Дается сочинение-рассуждение по поводу "Письма якутской интеллигенции" А.Кулаковского
Вложение | Размер |
---|---|
kulakovska_intellig_suruk.docx | 33.72 КБ |
Аныгылыы албастаах сахха
Айхалы тардыhан
Ал5аата5ым буоллун,
Сана ыччаппын!-
диэн суруйбута саха литературатын теруттээччи Ексекулээх Елексей.
Быйыл, кулун тутар 4 күнүгэр, саха литературатын а5ата, бастакы поэт, наука араас керүннэригэр маннайгы онкулу охсубут чинчийээччи, белүьүек Алексей Елисеевич Кулаковскай тереебүтэ 135 сылын туолла. Ексекүлээх Елексей суруйбут, билигин биллэринэн, 30-тан тахса хоьоонноро саха оло5ун энциклопедиятынан сыаналаналлар. Маны таьынан, быйыл кини биир улуу айымньыта – «Саха интеллигенциятыгар» диэн суругун айбыта 100 сылын туолла. Кини бу «Суругун» 1912 сыллаахха, ыраахтаа5ы Романовтар династияларын 300 сыллаах юбилейдарыгар аналлаах, Дьокуускайга буолуохтаах инородецтар съезтэригэр этээри суруйбут. Инородецтар диэн урут батталлаах кэм са5ана сахалары ааттыыллар эбит. Ол эрээри ыраахтаа5ы былааьын хайгыыр этиилэри истэн, кэлэйэн тылын эппэккэ тахсан барбыт.
Оруобуна 100 сыл буолан баран, «Саха интеллигенциятыгар сурук» оригинала Национальнай архыып харайар хоһуттан аан бастаан Саха сирин устун айаннаата уонна бу бугун биьиэхэ кэллэ.А.Е.Кулаковскай ааспыт үйэ саҥатыгар үөрэхтээх саха бастакы көлүөнэ интеллигенциятыгар аадырыстаммыт суруга бүгүҥҥү да күҥҥэ сытыы суолтатын сүтэрбэт. Ол курдук "Саха интеллигенциятыгар" сурук улахан киирии тылтан уонна 7 түһүмэхтэн турар: 1. Сири туһаныы. 2. Сири оҥоруу. 3. Балык туһунан. 4. Сүөһү иитиитэ. 5. Оскуола уонна общественнай олох. 6. Экономическай балаһыанньа уонна предприятиелар. 7. Дохуот төрүттэрэ.
Ексекулээх Елексей «Саха интеллигенциятыгар» суругар 20-с уйэ5э биьиги кыракый норуоппутун туох куутэрин ете керен, суоьуур алдьархайдартан быыьанар суолларбытын арыйан, араначчылыы сатаабыт. Кини уескээбит ыарахаттары ааттаталаан туран, олох тупсарын туьугар экономиканы сайыннарыыга бастатан туран ханнык миэрэлэр ылыллыахтаахтарын анаарбыт.
Ол иьин бу «Суругу» сыныйан уерэппит, чинчийбит учуонайдар Ексекулээх Елексейу саха Нострадамуьа, саха бастакы экономиьа диэн сыаналыыллар. «Сурукка» Ексекулээх Елексей дьон оло5о сайдыытын хамнатар кууьунэн ей-санаа, уерэх буолар; уерэх тиийбэтиттэн аан дойду алдьархайдара тахсаллар диэн тоьо5олоон эппит. Кини бу «Суругун» 5-с салаатыгар о5олору бэйэлэрэ ейдуур тереебут тылларынан уерэтиигэ, культураны норуокка киэнник тар5атыыга ынырбыт. Саха литературатын хайаан да уескэтиэххэ наада, бэйэ литературата, суруга-бичигэ суох уерэ5ирии кыаллыа суо5а диэн сэрэппит.
Суруйааччы сүүс сыллааҕыта аныгы аан дойдуга буола турартан үгүһү өтө көрүүтэ бүгүн өссө күүстээх дорҕооннонор уонна суолтата улаатар.
Онон, о5олоор, инники олохпутун ессе сайыннарар туьуттан, уерэхпитигэр кытаатыа5ын. Кэлэр кэми биьиги иилээн-салайан олоруохпут дии. Бэйэбит норуоппут историятын, литературатын, культуратын уерэтиэ5ин, таптыа5ын, ытыктыа5ын.
Никитина Лена. 8 кылаас,
Амма улууьун Сул5аччы уопсай орто уерэхтээьин оскуолата
Н. Гумилёв. Жираф
Барсучья кладовая. Александр Барков
Пчёлки на разведках
Мальчик и колокольчики ландышей
Человек несгибаем. В.А. Сухомлинский