Сказка о девочке-сироте по имени Белла. Добрая девочка помогает всем.
Вложение | Размер |
---|---|
Сказка о доброй девочке. | 2.66 КБ |
Белла.
Былыыр – былыр улахан күөл кытыытыгар биир аптаах кыыс олорбут. Кини Белла диэн ааттаах эбит. Белла тулаайах кыыс. Кини соҕотоҕун улахан баҕайы дьиэҕэ олорор эбит. Белла аптаах палочкалаах эбит. Белла аптаах палочкатынан барыларыгар көмөлөһөр,тула өттүн барытын кыраһыабай оҥорор эбит.Күөл атын кытыытыгар куһаҕан аптаах оҕонньор олорбут.Бу оҕонньор Белла барыларыгар көмөлөһөрүн абааһы көрөр эбит. Ол иһин кини кыыһы өлөрөргө санаммыт. Биир үтүө күн оҕонньор бөрөҕө кубулуйбут уонна кыыс дьиэтигэр барбыт.
Белла доҕолоҥ бөрө иһэрин көрөн эмин ылбыт уонна утары тахсыбыт. Кыыс бөрөҕө чугаһаабытыгар бөрө оҕонньор буолан хаалар.Кини Белланы уотунан ытыалаабыт. Кыыс тиит кэннигэр саспыт уонна ньээм-ньээм оту ылбыт. Белла ньээм-ньээм отунан оҕонньору үүрбүт. Оҕонньор эстэн хаалбыт. Бу күнтэн ыла – бу дойдуга дьиҥнээх улахан бырааһынньык буолбут.Кыыллар – дьоннор бары ыллаабыттар, үөрбүттэр – көппүттэр.
Готовцева Рената Н.О.Кривошапкин аатынан орто оскуолатын 3 кылаас уерэнээччитэ.
Ералаш
Учимся ткать миленький коврик
Сочинение
Этот древний-древний-древний мир!
Дельфин: сказка о мечтателе. Серджио Бамбарен