Стихотворения о первом снеге.
Вложение | Размер |
---|---|
pervyy_sneg.docx | 329.65 КБ |
(3-б кылаас үөрэнээччилэрин хоһоонноро)
Хомуйан оңордо: Васильева Н.В.
Хаар, хаар түһэр.
Маңнайгы хаар.
Кыыдамныыр, кылбаңныыр
Хаар, хаар түһэр.
Сырдыгыан, ырааһыан!
Маша Федорова
Көмүс күһүн бүттэ,
Маңнайгы хаар түстэ,
Арай сарсыарда көрбүтүм –
Тула өттүм мап-маңан.
Миша Тертюхов
Тула өттүм сып-сырдык
Салгын манна сып-сылаас,
Онтон тыађа мап-маңан
Ити түстэ - маңнайгы хаар.
Андрей Тихонов
Хаар түстэ, хаар түстэ,
От-мас хагдарыйда,
Өрүстэр-күөллэр тоңнулар,
Көтөрдөр сођуруу көттүлэр,
Маңнайгы хаар, маңнайгы хаар,
Тула өттүм туус маңан.
Илона Петрова
Түннүкпүнэн көрөбүн:
Хаар түһэн кыыдамныыр,
Маңан хаар, маңнайгы хаар,
Мин түннүкпүн сырдатар,
Санаабын көтөђөр.
Тимур Петров
Хаар, хаар барахсан,
Сири-дойдуну маңхатта.
Мастар хаарынан бүрүллэн
Маңхаһан тураллар.
Үрүң көмүс оһуорунан
Түннүкпүн оһуордаата.
Валерия Макарова
Арай таһырдьаны көрбүтүм
Маңнайгы хаар түспүт.
Таңнан таһырдьа тађыстым
Оо, кэрэ да буолбут!
Саша Иванов
Маңнайгы хаар түстэ,
От-мас маңхайда,
Тэлгэһэм иһэ хаар да хаар!
Мин үөрүүм элбээтэ,
Оонньуурум элбээтэ.
Вера Егорова
Бүгүн маңнайгы хаар түстэ,
Сахам сирэ маңхайа киэркэйдэ,
Сири тыаны хаарынан бүрүйдэ.
Ођо-аймах таһырдьа тађыста,
Ким салааска соһон тађыста,
Сорох хаар тамнаһан сырыста.
Айхаан Андреев
Тупое - острое
Эта весёлая планета
Камилл Фламмарион: "Астрономия - наука о живой Вселенной"
Швейня
В.А. Сухомлинский. Для чего говорят «спасибо»?