Исследовательская проект о жизне и работе видного общественного деятеля Матвей Васильевича Мучина.
Вложение | Размер |
---|---|
doklad_m.v._muchin._petrov_aytal_psosh_7_kl.pptx | 2.99 МБ |
Слайд 1
Толордо : Петров Айтал , Мэҥэ Хаҥалас оройуонун В.Н.Оконешников аатынан Павловскай орто оскуолатын 8б кылааһын үѳрэнээччитэ Салайааччылар : Борисова Анна Максимовна, тьютор Винокурова Анастасия Ивановна, физика учуутала Дакылаат аата : « Дьиэ кэргэн, оскуола, общественность ситимнээх үлэтэ » Саха Республикатын үѳрэ ҕ ириитин уонна наукатын Министиэристибэтэ Мэҥэ Хаҥалас оройуонун үѳрэ ҕириит ин салаата В.Н.Оконешников аатынан Павловскай орто оскуолатаСлайд 2
Үлэм көдьүүһэ : Биһиги аныгы оҕо, ыччат үтүө дьоммут үлэлэрин-хамнастарын сиһилии үөрэтэн, инники олохпутугар туһаныахтаахпыт, норуоппут историятын ытыктыахтаахпыт. Үлэм сыала : Мучин Матвей Васильевич үлэтин чинчийии, сырдатыы. Үлэ соруктара: 1. М.В.Мучин Павловскай орто оскуолатыгар директордыыр кэмин үлэтин билии, үөрэтии. Кинини кытта үлэлээбит үөлээннээхтэрин, билэр дьонун кытта көрсүһүү, ахтыылары хомуйуу. 2. М.В.Мучин – дьиҥ талааннаах салайааччы; Саха Республикатын Президенин иһинэн кадырдары билгэлээһин, бэлэмнээһин уонна аттаран туруоруу Департаменын салайбытын сырдатыы; 3. М.В.Мучин киллэрбит дьыалатын билиҥҥи кэми кытта тэҥнээн көрүү, ырытыы . Чинчийии практическай суолтата : М.В.Мучин үлэтин үөрэтэн, билиҥҥи ыччат бэйэтигэр үтүө холобур оҥосторугар, инники сайдыытыгар сорук туруорунарыгар көмө матырыйаал хомуйуу.
Слайд 3
Матвей Васильевич олоҕун суола 1941 с олунньу 11 күнүгэр - Сыымах нэһилиэгэр Өргөннөөххө күн сирин көрбүт . 1960 с - Төҥүлү орто оскуолатын үрүҥ көмүс мэтээлинэн бүтэрбитэ . 1961-1963 сс – Комсомол Мэҥэ Хаҥаластааҕы райкомун иккис сэкирэтээрэ 1963-1968 сс Магадааннаҕы педагогическай институт физико- математическай факультетын устудьуона . 1968-1970 сс . Төҥүлү орто оскуолатын учуутала . 1970–1972 сс . – Баатара аҕыс кылаастаах оскуолатын директора. 1972–1980 сс – Павловскай орто оскуолатын директора. 1979-1980 сс - Ленин аатынан совхоз парткомун сэкирэтээрэ 1981–1990 сс . – Партия Мэҥэ-Хаҥаластаа5ы райкомун II сэкирэтээрэ , райисполком бэрэссэдээтэлэ . 1990–1992 сс . - Саха АССР Верховнай сэбиэтин депутата. 1992-2002 сс . – СР Бырабыытылыстыбатын иһинэн каадырдары бэлэмниир Киин салайааччыта , СР Президенин иһинэн кадрдары билгэлээһин , бэлэмнээһин уонна аттаран туруоруу Департаменын директора. 1999-2002 сс . СР Бырабыытылыстыбатын солбуйааччы бэрэссэдээтэлэ . 2002- 2007 сс . – СР Санкт - Петербург куоракка Бастаайааннай бэрэстэбиитэлэ . 2010 сылтан Суударыстыбаннай Дума депутата М.Е. Николаев общественнай көмөлөһөөччүтэ . Культура, наука, уерэхтээһин сайдыытыгар туһуламмыт Фонда толорор директора. 2013, 2014 сыллар түмүктэринэн , «Музыка для всех» уонна «Шахматное образование» программалар олоххо киирэн үлэлээһиннэринэн фонда үлэтэ Россияҕа бастыҥнар ахсааннаргыр киирбитэ .
Слайд 4
Матвей Васильевич дьаныардаах үлэтин, дьулуурун ситиһиилэрэ. Оҕо эрдэҕиттэн туйгуннук үөрэнэн орто оскуоланы, институту бүтэрбитэ; Үлэлээбит оскуолалара улууска бастыҥнар ахсааннарыгар сылдьаллара; Тыа хаһаайыстыбатыгар экономика хайысхатыгар элбэх үрдүк ситиһиилэр ситиһиллибиттэрэ; СР Государственнай суверенитетын Декларациятын бэлэмнээһиҥҥэ, олоххо киллэриигэ уонна СР саҥа Конституциятын оҥорууга үлэлэспитэ; Кини чопчу салайыытынан СР Президенин иһинэн Салайыы институтун, Чурапчытааҕы физкультура институтун, Дьокуускайдааҕы государственнай инженерно-техническэй институтун, Дьокуускайдааҕы научнай киин Сибиирдээҕи салаатын, Арктикатааҕы культура уонна духуобунас институтун, о.д.а үөрэх тэрилтэлэрин арыйыы боппуруостара быһаарыллыбыттара; Саха Сирэ Россия элбэх куораттарын, тас дойдуларын үөрэх сайдыытыгар сибээһигэр элбэх дипломатическай сыһыанаһыылары олохтообута; «Доҕордоһуу» уордьан кавалера ; Наука уонна искусство Петровскай академиятын «Дойдуга Бэриниилээх буолуу иһин» лауреата; Санкт-Петербург Петровскайдааҕы Наука уонна искусство Академиятын М.В.Ломоносов аатынан бириэмийэ лауреата; Ригатааҕы авиационнай университет бочуоттаах доктора; Герцен аатынан Россия педагогическай университетын үөрэҕириитин бочуоттаах доктора; Ураллааҕы юридическай академия Учуонай сэбиэтин бочуоттаах чилиэнэ; Мэҥэ-Хаҥалас улууһун, Баатара, Төҥүлү, Нөрүктээйи нэһилиэктэрин, Санкт-Петербург куорат Петровскай уокуругун бочуоттаах олохтооҕо; Педагогическай наука кандитата; Хайыһарга ССРС спордун маастарыгар кандидат; В.М. Татищев аатынан “Аҕа дойдуга үтүөтүн иһин” бочуотунай бэлиэ хаһаайына; Роосийскай экономика лидера мэтээл хаһаайына; А.Е. Кулаковскай аатынан СР Государственай бириэмийэ хаһаайына, лауреата.
Слайд 5
Матвей Васильевич Мучин – инникини өтө көрбүт мындыр салайааччы .
Слайд 6
Департамеҥҥа үлэтэ
Слайд 8
М.В.Мучин киллэрбит дьыалатын билиҥҥи кэми кытта тэҥнээн көрүү, ырытыы. 70-с сылларга М.В. Мучин киллэрбит дьыалалара 1993-2009с – сылларга Түөлбэ үлэтин сайдыыта Эркээйи программата Билинни кэмнэ Олорор сиринэн – агитзонанан үлэ “Оскуола-дьиэ кэргэн-общественность. Салайааччылар – оскуола учууталлара Түөлбэнэн экспериментальнай үлэ “Улахан түөлбэ саҥалыы тутулун айан, төрөппүт дьолун тустээһин”. Салайааччылар – дипломнаах социальнай педагогтар Общественность күүһүнэн түөлбэнэн үлэ салҕанан иһэр Үлэ сорох көрүҥнэринэн араардахха араас саастаах оҕолор этэрээттэрэ араас саастаах оҕолор сүбэлэрэ Салҕанар, түөлбэҕэ сыһыарыллыбыт педагогтар үлэлэтэллэр Төрөппүттэри, атын общественнай түмсүүлэри оҕолору кытта үлэҕэ сыһыарыы Төрөппүт, ийэ, аҕа, оҕолор кырдьаҕастар сүбэлэрин ситимнээх үлэтэ Салҕанар, нэһилиэк бары тэрилтэлэрин кытта ситимнээх үлэ Ыарахан иитиилээх оҕолору, араас проблемалаах дьиэ кэргэттэри кытта үлэҕэ нэһилиэк тэрилтэлэринэн общественнай баспытааталлар сыстыылара Общественнай баспытааталлар уонна улуустааҕы профилактика бары уорганнарын кытта ситимнээх үлэ. Дьиэ кэргэн музейын арыйыы. Салҕанар, профилактика бары уорганнарынаан ситимнээх үлэ. Мэҥэ-Хаҥалас улууһугар Иитии Концепциятыгар оскуола “Удьуор утумун оскуолата” проега үлэлии турара.
Слайд 9
Төрөппүттэри педагогическай үөрэхтээһин, политическай лекциялар Төрөппүттэри педагогическай үөрэхтээһин «Арчы”, “Көмүлүөк”, “Чэбдик” программалара. Салҕанан иһэр. Оскуолаҕа психолого-социально-педагогическай сулууспанан, кылаастарынан, түөлбэҕэ араас тумсуулэринэн. Агитзоналар икки ардыларынан араас тематическай куонкурустар, күрэхтэһиилэр, концертар. Культура эстафетата. Түөлбэлэр икки ардыларыгар араас көрүү куонкурустар, концертар, бастыҥ үлэлээх түөлбэлэри бэлиэтээһин, Түөлбэ Дьоро киэһэлэрэ. ЭКиС I тура. Салҕанан иһэллэр. Улууска, нэһилиэккэ сылын аайы «Бастыҥ үлэлээх түөлбэ” быһаарыллар. “Быйаҥнаах тэлгэһэ”, “Сиэдэрэй тутуулаах тиэргэн”, о.д.а көрүү куонкурустар ыытыллаллар. ЭКиС оҕолорго, улахан дьоҥҥо. Ударниктар, отличниктар слеттара Слет лучших. Салҕанан иһэр. « Фестиваль надежд” диэн ааттаах Агитзона активистарыгар семинардары тэрийии. Партком салайыыта Общественнай тэрилтэлэр үлэлэрэ. Координационнай сэбиэт үлэтэ Салҕанар. Сүрүн сүрүннээччи – координационнай сэбиэт.
Слайд 10
Тэрилтэ салайааччылара бастыҥнарга стипендиялара, оскуола материальнай базатын бөҕөргөтүүгэ көмөлөрө. Бас-көс дьон түмсүүтэ. Попечителлэр көмөлөрө. Меценаттар сүбэлэрэ. “Баат” выпусниктар фондалара. Тэрилтэлэр бары ситимнээх үлэлэрэ. Методическай кабинет. Предметтэринэн методическай холбоһуктар. Оскуола методическай сүбэтэ. Предметтэринэн методическай холбоһуктар. Араас бырайыактар. Методическай холбоьуктар араас бырайыактара. Оскуола сүһүөхтэринэн үөрэтии программалара. Саҥа ньымалары, технологиялары аныгы олох сиэринэн киллэрэн иһии. Материальнай базаны хаҥатыы, нэһилиэк бары тэрилтэлэрин көмөлөрүн түмүү, шефскэй сыһыаны олохтооһун. Түөлбэ киинин арыйыы, оҕо иитиитигэр көмөлөөх Арчы дьиэтэ үлэҕэ киириитэ. Тэрилтэлэр бары ситимнээх үлэлэрэ. Саҥа таас оскуолаҕа киирии. Цифровой үөрэхтээһин эйгэтин тэрийии. Айар холбоһуктар түмсүүлэрэ. Тэрилтэлэр бары ситимнээх үлэлэрэ.
Слайд 11
Үлэлээн баран маннык түмүккэ кэллим. 1. Матвей Васильевич кыра оҕо эрдэҕиттэн ийэтигэр ыарахан үлэтигэр көмөлөһөн, дьоҥҥо үтүө сыһыаҥҥа, олоххо дьулуурга, ыарахаттары тулуйарга үөрэммит, олоҕор элбэҕи ситиспит. Араас эппиэтинэстээх дуоһунастарга үлэлээн, судаарыстыбаннай сулууспаҕа уонна уопсастыбыннай – бэлитиичэскэй үлэҕэ киллэрбит өҥөтө, оруола улахан. 2. Матвей Васильевич оскуола – дьиэ кэргэн – общественность – диэн оччотооҕу үлэтэ элбэх оскуолаларга, нэһилиэктэргэ холобур буолбут, күн бүгүн түөлбэнэн үлэ буолан күүстээхтик бара турар. 3. Матвей Васильевич дойдубутун салгыы сайыннарсар эдэр ыччакка, суолдьут сулус, холобур буолар эбит. Норуоппут, дойдубут историятын сыаналыахтаахпыт, үчүгэйгэ эрэ талаһыахтаахпыт, олохпутугар туһаныахтаахпыт, сайдыахтаахпыт. Аҕа көлүөнэ олоҕун саҥа көлүөнэ убаастыахтаах, кинилэр холобурдарыгар үөрэниэхтээх. Оччоҕо төрөөбүт дойдубутугар туһалаах дьон буола үүнүөхпүт диэн саныыбын.
Денис-изобретатель (отрывок)
Рисуем белые грибы пастелью
Космический телескоп Хаббл изучает загадочную "тень летучей мыши"
Сказка об одной Тайне
Рисуем домики зимой