Ханнык да үйэҕэ, кэнэн санаалаах, кэдэрги кэмэлдьилээх дьон быһыыларын – майгыларын саха норуота сөбүлээбэт, биһирээбэт. Дьахтар үтүө аналын алдьатыытын, сирдээҕи айылгытын кэһиитин ырытан көрүү үлэбит актуальноһа буолар.
Чинчийэр үлэ объега: Өксөкүлээх Өлөксөй «Куорат кыыһа», «Саха дьахталларын мэтириэттэрэ» (иккис мэтириэт) уонна Амма Аччыгыйа «Сааскы кэм» айымньыларыгар саха дьахтарын айылгытын кэһиллиитэ.
Үлэбит предметэ: Өксөкүлээх Өлөксөй «Куорат кыыһа», «Саха дьахталларын мэтириэттэрэ» (иккис мэтириэт) уонна Амма Аччыгыйа «Сааскы кэм» айымньыларыгар саха дьахтарын айылгыта кэһиллиитин ырытыы көдьүүһэ.
Чинчийэр үлэ сыала: саха норуотун барбах майгылаах, бардам санаалаах дьахталларын уобарастарын ырытыы, тэҥнээн көрүү.
Сыалбытын ситиһэргэ маннык соруктары туруордубут:
1 Өксөкүлээх Өлөксөй «Куорат кыыһа», «Саха дьахталларын мэтириэттэрэ» (иккис мэтириэт) уонна Амма Аччыгыйа «Сааскы кэм» айымньыларын ааҕыы, ырытыы;
2. Сөптөөх литератураны хомуйуу, үөрэтии;
3.Саха литературатыгар дьахтар айылгыта кэһиллиитин үөрэтии;
4. Саха норуотун барбах майгылаах, бардам санаалаах дьахталларын уобарастарын ырытыы, тэҥнээн көрүү.
Сабаҕалааһын: Өксөкүлээх Өлөксөй «Куорат кыыһа», «Саха дьахталларын мэтириэттэрэ» (иккис мэтириэт) уонна Амма Аччыгыйа «Сааскы кэм» айымньыларын сиһилии үөрэттэххэ, иккис мэтириэт уонна куорат кыыһа, Сыҕаайаба уобарастарыгар саха дьахтарын сирдээҕи аналын, айылгыта кэһиллиитин, уобарастар ураты көстүүлэрин, майгыннаһар өрүттэрин, саха омук үгэстэрин үөрэтэн быһаарыахха сөп.
Саха кыыһа сайаҕас санаалаах, амарах сүрэхтээх эйэҕэс эдьиий, истиҥ доҕор, эрэллээх кэргэн буолар аналлаах. Иэримэ дьиэни иччилиир, төрөтөр оҕону төлкөлүүр, аччыгы аһатар, тоҥмуту ириэрэр аналын толоруохтаах.
Саха дьахтара сирдээҕи дьолу билиэхтээх. Таптыан уонна таптатыан, кэргэнин кытта оҕо – уруу төрөтөн, дьоһун – мааны ыал хотун ийэтэ буолуон баҕарар. Саха дьахтара холку, муударай санаатынан, айылҕаттан сылаас тыынынан, бу сиргэ бэйэтин дьолун булуохтаах. Аал уоту араначчылыыр, алаһа дьиэни иччилиир, төрөтөр оҕону төлкөлүүр аналлаах. Кини баар буолан оҕо күлэр – үөрэр, санаа дуоһуйар, олох салҕанар…
Вложение | Размер |
---|---|
doklad_saha_dahtara_avtosohranennyy_2.docx | 29.43 КБ |
Саха Республикатын үөрэҕин министерствота
Таатта улууһун үөрэҕин салаата
Иван Николаевич Гуляев аатынан Туора – Күөл орто оскуолата
“А.Е.Кулаковскай - Өксөкүлээх Өлөксөй «Куорат кыыһа», «Саха дьахталларын мэтириэттэрэ» (сэттис мэтириэт) уонна Н.Е.Мординов - Амма Аччыгыйа «Сааскы кэм» айымньыларыгар саха дьахтарын аналын кэһиллиитэ”
Толордулар: 11 кылаас үөрэнээччилэрэ
Атастырова Аида, Егорова Даша
Салайааччылар: саха тылын уонна
литературатын учууталлара
Павлова В.Д., Гуляева А.И.
2018
Иһинээҕитэ:
Киириитэ
1 баһа. Өксөкүлээх Өлөксөй «Саха дьахталларын мэтириэттэрэ» айымньытыгар иккис мэтириэт уобараһыгар саха дьахтарын аналын кэһиллиитэ
2 баһа. Өксөкүлээх Өлөксөй «Саха дьахталларын мэтириэттэрэ» айымньытыгар иккис мэтириэт уонна Амма Аччыгыйа «Сааскы кэм» романыгар Даарыйа Сыҕаайаба уобараһыгар саха дьахтарын аналын кэһиллиитэ
3 баһа Өксөкүлээх Өлөксөй «Куорат кыыһа», «Саха дьахталларын мэтириэттэрэ» (сэттис мэтириэт) уонна Амма Аччыгыйа «Сааскы кэм» айымньыларыгар киһилии быһыыларын сүтэрбит, кэнэн санаалаах саха дьахталларын уобарастарын майгыннаһар уонна уратылаһар өрүттэрэ:
Түмүк
Киириитэ
Ханнык да үйэҕэ, кэнэн санаалаах, кэдэрги кэмэлдьилээх дьон быһыыларын – майгыларын саха норуота сөбүлээбэт, биһирээбэт. Дьахтар үтүө аналын алдьатыытын, сирдээҕи айылгытын кэһиитин ырытан көрүү үлэбит актуальноһа буолар.
Чинчийэр үлэ объега: Өксөкүлээх Өлөксөй «Куорат кыыһа», «Саха дьахталларын мэтириэттэрэ» (иккис мэтириэт) уонна Амма Аччыгыйа «Сааскы кэм» айымньыларыгар саха дьахтарын айылгытын кэһиллиитэ.
Үлэбит предметэ: Өксөкүлээх Өлөксөй «Куорат кыыһа», «Саха дьахталларын мэтириэттэрэ» (иккис мэтириэт) уонна Амма Аччыгыйа «Сааскы кэм» айымньыларыгар саха дьахтарын айылгыта кэһиллиитин ырытыы көдьүүһэ.
Чинчийэр үлэ сыала: саха норуотун барбах майгылаах, бардам санаалаах дьахталларын уобарастарын ырытыы, тэҥнээн көрүү.
Сыалбытын ситиһэргэ маннык соруктары туруордубут:
1 Өксөкүлээх Өлөксөй «Куорат кыыһа», «Саха дьахталларын мэтириэттэрэ» (иккис мэтириэт) уонна Амма Аччыгыйа «Сааскы кэм» айымньыларын ааҕыы, ырытыы;
2. Сөптөөх литератураны хомуйуу, үөрэтии;
3.Саха литературатыгар дьахтар айылгыта кэһиллиитин үөрэтии;
4. Саха норуотун барбах майгылаах, бардам санаалаах дьахталларын уобарастарын ырытыы, тэҥнээн көрүү.
Сабаҕалааһын: Өксөкүлээх Өлөксөй «Куорат кыыһа», «Саха дьахталларын мэтириэттэрэ» (иккис мэтириэт) уонна Амма Аччыгыйа «Сааскы кэм» айымньыларын сиһилии үөрэттэххэ, иккис мэтириэт уонна куорат кыыһа, Сыҕаайаба уобарастарыгар саха дьахтарын сирдээҕи аналын, айылгыта кэһиллиитин, уобарастар ураты көстүүлэрин, майгыннаһар өрүттэрин, саха омук үгэстэрин үөрэтэн быһаарыахха сөп.
Саха кыыһа сайаҕас санаалаах, амарах сүрэхтээх эйэҕэс эдьиий, истиҥ доҕор, эрэллээх кэргэн буолар аналлаах. Иэримэ дьиэни иччилиир, төрөтөр оҕону төлкөлүүр, аччыгы аһатар, тоҥмуту ириэрэр аналын толоруохтаах.
Саха дьахтара сирдээҕи дьолу билиэхтээх. Таптыан уонна таптатыан, кэргэнин кытта оҕо – уруу төрөтөн, дьоһун – мааны ыал хотун ийэтэ буолуон баҕарар. Саха дьахтара холку, муударай санаатынан, айылҕаттан сылаас тыынынан, бу сиргэ бэйэтин дьолун булуохтаах. Аал уоту араначчылыыр, алаһа дьиэни иччилиир, төрөтөр оҕону төлкөлүүр аналлаах. Кини баар буолан оҕо күлэр – үөрэр, санаа дуоһуйар, олох салҕанар…
1 баһа. Өксөкүлээх Өлөксөй «Саха дьахталларын мэтириэттэрэ» айымньытыгар иккис мэтириэт уобараһыгар саха дьахтарын айылгытын кэһиллиитэ
А.Е.Кулаковскай – Өксөкүлээх Өлөксөй саха кыргыттарын, дьахталларын туһунан үгүс элбэх айымньылардаах . Олортон «Саха дьахталларын мэтириэттэригэр» иккис мэтириэккэ уонна «Куорат кыыһа» айымньыларыгар саха дьахтарын айылгытын толорбот дьахталлар тустарынан ойууланар.
Суруйааччы 1904 сыллаахха Дьокуускай куоракка суруйбут «Саха дьахталларын мэтириэттэрэ» айымньытыгар иккис мэтириэт уобараһын тас көрүҥэ:
Адаархай хаастаах,
Уһуктаах уостаах,
Сүллүстүгэс сүүстээх.
Сүллүстүгэс сүүстээх диэн сахалар уһун тыллаах дьахтары ойуулууллар.
Майгытын – сигилитин ырытан көрдөххө:
Саҥарарга сах ууһуттан аналлаах,
Үөхсэргэ үөдэн ууһуттан үһүттэриилээхз,
Этиһэргэ ис – иһиттэн имэҥнээх.
Оҕолорун онолуйан – онолуйан
Буомурдан кэбиспит
Ыалларын ыыстаан –ыыстаан
Ыксаласпат гыммыт…
Кыраттан да кыыһыран
Кыһыл тылынан
Кынаттанан кыырар.
Бэлэһигэр биэс иннэлэнэн
Саҥарарын дьаабылаабат,
Этэрин билбэт буолан,
Тимир тириитин кэтэн,
Илгистэ – дьигиһийэ олордоҕуна-
Илэ – бодо илиэһэй кыыһа,
Ала – бааччы абааһы кыыһа,
Көстө – бааччы көстүбэт кыыһа.
Тыла – өһө:
Икки атахтаах этиһэн
Иннигэр түспэтэх,
Сытыы тыллаах
Сытаан сыссыбатах…
Икки атахтаах
Ситэн истибэтэх
Суруйааччы иккис мэтириэккэ түмүгэр «Хата хагдаҥ оттоох сиргэ хаһан эмэ олордоойоҕут» диэн ааҕааччыны ыҥырар. Киһи чахчы да кэлэйиэн кэлэйэр, киһи биир да үтүө тылынан ахтыбат кэрэгэй майгылаах дьахтара эбит.
2 баһа. Өксөкүлээх Өлөксөй «Саха дьахталларын мэтириэттэрэ» айымньытыгар иккис мэтириэт уонна Амма Аччыгыйа «Сааскы кэм» романыгар Даарыйа Сыҕаайаба уобараһыгар саха дьахтарын аналын кэһиллиитэ
Өксөкүлээх Өлөксөй «Куорат кыыһа» диэн 1916 сыллаахха Бодойбоҕо суруйбут айымньытыгар куорат ыалын атаах, мааны кыыһын күннээҕи олоҕун маннык ойуулуур:
Унаар маҥан күн
Уҥа түннүктэн
Уларыйан эрдэҕинэ уһугунна,
Туруохча турбата,
Таҥныахча таҥныбата.
Куорат кыыһын тыла – өһө, майгыта – сигилитэ:
Суугунас солко суорҕаныгар
Суулана сытан
Балыс оҕотун
Бардьыгынаан ылла,
Хамначчыт кыыһын
Хаһыытаан ылла…
Аҕатыгар абарда,
Ийэтигэр киҥнэннэ,
Убайыгар уордайда.
Кыһыл көмүс чаһыытын
Кыыска кыыһырыынан ылларда.
Тас көрүҥэ, таҥаһа – саба:
Сиэкилэ тааска бэскиэтин имэриннэ,
Атын киһиэхэ аһын таратта,
Туспа киһиэхэ суһуоҕун тупсаттарда..
Дьоппуонускай солко
Дьууппаланан суугунаата,
Байбаралаах ырбаахыланан
Байбарыйа хаамта.
Аһа – таҥаһа:
Күндү чэйгэ көҕүйбэтэ,
Бэмиилиинэй чэйгэ бэһирбэтэ,
Сөрүүн сүөгэйи сөпсөөбөтө,
Астаммыты амсайбата,
Кэмпиэти кэмнээн эрэ эмтэриттэ.
Үлэҕэ – хамнаска сыһыана:
Дьиэ чааһыгар ииссибэтэ,
Көрүү – истии диэн көмөлөспөтө,
Дьаһал туһа диэн наадыйбата.
Үөрүүтэ , дьоло:
Сибэкки көрдүк симэннэ,
Ньургуһун курдук оҥоһунна,
Кийиит курдук киэргэннэ…
Кэҕий кэтэх,
Дьоруо тобук,
Сүүрүк сүһүөх,
Үҥкүү өттүк,
Битии бэгэччэк диэн кини буола түстэ.
Сэттэ чаас саҕана
Сиэкилэтиттэн тэйэһийэн,
Тэллэҕэ тэлээрэн,
Тиҥилэҕэ тилигирээн
Хаалта үһү кыыс оҕо…
Куорат кыыһа эдэр сааһыттан олох кэрэтин өйдөөбөт, сыаналаабат, куруук бэлэмҥэ бэрт, үлэлии үөрэҕэ суох, дьоҥҥо куһаҕан сыһыаннаах буоллаҕына, кини инники олоҕо хайдах буолуой диэн улуу суруйааччыбыт Өксөкүлээх Өлөксөй эдэр кыргыттарга толкуйдатар санааны киллэрэр сыаллаах бу айымньыны суруйбут.
Саха норуотун киэн туттар суруйааччыта Н.Е.Мординов – Амма Аччыгыйа «Сааскы кэм» романыгар саха дьахтарын сирдээҕи аналын тэпсэр, кэдэрги санаалаах, түктэри майгылаах – Даарыйа Сыҕаайаба уобараһын көрдөрөр. Кини Таатта улууһун бастыҥ баайа, киэҥ – куоҥ уораҕай дьиэлээх, мөлтөх дьүһүннээх, киһилии сэбэрэтин сүтэрбит, балхайа уойбут эмээхсин.
Дьону атаҕастыыр, баттыыр эрэ аналлаах. Киһи толлор дьиикэй майгылаах, кэдэрги кэмэлдьилээх. Байарга эрэ баҕалаах, иҥсэ быһа сиэбит сиэртибэтэ. Дьиэ кэргэнигэр, уопсастыбаҕа мунур хотун. Суут – сокуон суох дьахтара.
Даарыйа Сыҕаайаба – ийэ хаачыстыбатын сүтэрбит, оҕолоругар сидьиҥ сыһыаннаах, итирикситтиир идэлээх.
3 баһа Өксөкүлээх Өлөксөй «Куорат кыыһа», «Саха дьахталларын мэтириэттэрэ» (иккис мэтириэт) уонна Амма Аччыгыйа «Сааскы кэм» айымньыларыгар киһилии быһыыларын сүтэрбит, кэнэн санаалаах саха дьахталларын уобарастарын майгыннаһар уонна уратылаһар өрүттэрэ:
Өксөкүлээх Өлөксөй иккис мэтириэтэ | Куорат кыыһа | Даарыйа Сыҕаайаба | |
Тас көрүҥнэрэ | Адаархай хаастаах, уһуктаах уостаах, сүллүстүгэс сүүстээх. | Сиэкилэ тааска бэскиэтин имэриннэ, атын киһиэхэ аһын таратта, туспа киһиэхэ суһуоҕун тупсаттарда.. Дьоппуонускай солко дьууппаланан суугунаата, байбаралаах ырбаахыланан байбарыйа хаамта. | Мөлтөх дьүһүннээх, киһилии сэбэрэтин сүтэрбит, балхайа уойбут эмээхсин. |
Майгылара | Кыраттан да кыыһырар тимир тириитин кэтэр, илэ – бодо илиэһэй кыыһа | Балыс оҕотун бардьыгынаан ылла, хамначчыт кыыһын хаһыытаан ылла… Аҕатыгар абарда, ийэтигэр киҥнэннэ, | Киһи толлор дьиикэй майгылаах, кэдэрги кэмэлдьилээх. Байарга эрэ баҕалаах, иҥсэ быһа сиэбит сиэртибэтэ |
Тыллара – өстөрө | Саҥарарга сах ууһуттан аналлаах, үөхсэргэ үөдэн ууһуттан үтүттэриилээх, этиһэргэ ис – иһиттэн имэҥнээх. Икки атахтаах этиһэн иннигэр түспэтэх, сытыы тыллаах сытаан сыссыбатах… | Аҕатыгар абарда, ийэтигэр киҥнэннэ, убайыгар уордайда. Кыһыл көмүс чаһыытын Кыыска кыыһырыынан ылларда. | Дьиэ кэргэнигэр, уопсастыбаҕа муҥур хотун. Суут – сокуон суох дьахтара. |
Дьоҥҥо сыһыана | Ыалларын ыыстаан –ыыстаан ыксаласпат гыммыт… Бэлэһигэр биэс иннэлэнэн саҥарарын дьаабылаабат, этэрин билбэт буолан, тимир тириитин кэтэн, илгистэ – дьигиһийэн олордоҕуна- илэ – бодо илиэһэй кыыһа, ала – бааччы абааһы кыыһа, Көстө – бааччы көстүбэт кыыһа. | Убайыгар уордайда. Дьиэ чааһыгар ииссибэтэ, Көрүү – истии диэн көмөлөспөтө, Дьаһал туһа диэн наадыйбата. | Дьону атаҕастыыр, баттыыр эрэ аналлаах |
Оҕотугар таптала | Оҕолорун куруук мөҕө – этэ сылдьар Оҕолорун онолуйан – онолуйан буомурдан кэбиспит | Оҕото суох эдэр кыыс | Ийэ хаачыстыбатын сүтэрбит, оҕолоругар сидьиҥ сыһыаннаах, |
Түмүк
Саха норуотун улуу суруйааччыта А.Е.Кулаковскай - Өксөкүлээх Өлөксөй «Куорат кыыһа», «Саха дьахталларын мэтириэттэрэ» (иккис мэтириэт) уонна Н.Е.Мординов - Амма Аччыгыйа «Сааскы кэм» айымньыларыгар киһилии быһыыларын сүтэрбит, кэнэн санаалаах саха дьахталларын уобарастарын сиһилии арыйаллар. Куорат кыыһа, иккис мэтириэт дьахтара уонна Даарыйа Сыҕаайаба уобарастарынан сорох саха дьахтара сирдээҕи аналын тэпсэрин, айылгытын кэһэрин, сиэрдээх олоҕу олорботун толору көрдөрөллөр.
Кыыс оҕо үрдүк анала – сиргэ дьолу аҕалыы, олох оҥкулун охсуу, үтүөнү - сырдыгы ыһыы, киһиэхэ олох биэрии, дьолу түстээһин. Саха дьахтарын өркөн өйө, дуулаҕа тулуура, олоххо дьулуура, уоттаах таптала, сылаас – сымнаҕас илиитэ, уһулуччулаах сатабыла, модун санаата саха омугу тыыннаах хаалларбыта.
Киһи орто туруу дойдуга ытык аналын толороору Үрдук Айыылартан ананан төрүүрүн өйдүүр эбээһинэспит буолар.
Агния Барто. Сережа учит уроки
Любимое яичко
Самодельный телефон
Сила слова
Эта весёлая планета