Валерий Георгиевич Чиряев
дьиэ кэргэттэрэ Валерий Георгиевич Чиряев
дьиэ кэргэттэрэ
Вложение | Размер |
---|---|
v.g.chiryaev_2.docx | 20.33 КБ |
Г.Н.Чиряев аатынан Хоро орто оскуолата
Валерий Георгиевич Чиряев
дьиэ кэргэттэрэ
Толордо: Настя Евдокимова, 7кылаас
Учуутала:
Тарасова Вилена Ивановна
2011 сыл
Валерий Гергиевич Чиряев дьиэ кэргэттэрэ
Биhиги оскуолабыт Чиряев Георгий Николаевич аатын чиэстээхтик сугэр. Кини улахан уола Валерий Геогргиевич торообутэ 100 сылын туолар юбилейдаах кунугэр нэhилиэкпит оло5ор улахан 8н8л88х Георгий Николаевич дьиэ кэргэттэрин кылгастык да буоллар билиhиннэрэн ааhар булгу наадалаах.
Георгий Николаевич Булуу уокуругар Кыаданда нэhилиэгэр орто-сэниэ олохтоох ыалга торообутэ. Саха дьонугар киэнник биллибит государственнай деятель Чиряев Гаврил Иосифович, норуот педагогикатын а5ата, академик Чиряев Константин Спиридонович, народнай поэт Иван Гоголев курдук о.д.а. угус биллэр дьоннуун хаан таймыылаах, былыргынан собунэн со5ус уорэхтээх, элбэхтик нууччалыы кинигэни аахпыт, угус билиилээх-коруулээх, улууска суруксуттаабыт, Хоро нэhилиэгэр уhуннук кинээстээбит, сырдык, кэскиллээх толкуйдаах киhи этэ. Кини дьон уорэхтээх буоларыгар олус ба5алаах буолан о5олорун барыларын уорэхтээх онорбута, нэhилиэгин ыччатын ко5улээбитэ. Геогрий Николаевич бастаан «Харбахта5а», онтон кэрэ айыл5алаах «Тыымпы» алааска олохсуйбута. Нууччалыы охсуулаах улахан алаhа дьиэ туттубута. О5олоро бары «Тыымпыга» торообуттэрэ. Кэргэнэ, Ульяна Николаевна, Уоhээ-Булуу уокуругун киэн туттар киhитэ, кулубата, киэнник биллибит атыыhыта Баай Батаакап кэргэнин бииргэ торообут хаан балта этэ. Батаакап о5олоро бары уорэхтээх, сайдыылаах, саха норуотугар биллибит дьоннор буолтара. Сайынын, кыhынын эдьиийдэригэр Хоро5о тахсаллара, билсэ-корсо тураллара. Онон, Ульяна Николаевна оччотоо5у кэм уорэхтээх, билиилээх дьонун кытта элбэхтик алтыhан уйул5ата уhукта5аhа, кэскиллээ5и ойдуурэ, тобулла5аhа о5олорун иитиитигэр, а5аларын ытык ба5а санаатын толоруутугар сурдээх активнайдык кыттыспыта, ой-санаа оттунэн суунэ ойобул буолбута.
Геогрий Николаевич торообут нэhилиэгэр улахан кэскиллээ5и онорбут, дирин толкуйдаах, сана оло5у уруйдуу корсубут меценат, биир дойдулаах тара а5а-баhылык, субэhит оностубут киhилэрэ этэ. Оссо 1917 сыллаахха уобалас салайааччыларыгар оскуоланы астарарга, илиинэн оноhуллубут хаарталаан онорбут туруорсуута Якутскайдаа5ы национальнай архивтан костубутэ. Былааhы былдьаhар хаан тохтуулаах уустук кэмнэ уобалас салайааччыларын оскуоланы астарарга конуллэрэ кэлбитэ. Гегргий Николаевич иннигэр икки соругу быhаарарга этии оноhуллубута. Бастакынан, оскуола буолар дьиэни булуу, иккиhинэн, о5олору уорэтэр анал уорэхтээх учууталы булуу. «Тыымпы» алааска 7 хостоох уруккунан улахан санатык дьиэлээ5э. Онтун биир – биэс харчыта суох оскуола астарарга сиэртибэлээбитэ, онтун 1924 сыллаахха олох да босхо биэрбитэ. Аны иккис соругун толоруу, Чиряев Г.Н., 2-3 аргыстаах 1919 сыл кыhыныгар аттаах сыар5анан Бодойбо5о Хороттон аттаммыта. 1916 сыллаахха дылы Куорамыкыга учууталлаан баран Бодойбо5о баран олохсуйбут Асфер диэн уорэхтээх, учуутал киhини корсор сыаллаа5а. Асферы ыкса учугэйдик билсэрэ, биллэ5э Баай Батаакаптар библиотекаларыгар бииргэ сылдьаллара, олох – дьаhах туhунан кэпсэтэллэрэ, до5ордоспуттара.
Айаннаан тиийэн, киhитин корсон, дуогабардаhан, хамнаhын толотторуох буолан эрэннэрэн Бодойботтон тонноругэр коhорон а5албыта. Геогрий Николаевич оскуола5а сиэртибэлээбит дьиэтин сана анаммыт учуутал олохтоох нэhилиэнньэни, уорэнээччилэри кытта саас, сайын уларыта туппуттара. Георгий Николаевич бэйэтин убугэр дуоска, парта онорторбута, уорэх тэрилин миэли, чуорааны а5алтарбыта. Инньэ гынан 1919 сыл куhунугэр Хоро нэhилиэгэр уорэ5ирии бастакы кыhата сырдык – киэн аанын аспыта. Уустук кэм буолан уобалас быhаарбатах учуутал хамнаhын, айа5ын Геогргий Николаевич бэйэтэ толуммута. Ол онтон ыла 90-тан тахса сыл ааста. Чиряев Валерий Геогргиевич бу оскуола бастакы уорэнээччилэриттэн биирдэстэрэ этэ.
Хоро5о ол ус кылаастаах оскуолаттан са5алаан орто уорэ5и биэрэр таас кыhалаах оскуола буола сайынна. Георгий Николаевич нэhилиэк кэнчээритигэр, кэскилигэр сырдыгы сахпыт ити онотун учуоттаан оскуола кини урдук аатын чиэстээхтик сукпутэ.
Валерий Георгиевич ус бииргэ торообут балтылара Вера, Мария, Зинаида, быраата Геогрий «Тыымпыга» торообуттэрэ уонна олохтоох оскуола5а били бастакы кыымын ылбыттара.
Вера Георгиевна оруйуонна, улууска ор сыл учууталлаабыта. Саха АССР утуолээх учууталын урдук аатын ылбыта. Кини тороппут уола Корнилов Анатолий Васильевич улус, республика активнай общественнига, айыл5а харыстабылыгар куустээх улэни ыыппыта, главнай санитарнай бырааhынан уhуннук, дьаныардаахтык улэлээбитэ.
Валерий Гергиевич иккис балта Мария Георгиевна медецинскай уорэ5и бутэрбитэ. Дойду, республика таhымнаах на5араадалардаа5а.
Кыра балта Зинаида Георгиевна эмиэ учуутал идэлээ5э, сурдээх ситиhиилээхтик, айымньылаахтык улэлээн иhэн олох эдэр сааhыгар олохтон туораабыта.
Быраата, Георгий Георгиевич Дьокуускайга олохсуйбута, уйэтин тухары учууталлаабыта. Эмиэ эдьийин курдук, Саха АССР утуолээх учуутала урдук аатын ылбыта, «Бочуот Знага» орленынан на5араадаламмыта.
Валерий Георгиевич кэргэнэ Марфа Егоровна ыарыhах буолан дьиэтигэр олорон кэргэнин улэтигэр, айвмньытын суруйууга, тумуугэ биллэр костор комону онорбута. Роберт диэн уолламмыттара, 2 сиэннэммиттэрэ.
Биhиги оскуолабыт аатын сугэр Чиряев Георгий Николаевич улахан уола Валерий Георгиевич бугун 100 сааhын туолла. Кини эрдэтээ5и суруйааччылартан ураты сыты тыллаах, утары корон олорон хоhуйсууга биир идэлээхтэрин иннигэр туhэрбэтэх, талааннаах тылбаасчыт, толонноох араатар, хомуhуннаах улэhит, юморист, сатирик, бэйэтин кыанар куустээх – уохтаах, сыты киhи этэ диэн угус ахтыыларга суруйаллар.
Онон, Валерий Георгиевич куну корбут алаhа дьиэтэ биhиги нэhилиэкпитигэр сырдыгы, уорэ5и тар5атар бастакы кыhата буолбута. Биhиги оскуолабыт уорэнээччитэ, улахан Киhи, кини ийэтэ – а5ата, бииргэ торообуттэрэ, дьиэ кэргэнэ биhиэхэ онорбут утуо дьайыылара, олорбут олохторо кэнчээри ыччакка холобур буолаллар, умнуллубаттар.
Щелкунчик
Сказочные цветы за 15 минут
Весенняя гроза
Андрей Усачев. Пятно (из книги "Умная собачка Соня")
Композитор Алексей Рыбников