күһүн эдьиийдэрбин кытта тэллэйдии сырыттыбыт. Иһиппитин толоро охсон өйүөбүтүн сиэбиппит, чэйдээбиппит уонна бары бииргэ оонньообуппут.
Дьиэ кэргэммитинэн ийэм,аҕам,балтым,эдьиийим уонна мин буолан отоннуу барбыппыт. Кыьыл отон (уулаах отон) быйыл наһаа үүннэ. Бары иһиппитин толорон, аны бары балыктыы киирбиппит.
Аҕабыт биһиэхэ күөгү оҥорон биэрдэ. Ып-ыраас Индигирбит барахсан ырааһа, барыта көстөр. Хайдах балык устара, көрүөхтэн кэрэ, дьикти. Бары наһаа астынныбыт. Бастакы балыгы хабан баран астыммыппытыан !!!
А5абыт биэрэккэ кулуһун отунна. Биэдэрэҕэ балык миинэ буһарда.
Минньигэһиэн !!! Салгыҥҥа аһыыр олус да үчүгэй !!!
Дойдубут барахсан айылҕаҥ кэрэтиэн !
Дойдубут барахсан сирин аһа элбэҕиэн !
Дойдубут барахсан кэхтимэ !
Дойдубут барахсан сайда,чэчирии тур !
Н.О.Кривошапкин аатынан Өймөкөөн орто оскуолатын үһүс кылаас үөрэнээччитэ Спиридонова Изольда.
Попробуем на вкус солёность моря?
Лист Мёбиуса
Астрономический календарь. Март, 2019
Как нарисовать портрет?
Как нарисовать ветку ели?