Кыргыс уйэтэ диэн норуот номо5ор 16-17-с уйэлэрдээ5и саха омугун улахан а5а уустара ба´ылыыр-к³´µлµµр и´ин кµ³нтэ´иилэрин, нуучча хачаактара аан бастаан Саха сиригэр кэлиилэрин ааттыыллар. Ити кэмнэ сэрииттэн сылайбыт, кыайтарбыт, сонордо´ууттан тэскилээбит к³²µлµ сырсыбыт саха µгµс дьоно эйэлээх оло5у к³рд³³н тус хоту туспуттэрэ…Кыргыс уйэтин са5ана Саха сирин киин улуустарыттан Дьу´аал о5онньор сэттэ уолун кытта сэриитэ суох сири к³рд³³н Таас Дьаа²ы диэки кµрээбит. Т³´³ ³р айаннаабыттара биллибэт, ол эрээри бэрт сотору Бытантай урэх тардыытынан тахсар От µрэххэ тиийэн кэлбиттэр. Бу сири олус собулээбиттэр
Вложение | Размер |
---|---|
npk_shag_v_budushchee.docx | 483.92 КБ |
Республики Саха (Якутия) Эвено – Бытантайский национальный улус
Муниципальное бюджетное общеобразовательное учреждение
« Кустурская средняя общеобразовательная школа им.И.Н.Слепцова»
НПК школьников « Шаг в будущее»
Дакылаат тиэмэтэ: «Хааннаах» µрэх µ´µйээн - устуоруйа чахчыта
Толордо: Старостин Софрон
7 кылаас µ³рэнээччитэ
Салайааччы: Горохова Елена
Афанасьевна, саха тылын уонна
литературатын учуутала
Кустуур,2022
И´инээ5итэ:
1.Киириитэ…………………… …………………………………… .2
2.Yлэ сµрµн сыала, соруга, саба±алаа´ыннар……………………………………….. ………. …3
3. Сµрµн тиэмэтин арыйыыта……………………………………………………………4
4.Yлэ матырыйааллара…………………………………………… 5-8
5.Тµмµк…………………………………………………………… 9
6. Ту´аныллыбыт литэрэтиирэ……… ……………………….10
7. Сы´ыарыыы
Киириитэ
¥лэ то±оостоо±о: «Хааннаах» µрэх ту´унан дири²ник хорутуллан ырытыы µлэтэ суох. Бу µ´µйээн ту´унан араас барыйаана элбэх, чопчу Дьу´аал а±а уу´ун кытта кимнээх сэриилэспиттэрэ биллибэт курдук онон, кэлэр к³лµ³нэ±э µлэни сырдатыахха с³п. Мантан ³сс³ да элбэ5и µ³рэтэн, хасы´ан, арылла илик интэриэ´инэй саба5алаа´ыннары чинчийэн к³рµ³ххэ с³п. Бэйэбит олорор сирбит µ´µйээннэрин, буолан ааспыт чахчыларга оло±уран суруллубут устуоруйатын билиэхтээхпит.Чинчийии ту´ааннаах боппуруо´а били²²и кэм²э олус то5оостоох.
¥лэ сыала:1. «Хааннаах» µрэх ту´унан µ´µйээни чинчийэн, араас барыйааннарын тэ²нээн к³рµµ;
¥лэ соруга:1. ¥лэ сыалын сити´эргэ маннык чопчу соруктар тураллар:
- ту´ааннаах литэрэтиирэни аа±ыы, чинчийии;
- манна кэпсэнэр а±а уустарын ту´унан чопчулаа´ын;
- муспут матырыйаалларга оло5уран, сµрµн тµмµгµ та´аарыы;
- эдэр кэлэр к³лµ³нэ±э тиэрдии;
Чиничийии барыма: «Хааннаах» урэх ту´унан µ´µйээн араас барыйааннарыттан
¥лэ сонуна: Бу µ´µйээн ту´унан ³сс³ да салгыы µ³рэтиллэ илик. Хомуурунньукка эрэ хомуллубут буолуохтаах. Онон, бу µ´µйээнтэн элбэ5и билиэххэ, чинчиллибэтэх ³рµттэрин булуохха, сырдатыахха сеп. Улууска экотуризм сайдыытыгар эбии биир сµрµн хайысханнан буолуон с³п.
1. Сµрµн чаа´а
Мин бэйэм хоту сытар улууспунан киэн туттабын, тапталлаах дойдум айыл±атынан уонна кини былыргы µ´µйээннэрэ, номохторо ки´ини тардаллар, умсугуталлар. Ол и´ин с³бµлээн истэбин, аа±абын.
¥´µйээн диэн тугуй? ¥´µйээн – легенда, ханнык эмэ былыр баар буола сылдьыбыт эбэтэр буолуон с³пт³³х ураты, у´улуччу ки´и, тµгэн, бы´ылаан ту´унан норуот кэпсээнэ.
Сахалар Россия судаарыстыбатын састаабыгар киириэхтэригэр диэри бэйэлэрэ бы´аарынан, бу µлµгэрдээх хотугу тыйыс дойдуга от оттоон, сылгы, сµ³´µ ииттэн, бултаан-алтаан олорбуттар. Кыргыс µйэтин ол эбэтэр ити µйэни Тыгын µйэтин са5ана диэн билэбит. Кыргыс µйэтин са±ана олорон ааспыт дьоннор тустарынан бэрт элбэх µ´µйээннэр, номохтор били²²и кэм²э диэри тиийэн кэллилэр. «Хааннаах» µрэх ту´унан µ´µйээн ханнык, ха´ыс µйэ5э буола сылдьыбытын уонна то5о норуокка « Хааннаах» диэн ааттаммытын к³рµ³ххэ.
1.1 «Хааннаах» µрэх
Кыргыс уйэтэ диэн норуот номо5ор 16-17-с µйэлэрдээ5и саха омугун улахан а5а уустара ба´ылыыр-к³´µлµµр и´ин кµ³нтэ´иилэрин, нуучча ха´аактара аан бастаан Саха сиригэр кэлиилэрин ааттыыллар. Ити кэмнэ сэрииттэн сылайбыт, кыайтарбыт, сонордо´ууттан тэскилээбит к³²µлµ сырсыбыт саха µгµс дьоно эйэлээх оло5у к³рд³³н тус хоту туспуттэрэ…Кыргыс уйэтин са5ана Саха сирин киин улуустарыттан Дьу´аал о5онньор сэттэ уолун кытта сэриитэ суох сири к³рд³³н Таас Дьаа²ы диэки кµрээбит. Т³´³ ³р айаннаабыттара биллибэт, ол эрээри бэрт сотору Бытантай урэх тардыытынан тахсар От µрэххэ тиийэн кэлбиттэр. Бу сири олус с³булээбиттэр. Олохтоох дьон эйэлээхтэрин, булт – ас дэлэйин к³р³н µ³рбµттэр. Сµ³´µ да мэччирэ²э µгµс эбит. Дьэ бу манна ньиргиччи олохсуйарга санаммытттар. Са²а кэлбит дьон дьиэ – уот тэринэн бултаан – алтаан, сири- дойдуну билсэн олохсуйан эрдэхтэринэ уруккуттан хатааннаах хаан ³ст³³хт³р³ субу ситэн кэлбиттэр. Былыр Дьу´аал о5онньор сэттэ эр бэрдэ уолаттарын кытта уруккута ханнык эрэ а±а уу´ун ба´ылыгар кырыктаах боотур, охсор сутурук, тэбэр туйах буолан сылдьыбыттар эбит. Онон улуу а5а уустарын к³рсµµлэригэр кыттыбыт буоланнар киэ² содуллаах хааннаах иэскэ кыбыллыбыт дьон эбиттэр. Дьэ ол бэйэлэрэ бµччµм сыттахтарына ³ст³³хт³р³ ир суолларын ирдээн тиийэн кэлбиттэр. Отучча аттаах эр бэрдэ кэлэн бала5аннарын т³гµрµйэн кэбиспиттэр.
Дьу´ааллаах сэрииттэн букатыннаахтык тэйдибит диэн кыргы´ар сэптэрэ сэбиргэллэрэ да суо5а. Ыраах баар тыа быы´ыгар аны ха´ан да хостообоппут диэн ыар анда5ар тыллаах к³мпµт сирдэригэр сытара. Онон икки ³ттµттэн тэ²э суох кырыктаах кыргы´ыы тахсыбыт. Дьиэлээхтэр булт сэбинэн сэриилэспиттэр, оттон ³ст³³хт³р³-илбис кутун и²эрбит анал сэрии сэптэринэн. Дьу´аал улахан уолаттарын кытта ³ст³³хт³рµ кытары сэриилэ´э сытта5ына, ус кыра уол муччу куоппуттар. Куотан хас эмэ то5ойу ааьан баран тохтообуттар. Улаханнара эппит: « Дьэ инилэрим, исти² э´иги мантан ³сс³ аллара бары², онно сурдээх учугэй то5ойдордоох Мандыйа диэн урэ±и булуоххут. Онно тиийэ²²ит эйэлээх олоххутун сал±аан. Оттон мин бу курдук ыллым да кыайан барар кыа5ым суох эбит, онон т³тт³рµ т³нн³ммµн ³ст³³хт³рµ кытта ³л³рсµ³м. Т³ь³ кыалларынан э´игини эккирэппэттэрин курдук тэринэ-дьа´ана сатыам. ¥с кµн ааспытын кэннэ кэлэн миигин убайдаргытын, а5а5ытын ки´илии харайаары²».
Кыра уолаттар µс кµн буолан баран урукку олохторугар, били кыргы´ыы буолбут. От µрэхтэрин т³рдµгэр кэлбиттэр. Арай к³рд³хт³рµнэ µрэхтэрэ билигин да кыа хаанынан уста сытар эбит. Уолаттар са´ан кэлэн, Дьу´аал уу´ун имниин эстибит» диэн туох да бэлэмэ суох олорор ³ст³³хт³рµгэр саба тµспµттэр, бэлэмэ суох дьону тµргэн µлµгэрдик кырган кэбиспиттэр. Ол кэннэ убайдарын уонна а5аларын ³лµктэрин булаттаан, оччотоо±у сиэр-туом бы´ыытынан харайан кэбиспиттэр. Оттон са²а булбут Мандыйа диэн сирдэригэр тиийэн олохторун бутэ´ик кµнµгэр диэри сэрии диэни билбэккэ олорбуттар. Билигин ол От урэхтэрэ Хааннаах Урэх диэн ааттанар. (Хааннаах µрэх Кыргыс µйэтэ ../ Сахалыы кэпсээннэр, номохтор…/Вконтактеvk.com)
Дьу´ааллар диэн кимнээ±ий? Дьу´аал, да±.К³²µл, бырах сылдьар, уччуйбут, тэлэ´ийбит.(саха тылын бы´аарыылаах тылдьыта). Дьу´ааллар диэн к³²µл, босхо, тэлэ´ийэ, бэйэлэрэ билэллэринэн сылдьар дьоннор эбит. Бу µ´µйээ²²э Дьу´аал уолаттарын аата ахтыллыбатах. Манна Мандыйа диэн сир би´игини кэрэхситэр. Ол эбэтэр бу Кустуур сиригэр киирэр.. Аны ити µ´µйээн атын варианын к³рµ³ххэйи².
1.2 «Хааннаах»
Былыргы кыргыс барбыт сирэ. А±а уу´унан кэлэн сэриилэспиттэр. Бу ³т³рд³³²²³ диэри ох саа, сэрии барбыт ол-бу бэлиэтин булаттыыллара. ¥рэ±э хаанынан сµµрдэ диэн «Хааннаах» диэбиттэр. Бу кылгас да буоллар ис хо´ооно биир курдук. «Хааннаах» µрэх Дул±алаах уонна Дьар±аалаах икки ардыгар сытар. Холобур, картаны к³рµ³ххэйи².(к³р сы´ыарыыны) Уолаттарыгар ыйбытын курдук урэх Бытантайга тµ´эр. ¥´µс варианыгар эмиэ атыннык кэпсэнэр.
1.3 «Хааннаах»
Былыр Бытантай салаатыгар От µрэххэ алта уоллаах Дьу´аал о±онньор кэлэн олохсуйбут. Ол курдук бэркэ табыллан олордохторуна, Дьааку а±атын уу´а тµ³рт уонча бары табалаах дьон кэлэн сэриилээбиттэр. Дьу´аал µс орто уолаттарын кытта ³лбµт. Онтон улахан убайдара Чэкэрэ икки бырааттарын кытта От µрэ±и та²нары куоппуттар. Биир улахан то±ой эргииригэр убайдара бырааттарыгар Ээликтээх Тээликкэ эппит: «Манан та²нары тµ´э туру²». Бэйэтэ эккирэтэн кэлэн и´ээччилэри то´уйа хаалбыт. Алта уучахтаах дьон сµµрдэн кэлбиттэрин барыларын ³л³рт³³бµт уонна баа´ын хаана баран бэйэтэ эмиэ ³лбµт. Бырааттара Ээликтээх Тээликтэр били²²и Мандыйа±а Мандыйа диэн о±онньорго кэлэн олохсуйбуттар уонна онно сотору ³лбµттэр. £лµктэрин Мандыйа о±онньор мэндэргэ та´ааран к³мµтэлээбит. Кэлин дьон От µрэ±и кыргыс буолбут сирэ буолан Хааннаах диэн уларытан ааттаабыттар. Онтон Чэкирэ кыргыспыт то±ойун Чэкэрэ диэбиттэр. Онтон Ээликтэр Тээликтэр к³мµллµбµт у²уохтарын билигин да булуохха с³п. («¥´µйээннэргэ сир ааттара»2015с, Попова Е.А)
Бу µ´µйээ²²э Дьу´аал о5онньор тыыннаах хаалбыт уолаттарын аата к³ст³р. Ээликтэр,Тээликтэр диэн ол эбэтэр Иэлик,Тиэлик диэн эмиэ ааттаналлар. Аны манна уучахтаах то²устар диэн ахтыллыбыт. Оччотоо5у µйэттэн ки´иттэн ки´иэхэ кэпсэммит буолан бу уларыйыан – тэлэрийиэн с³п. Ол гынан ис хо´ооно с³п тµбэ´эр курдук. Аны Мандыйа диэн сир аата манна кэпсэнэринэн о±онньор аатынан ааттаммыт курдук буолан тахсар. Онтон бу икки уол туьунан маннык µ´µйээн баар.
1.4 «Мандыйа»
Манна Иэликтэр Тиэликтэр диэн дьон µ³скµµ сылдьыбыттара µ´µ. У²уохтара баар. Кус бы´ый, кµµс б³±³ дьон µ´µ. Мандыйаттан бу суругу эргийэ баран бултаан кэлэллэрэ эбитэ µ´µ. Ки´и у²уо±уттан ураты атын у²уохтаахтар эбитэ µ´µ. Мандыйа сайылыгын анныгар кµ³л баар. Онно дьиэлээн и´эн атахтарынан ыстанан ойуоккалаан аа´аллара эбитэ µ´µ. Ыстамыттарын сабаллар эбит µ´µ. Арай биирдэ ыстаммыт суолларын саппахха барбыттар. Кинилэр туостарын биллибэт ки´и дуу, туох дуу аа´а тµспµт. ¥³´эттэн халлаан уолун са²ата: «Иэликтэр Тиэликтэри дьиэлийдим (ол аата кыайдым)» диэбит. Уолаттар а´ара тµ´ээри му²нанан к³рбµттэр да халлаан уолун кыайбатахтар. ( Попова Е.А .,информатор)
1.5 «Мандыйа»
Мандыйа±а Иэликтэр Тиэликтэр диэн кµµстээх, кус бы´ый дьон олорбуттара µ´µ. Мандыйаттан Бу´уругунан эргийэ баран кэлэллэрэ эбитэ µ´µ. Ол бултаан кэлэн и´эн кµ³лгэ оонньоон аа´аллар эбит. Ыстаналлара эбитэ µ´µ. Кинилэри кытта биллибэт (к³стµбэт) киьи кэлэн кµрэхтэ´эн барара µ´µ. Кинилэр ойбуттарын а´ара ойор µ´µ. Ол ки´и кыайбыта буолуо дииллэрэ кырдьа±астар.(«¥´µйээннэргэ сир ааттара» , 2015с. Попова Е.А)
2. Бу Кыргыс µйэтин са5ана дьонтон ураты кµµстээх дьоннор µ³скµµллэр эбит. Холобур, саха норуотун номо5ор кэпсэнэр Майа±атта Бэрт Хара курдук Иэликтээх Тиэлик эр бэртэрэ эбит. Онон, маннык тµмµккэ кэллим:
- бастакытынан; µ´µйээннэргэ этиллэринэн ол аата Дьу´аал о±онньор уолаттара Иэликтэр, Тиэликтэр буолан тахсаллар;
- икки´инэн; Мандыйа диэн сирбит аата о5онньор аатынан ааттаммыт эбит диэн саба±алыыбыт;
- µсµ´µнэн; Дьу´ааллары Дьааку а±атын уу´а сэриилээбит диэн с³п тµбэ´эр курдук. То±о диэтэххэ, Саккырыыр Тµгэ´иирдэрин эбээттэрэ буолуохтарын с³пт³³х курдук буолан тахсар. Бу сиргэ туттубут маллара баар диэн этэллэр.
- т³рдµ´µнэн, Дьу´ааллары кытта Хабах Ойуун диэн кµµстээх бэйэлэрин кытта илдьэ сылдьар ойууннаахтар эбит диэн этиллэр.
( Стручков В.П.,информатор) Ол µрэххэ Хабах Ойуу²²а ара²астаабыттар диэн баар( Стручков В.П.-информатор)
Билигин Иэлик Тиэлик к³мµллэн сытар у²уохтара Мандыйа±а баар. Онон аа´ар дьоннор к³р³лл³р эбит. Тас мастара сµрдээх улахан диэн кэпсииллэр.
3.Тµмµк
Тµмµктээн эттэххэ, бу олус интэриэ´инэй, дьону кэрэхситэр, элбэх чинчийиини эрэйэр µлэ дии саныыбын. Ити кыргыспыт сирдэрин тиийэн µ³рэтэр, туох эмит омооно хаалбыт дуу, суох дуу диэн ки´и к³рµ³н-истиэн ба±арар.£сс³ да±аны элбэх µ´µйээннэр тустарынан чинчийиэххэ с³п. Экотуризм улууска сайдарыгар бу сирдэр чахчылара улахан к³м³ буолуохтаахтар уонна бу сирдэргэ Мэ²э таас туруорарга то5оостоох дии саныыбын.
Тылы бы´аарыы: Дьу´аал, да±.К³²µл, бырах сылдьар, уччуйбут,тэлэ´ийбит.
( Саха тылын кылгас бы´аарыылаах тылдьыта,2008с.)
Ту´аныллыбыт литература:
1.«¥´µйээннэргэ сир аата» Попова Е.А.,2015с Баата5ай Алыыта
2.Бикипиэдьийэ – Майа5атта Бэрт Хара/sah.wikipedia.org
3.Хааннаах урэх Кыргыс уйэтэ диэн..,/ Сахалыы кэпсээннэр, номохтор…/ ВКонтактеvk.com
4.Информатор-Стручков В.П.- саха тылын,литературатын учуутала, историяны µ³рэппит ки´и( саа´а 61)
Сы´ыарыы
Зимний лес в вашем доме
Цветущая сакура
Вода может клеить?
Мороз и заяц
Чайковский П.И. "Детский альбом"