Актуальность: биһиги А.С Пушкин « Кэччэгэй рыцарь» диэн айымньытын уонна А.Е. Кулаковскай, «Кэччэгэй баай» айымньыларын ааҕан баран суруйааччылар бу теманы хайдах арыйалларын бары өттүттэн тэҥнээн көрөргө сананныбыт. Иҥсэ - обот темата билиҥҥи кэмҥэ ордук суолталаах. Харчы, материальнай баай биһиги кэммитигэр инники күөҥҥэ таҕыста. Байар- тайар туһугар дьон-сэргэ үксүгэр сиэр - майгы сокуоннарын умналлара үксүү турар, үп иннигэр тугу да оҥороллорун кэрэйбэттэр. Онон 19 уйэҕэ
« лишний человек» диэн өйдөбүл улахан суолталаах эбит буоллаҕына билиҥҥи кэмҥэ , биһиги санаабытыгар, кэччэгэй киһи уобараһа инники күөҥҥэ таҕыста.
Биһиги үлэбит суолтатын итинник быһаарыахха сөп.
Биһиги үлэбит сыала:
А.С. Пушкин «Кэччэгэй рыцарь» уонна А.Е.Кулаковскай «Кэччэгэй баай» айымньыларыгар кэччэгэй дьон уобарастарын тэҥнээн көрүү.
Вложение | Размер |
---|---|
kulakovskay_doklad.docx | 33.2 КБ |
Саха Республикатын үөрэҕин министерствота
Таатта улууһун үөрэҕин салаата
П.П.Кочнев аатынан Туора – Күөл орто оскуолата
А.С. Пушкин уонна Өксөкүлээх Өлөксөй айымньыларыгар кэччэгэй буолуу көстүүтэ
Үлэни оҥордулар: Таатта улууһун
Туора- Күөл орто оскуолатын \
7 кылааһын үөрэнээччилэрэ
Боярова Зина, Кононова Валя
Салайааччылар: саха тылын
учууталлара Гуляева А.И.,
Павлова В.Д.
2017с.
Иһинээҕитэ:
Киириитэ
Актуальность: биһиги А.С Пушкин « Кэччэгэй рыцарь» диэн айымньытын уонна А.Е. Кулаковскай, «Кэччэгэй баай» айымньыларын ааҕан баран суруйааччылар бу теманы хайдах арыйалларын бары өттүттэн тэҥнээн көрөргө сананныбыт. Иҥсэ - обот темата билиҥҥи кэмҥэ ордук суолталаах. Харчы, материальнай баай биһиги кэммитигэр инники күөҥҥэ таҕыста. Байар- тайар туһугар дьон-сэргэ үксүгэр сиэр - майгы сокуоннарын умналлара үксүү турар, үп иннигэр тугу да оҥороллорун кэрэйбэттэр. Онон 19 уйэҕэ
« лишний человек» диэн өйдөбүл улахан суолталаах эбит буоллаҕына билиҥҥи кэмҥэ , биһиги санаабытыгар, кэччэгэй киһи уобараһа инники күөҥҥэ таҕыста.
Биһиги үлэбит суолтатын итинник быһаарыахха сөп.
Биһиги үлэбит сыала:
А.С. Пушкин «Кэччэгэй рыцарь» уонна А.Е.Кулаковскай «Кэччэгэй баай» айымньыларыгар кэччэгэй дьон уобарастарын тэҥнээн көрүү.
Сыалбытын ситиһэр инниттэн маннык соруктары толоро сатаатыбыт:
Иҥсэ- обот киһи майгытын дууһатын кэҕиннэриитин көрдөрүү
Үлэбит практическай суолтата: А.С. Пушкин уонна Өксөкүлээх Өлөксөй айымньыларыгар кэччэгэй дьон уобарастарын тэҥнээн көрүү, дууһа кэхтиитин көрдөрүү.
«А.С. Пушкин «Кэччэгэй рыцарь» уонна А.Е.Кулаковскай «Кэччэгэй баай» айымньыларыгар кэччэгэй дьон уобарастарын тэҥнээн керуу.
"Маленькие трагедии" диэн А.С. Пушкин хомуурунньуга 4 драматическай айымньыттан турар:"Скупой рыцарь" (1830), "Моцарт и Сальери" (1830), "Каменный гость" (1830), "Пир во время чумы" (1830).. Харчы уонна баай киһи олоҕор суолталарын туһунан А.С. Пушкин Болдиноҕа кэлэн олорон үгүстүк толкуйдаабыта , анааран көрбүтэ. Болдино диэн дэриэбинэтигэр улуу поэт харчы кыһалҕатыттан кэлэргэ күһэллибитэ. Кини баай- үп киһи олоҕун хайдах баҕарар хамнатыахтарын сөптөөҕүн туһунан саныыра.
Айымньытын геройдарын сыаналааһын сүрүн мээрэйинэн өрүү Пушкиҥҥа сиэрдээх быһыы- майгы, ол эбэтэр дьону ытыктааһын, убаастааһын, харыстааһын буолар. Ол иһин Пушкин геройдара аһыныгас, амарах буолуу бэрэбиэркэтин ааһаллар. А.С. Пушкин Болдиноҕа суруйбут айымньыларыгар реализм сайдыыта көстөр. Бэрт эрэйэ суох, чаҕылхайдык Пушкин орто үйэлэр , тиллии үйэтин, 17 үйэ иккис аҥаарын, 18 үйэ бүтүүтүн ойуулуур. Манна Франция , Испания, Австрия, Англия ойууланаллар. Арҕаа Европа индивидуализм- киһи бэйэтин эрэ өрө тутар эйгэтэ үөскээбитэ. Киһи бэйэтин эрэ тус баҕа санаатын өрө тутарга кыһаллар буолбута. Харчыга , баайга иҥсэрии онтон, арҕаа цивилизацияттан кэлбиттэрэ.
Биһиги үлэбитигэр «Кэччэгэй рыцарь» трагедия геройун Барон уобараһын Өксөкүлээх Өлөксөй «Кэччэгэй баай» айымньытыгар кэччэгэй киһи уобараһын кытта тэҥнээн көрдүбүт. Тэҥнээн көрүүнү дьиэ- уот, майгы- сигили, чугас дьоно, үҥэр таҥара, олох суола, чугас дьонугар бэлэх, уобараһы арыйарга көмөлөһөр символлар диэн хайысхаларынан оҥордубут.
Барон уобараһа.
Дьиэтэ – уота.
Оттуллубатах ыт уйатын курдук дьиэлээх( «в нетопленой конуре»)
Майгыта- сигилитэ.
Барон түүннэри күнүстэри хайдах гынан көмүһүн элбэтэрин туһунан саныыр. Кини кими да таптаабат , барыларын ытырыык ыт курдук үрэр, ырдьыгыныыр, үөҕэр- түрүйэр. Кини харчытын баар суох соҕотох уолугар хаалларарын санаатаҕына киҥэ-наара холлор.
«О если б мог от взоров недостойных
Я скрыть подвал! о, если б из могилы
Прийти я мог, сторожевою тенью
Сидеть на сундуке и от живых
Сокровища мои хранить , как ныне!
Барон өлөн да баран ииниттэн тахсан баайын – дуолун харабыллыан баҕарар. Барон харчыта элбиирин туһугар үс оҕолоох огдообо эрэйдээх хараҕын уутун тоҕорун кэрэйбэт. Кини суобаһы ыҥырыыта суох ыалдьыт, туһата суох кэпсээнньит диэн ааттыыр.
Чугас дьоно.
Барон соҕотох Альбер диэн уоллаах. Уола өрүү хантан эмит харчы булан таҥнарын , аһыырын туһунан саныыр. Кини харчыны Самсон диэн еврейтэн иэс ылар. Бэйэтэ баҕарбатаҕын да үрдүнэн , аҕата өллөҕүнэ кини харчытын бас билиэн туһунан саныыр. Барон кими да таптаабат. Самсон этэринэн «барон өллөҕүнэ кини өлүгүн үрдүгэр харах уутунааҕар, харчы элбэх тохтуоҕа» диэн этэр. Кэччэгэй буолуу суолтата байарынан, көмүһүнэн эрэ үлүһүйүүгэ сыппат. Барон кэччэгэй рыцарь эрэ буолбатах, кини, бастатан туран, кэччэгэй аҕа. Кини уолугар тапталын, үтүө сыһыанын кэччэйэр. Ол түмүгэр Барон Альбер сүнньүн була илик, мөлтөх, дууһатын эйгэтин алдьатар. Кини уолун олох муудараһыгар үөрэппэт. Дьиҥинэн ыллахха Альбер , көмүһү , харчыны буолбакка, аҕатын муудараһын, өбүгэлэрин үтүө үгэстэрин нэһилиэстибэ гынан илдьэ хаалыахтаах этэ.
Үҥэр таҥарата.
Барон унэр танарата –кини алта сундуук көмүһэ. Кини күн аайы хаһан подвалыгар эрэллээх сундууктарыгар киирэрин кэтэһэр. Алтыс сундуугар биир ытыс кыһыл көмүс манньыаты кутан баран туохтааҕар да дьоллонор.
Олоҕун суола
Барон үйэтин тухары харчытын эрэ мунньар элбэтэр туһунан саныыр. Кинини харчылара таҥараҕа тэҥнээх оҥороллор. Соҕотох уолун дьылҕата барону аймаабат. . Кини өлөөрү сытан күлүүһүн көрдүүр. Бу күлүүс дьоннор дьоллорун, үөрүүлэрин хаайа сытар. Бу күлүүстэрин Барон олоҕу баһылыыр былаас бэлиэлэрин курдук ылынар. Ол эрээри күлүүстэр өлүүгэ ааны аһаллар. Кинилэр көмүллүбүт, өлбүт көмүс сытар сундууктарын арыйаллар уонна сабаллар. Барон олоххо, дьолго, тапталга күлүүстэри булбатах.
Чугас дьонугар бэлэҕэ
Барон уолугар туох да үтүөнү биэрбэт. Альбер аҕа тапталын, үтүө сыһыанын билбэт. Ол иһин кини аҕатын абааһы көрөр. Тиһэх сыанаҕа Барон уолун дуэльга ыҥыран перчакка быраҕар. Ону Альбер: «Бу аҕам бастакы бэлэҕэ» диэн айманан туран этэр. Ол аата Барон уолун өлүүгэ ыҥырар.
Барон уобараһын арыйар символлар:
Алта сундуук, кыьыл кемус, подвал, дьаат
Барон эйгэтин ойуулуур дьүһүннэр.
Барон эйгэтин Пушкин бороҥ, өлбөөркөй, болоорхой, хара, өһөх хаан, сүлүһүннээх күөх дьүһүннэринэн ойуулуур. Онно алта сундуук көмүс эрэ абааһы уотунуу умайаллар. Манна саһархай өҥ үөрүүнү аҕалбат.
Кэччэгэй баай уобараһа
Кэччэгэй баай – Өксөкүлээх Өлөксөй «Кэччэгэй баай» айымньытын персонаһа. Кини баай оҕонньор. Кэччэгэй баай эйгэтэ борук - сорук, курус, кураанах.
Дьиэтэ – уота:
«Сиртэн силистээххэ дылы сиҥнэллибит дьиэлээх, саах быыһыгар саспыт самнайбыт балаҕаннаах, титиик тэҥэ буолбут титирик дьиэлээх, ардьайбыт ампаардаах, хоодьойбут хоспохтоох, сиҥнэйбит сэргэлээх». Тутуллуоҕуттан ыла сууйуу, ыраастааһын диэни билбэтэх быһыылаах…Кини иһигэр хаһан да дьоллоох күлүү чугдаарбатах.
Майгыта- сигилитэ:
Кэскиллээх кэпсээн кэмчи, салалталаах саҥа татым, ойулгулаах толкуй омнуо. Дорооболоһорун оннугар туоруур, кэпсэтиэн кэриэтэ киэр хаамар, сэһэргэһиэн кэриэтэ кэриэлийэр. «Салҕаа» диэтэххэ саҥарбат, «иэһирт» диэтэххэ этиппэт, «дьоллоо» диэтэххэ дьорҕойор, «абыраа» диэтэххэ абарар. «Аҕал» диэтэххэ антах хайыһар, «ыл» диэтэххэ ымас гынар, «кулу» диэтэххэ курус гынар, «мэ» диэтэххэ мичик гынар.
Чугас дьоно.
Кэччэгэй баай соҕотох. Кэнчээри ыччаттаныан да баҕарбат. Кэччэгэйэ бэрт буолан ыал буолан, оҕо – уруу тэриниэн, ороскуотуруон баҕарбат.
Иэйиилэрэ.
Кэччэгэй баай аттыгар туох да сырдык , кэрэ тыыннаах сылдьыбат. Дьоҥҥо олус кырыктаах, ынырык сыһыаннаах. «Бастыҥ киһини маанылаабат,орто киһиэхэ уолуһуйбат, отох хоноһону холдьоҕор. эмсиммэтэх кэргэн кэмэй, хайҕаабыт хамначчыт хастыы суох».
Чугас дьонугар бэлэхтэрэ.
Кэччэгэй баай «туппута эрэ торуоската, кэппитэ эрэ сэлээппэтэ, биэрэрин бэскэ ыйаабыт, уунарын умнан кээспит». Кимиэхэ да бэлэх биэрбэтэх, биэриэн да баҕарбат.
Үҥэр таҥарата
Хачыгырыыр харчыта. «Хара харах харахтаабатах, хаптаҕай кулгаах истибэтэх халыан элбэх харчылаах киһи».
Олоҕун суола
«Алдьаммыты аһыммат, умнаһыкка уйадыйбат, өлбүккэ үтэлээбэт, мунньахха буолуммат. Улууһугар кулубалаабатах, нэһилиэгэр кинээстээбэтэх, дойдутугар дуоһунас тамматах». Туохха да наадыйбат, кэччэйэрин эрэ билэр.
Уобараһы арыйарга көмөлөһөр дьүһүннэр
Кэччэгэй баай оло5ҕн ойуулуурга Өксөкүлээх Өлөксөй чаҕылхай үөрүүлээх кырааскалары туттубат. Кини кэччэгэй оҕонньор эйгэтин бороҥ кырааскаларынан ойуулуур. Биирдэ да күн тахсан күлүмүрдүүрүн туһунан этиллибэт. Өрүү борук- сорук.
Уобараһы арыйарга көмө бэлиэлэр.
Сабыылаах сарын, бүтэй өттүк, чой орой, муос тобук, килэгир харах, ньүдьү – балай улуу киһи. Бу символлар кэччэгэйтэн киһи кэлэйэрин кердереллер.
Түмүк.
Ханнык баҕарар үйэҕэ кэччэгэй буолуу киһи олоҕун алдьатар ынырык күүс быһыытынан биллэрэ. Кэччэгэй майгы киһи дууһатыттан тапталы, дьон – сэргэ убаастабылын, сылаас сыһыаны, аһыныгас санааны, кэскиллээх толкуйу үүрэрэ. Кэччэгэй киһи кими да таптаабат, ытыктаабат, байарын- тайарын эрэ туһунан толкуйдуур буолара. Кини дьиэ кэргэн олоҕун үрэйэрэ, үтүө үгэстэри кэһэрэ. Кэччэгэй киһи аҕа, ийэ буолар ытык аналын умнара. «Кэччэгэй рыцарь» уонна «Кэччэгэй баай» диэн айымньылар ааттара оксюмороҥҥа олоҕуран суруллубуттар. Оксюморон диэн икки утарыта турар өйдөбүллэри дьүөрэлээн туттуу. Холобура «итии хаар, тыыннаах өлүк»
Чем пахнут ремёсла? Джанни Родари
Воздух - музыкант
Пейзаж
Почта
Голубая лягушка