Эһэбит сэрии сылларыгар "Сталин" колхозка үлэлээбитэ, бастыҥ бостуук аатырбыта уонна бочуот знага орденынан наҕараадаламмыта.
Вложение | Размер |
---|---|
ehee_soduot_tuhunan_ystatyya.docx | 111.98 КБ |
Эһэбинэн киэн туттабын
Биһиги хос эһэбит Корякин Федот Афанасьевич Уотту төрүт олохтооҕо, саҥа олохсуйбут үлэһит былааһа атаҕар турарын, сайдарын иһин үлэлээбит- хамсаабыт, элбэх көлөһүнүн тохпут дьонтон биирдэстэрэ.Кини Степан Аржаков аатынан совхоз акылаата буолбут маҥнайгы «Дарда” холкуоска киириэҕиттэн, олоҕун тиһэх күннэригэр диэри үлэни өрө тутан, үлэттэн дьоллонон олоҕун олорбута. Элбэх оҕоттон тутан хаалбыт иккиэйэх оҕотун-уолун Хабырыылы уонна ииппит кыыһын Светлананы- дьон- сэргэ убаастыыр, үтүө үлэһит гына иитээлээн улаатыннарбыта.
Сөдүөт төрөппүт аҕата Дьэлгэм Силипиэн. Ийэтэ бастакы оҕотун, Сөдүөтү төрөөрү кэнэҕэскитэ хаалан сытан 20 хонон баран өлөн хаалбыт. Кыһыл оҕону Дэлгэм Силипиэн быраатын аахха Сонтуоркаларга илдьэн биэрбит.
Уоттуга аҕыйах хаһаайыстыба холбоһон “Дарда” диэн колхоз тэринэн эрэллэрэ, колхозтар соччо-бачча тэриллэ иликтэрэ.. Биһиги дьоммут колхозка 1935 сыллаахха киирбиттэрэ. Онон бытархайдыы бэйэлэрин хаһаайыстыбаларын көрүнэр эбиттэр, орто бааһынай аннынан, кыанар соҕус дьадаҥы бааһынайдар ахсааннарыгар киирэр ыал эбит. Бу Биһиги аҕа ууһа Дарда аҕатын ууһа диэн. Дарда диэн дьадаҥы ойуун үһү. Кэрэх буолар сүөһүтэ суох буолан, ойуун буоларын быһыытынан кэрэх гынаары эриэн ыты өлөрөн чуучалалаан кэрэх гынан уурбут. Ол иһин былыр биһиги төрүттэрбитин атаҕастаан “Эриэн ыт кэрэхтээх ыт Дарда аҕатын ууһуттан төрүттээххин буолбат дуо?” дииллэрэ үһү. Ол аата улахан баай-талым төрдө суох, үйэ тухары дьадаҥы төрүттээххин диэн үөҕүү оҥостоллор. Дарда ойуун да буоллар улахан аатырбыт ойуун буолбатах эбит. Сүрүн дьарыга: булт, балык. Улахан уҥуохтаах, күүстээх киһи үһү. Элбэх оҕолоох, үксэ уолаттар үһү. Ол эрэн Дарда төһө өрдөөҕүтэ олорбута, ханна олорбута биллибэт. Ол эрэн соччо өрдөөҕү буолбатах, нууччалар кэлтэрин кэннинээҕи киһи быһыылаах. Куоруҥаттан Нээлбиктэҕэ тахсарга “Нээлбиктэ үрэҕин төрдө” диэн бааһына тыа өттүгэр ойуун уҥуоҕа баар. Ол ойуун уҥуоҕун Дарда уҥуоҕа диир дьоннор бааллар эбит.
Эһэбит колхозка киирээт биригэдьиир буолбут ол кэннэ мэлдьитин да биригэдьиирдиир эбит. Сэрии саҕана завхозтаан сылдьан бурдук итээн чуурт сууттана сыспыта. Хата көнөтө бэрт буолан, нэһилиэнньэҕэ убаастанар буолан,ревизия түмүгүн колхозтаахтар бигэргэппэккэлэр, итэҕэһин сотон кэбиспиттэр. Ол итэҕэһэ да диэн 60 кг нэчимиэн сиэмэтэ. Онтон 1944с колхозка председателинэн талбыттара. Ол дуоһунаска 1948с дылы олорбута. Кэлин үксүн сүөһү бостуугунан үлэлээбит.Улахан чиэскэ-бочуокка сылдьыбыта. Өлүөр диэри сельсовет депутата этэ. Мунньаҕы көтүппэккэ тыл этэрэ. Бары боппуруостарга бэйэтэ туспа санаалаах, ыйытыылара да олуурдаах буолара үһү.
Үчүгэй үлэһит буолан1963 сыллаахха Саха АССР бостууга ааты ылбыта. 1967 с. “Бочуот Знага” уордьанынан наҕараадаламмыта. Үлэ дьоруойугар докумуон түһэрбиттэрин уола Хабырыыл парткомнаан олорон, аҕатын өрө тутта диэхтэрэ диэн, бэрдэрбэтэх этэ. Нэһилиэк дьоно аҕаҕын дьоруойга түһэрбэтин диэн мөҕөллөрө.Дьоруой буолбатаҕын да иһин эһэбит барахсан хара көлөһүнүн тохпут төрөөбүт сирин дьонун өйугэр –сүрэҕэр дьоруой этэ
Юльяна Ксенофонтова, Сунтаардааҕы ПТЛ-И 8б кылааһын үөрэнээччитэ.
Городецкая роспись
Ночная стрельба
Какая бывает зима
"Разделите так, как делили работу..."
Лепесток и цветок