Доклад о лоскутном шитье из меха Снежана прочитала на НПК "Первые шаги"
Вложение | Размер |
---|---|
snezhana_doklada.docx | 16.55 КБ |
Доклад аата: Түүлээх сыыстарыттан киэргэллэр
Сыала: түүлээҕинэн иистэнии ньымаларын үөрэтии
Актуальнаһа: билиҥҥи кэмҥэ атыыланар түүлээх таҥас сыаната ыарахан, онон түүлээх сыыстарын бырахпакка, туһаҕа таһааран, араас маллары тигиэххэ сөп
Чинчийэр предметим: түүлээх сыыстарыттан иистэнии
Соруктара: - былыргы түүлээх таҥастары үөрэтии, билии;
- түүлээҕинэн иистэнэр маастар үлэтин кытта билсиһии;
- түүлээх сыыһыттан киэргэл оҥоруу.
Сабаҕалааһын: кыра сааспыттан сатаан иистэнэ үөрэннэхпинэ, кэлин өттүгэр олохпор-дьаһахпар туһалаах буолуо.
Сахалар бэйэлэрин төрүт омуктарын таҥаһын XVII үйэ ортотугар диэри илдьэ кэлбиттэрэ. XVIII үйэ ортотуттан атын омуктар алтыһыылара таҥас быһыытын, матырыйаалын, киэргэлин тосту уларытар. Ол гынан баран таҥас итэҕэли кытта ситимэ сүппэт.
Сахалар былыргыттан түүлээх таҥаһы кэтэллэрэ. Дьиэ кыылын, сылгы, сүөһү уонна киис, кырса, буобура, кырынаас, саһыл тириититтэн таҥас тиктэллэрэ. Таҥас ис өттүгэр куобах, тииҥ, муруку, дьабарааскы тириитин туталлара. Түнэ, саары, сарыы диэнинэн этэрбэс, сон тигэллэрэ. Олору билигин замша солбуйбут.
Сылгы, сүөһү тириитин имитэн ырбаахы тигэллэрэ. Таарбаҕан, саһыл, киис, сиэгэн тириититтэн ырбаахы тигэллэрэ.
Сахалыы түүлээх дьахтар бэргэһэтэ, дьабака – сиэгэн, буобура түүтүттэн тигэллэрэ. Ардыгар иннигэр үрүҥ көмүс туоһахталаах буолара.
Сыалы – кылгас тирии ыстаан.
Сутуруо – атахха кэтиллэр тирии ыстаан курдук.
Ыстаан – таба, тарбыйах тириититтэн тигэллэрэ.
Этэрбэс – атах таҥаһа, биэ, таба тириититтэн тигиллэр.
Үтүлүк – үтүлүгү эһэ, таба тириититтэн тигэллэрэ. Түүтэ тас өттүгэр буолара.
Моойторук – тииҥ кутуруктарыттан тигэллэр. Моойдоругар эрийэ баайан кэтэллэрэ. Кыһын тымныыга сирэйдэрин харыстыыра.
Билиҥҥи кэмҥэ норуот маастардара түүлээхтэн араас таҥастары тигэллэр. Түүлээх таҥас сыаната ыарахан буолан дьон кинилэргэ тиктэрэр.
Мин ийэм, Михайлова Жанна Ивановна, эмиэ түүлээҕинэн иистэнэр. Кини 1991 сылтан 1992 сылга диэри Жиганскай улууһугар ПТУ-га үөрэммитэ. «Швея, скорняк – раскройщик меховых изделий» идэни ылыта. 3 сыл имбэлииттэр мехцехтэригэр үлэлээбитэ. Араас таҥастары түүлээхтэн тикпитэ.
Билигин Күүкэй оскуолатыгар техүлэһитинэн үлэлиир. Иллэҥ кэмигэр дьон сакааһынан түүлээҕи тигэр. Киистэн, андаатартан, норкаттан, саһылтан, кырсаттан бэргэһэ арааһын тигэр. Андаатартан, кроликтан, норкаттан оҕоҕо, улахан киһиэхэ сон тигэр. Эргэ сону саҥардан биэрэр. Таба тыһын имитэн унтуу, этэрбэс тигэр.
Миэхэ норкаттан, андаатартан бэргэһэ тикпитэ. Соммун кырсанан уһатан, киэргэтэн биэрбитэ.
Түүлээх бэргэһэни кыраһыабай буоллун диэн сибэкки оҥорон киэргэтэн биэрэр.
Мин ийэм иистэнэрин көрөммүн түүлээх сыыстарыттан киэргэллэри оҥордум. Ийэм миэхэ көмөлөстө.
Ол курдук, бу киэргэллэри заколка, брошь, бэргэһэ киэргэлэ курдук кэтиэххэ сөп.
Доклады суруйан баран маннык түмүктэргэ кэллим:
Чья проталина?
Лист Мёбиуса
Валентин Берестов. Аист и соловей
Лиса Лариска и белка Ленка
Без сердца что поймём?